Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2020 » Тохсунньу » 9 » Былатыан Ойуунускай уонна саха итэҕэлэ
Былатыан Ойуунускай уонна саха итэҕэлэ
23:21

Былатыан Ойуунускай уонна саха итэҕэлэ

 

1939 сыл алтынньы 31-с күнүгэр, Дьокуускай куорат ИДьНК (НКВД) түрмэтигэр, саха омугун биир бастыҥ уола Былатыан Ойуунускай өлбүтэ. Онтон ыла номнуо 70 сыл ааһа оҕуста.

Олоҥхону сурукка түһэрбит Платон Алексеевич Ойуунускай, бэйэтин омугун итэҕэлгэ сыһыаннаах көрүүлэрин анаан үөрэтэ сылдьыбыттаах. Кини төрүт итэҕэл саха омугун туругуруутугар уонна сайдыытыгар улахан сабыдыаллааҕын билинэрэ.

Ойуунускай этнографияҕа сыһыаннаах үлэлэрин улахан аҥаара СӨ Дьокуускайдааҕы научнай киинин уонна СӨ Национальнай архыыптарыгар бааллар.

Мантан саамай сүрүннэринэн «О происхождении религии», итиэннэ «Из царства колониального рабства в царство свободы. Введение к истории якутов» диэн тус бэйэтин илиитинэн суруйбут үлэлэрэ буолаллар. Бу үлэлэр Национальнай архыып икки фондатыгар бааллар: «Народный комиссариат просвещения, здравоохранения и социального обеспечения Якутской АССР» уонна «Якутское государственное книжное издательство» диэннэргэ.

Манна кини саха итэҕэлэ хайдах уларыйбытын, таҥаралар уонна иччилэр киһи аймах күннээҕи олоҕун кытта ситимнэрин, сабыдыалларын быһаарар.

Холобур, дьахтар таҥаралар ыккардыларыгар барыларынааҕар ордук ытыктанар Иэйэхсит, Айыыһыт, Аан Алахчын, Үөһээ Дойду удаҕана Айыы Умсуур уонна алта Аан Намыһын удаҕаттар курдук таҥаралары ырытар.

Ойуунускай Үөһээ Дойду саамай күүстээх дьахтар иччилэрин ахтарыгар, Улуутуйар Улуу Тойон аймахтарын, утары көрдөрбөт Ытык Иэрэҕэйи, улуу хотуннарын – Хотун Куохтуйаны, кыргыһыы таҥаратын – Хабаа Дьохтуойан Куо-Холбонньой Күл-Көлүнньэҕи ааттаабыт.

Аллараа Дойдуга олохтоох абааһыларга, Ойуунускай этиитинэн, эмиэ үс дьахтар абааһы барыларынааҕар күүстээхтэр эбит. Ол курдук, Уот Күкүрүйдээн, Ала Буурай, Ытык Хахайдаан.

Ойуунускай удаҕаттар ойууннааҕар кырдьаҕас саастаахтарын бэлиэтиир. Кини этэринэн, Айыыһыт уонна Иэйэхсит сиэрин-туомун билбэт ойуун сырдык Айыыларга кыайан тахсыбат уонна кинилэргэ сиэри-туому оҥорор кыаҕа суох. Ол иһин оннук ойууннар ыһыахтары кыайан ыыппаттар эбит.

Ыһыаҕы Ойуунускай сайын кэлиитин, сүөһү уонна төрдү-төбөнү төрүттээччи ийэ-удаҕан бырааһынньыгынан ааҕар.

Кини этэринэн, ойууттар омук өйө-санаата саамай баттаммыт, сүрэ тостубут кэмигэр уутуйан үөскүүллэр эбит. Кини суруйар: «...ойуун, удаҕан үйэтин кэнниттэн үөскээбит, ойуун үөскүүрүгэр бүрээт ойуунун эрэлиигийэтэ төрүөт буолбут, ойуун сахаҕа – саха норуота иккис олохсуйаары гыммыт сириттэн кыаттаран, үүрүллэн санаата түспүт бириэмэтигэр үөскээбит, онон ойуун үөрэҕэ – наар ааттаһыы, көрдөһүү, толунуу, ытыы-соҥуу эрэлиигийэтэ буолбут эбит. Ойуун үөрэҕэ сырдыга суох хараҥа үөрэх буолар».

