Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2020 » Тохсунньу » 30 » Тэрис. Бөҕө өйдөбүлэ. Күүс өйдөбүлэ (быһа тардыы).
Тэрис. Бөҕө өйдөбүлэ. Күүс өйдөбүлэ (быһа тардыы).
19:00
 Тэрис. Бөҕө өйдөбүлэ (быһа тардыы).

Бөҕө диэн эт-хаан өттүнэн туруктаах, бигэ буолуу. Алдьатыылаах дьайыыларга бэриммэт дьоҕур. Киһи айылҕаттан чэгиэн буолуон сөп. Ол гынан баран олорон истэх аайы киһи чэгиэнэ кини өйө хайдах олороруттан тутулуктаах буолар. Киһи чэгиэнин харыстыырыгар ортоку буолуохтаах. Ортокуттан тирэнэн туруу туруктанар. Ити туруу турук биир өттө – эккэ-сииҥнэ сыһыаннаах өттө – бөҕө дэнэр. Бөҕөнү харыстыырга киһи хатыахтаах, сөпкө аһыахтаах, ыраастык туттуохтаах. Үгүс киһи эдэр эрдэҕинэ чэгиэнин оччо харыстаабат. Кини кырдьыам дии санаабат. Дьиҥэр доруобуйаны хаһан баҕарар харыстыахха наада. Киһи өйүн-санаатын билэн кини доруобуйатыгар хайдах сыһыаннаһарын билиэххэ сөп.

Киһи айылҕа хаарыйыытын быһаччы тулуйара хааччахтаах. Бу өттүгэр саха ситиһиитэ улахан гынан баран биһиги киһи бөҕөтүн иккис өттүгэр уурабыт. Ити ордук суолталаах уонна улахан буолар. Ол айылҕа хаарыйыытыттан харыстаныы. Чахчы оҥоһуулаах киһи дьиэтэ-тэлгэһэтэ суостаах. Айыыһыттар харабыллаан турар буолаллар. Онон абааһыны чугаһаппаттар.

Итини саха өйдүүрэ маннык. Киһи түөрт өттүгэр Иэйэхситтэр тураллар. Кинилэр мэлдьи хамсыы сылдьаллар. Ити киһи майгытыттан сибээстээх. Сороҕор ыраатан хаалаллар, сороҕор киһиттэн букатын да бараллар. Сороҕор барыытын барбаттар буолан баран тиэрэ хайыһан кэбиһэллэр. Чуолаан барбыт уонна тиэрэ хайыспыт өттүлэринэн киһи ханнык эрэ оһолго түбэһэр. Маннык өйдөөһүн аан дойду бары омуктарыгар кэриэтэ баар.
Итини биһиги күрүө оҥорторуу диэн ааттыыбыт. Киһи төһө бөҕө күрүөлээх да соччонон бөҕө.

Бөҕөргүүр алгыс

Бөҕө Айыы
Бэттэх көрөн
Мичик гын!
Муундара!

Туруу туруктаныым,
Бөҕө үүдэһиннэниим,

Кэлтэҕэй хамыйахтааҕы
Киллэримиим,
Такыр тарбахтааҕы
Чугаһатымыым,

Эриэн ыкка
Ситтэримиим,
Күөрт ыкка
Күөйтэримиим,

Туора муостааҕы
Тойорготумуум,
Атын саҥнааҕы
Ааҥнатымыым,

Иннибин быһа
Хаамтарымыым,
Кэннибин
Кэрбэтимиим,

Үтэн-анньан көрүүгэ
Бэринимиим,
Үктэтиигэ
Түбэһимиим,

Кыраттан
Кыйаханымыым,
Улахантан
Уолуйумуум,

Муора-далай санаам
Муҥурдамматын,

Өйүм-санаам
Бөҕөх буоллун,

Дом!
 Тэрис. Күүс өйдөбүлэ (быһа тардыы).

Бүтүн күүстээх киһи сүүс бууту көтөҕөр, аҥаар күүстээх киһи 50 бууту көтөҕөр, чиэппэр күүстээх киһи 25 бууту көтөҕөр. Онтон бэйэтин кыанар киһи чахчырҕа киһи диэн ааттанар. Күүс улэлииргэ-хамсыырга төрүт буолар. Киһи күүһэ да суох улэлиир кыахтаах. Ол гынан баран эт-сиин күүһэ баара үчүгэй. Син биир үлэлииргэ төрүт буолар. Эт-сиин күүһүн таһынан өй-санаа күүһэ диэн баар. Биһигини өй-санаа күүһэ кэрэхсэтэр. Бу күүс өй-санаа күүһүттэн үөскүүр (доруобай киһи өйө-санаата күүстээх буолар). Дьыалаҕа чуолаан күүс суолталаах. Киһи дьылҕатын билэргэ өйүн-санаатын эмиэ аахсыахха наада.

Күүс диэн
Айыылар биэрбит
Сүрдэрэ
Хамсыыр-имсиир
Кыах буолан
Тахсыбыта буолар.
Күүс быар
Төһө толорутуттан
Тутулуктанан кэлэр
Уонна киһи
Үлэлиир-хамсыыр
Кыаҕа буолан
Кубулуйар.

Күүс алгыһа

Күүс Дьөһөгөй
Бэттэх көрөн
Мичик гын!
Хоруу!

Өһүллүбэт күүстэн,
Эстибэт сэниэлэн,

Үгэрийбэт
Үрүт күүстэн,
Алларыйбат
Алын күүстэн,

Тирэҕим хамсаабатын,
Сүһүөҕүм мөхсүбэтин,

Түргэн атахтаныым,
Сыыдам сырыыланыым,

Матайдар тостумуум,
Чырбайдар быстымыым,

Үөл талах курдук
Эриллиим,
Ыаммыт талах курдук
Имигэс буолуум,

Уҥмат
Уһун тыыннаныым,
Сынтарыйбат
Сындааһыннаныым,

Бэттибэт
Бигэ биилэниим,
Өҕүллүбэт
Бөҕө өттүктэниим,

Ат бөҕө,
Кус быһый буолуум.
Дом!
Category: Айыы үөрэҕэ | Views: 934 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Тохсунньу 2020  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
2728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 27
Ыалдьыттар (гостей): 27
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024