News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2020 » Тохсунньу » 24 » Радиация, сардаҥарар эйгэ дьайыытыттан сүһүрүү уонна харыстаныы туһунан.
Радиация, сардаҥарар эйгэ дьайыытыттан сүһүрүү уонна харыстаныы туһунан. | 22:06 |
Радиация, сардаҥарар эйгэ дьайыытыттан сүһүрүү уонна харыстаныы туһунан.
Билигин онко ыарыытыттан оҕолор, эдэр дьон олохтон баралларыттан киһи сүрэҕэ ыалдьар. Төһөлөөх айыах-тутуох, олоҕу олоруохтаах, саханы дэлэтиэхтээх ыччаттарбыт эрдэ суорума суолланалларый? Ахсааннааҕа омук сиригэр эмтэнэн быыһанар. Үгүс дьоҥҥо үп көстүбэккэ ол кыаллыбат. Кыратыгар син кыайар курдуктар. Күүстээх норуот эмчиттэрэ биирдиилээн үтүөрдүбүт түгэннэрэ баар. Ол эрэн, бу амырыын ыарыы, сааһыттан тутулуга суох икки атахтааҕы ыллар ылан иһэриттэн киһи дьиксинэр. Бу суотабай төлөпүөннэр, көмпүүтэрдэр, араас сардаҥа таһаарар аныгы прибордар барыта манна олук буолаллар. Онно эбии сылын аайы баһаар буруотунан тыынабыт. Тыа маһа умайдаҕына, диоксин диэн сүрдээх күүстээх сүлүһүннээх газ тахсар. Хаан, онко ыарыыларын көбүтэр. Онно эбии араас пластик булкаһыктаах сыбаалканы уоттааһын тыынар салгыммытын сүһүрдэр. Ааспыт үйэ сылларыгар ''культурнай пастбище'' диэн ааттаан, талахтаах-ыарҕалаах толооннору дефолиант диэн сэбдьини сөмөлүөтүнэн көтө сылдьан ыстарбыттара. Талах, мас икки чааһынан куура хатар, ону мэччирэҥ сири таһаараары үлтү тэбистэрэн, өртөөн кэбиһэллэр этэ Ол түмүгэр, дефолиант умайдаҕына, диоксиҥҥа кубулуйан сир үрүт араҥатыгар сөҥөр. Бу ирбэт тоҥҥо тимирбэккэ сытар. Маннык дефолианнаах сирдэргэ баһаар бардаҕына, экологияҕа улахан хоромньу оҥоһуллар. Ону таһынан ходуһаҕа төһөлөөх аһыҥа өлөрөр эми, хаппыыста үөнүн өлөрөр эми ыстарбыттара буолуой? Оннук сири өртөөтүҥ да, тута диоксин дьайыытыгар түбэһэҕин. Онно мэччийбит сүөһү-сылгы, кыыл барыта сүһүрэр. Ону таһынан, этинэн, үүтүнэн киһиэхэ бэриллэр. 15 сыл диоксин биллэрбэккэ, сүөһү этигэр саһан, мунньуллар. Төрүөҕүнэн салгыы удьуордаан бэриллэр. Дьэ, бу иэдээни көрбөккүт дуо? Оннук сир ыарҕатынан аһыыр тыа кыыла барыта сүһүрэр. Манна эбии ракета көтүтэн, киэҥ сири сүһүртүлэр. Араас промышленность үлэтин түмүгэр, уу сүһүрэр. Ордук көмүс хостооһунугар ртуть, мышьяк курдук сүһүрдэр эттиги туттуу айылҕаҕа оспот хоромньуну оҥордо. Төһөлөөх атомы эстилэр, онтон төһөтө аварийнай дэммитэй? "Аварийнайа" суох дэммит атомы эһиилэр, сир тымырынан ситимнэһэн төһөлөөх эбэлэри сүһүрдэ сыталларый? Холобура санаан көрүҥ, иитэн - аһатан олорбут Улуу Нидьили эбэттэн баара суоҕа 10 км (❗) тэйиччигэ атомы эһии туох содуллаах буолуон сөбүй! Дьэ маннык кылгастык киирии тылынан суруйан баран, бэйэбит кыахпытынан, сатыырбытынан бу мантан хайдах быыһанары толкуйдуохтаахпыт. Бары тэҥҥэ сүһүрэ, испитигэр иҥэринэ сырыттахпыт. Ону испититтэн хайдах таһаарары, харыстанары сүбэлиэм. Мин научнай үлэһит буолбатахпын, ол эрэн санаабын хайдах баарынан тиэрдэбин, судургутук өйдөнөр гына.
