Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2020 » Тохсунньу » 24 » ЫАЛ БУОЛУУ: КЫҺАЛҔА ДУУ, КЫҤКЫЙ ДУУ?
ЫАЛ БУОЛУУ: КЫҺАЛҔА ДУУ, КЫҤКЫЙ ДУУ?
22:12
ЫАЛ БУОЛУУ: КЫҺАЛҔА ДУУ, КЫҤКЫЙ ДУУ?

Туох да ыстатыыстыката суох судургутук да көрдөххө, күн ахсын аҥаардас дьон ахсаана элбээн иһэр. Саастаах көлүөнэ бэрэстэбиитэллэрэ үксүн арахсыыттан, огдооботуйууттан соҕотох хаалар эбит буоллахтарына, эдэр көлүөнэ сулумах олоҕу баҕа өттүнэн талар буолан эрэр. Хайа да дьиэ кэргэҥҥэ, кэлэктиипкэ аҥаардас дьахтар уруккуттан баар эбит буоллаҕына, билигин кинилэртэн эр дьон хаалсыбаттар. Сулумах дьон тоҕо элбэҕий? Онуоха туох төрүөт буоларый? Биллэн турар, хайа да саха маннык кэпсэтиигэ үөрүүнэн кыттыспат. Санаатын этэр да буоллаҕына, илэ бэйэтинэн көстө сатаабат. Биир-икки эрэ хорсун баар, онон ыйытыкка кыттыбыт дьоммун барыларын кистиирбэр тиийэбин.

Ытык саас

Анна, Дьокуускай, 75 саастаах:

– Сааһым тухары тыа сиригэр олорбутум, учууталынан үлэлээбитим. 56 сааспар кэргэним өлбүтэ. Дьиҥэр, сэнэх сааспар иккистээн ыал буолуохпун сөбө буолуо да, ол кэмҥэ оҕолорум саҥа үлэлээн-хамсаан эрэр буоланнар, сиэннэрбин көрдөрө куоракка аҕалбыттара. Бу санаатахха, үрүҥ харахпын өрө көрбөккө, кинилэр эрэ тустарыгар олорбут эбиппин. Үлэлиэхпин, кэргэн да тахсыахпын сөп этэ. Үлэҕэ, үөрэххэ умса түһэннэр, мин кыһалҕабын, соҕотохсуйуубун болҕомтоҕо ылбатахтара. Билигин сиэннэрим улааттылар. Улахан сиэммин кытта биир хостоох кыбартыыраҕа олохтообуттара. Устудьуон, эдэр киһи, миэхэ наадыйыа дуо?! Онон күнү быһа соҕотохпун. Этэллэрин курдук, чэй исиһэр киһилэниэхпин баҕарбытым да иһин, билигин кэлэн кыаммаппын. Үс сылтан бэттэх атахпынан улаханнык моһуогурдум. Онон сулумах дьону оҕо туһугар аһара түбүгүрбэккитигэр сүбэлиэм этэ. Биирдэ кэлэн ааһар олоҕор киһи баҕарарынан олоруохтаах.

Михаил, 81 саастаах:

– Эмээхсимминиин 51 сыл олус үчүгэйдик олорбуппут. Соҕотох олорбутум ыраатта. Күнүскү чэйин бэлэмнээн баран, киирэн сыппыта да, устунан бараахтаабыт этэ. Аармыйаттан кэлээт, дойдубар саҥа ананан кэлбит биэлсэр кыыһы наһаа күүскэ таптаан, кэргэн ылбытым. Алта оҕоломмуппут, сиэн, хос сиэн элбэх. Оҕолорбут кэмигэр үлэһит, ыал буолан, кэлин наар бэйэбит эрэ олорбуппут. Эдэрбитигэр барытын бэйэбит бөрүү туппут буоламмыт, оҕолорбутугар көмөҕө тылламматахпыт. Ол да иһин, бэл, аҥаардас хаалбыт кэммэр кимиэхэ да сөрөммөппүн. Кыанарым тухары бэйэм олоро сатыам. Оттон хаттаан ыал буолар туһунан эттэххэ, эмээхсиммиттэн ураты кими да билиммэппин. Бэл, эдэрбэр атыттары көрбөтөҕүм. Баар эрэ соҕотох тапталбар, олох дьолун биллэрбит киһибэр, тиһэҕэр тиийэ бэриниилээхпин.

