Айыы үөрэҕэ, Кут-сүр. Тохсунньу ый.
ЫЙЫТЫЫЛАР – ХОРУЙДАР 1
-- Л.А.Афанасьев - Тэрис өлбүтүн кэннэ кинини таҥараһыт этэ диэн суруйар дьон баар буолла . Ити туһунан ватсапка булан ааҕыахха сөп. Кут-сүр кыһа ону туох диирий ?
-- Лазарь Андреевич – Тэрис бастакы сүрүн үлэтэ “Айыы үөрэҕэ” буолар. “Таҥара үөрэҕэ” диэн буолбатах.Онон кинини таҥараһыт дииргэ төрүөт суох. «Айыы үөрэҕэр» кини айыы уонна иччи диэни ырыппыта. Таҥара туһунан ырытыыта суох.
-- Оттон дэҥ-дэҥ таҥара диэн тылы туттубут дии.
-- Религиознай канону туттуу икки ньымалаах: культивированнай уонна рефлекторнай. Культивированнай диэн каноническай сакральнай суолтаҕа этиллэр.
Тэрис сүрүн үлэтигэр - “Айыы үөрэҕэр ” айыы уонна иччи диэннэри каноническай сакральнай суолталаабыта. Ити иһин бу икки өйдөбүлү “Айыы үөрэҕин ” төрдө курдук туппута. Оттон таҥара диэни рефлекторнай – көннөрү тыл суолтатыгар туһаммыта. Ол иһин итини “Айыы үөрэҕэр” сакральнай канон оҥорботоҕо. Атыннык эттэххэ, ырыта барбатаҕа. “Айыы суола” үлэни эмиэ биир итинник суруйбута.
Тэрис онон Айыы туһунан үлэлэригэр таҥара диэн тылы сакральнай канон оҥорбута суох. “Айыы үөрэҕэр”, “Айыы суолугар”кыбыллар таҥара диэн тылы сакральнай канон курдук өйдүүр табыллыбат. Религиознай үөрэхтэри киэҥник тарҕатыыга рефлекторнай ньыманы маннык туттуу ханна баҕарар баар.
-- Тоҕо итинник гыммытай ?
-- Айыы үөрэҕин, Айыы итэҕэлин таҥараҕа утары туруоруу дириҥник иҥмит буолан, ону тута көннөрөр уустуга. Ити иһин норуокка маассабайдык тарҕаммыт өйдөбүлү рефлекторнай суолтаҕа туттар сорук турбута. Айыы үөрэҕэр, Айыы итэҕэлигэр дьону чугаһатар сыалтан.
-- Ол аата итэҕэли өйдөөһүн судургу буолбатах диигит дуо ?
-- Итэҕэйии, итэҕэлгэ кэлии биир күннээх буолбат. Киһи олоҕун тухары барар тыын олоҕо буолар.
ЫЙЫТЫЫЛАР – ХОРУЙДАР 2
-- Улуу Тойону абааһыга холуйаллара төһө сөбүй ?
-- Дьиҥэр бу, Айыы итэҕэлин биир тутаах өйдөбүлэ. Уот иччитин төрдө буолар. Тыыннаах олох сырдыгын - сүрү илдьэ сылдьар.
-- Оччотугар тоҕо абааһы дииллэрий ?
-- Өлүүгэ сүгүрүйээччилэр тыыннаах олоҕу сөбүлээбэттэр. Ити иһин тыыннаах олоҕу төрүттүүр күүстэри – айыыны, иччини, куту-сүрү, уокка ытыктабыллаах сыһыаны утараллар.
-- Хайдах утаралларый ?
-- Хаһан да куһаҕан диэн малтаччы эппэттэр. Ханалытан этии, көнчүөлээн көрдөрүү ньымаларын туһаналлар.
Бастакынан, епископ Нил ыыппыт религиознай реформатын кэнниттэн, 19-с үйэ иккис аҥарыгар Үрүҥ Айыы Тойону уонна Үрүҥ Аар Тойону биир курдук көрдөрөр буолбуттара.
Бу иннинэ, 1824 сыллааҕы юридическай докумуоҥҥа, саха итэҕэлин төрдө Үрүҥ Айыы Тойон буоларын бигэргэппиттэрэ. Ити докумуон либеральнай политиканы киллэрэ сатаабыт император Александр I канцеляриятыгар тиксибитэ.