Тускутугар туһаныҥ
✋ Мин сүбэм:
1⃣. Киһи радиация дьайыытыгар 25-28 сааһыгар диэри, ол аата уҥуоҕа кытаатыар диэри бэринимтиэ. Онон оҕо, ыччат суотабай төлөпүөн, көмпүүтэр дьайыытын муҥутуурдук аччатыахтаах.
2⃣. Тэлэбиисэр экраныттан 1,5 - 2 миэтэрэҕэ диэри күүстээх сардаҥа тахсар. Онон оҕолоргутун кырата 3 миэтэрэ тэйиччиттэн, кылгас кэмҥэ көрдөрө сатааҥ.
3⃣. Анаалыс түмүгүнэн, харах да көрүүтүгэр киртийбитэ көстөр эбэлэр балыктарын төбөтүн, очоҕоһун сиэмэҥ. Ууга баар ыарахан металлар балык ханьыытыгар сөҥөллөр.
5⃣. Радиацияны иҥэрэринэн саамай үрдүк бырыһыаны тэллэй көрдөрөр. Онон тэллэйи хомуйаат, ууга тимирдэн, биир чаас турдаҕына, радиоактивнай элеменнэрин 80-90 % ууга суураллар. Ол кэннэ, биир чаас буолан баран, уутун уларытан, дьэ илитэрдии илитэҕин. Ол сүһүрбүт ууну дириҥ оҥкучахха, туалет дьааматыгар кутуҥ.
5⃣. Атомнай дэлби тэбиилэртэн чугас сытар эбэлэр балыктарын сиэмэҥ.
6⃣. Булт этин көрөн сиэҥ. Сүһүрбүт кыыл ыарытыйан, ырыган, ис уоргана кэһиллиилээх, үөннээх буолар. Оннугу сиэмэҥ.
7⃣. Баһаар кэмигэр, аҕылатар, күүскэ хамсанар үлэлэртэн туттунуҥ. Холкутук сылдьыҥ. Хайаан да мааска кэтиэхтээххит. Төһө кыалларынан, үөһэттэн ыйыы күүппэккэ, баһаары умулларарга үлэлэһиҥ. Айылҕа иэдээнин туоратыһар, кинини харыстаһар Айыы киһитин ытык иэһэ.
Хайдах харыстаныахха?
Мантан салгыы кылгастык, биһиэхэ, саха дьонугар сөптөөх, бэйэбитигэр баар отторунан, астарынан хайдах ыраастанары сүбэлиэм. Киһи саатар сылга биирдэ - иккитэ, уонна буруолаах кэмҥэ хайаан да бэйэтин ыраастаныахтаах. Иһигэр иҥпит сүһүрүүнү таһаара сатыахтаах, дириҥэтэн ыарыыга тиэрпэт курдук.
1⃣. Калийдаах үүнээйилэр киһиэхэ радиация иҥэриттэн харыстыыллар, иҥэрбэккэ таһаараллар. Ол курдук сүбүөкүлэ, курага, моонньоҕон, сыалаах мас эриэхэтэ, петрушка, муора хаппыыстата күннээҕи аһылыккытыгар баар буолуохтаах.
2⃣. Дьиэтээҕи сымыыт хаҕын сууйан, хатаран, нуутака оҥорон, аска булкуйан туттуҥ. Ким хайдах сөбүлүүрүнэн биир чаайынай ньуосканы суоракка, сүөгэйгэ былаан ыйыстыҥ. Сымыыкка баар кремний, кальций, молибден радиацияны утары организм охсуһарыгар көмөлөһөр.