Бэйэтин очеркатыгар Ойуунускай сахаҕа ойууннааһын тэнийиитигэр монгуол, бүрээт омуктарын итэҕэллэрэ улахан сабыдыалы оҥорбутун анаан бэлиэтиир. Кырдьык, кэлин В.Л. Приклонскай диэн улахан учуонай сахалар ойууннааһыннара монгуоллартан кэлбитин туһунан эмиэ этэн турар. В.Ф. Трощанскай этиитинэн, сахаларга аан бастаан алгысчыттар, үрүҥ ойууннар баар буолбуттар.

Кэнники кэмнээҕи учуонайдар эмиэ Ойуунускай этиитин бигэргэтэллэр. Н.А. Алексеев этэринэн, сахаҕа итэҕэл уонна онно сыһыаннаах сиэр-туом былыр Киин Азия истиэптэригэр атын түүр тыллаах омуктары кытта аалса олорор эрдэхпитинэ үөскээбиттэр. Тюрколог Н.К. Антонов эмиэ этэр: «Таҥараны уонна жрецтэри кытта ситимнээх тиэрминнэр барылара төрүт түүр тылыттан үөскээбиттэр. Оттон «хара ойууннааһын» тиэрминнэрэ — монгуоллартан».

Ойуунускай этиитинэн, айыы ойууннара дьону эмтииллэрин уонна ойуун таҥаһын-сабын кэтэллэрин, дүҥүрдэнэллэрин туһунан дааннайдар суохтар. Саха биир биллиилээх чинчийээччитэ Э.К. Пекарскай даҕаны этэн турар: «айыы ойууннара... ханнык даҕаны ойуун таҥаһын кэппэттэр, оннооҕор дүҥүрэ да суохтар, кинилэр алгыыллар эрэ уонна Үрүҥ Айыы тойоҥҥо сүгүрүйэллэр».

Ойуунускай өссө биир интэриэһинэй бэлиэтээһининэн саха дьоно былыргы өлбүт ойууннар уҥуохтарыгар, араҥастарыгар сүгүрүйбэттэрин, кинилэр кырамталара сытар сирин өрө туппаттарын туһунан ахтыыта буолар. Биирдилээн сүгүрүйүү баарын Ойуунускай «ити уопсастыбаннай буолбакка, биирдиилээн, чааһынай культ» диир.

Платон Алексеевич Сир-дойду иччитин туһунан маннык этэр: «Былыргы саха көрүүтүгэр – дойду даа иччитэ эмиэ киһи курдук маска дьиэлэнэр. Былыргы саха ыал буолбутун, сүөһү-сылгы ииппитин үс суолунан бэлиэтиир: алаһа дьиэтигэр аал уоту оттон буруотун көрдөрөр, дьиэтин таһыгар сэргэ анньынар, баҕана туруорар. Сэргэ – сылгы бэлиэтэ, баҕана – оҕус бэлиэтэ. Саха бу курдук ыал буолан туругуран баран – дойдутун иччитин эмиэ олохсутуон, кини санаатын бэйэтиттэн тэйитимиэн баҕарар».

Бу суруйууларыгар Платон Алексеевич саха төрүт итэҕэлин ис дьиҥин билбэт эрээри сымыйанан ойуулаан суруйар, тарҕатар дьону саралыыр. Холобура, Иоган Гмелин диэн ботаник уонна Иоган Готлиб Георги диэн минералогия профессорын этиилэрин ылымматын биллэрэр.

Ойуунускай этэр: «Такова, несомненно, та обывательская логика, которая, будучи подогреваема христианским высокомерием завоевателей и ненавистью к инаковерующим, в конечном итоге должна была привести к сложению интересующей нас злостной клеветы, которая позже в устах примитивного этнографа Гмелина превратилась уже в научную истину» диэбит.

