Дуогабар оҥоһуллубутун ким эрэ умунна быһыылаах, оттон мин умна иликпин. Германия тоҕо биһигиннээҕэр 2-3 төгүл чэпчэки сыанаҕа атыылаһыахтааҕый диэн ис хоһоонноох сүгэ-балта тыллар этилэр. Санаан да көрдөххө батька үүдэһинэ үрэллибит, кыһалҕата хаһан да кыччаабат, уоруйах, бандьыыт туолбут, хоруупсуйа муҥутаан туругурбут Арассыыйатын кытта тоҕо холбоһуой? Сирин ыттыы былдьаппыт Украинаны этэ да барбаккын. “ЯВ” уонна Туймаада да эҕэлээх суруйуулары эмиэ таһаартыыллар. Г.Васильев-Мандар уонна Иннокентий Оконешников да суруйууларын ылан көрдөххө Путин - аан дойдуга суох салайааччы.
Биирдэ санаан көрдөххө Путин кырдьык да уратылаах курдук. Самолекка олорон көтөр, Байкал күөл түгэҕэр түһэн тахсар, көбүөргэ тахсан тустан ылар, бүтүн Арассыыйа норуотун иннигэр телевизорга тахсан ойоҕуттан хайдах арахсан эрэрин көрдөрөн кэпсиир кини курдук дойду баһылыга, арааһа, ханна да суох быһыылаах. Трамп муҥнаах киниэхэ тиийиэ дуо, арай Хрущевы эдэр эрдэҕинэ эрчийбит буоллар барса сыһыа эбитэ дуу? Интернет ситимигэр Путиҥҥа илиитигэр наручник кэтэрдэн баран суукку илдьэ иһэллэрин монтажтаан оҥорбуттарын көрдөрбүттэрэ. Компьютер тугу оҥорботоҕо баарай да, мин итини дуостал итэҕэйбэппин. Ол иһин Итернети, батсаабы туһаммат, олохтон хаалыылаах оҕонньорбун.
Ойуун Саша кулун тутарга эмиэ уһун суолга турунар диэн буолла. Бу кэмҥэ Сирияттан шейх эмиэ Кириэмилгэ Путиҥҥа сатыы иһэр, ат сиэтиилээх. Кинини Путин күүтэр үһү. Ити туһунан “МК”: ”Каждый борется за мир в меру своего понимания и воспитания. Сирийский шейх по имени Аднан Аззам в апреле этого года решил пешком дойти из Сирии до Москвы. Как якутский шаман, только наоборот - идет к Путину по заданию Башара Асада, чтобы подарить ему лошадь – самый дорогой на Востоке подарок”. Республика баһылыга Айсен Николаев киһитин саха ынаҕын сиэттэрэн Путиҥҥа ыыттар бары да аатырарбыт хаалла быһыылаах. Ынаҕы Чомчоевтартан ыар сыанаҕа атыылаһан көрүөххэ баара да, Диана Васильевна дэлэҕэ сөбүлэһиэ биллибэт, сүрэҕиттэн-быарыттан туура тардан ылар курдук буолуоҕа. Чэ, ити куолу эрэ, оонньуу кэриэтэ, атыттары үтүктэн.
Чахчылары быһа суруйар, сыыппаралары аҕалан кэккэлэтэр ааҕааччыны аны астыннарбат. Хал да буолаахтаатаҕа, хаһыаты ааҕар аҕыйах оҕонньор-эмээхсин. “Куһаҕан” суруналыыстар барытын суруйан көрдүбүт да туһата көстүбэт. Трутнев диэн киһи көтөн кэллэҕинэ үөрүү буолар, чугаһыы, хаартыскаҕа түһээри ханыылаһа сатааһын... “Способен ли понять Трутнев?” диэн ыстатыйа тахсыбытын аахтым. Маргарита Нифонтованы Муустаах муора кытылыгар олорор дьон дьылҕата мунчаардар. “Вот только с ними разговаривать никто не намерен. Это не входит в планы нашего правительства. Планы другие - дать волю богатым инвесторам, готовым вскрыть и распродать недра Арктики. Вывезти все, оставив выжженную пустыню, а дальше - хоть трава не расти. Эта самая настоящая колониальная политика, причем на государственном уровне. ..”- диир кини – “соччото суох” суруналыыс.