3⃣. Эбиэс уутун иһиҥ. Ыстакаан эбиэһи 2 лиитэрэ ууга чаас курдук оргутуҥ. Күҥҥэ түөртэ чааскы аҥаарынан иһиҥ. Хааҥҥыт ыраастаныа. Табахсыттартан кадмийы суулаан таһаарар.
4⃣. Үүттэ иһиҥ, иэдьэгэйдэ сиэҥ. Стронций курдук ыарахан металлы суулаан таһаараллар.
5⃣. Отоннор, фрукталар сиидэлэммэтэх хойуу утахтарын иһиҥ. Ыарахан металлары киһи организмыттан таһаараллар.
6⃣. Календула, дөлүһүөн, бобуонньа сибэккитин көөнньөрөн иһиҥ. Радиация киһи этин - хаанын килиэккэлэригэр өтөн киириитин тохтотоллор.
7⃣. Мүөтүнэн аһааҥ. Араас оттор, сибэккилэр көөнньөрүүлэрин кытта холбуу эбэтэр аһы кытта. Холобур:
а). Мүөт + мэлиллибит дөлүһүөн.
- Киилэ аҥаара отоҥҥо ыстакаан аҥаара мүөт булкуйабыт. Ону холодильникка уура сылдьан, күөх чэйгэ биир чаайынай ньуосканы кутан иһэбит.
б) мүөт + кыһыл сарбынньах + дөлүһүөн отоно.
- Биирдии остолобуой ньуоска отону биир ыстакаан ууга 5 мүнүүтэ курдук оргутаат, сылааска өссө икки чаас курдук көөнньөрөбүт. Сиидэлээн баран, мүөппүтүн холбуубут. Манныгы чааскы аҥаарынан күҥҥэ үстэ истэххэ, радиацияны таһаарар, иммунитеты бөҕөргөтөр.
в) мүөт + өкөр төбө. -Аптекаҕа атыыланар испиирдээх өкөр төбөнү (пустырник) ылан, 30 хааппыланы ыстакаан аҥаара сылаас ууга суурайан баран, биир остолобуой ньуоска мүөт холбуубут. Маны күҥҥэ иккитэ биирдии омурдууну иһэбит.
8⃣. Аччыктааҥ! Ордук буруо кэнниттэн. Аччыктааһын кэмигэр киһи организмыгар килиэккэлэр үөскээһиннэрэ бытаарар. Ол оннугар килиэккэ чөлүгэр түһүүтэ саҕаланар.
9⃣. Химиотерапия кэнниттэн онко килиэккэлэрэ өллөхтөрүнэ, организмҥа күүстээх интоксикация барар. Онно сүһүрүүнү, интоксикацияны ыраастана охсуллуохтаах. Аптекаларга СЕМЕНА ЛЬНА диэн баар. Тирбэҕэ от (лён) сиэмэтэ. Бу саамай күүстээх радионуклиды, токсины, химияны таһаарар от. Ыстакаан тирбэҕэ сиэмэтин 3 лиитэрэ ууга кутан, иһиккин уулаах иһит нөҥүө (водяной баня) 2 чаас оргутаҕын. Эт сылааһыгар диэри сойутан баран, икки нэдиэлэ курдук (уонча күн) күҥҥэ биирдии лиитэрэни иһэр. Химия кэнниттэн радионуклидтар хайаан да киһи организмыттан тахсыахтаахтар.
1⃣0⃣. Эһээ Ньыыкан ыраастыыр ньыматын туттуҥ.
Хатыҥ чоҕо + сүөгэй. Чааскы аҥаара сүөгэйгэ, соччо хатыҥ чоҕун мэлийэн булкуйуҥ. Уонна барытын биирдэ олордон кэбиһиҥ. Сүһүрүүнү, үөһү таһаарар.
Харыстаныҥ, ыраастаныҥ, Сахам дьоно барахсаттар !!!
|
Category: СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ |
Views: 912 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 16 Ыалдьыттар (гостей): 16 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|