Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [399]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [554]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [223]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [669]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [376]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [92]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [237]
Тюрки [76]
Саха [152]
литература [41]
здоровье [464]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [121]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2019 » Ахсынньы » 31 » Хайдах сыл ааста? (ыраахтан-чугастан хоруйдар)
Хайдах сыл ааста? (ыраахтан-чугастан хоруйдар)
09:08

 

Сыл түмүктэнэрэ субу тигинээн кэллэ. 2019 сыл хас биирдии киһиэхэ, хас биирдии эрэгийиэҥҥэ араастык аастаҕа. Ол иһигэр, Арассыыйа национальнай өрөспүүбүлүкэлэригэр... Онно идэтиттэн, сааһыттан тутулуга суох түбэһиэх киһиэхэ эрийэн, дойдутугар уонна бэйэтигэр сыл хайдах ааспытын ыйыталастыбыт.

“Тоҕо ала-чуо балартан эрэ ыллыгыт?” – диэмэҥ. Ыйытыгы элбэх сиргэ биэрбитим эрээри, бу эрэ табаарыстар тута хоруйдаатылар. Онон, баары – баарынан.

Башкортостан:

“Саҥа былаас – саҥа олох”

volkova

Лира Волкова, “Волонтеры культуры” уопсастыбаннай хамсааһын эрэгийиэннээҕи куратора, Башкириятааҕы норуодунай айар үлэ киинин сэбиэдиссэйэ:

– 2019 сыл Башкортостаҥҥа дьикти үчүгэйдик ааһан эрэр. Сылбыт тухары өрөспүүбүлүкэбит бары муннуктарыгар үбүлүөй арааһа буолуталаата. 2019 сылга Башкирия өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ 100 сылын туолбута, маны тэҥэ, башкирдар норуодунай бэйиэттэрэ Мустай Карим 100 сыллаах үбүлүөйэ.

Уфаҕа Оҕолор аан дойдутааҕы 53-с Оонньуулара буолан ааспыта. Барыта 9 көрүҥҥэ успуорт күрэхтэһиитэ ыытыллыбыта. Онон, Уфабыт оҕолор аан дойдутааҕы күрэхтэһиилэрин кыһын уонна сайын тэрийэн ыыппыт соҕотох куорат буолла.

Былааска – төрдүттэн уларыйыы-тэлэрийии. Бу дьыл балаҕан ыйыгар саҥа баһылыгынан Радий Хабировы талбыппыт. Инаугурация кэннэ кини тута былаас тутулун уларыта охсон, саҥа састаабы олохтообута. Бырабыыталыстыбабыт тиһигэ, аата-суола оннунан хаалла эрээри, кыра уларыйыы син биир баар. Саҥа былаас кэлбитинэн өрөспүүбүлүкэбит уонна киин куораппыт биллэ уларыйдылар, тубустулар. Уот-күөс өттө сайынна, уопсастыбаннай тырааныспар быдан аныгылыы, табыгастаах буола тубуста диэн бэлиэтиэхпин сөп.

Үс оҕолоох ийэ буоларым быһыытынан, оскуолаҕа 5 күннээх систиэмэ олохтонон үөртэ. Бэйэбэр туһаайан эттэххэ, бу сыл миэхэ уонна дьиэ кэргэммэр олус таһаарыылаахтык, бэртээхэйдик ааста. Элбэхтик айаннаатым, үгүс дьону кытары билистим.

Татарстан:

“Үүнэр сыл элбэҕи эрэннэрэр”

aydar

Айдар Шайхин, Дьоҕурдаах оҕолор гуманитарнай интэринээт-оскуолаларыгар адвайзер:

– Ааһан эрэр сыл Судаарыстыбаннай сэбиэккэ быыбары кытта ыкса ситимнээх: оройуоннааҕы баһылыктарга кэккэ уларыйыылар таҕыстылар. Хас да сыл тыа хаһаайыстыбатын миниистиринэн үлэлээбит чунуобунньук солотуттан уурайан, парламеҥҥа көстө.

Бу сылга киэҥ хабааннаах үөрэхтээһин бырайыага саҕаланна. Өрөспүүбүлүкэбитигэр 6 поли-лингвальнай комплекс тутулла турар. Онно оскуола, оҕо саада, куорат таһынааҕы лааҕырдар киирэллэр. Бу идиэйэни Судаарыстыбаннай сүбэһит Минтимер Шаймиев сахпыта. Кини урут Булгар уонна Свияжск диэн куораттары чөлүгэр түһэриини туруорсара. Мин санаабар, бу маннык комплекс тутуллан үлэлээн бардаҕына, өрөспүүбүлүкэбит национальнай уонна полилинвальнай үөрэхтээһинигэр улахан суолталаах буолуоҕа.