Реакция күүһүрбүт кэмигэр Саха сиригэр епископ Нил религиознай реформаны ыыппыта. Бу реформаҕа олоҕуран, Үрүҥ Айыы Тойон туһунан алгыстары, олоҥхолору муҥутуу суох гыммыттара. 1868 сыллаахха Үрүҥ Айыы Тойон туһунан тиһэх алгыһы И.А.Худяков сурунан хаалбыта.
Ыраах хоту сиргэ Үрүҥ Айыы Тойону аҕыйах ахсааннаах дьон кистээн итэҕэйэрин Елена Блаватская киэҥ эйгэҕэ 1877 сыллаахха иһитиннэрбитэ., Сэбиэскэй кэмҥэ, атеизм бигэргэнэн эрдэҕинэ “Үрүҥ Айыы Тойон ыччаттара” диэн олоҥхо кэрчигин М.Н.Андросова-Ионова сурукка киллэрбитэ.
Иккиһинэн, Айыы итэҕэлин намтатыыга иччини уонна таҥараны биир курдук буккуйан быһаарар буолбуттара. Уһук бүтэһигэр иччи өйдөбүлүн таҥаранан солбуйбуттара. Итини бэйэтин бэчээттэммэтэх үлэтигэр П.А. Ойуунускай өйдөтө сатаабыта. Бу үлэни күн баччааҥҥа диэри бэчээккэ таһаарбакка, хам баттаан сыталлар.
Үсүһүнэн, куту-сүрү абааһы сиир. Онон куту-сүрү эмтиибит диэччилэр үөдүйбүттэрэ. Таҥара куту-сүрү быыһыыр-абырыыр диэһин бигэтийбитэ.
-- Ити аата Айыы уонна Таҥара тус-туспа өйдөбүллэр дуо ?
-- 1705 сыллаахха Голландияҕа бэчээттэммит сахалыы сурукка «Айыыбыт биһиэнэ Мэҥэ Таҥара үрдүгэр » диэн былыргы религиознай постулат этиллибитэ. Айыы итэҕэллээх саха дьоно оччолорго Айыы уонна Таҥара диэннэри арааран өйдүүрүн көрдөрбүтэ.
ЫЙЫТЫЫЛАР – ХОРУЙДАР 3
-- Айыы үгэһигэр ахтыллар Хотугу Ытык хайа баар.Ити туох суолталааҕый ?
-- Бу түҥ былыргы сакральнай өйдөбүл. Орто дойдуга ийэ кут киирэн, аараан ааһар түһүгэ буолар.
-- Ханна баарый ити хайа, Намҥа дуо ?
-- Кини түһүгэ олус улахан. Онон биһиги уу туҥуй харахпытыгар хаһан да көстүбэт.
-- Көстүбэт буоллаҕына, ол аата суоҕу этэн эрдэххит дии.
-- Киһи бэйэтинээҕэр кыраны эрэ көрөр айылгылаах. Арыый улахантан толлор. Оттон кыайан кэмнэммэти төрүт көрбөт. Суох курдук саныыр. Хотугу Ытык хайа олортон биирдэстэрэ.
-- Ити “хайа” тоҕо Ытык дэнэрий ?
-- Итиннэ таҥха үс биһигэ , Кудук мас, Хотугу эмээхситтэр, Сибэ уот, Эбэ Хотун, Улуу муус байҕал о.д.а. бааллар.
-- Ол иһин ийэ кут итиннэ тохтуур буоллаҕа.
-- Оннук.
-- Хаһан уонна тоҕо тохтууруй ?
-- Хас сыл аайы тохсунньуга ийэ кут Хотугу Ытык хайаҕа кэлэр. Сэттэ Айыы Намыһыны батыһан. Манна тохтоон, иччилэр тыыннарын эбии күүһүрдэр.
-- Тоҕо тохсунньуга эрэ кэлэрий ?
-- Тохсунньу – төрөөрү сылдьар ийэ тохсус ыйа. Былдьаһыктаах бүтэһик кэм.
-- Айыы киһитэ тохсунньуну чуумпуруу ыйа диирэ онтон буоллаҕа ?
-- Оннук. Тохсунньуга муҥутуу иһийэр кэм. Уруу-той буолбат. Барыы-кэлии аҕыйыыр, мээнэ сыбыытааһын тохтуур. Ийэ куту, иччилэри уйгуурдар аньыы курдук көрүллэр.