Бу «научнай истина» туһунан кини этэр: «злостный и грязный навет, несомненно, возникший на почве религиозной нетерпимости и в порядке христианизаторской политики православного духовенства в Сибири, в течение XVIII и XIX веков поддерживался в русской и иностранной этнографической литературе по адресу якутов и эвенков».

Көрөрбүт курдук, Ойуунускай сахалартан бастакынан норуотун итэҕэлин токурутан суруйууну утарбыт киһи буолар.

Христианизация бэлиитикэтигэр сыһыанын Ойуунускай эмиэ ырылхайдык арыйан суруйар. Кини этэр: «У якутов, например, эпоха христианизации, которая в первое время, несомненно, сопровождалась распадением народа на два враждующих лагеря, сторонников и противников крещения, оставила в их фольклоре много злостных измышлений об обычаях и нравах якутов-язычников, искоренявшихся не мытьем, так катанием». Онон, Ойуунускай бу этиитинэн, христианизация киириитэ сахаларга туох да эгилитэ-бугулута суох «үөрэ-көтө» ааспатаҕын туһунан өйдөбүлү наука эйгэтигэр киллэрэр.

Ойуунускай христианскай итэҕэл кэлиэн иннинээҕи ыһыах сорох өрүттэрин таҥан таһаарар. Төһө да «мы нарочито пропустили ритуальные мелочи ысыаха и всю догматическую часть в религиозных представлениях якутов» диэбитин үрдүнэн, кини үлэтигэр саха омугун бырааһынньыга бэрт толорутук көрдөрүллүбүт. Манна бэриллибит ыһыах сүрүн өрүттэрин, бүгүҥҥү туругунан, «Кут-сүр» уопсастыбаннай итэҕэл холбоһуга эрэ туһанар. Уопсайынан эттэххэ, мин санаабар, ыһыах да, атын сиэр-туом да ыытыыларын уонна олоҥхону ырытыыны туһаныллыбатах архыып матырыйаалларыгар олоҕуран «Кут-сүр» эрэ холбоһук олоххо киллэрэ сылдьар. Олоҥхо да, итэҕэл да хайа баҕарар өттүн ылан көрөн үөрэтэр буоллахха, бастатан туран, кинилэр духуобунай өйдөбүллэрин билии ирдэнэр. Маны академическай наука сэбилэниигэ ылара эбитэ буоллар диэн бэлиэтиэҕи баҕарыллар.

Билиҥҥи кэмҥэ үөдүйбүт итэҕэл тиһиктэрин сайдыыта былыргы төрүт үгэскэ уонна төрүттэрбит көрүүлэригэр олоҕурар. Ол иһин саха омугун төрүт итэҕэлин билиҥҥи туругун научнай чинчийиитэ, учуонайдар, кыраайы үөрэтээччилэр, биирдиилээн да дьон, араас сылларга хомуйбут матырыйааллара суох кыаллыбат. П.А. Ойуунускай норуот духуобунаһыгар анаан суруйбут үлэлэрэ төрүт итэҕэли үөрэтиигэ биир улахан төһүү күүс буолаллар. Кини бэйэтин омугун төрүт итэҕэлин элбэхтик үөрэппит, научнай өттүттэн чинчийбит киһи этэ. Төһө да «дьаарай» хомуньуус буолбутун иһин, Ойуунускай бигэтик өйдүүрэ – саха киһитэ өбүгэлэрэ хаалларбыт муҥура суох духуобунай баайын билиэхтээҕин уонна бу түгэҕэ суох кудукка кутулла сытар муудараһы туһанан кэлэр олоҕун оҥостуохтааҕын.

 

Бүөтүр Кэрээкин

архыып үлэһитэ

03/12.2010

Category: Айыы үөрэҕэ | Views: 920 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Тохсунньу 2020  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
2728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 112
Ыалдьыттар (гостей): 112
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024