Биэрэпис көрдөрөрүнэн, пааспарыгар кэргэннээҕин туоһулуур дьахтар эр киһитээҕэр элбэх. Ону исписэлиистэр маннык быһаараллар: үгүс огдообо аҥаардаһын эбэтэр арахсыбытын кистиир.


Дьоһун саас

Татьяна, 51 саастаах:

– Устудьуоннуу сылдьан биир уолу таптаабытым. Биир хамаандаҕа мээчиктиирбит, хаста даҕаны иккиэн киинэҕэ сылдьыбыппыт. Дьон барыта холбоһоллоро буолуо дии санаабыттар этэ. Соһуйуом иһин, уолум атын кыыһы кэргэн ылбыта. Онтон да хомойон, кэлин кэргэн тахсар туһунан ончу санаабатаҕым. Эр дьону барыларын албыннар-көлдьүннэр диэн көрөбүн. Куттанабын даҕаны. Отуччабар инникибин санаан туран, харахпын быһа симэн, кэргэннээх урукку кэллиэгэбин кытта хоонньоһон, уол оҕоломмутум. Оҕом кини курдук буолуон баҕаран, чопчу ол киһини талбытым. Сыыспатахпын. Билигин сиэннэрбиттэн күнүм-ыйым тахсар. Эр дьон илин-кэлин түһээччилэр да, кинилэр хампаанньаларыгар ончу наадыйбаппын. Хайа эрэ эр киһи дьиэбэр хаһаайынныы, хаамыталыы сылдьарын сатаан санаабаппын. Дьонноохпун, дьүөгэлэрдээхпин, үчүгэй үлэлээхпин. Бэйэбин толору дьоллоох киһинэн ааҕынабын.

Иван, 59 саастаах:

– Эдэрбэр сопхуоска ыанньыксыттаабытым. Хотонтон тахсыбат үлэлээх киһи ханна, кими билсэн-көрсөн ыал буолуомуй? Оччолорго ийэлээх аҕам да кыһалҕаларын быһаарарбар күнүм-дьылым ааһан хаалбыт эбит. Кэлин оҕолоох дьахтары кытта билсэ сылдьыбытым эрээри, ыал буолуох диэн сатаан эппэтэҕим. Киһи кэтэмэҕэйдиир буолар эбит. Кэлин дьиэ туттубутум, сүөһүлээхпин, сылгылаахпын. Дьон этэ сатаан баран, кэлин тугу да саҥарбат буоллулар. Хайа эрэ кэмҥэ соҕотохпуттан, оҕом-уруум суоҕуттан санаарҕаан ыларым. Кэлин көҥүлбүн, чуумпубун сыаналыырым күүһүрэн иһэр курдук. Кими эрэ кытта этиһэ-охсуһа, эттэһэ олоруохтааҕар бэйэм бэйэбэр сылдьыбытым ордук эбит.

Арассыыйа олохтоохторуттан хас үһүс киһи аналын билсэр дьонун уонна доҕотторун хампаанньаларыгар көрсүбүт. Ыйытыллыбыт дьон 20 бырыһыана олоҕун аҥаарын биир кэлэктиипкэ үлэлии сылдьан булбут. 13 бырыһыан – үөрэнэр сиргэ, 11 бырыһыан – пааркаҕа, 6 бырыһыан кэнсиэргэ ыал буолар киһитин кытта билсибит. 4 бырыһыан эрэ бибилэтиэкэҕэ, маҕаһыыҥҥа уонна балыыһаҕа билсибитэ биллэр.

Оттомурар саас

Розалия, 45 саастаах:

– Ама, ыал буолуохпун баҕарбат үһүбүөн? Иккитэ кэргэн тахса сылдьыбытым. Иһэр дьон түбэһэн, хайаларын да кытта уһуннук олорботоҕум. Билигин киһи билсиһэр да сирэ суох. Биирдэ эмэ дискэтиэкэҕэ бардахпына даҕаны, испит-аһаабыт дьонтон “аналым бу сылдьар” диэн кими да булуо суох курдукпун. Билсиһии саайтарыттан хас да киһини кытта билсэ, бэл, көрсө сылдьыбыттааҕым. Ырытан көрдөххө, мин саастыыта саха эр дьоно дурда-хахха көрдүүр курдуктар. Дьиэлээх-уоттаах, аһатар, сылааска тутар дьахтарга наадыйаллар. Бэл, саҥа кэпсэтэн иһэн “дьиэлээххин дуо?”, “Кимниин олороҕун?” диэн үтэллэр-анньаллар. Арай “бу дьахтар туһугар кыһаллыбыт, дьоллообут киһи” диир киһи суох. Онон эр дьон, нууччалыы эттэххэ, иждивенец өйдөммүт-санааламмыт. Оннук дьоҥҥо күммүн-дьылбын барыахпын баҕарбаппын. Бэйэм көлөһүммүнэн оҥостубут дьиэбэр бачча тухары олоҕун булумматах киһини киллэриэх кэриэтин аҥаардас сылдьыбытым ордук. Бэйэм курдук аныгы олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсар, бэйэтэ бас билэр муннуктаах, үлэлээх киһини кытта үөрүүнү кытта билсиэм, олоруом этэ. Биир тылынан эттэххэ, тэҥнээхпин көрдүүбүн.