Ааһан эрэр сылтан хомойбутум – Татаар омугун сайдыытын стратегията. Бу олус элбэҕи эрэннэрэр докумуоммутун 2019 сыл атырдьах ыйыгар киэҥ араҥаҕа таһаарыахтаах этилэр. Кэтэһэн көрдүбүт даҕаны, туох да күттүөннээх, ситэриллибит-хоторуллубут докумуон оҥоһуллубатаҕа биллэн таҕыста. Сыл бүттэ эрээри – стратегиябыт суох. Бу докумуону олоххо киллэрэр эппиэтинэс Аан дойдутааҕы Татаар кэнгириэһигэр сүктэриллибитэ. Ол эрээри, бу тэрилтэ сылы быһа ээл-дээл сырытта, көҕө суох үлэлээтэ. Кэнгириэс иһигэр айманыы, араас айдаан буолбута онно улахан оруолу оонньоото дии саныыбын – онтон сылтаан татаар ыччатын лиидэрэ Табрис Яруллин диэн талааннаах киһибит дуоһунаһыттан барарга күһэллибитэ. Кини Кэнгириэскэ үлэлиир эрдэҕинэ үлэ күөстүү оргуйар этэ. Аны, Москубаҕа баар Татаар кэнгириэһин штаба Татарстаннааҕы кэнгириэстэн арахсан барда. Чэ, ити курдук.

Туох да диэбит иһин саҥа сылга үктэнэн эрэбит, онтон элбэҕи эрэнэ күүтэбит. 2020 сыл Татарстаҥҥа олус суолталаах: судаарыстыбаннаспыт төрүттэммитэ 100 сыла буолар. Балаҕан ыйыгар Бэрэсидьиэммит быыбара буолуохтаах. Онно биир суолталаах боппуруос күөрэйэн тахсар: “Бэрэсидьиэн” диэн аат хаалар дуу, “баһылык” диэҥҥэ уларыйар дуу...

Бурятия: “Өтөрүнэн буолбатах тутуулар”

shodor

Алексей Шодоров, тутуу инженерэ:

– Бүрээтийэҕэ ол-бу араас быһыы-майгы, уларыйыы-тэлэрийии буолла эрээри, саамай чаҕылхайдык өйдөөн хаалбытым – саҥа тутуулар. Тутуу бырайыага Бүрээтийэ үрдүнэн маассабайдык бара турар. Бу диэн эттэххэ, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр маннык тутуу буолбатаҕа 50 сыл буолбут эбит. Киһи да сөҕөр. Быйыл биир эрэ сыл иһигэр 10-12 оскуола уонна итиччэ ахсааннаах оҕо саадын тута сылдьаллар. Кэлэр сылга бу тутуубут эмиэ салҕанан барыаҕа. Тутууну сэргэ, оскуолаҕа 3 симиэнэлээх үөрэҕи утары охсуһуу бара турар. Оҕо – элбэх, оскуола аҕыйах буолан, оҕолор 3 симиэнэнэн кытта үөрэнэллэр. Кэлин оҕо төрөөһүнэ элбээн, оҕо саадыгар уочарат эмиэ хамсаан испэт.

Тутуу үлэтэ этэҥҥэ баран истэҕинэ, ол барыта сааһыланар ини.

zakirova

Марина Закирова, Көстүүнэйгэ ыалдьыттары көрсөр сулууспа начаалынньыга:

– Мин саамай өйдөөн хаалбытым: Улаан-Удэ куоракка Аан дойдутааҕы дьахталлар буоксаларын күрэҕэ. Аан дойду араас муннуктарыттан кэлэннэр күрэхтэстилэр. Бүрээт спортсменf олус ситиһиилээхтик кыттан, бырабыыталыстыба анал наҕараадатын ылбыта.

Кабанскай оройуоҥҥа балыктааһыҥҥа күрэхтэһии буолан ааспыта. Оройуоннартан араас түмсүүлэр, хамсааһыннар актыбыыстара кэлэн кыттыбыттара. Уонна. Байкал күөл мууһун устун массыынанан уонна матасыыкылынан күрэхтэһиилэр буолан ааспыттара. Чэ, ити курдук. “Барыта этэҥҥэ баран иһэр” диэххэ.

Көртөн-нартан атыны этэр буоллахха – суолбут кыһалҕата быһаарыллан биэрбэт. Оройуоннарга барар суолларга тиһигин быспат өрөмүөн ыытыллар ааттаах да, бүтэн быстыбат. Федеральнай суоллар бэрт үчүгэйдэр. Оттон ыраах сытар сирдэргэ, боростуой суолга айаннаа эрэ – дьаабы.