ЫЙЫТЫЫЛАР – ХОРУЙДАР 4
-- Хотугу Ытык хайа туһунан туох эмэ суруйуу, биир эмэ айымньы баар дуу ?
-- Алампа Софронов “Ытык хайалар дьылҕалара”, “Ытык хайалар кэпсэтиилэрэ” диэн поэматыгар Дьокуускай хоту-соҕуруу өттүгэр баар хайалары Ытык хайалар диэбитэ. Хоту өттүнээҕитэ - Хотун хайа , соҕурууҥута - Тойон хайа.
-- Ити хайалар Хотугу Ытык хайаҕа туох сыһыаннаахтарый ?
- Бу хайаларга аҕыс ахтар айыы, тоҕус тойон Дьөһөгөй тоҕуоруйар . Маны таһынан ийэ дойду иччитэ иҥэр-тохтуур эбит. Итинэн көрдөххө, Хотугу Ытык хайаҕа балар быһаччы сыһыаннаахтар.
-- Хотун уонна Хотугу Ытык хайалары биир курдук тойоннуохха сөп дуу ?
-- Хотун хайаны Хотугу Ытык хайа күлүгүн курдук көрүөххэ сөп. Ол аата көстүбэт эйгэттэн төһөтө эрэ дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэн ааһарын итинник өйдүүллэрэ этиллэр.
-- Алампа ити өйдөбүлү тоҕо көбүппүтэй ?
-- Айымньы суруллубут кэмэ 1921 сыл. Кыһыл террор үгэннээн турара. Саха дьылҕата ыараабыта. Оннук түгэҥҥэ саха киһитэ хайаатар даҕаны былыр-былыргыттан Ытык хайаларга хайыһар үгэстээҕин айымньы саҕаланыытыгар Алампа тоһоҕолоон этэр. Кини итинэн бу айымньы кыһалҕаттан быыһаныыга туһалаатар ханнык диэн суруйбута көстөр.
-- Кыһалҕаттан быыһаныыга Хотугу Ытык хайаҕа хайыһыы тугунан көдьүүстүүрүй ?
-- Хотугу Ытык хайаҕа саха таҥхата, дьылҕата, ийэ кута сытар. Ону өйдүүр-саныыр буоллахха, саха саргыта хаһан да самныбат. Итинник санаа олохсуйан кэлбит эбит – түҥ былыргыттан. Алампа итини билэрин уонна бу айыы аймаҕар көмөлөһүө диэн эрэнэрин туоһута буолар.
-- Алампа өссө маныаха майгынныыр айымньылаах дуо ?
-- Хотугу Ытык хайаҕа тускулаан “Харыйа” (1927) , Соҕурууҥу ытык хайаҕа туһулаан “Сылбах тиит” (1928) диэн поэмалары суруйбута.
-- Оннук суруйарга туох төрүөт баар этэй ?
-- 1927 сыллаахха саха эдэр прогрессивнай көрүүлээх интеллигенцията хааннаах террорга түбэспитэ.Аҕыйах ахсааннаах норуот чулуу уолаттарын сүтэрбитэ. 1928 сыллаахха революция иннинээҕи аҕа көлүөнэ интеллигенцияны бүтүннүүтүн кэриэтэ араас болдьоххо соҕурууҥу хаайыыларга симпиттэрэ. Олортон аҕыйаҕа тыыннаах орпута...
ЫЙЫТЫЫЛАР – ХОРУЙДАР 5
-- Сүллүүкүн уонна Таҥха биир дуу, эбэтэр туох уратылааҕый ?
-- Көрөрбүт курдук - икки тыл. Ол аата икки анал бэлиэ, икки аҥы өйдөбүл буолар. Хас биирдии дорҕоон, дуораан уратылааҕын курдук.
-- Оччотугар сүллүүкүнү быһаарбаккын ээ.
-- Сүллүүкүнү үгүстэр уу кыһыҥҥы иччитэ дииллэр. Ити судургу өттө. Итэҕэлгэ бу тыл дьону иччигэ чугаһатар аналлаах. Бастаан утаа оннук рефлективнай суолталаах эбит. Кэлин ол таһымҥа хаалан хаалбыт. Культ буола ситэ сайдыбатах. Сакральнай канон буола үүммэтэх. Ол иһин бу тылы күдээр саҥарыы, түбэһиэх туттуу барбыт. Араас көрүү элбээбит төрдө соннук.