Илларион, 50 саастаах:

– Огдооботуйбутум уонча сыл буолла. Үс кыыстаахпын. Хайалара да ыал буола илик. Арыгы испэппин, табах тарпаппын. Кэлин санаатахха, кэргэним өлбүтүн кэнниттэн куһаҕана суох кэрэ аҥаардары кытта билсэ сылдьыбыт эбиппин. Онуоха сырыы аайы оҕолорум орооһоллор. Кими эмэ дьиэбэр киллэриэхпин баҕарарбын этиэм эрэ кэрэх – оргуйа түһэллэр. Олус көҥөстөр, бэйэмсэхтэр эбит. Аан бастаан билсибит дьахтарым итинник диэбитигэр бэйэм өһүргэммитим. “Оҕолорбуттан иҥнэр буоллаҕына, миэнэ буолбатах” диэн быһаарбытым. Иккис дьахтарбын көһөрөн аҕалан олоро сатаабыппыт даҕаны, кыргыттар кынчарыйыыларын тулуйбатаҕа. “Бэйэм оҕолорум саастыыта оҕолор сирэйдэрин-харахтарын маныыр санаам суох” диэбитэ. Үһүс билсибит дьахтарым: “Дьиэҕэр бэйэҥ эрэ хааллаххына, киириэхпин сөп. Биир дьиэҕэ хас да хаһаайка сатаспат”, – диэбитэ. Аны туран, оҕолорбун хаалларан атын сиргэ көһөр кыаҕым суох. Кырам өссө да оскуолаҕа үөрэнэр. Оттон дьиэттэн барбат оҕолору ханна үүрүөхпүнүй? Мин даҕаны бэйэм санаабынан олоруохпун баҕарабын эрээри, кэргэммэр эппит тылбын толорон, оҕолорум оннуларын-олохторун булунуохтарыгар диэри бииргэ олорорбутугар тиийэбит. Соторутааҕыта били эппит бастакы кэрэ аҥаарбын кытта хат булустум. Сүрэҕэ чугас эбит. Бу сырыыга тугу эрэ быһаарыннахпына табыллыыһы.

Ыйытыллыбыт дьонтон 13 бырыһыана огдооболорун билиммиттэр. 10 бырыһыана арахса сылдьар кэмнэрэ эбит.

Эдэр саас


Марина, 37 саастаах:

– Икки үрдүк үөрэхтээхпин, үлэлээхпин, дьиэлээхпин. Тыа сиригэр олоробун. Баччааҥҥа диэри ыал буола иликпин. Үлэттэн соло да булбат курдукпун. Дойдубар үөлээннээхтэрим иһэн-аһаан, өлөн да бүттүлэр. Эдэр саастарыттан арыгынан аһара үлүһүйбүттэрэ. Дьиктитэ диэн, атын сиргэ көспүт уолаттар бары этэҥҥэ олороллор. Аҕата суох оҕолору аһынарым бэрт. Ол иһин аҥаардас сылдьан оҕолонуохпун баҕарбаппын. Дьиҥэр, ыал буолан, маҥан былаачыйа кэтэн, дьону-сэргэни үөрдэн баран оҕолонуом этэ буоллаҕа. Биһиги көлүөнэттэн тыыппалаах уолаттар бары кэргэннээхтэр. Олус элбэх уол арахсан сылдьар. Ол эрээри элимиэн төлүүр, эбиитин иһэр-аһыыр киһини кытта олорору ыарырҕатабын. Эр дьон билсэн баран, өр кэмҥэ сүтэн хаалалларын сөҕөбүн. Арай санаатахпына, билсэн баран син күн аайы билсэ, алтыһа сылдьыллыахтааҕа буолуо. Ону сүтэн баран, хас эмэ ый ааспытын кэннэ күөрэс гыналлар. Ити кэмҥэ атын билсиһии саҕаланыан сөп буоллаҕа. Ити курдук биир кэлэр, иккис барар. Билиҥҥитэ талбыппынан тура-олоро сылдьарым үчүгэй эрээри, ыал буоларга эрэлбин сүтэрбэппин.