Тус бэйэбэр сыһыаннаан эттэххэ, уустук эрээри, таһаарыылаах сыл ааһан эрэр. Олус элбэҕи толкуйдаатым, былааннаатым. Кэлэр сылтан баҕа санааларым туолалларын күүтэбин.

Хакасия: “Соччото суох сыл ааһан эрэр”

chelt

Юрий Челтыгмашев, Хакасия Араадьыйатын-тэлэбиидэнньэтин сулууспатын “Губернаторскай” дэнэр ханаалын кэрэспэдьиэнэ:

– Оо, сахалар, аймахтарбыт, кэлэн иһэр Саҥа дьылынан! Чиэһинэйдик эттэххэ, хакаастарга бу сыл соччото суохтук ааһан эрэр. 2019 сылтан саҕалаан, чоҕу хостооччулар хакаастар төрүт өбүгэлэрин сирдэрин-уоттарын былдьааһынтан саҕалаабыттара. Туох-баар былыргы курганнары, былыргы көмүүлэри урусхаллаан бүтэрэн эрэллэр... Норуоппутун күөмчүлээһин, туоратыы дьэ оннук баран эрэр. Мантан антах сонуннарга “хакаастар уонна чоҕу хостооччулар аһаҕастык утары турсууларын” истэн бараргыт буолуо. Биэс сыл анараа өттүгэр чоҕу хостооччулар эмиэ бааллара. Ол эрээри, бу курдук сирбитин ыйыппакка былдьаан барбатахтара. Сокуон быһыытынан, наадалаах сирдэрин атыылаһан ылбыттара, туох да айдаан, ытык сири-уоту урусхаллааһын тахсыбатаҕа. Оттон быйыл кэлбит дьон букатын бас баттах сыһыаннаахтар. Алтаай уонна Бийскэй оройуон диэки баар сиргэ чох хостоору оҥостоллор. “Устуоруйаҕа суолталаах” эҥин диэҥҥэ букатын наадыйбат дьон. Ити сирдэргэ түҥ былыргыттан биһиги өбүгэлэрбит төрөөн-ууһаан олорбуттара. Археологтар кэлэн барытын кыл тыынынан, буоллун-хааллын диэн хаһа сылдьаллар, хостоон ыһан-тоҕон эрэллэр. Сымыйанан, харах баайыытыгар эрэ уопсастыбаннай истиилэри тэрийэллэр. Биһиги санаабытын, тугу уонна тоҕо утарылаһарбытын билэ, истэ да сатаабаттар. Мунньахха кэлэн “маннык буолар да сабаас!” диэн кэбиһээри гыналлар. Биһиги да бэриммэппит.

Бу ыарахан кэмнэрбитигэр биһигини ыалларбыт алтаайдар уонна тувалар өйүү сатыыллар. Бу ытык сирдэр кинилэргэ эмиэ сыһыаннаах буоланнар. Баҕар, сахалартан ким эмэ өйүөн, бу утары турсууга кыттыһыан баҕалаах баар буоллаҕына, “Вконтакте” бөлөххө “Живая Хакасия” диэн түмсүү баар. Онно киириҥ, сонуннары ааҕыҥ.

Бырамыысыланнас кыһалҕатын таарыйбычча, боппуруос элбэх. Билигин экология эспэртиисэтин ыытыы эҥин боппуруостарыгар үлэлэһэ сылдьабыт.

Онон, сахалар, бэйэлээх бэйэҕит сиргитигэр кытаатан хаһаайын буолуҥ, кэнэҕэһин өбүгэлэргит ытык сирдэрин кимиэхэ да былдьатымаҥ, биһиги курдук эрэйи көрүмэҥ. Саҥа дьылынан!

***

Аҕыйах киһи хоруйунан “сыл кинилэргэ чахчы маннык ааспыт” диэн быһа этэр кыахпыт суох эрээри, кылгас да буоллар, сонуну иһиттэхпит. Тутааччы – тутуу, уопсастыбанньык – уопсастыбаннай олох-дьаһах, учуутал үөрэх туһунан кэпсээтэхтэрэ.

Биһиэхэ да элбэх түһүүлээх-тахсыылаах, уларыйыылаах-тэлэрийиилээх сыл түмүктэнэн эрэр. Кэлэн иһэр сылга эмиэ эрэх-турах сананабыт, үгүс үөрүүнү, ситиһиини күүтэбит.

Сардаҥа БОРИСОВА

ситимнэстэ.

Category: СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ | Views: 932 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ахсынньы 2019  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 5
Ыалдьыттар (гостей): 5
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024