-- Оччотугар хайдах өйдүөххэ сөбүй ?
-- Бииринэн бу тугу бэлиэтиирин билиэх. Сүллүүкүн - сүллүү күн. Сороҕор элбэх ахсааҥҥа сүллүүкүннэр – сүллүү күннэр диибит. Ол аата Күн күүрэр, муҥутуу тыҥыыр бириэмэтэ этиллэр. Халлаан кыһыҥҥы Күнэ туохтан эрэ итинник олус тымтан ылар.
-- Ол аата айылҕа уларыйыыта дуо ?
-- Тохсунньуга айылҕа көстүбэт уларыйыыта баар. Астрономнар кэтииллэринэн тохсунньуга Сир уонна Күн чугасаһан ылар түгэннээх. Холобур быйыл 5 чыыһылаҕа түбэстэ. Аны туран, Күн биһиги Галактикабыт ядротугар – Стрелец үргэли туоруу сатыыр. Тохсунньу 19-гар ол онтон тахсыахтаах. Онон тохсунньу олус тыҥааһыннаах кэм. Сир эргиирэ түргэтиир. Сирдээҕи уу өрө ытыллар. Итини этэллэр: сүллүү күннэр – күүрүүлээх күннэр диэн.
-- Тохсунньу 7 -19 чыыһылата оччотугар сүллүү күннэр эбит дуу?!
-- Былыргылар ити даатаны араастык бэлиэтииллэр. Дьон маны өйдүүр таһыма ураты. Холобур, өлүүгэ сүгүрүйээччилэр урут өлбүт дьон тыынын- үөрү- хара тыыны көбүтэн, арааһы бары билэ-көрө сатыыллар. Бу спиритизм дэнэр.
Саха бу кэмҥэ иччилэри, куту-сүрү болҕойор. Ийэ куту уонна Эбэ хотуну иһийэ кэтиир.
-- Ону этэллэр дуо, Таҥха диэн ?
-- Таҥха диэн сүллүү күннэргэ толоруллар дириҥ медитация. Ис турук, үрүҥ тыын таҥыллыыта буолар.
-- Таҥха диэн бүлүүһэ сүүрдүүтэ, хаартынан сэрэбэ кээһии, ойбону иһиллээһин о.д.а. дииллэр дии.
-- Таҥха диэн бэйэ тыынын иһиллиир, эт-сиин төрдүгэр (битигэр, билгэтигэр, таҥхатыгар, дьылҕатыгар, ыйааҕар, оҥоһуутугар, төлкөтүгэр) киирэр , эттэтиини барар кэм. Улуу Чуумпуга, ис айгыга сылдьар кэм. Ис чуумпуга бүгүү.
ЫЙЫТЫЫЛАР – ХОРУЙДАР 6
-- Таҥха хас хонуктаах туомуй ?
-- 15 хонуктаах.
-- Эчи уһаабытын. Бу былаһын тухары дьэ тугу гынабын ?
-- Тохсунньу 6 -11 чыыһылата – Отур ботур оҕолор кэмнэрэ. Алта хонук устата киэһээҥҥи кэмҥэ улаханнык саҥарбакка, отур-ботур кэпсэтэр кэм. Утуйуох иннинэ остуолга сэттэ чохоолго, чоҥхойго (тутааҕа суох дьоҕус чааскы) ыраас уу кутуллар. Чорооҥҥо – үүт, быыппах, табыллар буоллаҕына кымыс. Кытыйаҕа алаадьы ууруллар. Сарсыарда туран ууруллубут аһы үллэстэн аһыыбыт Чохооллоох ууну барытын биир иһиккэ кутан, күнү быһа иһиллиэхтээх. Сороҕотун киэһээҥҥигэ хаһаанар эмиэ үчүгэй.
Тохсунньу 12 – 19 чыыһылата. Ийэ кут уонна Эбэ Хотун тоҕус хонук устата иччилэр тыыннарын өллөйдүүр кэмнэрэ. Киэһээ өттүгэр дьиэҕэ муҥутуу чуумпу буолуохтаах. Кинигэ ааҕыы, уруккуну-хойуккуну ахтан суруйуу, оҕо-аймах уруһуйдуон сөп. Утуйуохха диэри дьарык итинник. Утуйуох иннинэ эмиэ ас, уу ууруллар. Сарсыарда ону аһаныллар. Ууну киэһэҕэ тиэрдэ соҕус иһиллэр.