Егор, 39 саастаах:

– Ийэбиниин олоробут. Соҕотох уолбун. Балтылаахпын. Аҕам тутан хаалларбыт икки дьиэтэ, массыыната, тыраахтара мин бас билиибэр киирбитэ. Ийэм ыал буоларбар этэн-этэн хал да буолла быһыылаах. Оҕо эрдэхпиттэн кыбыстанньаҥмын. Кэлин дьон күлүү гыналларын иһин онно-манна сылдьыахпын да баҕарбат буолан эрэбин. Ханна да тиий – аҥаардаскыттан иҥнэллэр, кими эрэ кытта сыбааттыы сатыыллар. Иллэҥ кэммэр үксүн көмпүүтэргэ олоробун. Интэриниэтинэн хас да кыыһы кытта билсэ сылдьыбытым. Көрсүһэргэ сананан көрөбүн да, тиһэҕэр тиийэн төттөрү түһэбин, туох эрэ сылтаҕынан куотунабын. Үйэбэр кими да таптыы иликпин. Хайдах кыыс барсыан сөбүн бэйэм да билбэппин.

Эмньик саас

Туйаара, 27 саастаах:

– Өйүм-санаам – айан эрэ. Сыл аҥаара буола-буола соҕуруу айанныыбын. Чуолаан Кытайга сылдьабын. Онно доҕоттордоохпун. Аангылыйалыы, кытайдыы холкутук саҥарабын. Билиҥҥитэ билиитэ таһыгар турарбын, эр киһи наскытын, туруусугун сууйарбын, оҕону аһатарбын, көрөрбүн өйбөр хайдах да сатаан оҥорбоппун. Кыыс курдук уол аһара элбээбит. Уолаттар наһаа бэйэмсэхтэр, атаахтар, маанылар. Бэйэбиттэн балачча аҕа киһиэхэ тахсыахпын баҕарабын. Аҕам курдук булчут, булугас-талыгас, хорсун уонна бөҕө-таҕа көстүүлээх уолу билиҥҥитэ көрсө иликпин.

Ыйытыкка кыттыбыт дьонтон 5 эрэ бырыһыана, чуолаан 18-24 саастаахтар, аналларын кытта интэриниэтинэн билсибиттэр. Үгүстэр бу ньыманы көннөрү алтыһарга, оонньоһорго, кэмпилимиэн ыларга наадалаах курдук ылыналлар.

Айаал, 25 саастаах:

– Үлэлээхпин, дьиэлээхпин. Бииргэ үлэлиир уолаттарым, табаарыстарым ыал буолан олорон туох эрэйи көрсөллөрүн көрө-билэ сылдьабын. Биир табаарыһым бырааһынньыктаан баран дьиэтигэр тиийбитин кэргэнэ киллэрбэтэх этэ. Сарсыныгар эмиэ. Онтон арахсаары гыммытыгар ыытымаары биир туспа айдаан буолбута. Иккис табаарыспын кэргэнэ көлүүр аттан итэҕэһэ суох сүүрдэр. Күнү быһа тылын былас түһэрэн, үлэлээн эрэ тахсар. Кыргыттар олус үрдүктүк тутталлар, халлаантан ыйы-күнү туура тутан ылаары тииһэллэр. Онон кинилэрдиин билиҥҥитэ орон эрэ дьыалатыгар алтыһабын. Билсэн бардахха, төлөпүөннээбэтиҥ диэн кыыһыраллар, улахан болҕомтону эрэйэллэр. Онон саамай чугаһаабыта 30 сааспар диэри ыал буолар туһунан толкуйдаабаппын. Үлэлиэм-хамсыам, кэлиэм-барыам. Ийэм сиэннэниэн олус баҕарар. Онон эр киһи быһыытынан ытык иэспин, биллэн турар, хаһан эмэ хайаан да толоруом. Билиҥҥитэ эдэрбин.
Category: СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ | Views: 984 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Тохсунньу 2020  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
2728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 24
Ыалдьыттар (гостей): 24
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024