News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2020 » Тохсунньу » 4 » Тохсунньу туомнара Айыы түһүлгэтэ тохсунньуга толорор сүрүн туомнара манныктар.
Тохсунньу туомнара Айыы түһүлгэтэ тохсунньуга толорор сүрүн туомнара манныктар. | 11:44 |
Тохсунньу туомнара
Айыы түһүлгэтэ тохсунньуга толорор сүрүн туомнара манныктар.
6 түүнэ. Хотугу Ытык хайаҕа турар Кудук маска Таҥха уот саҕыллар. Таҥха уот иччитэ Таҥхайык оҕонньорго Айыы Намыһыннар алгыс быатын туттараллар. Сэттэ аҕас - балыс эдьиийтэн сэттэ олгуйдаах Ытык Холурдаан Хотуҥҥа көмөлөһөөрү Отур-ботур оҕолор (кыһыҥҥы уу иччилэрэ) тахсаллар.Ийэ куту көрсөргө анаан, Ытык Холурдаан бары иччини алгыстаах аһынан маанылаары, күөс күөстүүр.
7 күнэ. Таҥха Хааны олордуу. Таҥха Хааны түһүлгэҕэ олордон , Айыы дьиэтэ инникини түстүүр алгыһы тарҕатар. Айыы суолун аартыгар Ытык Холурдаан сэттэ олгуйун бэлиэтэ – уулаах сэттэ кытыйа эбэтэр кыра чоҥхой,чохоол (тутааҕа суох чааккы) ууруллар.
12 күнүһэ-түүнэ.
Күнүс. Айыы түһүлгэтигэр Ийэ куту көрсүүгэ бэлэмнэнии туома.
Туом бахсы иччи суолун арыйар. Дьээ! Алам-чалам! диир.Бу кэнниттэн Айыы быатын тутар. Кини итинэн бары иччини Айыы аартыгар, алгыс түһэр олбоҕор аҕалар. Иччи кэлбит бэлиэтин көрдөрөн, аас олбоххо иччи түһүгүн олордор.
Түүн. Хотугу Ытык хайаҕа, Кудук маска, Таҥха уот аттыгар уу иччитэ – Эбэ Хотун тахсар. Бары иччи киниэхэ кэлэр: Буор иччитэ Аан Алахчын хотун Ойуу-бичик оҕолорун кытта, салгын иччитэ Сүүрүк уол Эрэкэ-дьэрэкэ оҕолорун кытта, сэттэ ытык уот иччитэ Эһэкээн Тойон оҕонньор Кытарар кыымчаан оҕолору кытта. Бу мустан кинилэр Ийэ Куту күүтэллэр. Айыы суолун бата, алгыс быатын тутан, Ийэ Кут орто дойдуга киирэр. Кудук маска баар Таҥха биһигэр олороору.
Сэттэ хонук устата Ийэ кут бары иччи үрүҥ тыынын өллөйдүүр.
14 күнэ. Түс олордуу. 40 сааһын туолбут дьоҥҥо аналлаах туом.
18 түүнэ. Хотугу Ытык хайаҕа, Кудук маска, Таҥха уот аттыгар кэлбит бары иччи тустаах миэстэтигэр тарҕаһар. Эбэ Хотун бэйэтин Отур-ботур оҕолорун кытта олохтоох сиригэр төннөр. Салгын иччитэ Сүүрүк уол Эрэкэ-дьэрэкэ оҕолорун кытта Соҕурууҥу Ытык хайаҕа барар. Буор иччитэ Аан Алахчын хотун Ойуу-бичик оҕолорун илдьэ Аал Луук маска киирэр. Сэттэ ытык уот иччитэ Эһэкээн оҕонньор Кытарар кыымчаан оҕолору кытта Айыы суолун аартыгар киирэр.
19 түүнэ. Иччи суолун сабыыта. Маныаха туһуламмыт туом маннык.
Сарсыарда эрдэ туран, күрдьэх хаары тиэргэҥҥэ ыһабыт. Илин диэки хайыһан сэттэ ытык уот иччитигэр сүгүрүс гынабыт. Соҕуруу диэки хайыһан салгын иччитигэр Сүүрүу Уолга сүгүрүс гынабыт. Арҕаа диэки хайыһан таас иччитигэр Сахчаахаан оҕонньорго сүгүрүс гынабыт. Хоту диэки хайыһан, далай уу иччитигэр Эбэ Хотуҥҥа сүгүрүс гынабыт. Илин диэки хайыһан буор иччитигэр Аан Алахчын хотуҥҥа сүгүрүйэбит. Бу саҥата, сүпсүгэ суох толоруллар туом. Бары бииргэ кэлэн барбыттарыгар махтаныы иэйиитэ буолуохтаах.
20 күнүһэ-түүнэ.
Күнүс. Ийэ куту таҥха биһигэр атаарыы туома. Туом бахсы иччи суолун арыйар. Дьээ! Алам-чалам! диир.Бу кэнниттэн Айыы быатын тутар. Кини итинэн Хотугу Ытык хайаны, Кудук маһы, Таҥха биһигин саныыр.
Түүнэ.Хотугу Ытык хайаҕа Сибэ уот саҕыллар. Бөҕөлүкээн эмээхсин Ийэ Куту таҥха биһигэр олордор.
|
Category: Айыы үөрэҕэ |
Views: 1111 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 85 Ыалдьыттар (гостей): 85 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|