Тохсунньу 20 чыыһылата. Ийэ кут таҥха биһигэр олорор кэмэ. Эмиэ чуумпуруу. Тиһэх бүтэй уу чуумпу. Эмиэ ас тардыллар. Эмиэ уу кутан ууруллар.
Тохсунньу 21 чыыһылата. Сарсыарда таҥха аһын үөрэ-көтө аһаныллар. Туом түмүктэнэр.
ЫЙЫТЫЫЛАР – ХОРУЙДАР-7
-- Биһиги Галактикабыт диэн Млечный путь буолбаат. Онтубут сахалыыта тугуй ?
-- Айыы уолун хайыһарын суола диэн. Айыы уола кэлэн ааспыт бэлиэтэ. Хантан кэлбитэ уонна ханна ааспыта этиллибэт.
-- Дьикти эбит. Айыы уолун хайыһарын суолугар Стрелец ядро буолар диэбиккит дии. Ону хайдах өйдүөххэ сөбүй ?
-- Айыы суолун дьиҥ устата-туората биллибэт. Ити эрээри, Айыы уолун хайыһарын суолун килэйэр киинэ Стрелец эбэтэр түүр тыллаахтарга Айа (самострел) диэн ааттанар. Улахан айа тардыллан сытар. Тохсунньу 19-гар диэри Күн ити айа тардыллан сытар сирин туоруур.
-- Ол иһин таҥхалыыр эбиппит дии. Күн итини үчүгэйдик туораан аастын диэн. Оннук дуо ?
-- Оннук. Маны таһынан таҥха кэмигэр хаары кэһэр, хаар үрдүн алдьатар бобуулаах.
-- Тоҕо ?
-- Айа кылыытын таарыйыахтара диэн былыргы дьон бопсор үгэстээх.
-- Таҥха туомун дьиэм иһигэр толорорго биир эмэ этэр тыллаахпын дуу ?
-- Баар. Ону искэр саҥараҕын.
-- Туох диэний ?
-- Бастатан туран, « дьээ-буону » үстэ бэйэҥ санааҕар дьиэрэтэн ыллыыгын. Итиниэхэ икки ытыскын сирэйиҥ туһугар тутаҕын.
Дьээ-буо,
Дьээ-буо
Дьээ-буо!
Маныаха олоҥхоһут ырыатын искэр истэр истиэхтээххин. Киэҥник эҥээритэн ыллыырын. Оччотугар эн кинилиин тэҥҥэ ыллыыр курдук буолаҕын.
Санааҕар үстэ дьээ-буолаат, аны «Күн сирэ көҥдөй Айыы аартыга аһаҕас. Дом» диэни искэр үстэ этэҕин. Үстэ этээт, иккиһи ытыһы сүрэххэ сыһыары тутабыт .
Бу дьоҕус алгыһы бэйэҥ санааҕар олордоҕун. Таска иһиллибэт гына.
ЫЙЫТЫЫЛАР – ХОРУЙДАР- 8
-- Тохсунньу 20 чыыһылатыгар ийэ кут таҥха биһигэр киирэрэ ол эмиэ тугай?
-- Таҥха тускутун иһитирннэрээри.
-- Ол аата ?
-- Таҥха туомун кэмигэр киһи үс дойду төлкөтүн арыйыан сөп. Айыыларга хайыстаҕына үөһээ дойду, иччилэргэ хайыстаҕына орто дойду, таҥараларга хайыстаҕына анараа дойду төлкөтө.
-- Ийэ кут ону хайдах биллэрэр ?
-- Хотугу Ытык хайаҕа, Кудук маска таҥха үс биһигэ турар: үөһээ дойду, орто дойду, анараа дойду. Балартан хайата тыаһаабытынан төлкө түһүүтэ быһаарыллар. Итиниэхэ таҥха биһигин иччитэ Бөҕөлүкээн эмээхсин биһик ырыатын ыллыыр. Ол ырыа биһик төлкөтүн иһитиннэрэр аналлаах.
-- Төлкөтө диэн быһаар эрэ.
-- Төлкө диэн урукку тыын олоҕо төннөн кэлэрэ ааттанар.
-- Ол аата урукку тыын үс дойдуга тэҥинэн тиксэр дуо ?
-- Киһи үрүҥ тыына (кут уонна сүр) үөһээ, орто дойдуга сылдьарр. Оттон харыһыктаах хара (кыра) тыына анараа дойдуга үөр (дууһа) буолар.
-- Төлкө итинник төннөн кэлэригэр туох ордук суолталааҕый ?
-- Таҥха кэмигэр киһи туохха ордук туттарыылааҕынан дьылҕа суруга арыллар.
-- Сиһилии кэпсээн кулу.
-- Айыылары санаатахха, дьылҕа үөһээҥи суруга арыллар. Иччилэри санаатахха дьылҕа ортоку суруга арыллар. Үөрү ыҥырдахха, дьылҕа урукку суруга – хара сурук арыллар.
-- Дьылҕа үс суругун арыйарга дьон тугу арааран билиэхтээҕий ?
-- Маны билэргэ киһи үс суолтан хайатын тутуһара көрүллүөхтээх. Дьылҕа үөһээҥи суругун арыйарга Айыы суолугар киириллэр. Дьылҕа ортоку суругун арыйарга – Иччи суолугар. Дьылҕа урукку суругун арыйарга – Таҥара суолугар.
Айыы суолугар – Айыы тоҕус халлаана баар. Иччи суолугар – уу, буор, салгын, уот иччитин олоҕо баар. Таҥара суолугар – урут өлбүт дьон тыына -үөр суола баар.
Дабыл: ЫЙЫТЫЫЛАР – ХОРУЙДАР - 9
-- Аар Айыы диэн тыл сакральнай суолтата тугуй?
-- Маҥнайгынан, бу икки тус-туспа тыл. Биирэ – Аар, иккиһэ – Айыы.Ол аата хас биирдиитэ тус-туспа сакральнай суолталаах.
-- Тус-туспа эрээри тоҕо бииргэ кэккэлэспиттэрий ?
-- 1843 сыллаахха архиепископ Нил (Исакович) Дьокуускайга кэлэн таҥара дьиэтин үлэтин бэрэбиэркэлээбитэ. Элбэх итэҕэһи булбута. Чуолаан, 1824 сыллаахха, Сперанскай ыыппыт реформатыгар киирбит уларыйыыны суох оҥорорго туруммута. 1824 сыллаахха итэҕэл сакральнай канона Айыы, Иччи, Аар диэн үс таһымнаах эбит буоллаҕына, 1843 сыллаахха Нил итини уларыппыта : Аар – Айыы диэн. Инньэ гынан үһүс суолталаах өйдөбүлү бастакы гыммыта. Иччини төрүт даҕаны суох гыммыта.
1844 сыллаахха А.Ф.Миддендорф кэлэ сылдьан, ити уларыйыыны (Аар – Айыы диэни) бэйэтин матырыйаалыгар сурунан илдьэ барбыта. 1848 сыллаахха лингвист О.Н.Бетлингк “О языке якутов ” үлэтигэр бу канону Аар Айыы диэн сыыһа суруйан киллэрбитэ. Тыл суолтатынан арахсар бэлиэтин – дефиһы түһэрэн. Онон научнай үлэҕэ лексиграфическай алҕас тахсыбыта. Ити алҕаһы салгыы Э.К.Пекарскай “Словарь якутского языка” үлэтигэр эбии хатылаабыта.
Дьиҥэр, 1853 сыллаахха Э.К.Маак бэйэтин научнай экспедициятын матырыйаалыгар Аар – Айыы диэни төһө эмэ бэлиэҕэ ылбытын үрдүнэн.
-- Аар уонна Айыы оччотугар биир буолбатах дуо ?
-- Айыы – творец, иччи – хозяин, владыка. Аар – бог (таҥара). Былыргы итэҕэл үс таһымнаах өйдөбүлэ. Олортон кэнники турааччытын - өлүү культун архиепископ Нил инники күөҥҥэ таһаарбыта. Итинтэн ыла өлбүккэ сүгүрүйүү, үөрү көбүтүү, абааһыны ыатарыы хара итэҕэл (черное верование) быһыытынан сайдан барбыта. Хара уонна сиэмэх ойууннар тэнийиилэрин төрдө ити.
|