News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2020 » Олунньу » 2 » СИМЭХ - КИЭРГЭЛ ТУҺУНАН.
СИМЭХ - КИЭРГЭЛ ТУҺУНАН. | 21:20 |
СИМЭХ - КИЭРГЭЛ ТУҺУНАН.
Саха таҥаһын биир уратытынан кини киэргэллэрэ - симэхтэрэ буолар. Ханнык баҕарар омук киэргэллэрин курдук саха киэргэллэрэ хас даҕаны суолталаахтар :
1. Симэхтэр итэҕэли кытта ситимнээхтэр. Саха киһитэ Аан дойдуну анааран көрөр философията таҥаска уонна симэхтэргэ көстөр.
2. Куһаҕан тыынтан, туора харахтартан харыстыыр аналлаахтар. Симэхтэр абааһылары үргүтэр аналлаахтар, ол иһин кылыгырас тыастаахтар.
3. Баайы - дуолу көрдөрөр аналлаахтар. Төһө элбэх көмүс - алтан киэргэлинэн сүктэр кыыс симэнэр да, соччонон кини аҕа ууһун аата ааттанар.
4. Сорох чинчийээччилэр былыргы симэх кыыска, дьахтарга куйах оннугар туттуллар диэн суруйаллара оруннаах. Саха симэхтэрэ дьахтар саамай тыын сирдэрин : чанчыктарын, хорук тымырдарын, түөһүн, бүөрүн, түһэҕин харыстыыр аналлаахтар.
Саха симэхтэрин икки көрүҥҥэ араарыахха сөп :
Таҥаска бэйэтигэр тигиллэр киэргэллэр, дьайаалар.
Таҥас үрдүнэн туспа кэтиллэр баска, моойго, харыга, тарбахха, кулгаахха, түөскэ кэтиллэр уонна дьахтар сиһин -ороҕун сабар көхсү киэргэллэрэ, суһуохха иилинэр, кыыс оҕо түһэҕин сабар киэргэллэрин араастара.
Саамай былыргы симэхтэр алтантан, дьэс алтантан, үөс алтантан, хорҕолдьунтан оҥоһуллар буолаллар эбит. Билигин ол киэргэллэр умнуллубуттар. Ааттара эрэ хаалбыт : куйурҕах,тэргэн бүөрэ, бадыҥкай, кулан бүөрэ, хааҕыр хобо ... Былыргы симэхтэргэ өссө орой симэҕэ (туоһахта), көҥдөй бохсуу (бөҕөх), хабарҕа симэҕэ
( саабыска), ас уустарар, кыабака симэҕэ уонна кылдьыы, таҥаска тигиллэр араас дьайаалар, курдар киирэллэр.
Түрбэ көмүс кэлбитин кэннэ симэх арааһа элбиир. Түгэхтээх ытарҕалар араастара, илин - кэлин кэбиһэр, бастыҥа быата, курдар араастара элбииллэр.
Саха көмүс киэргэллэрэ - симэхтэрэ харыстыыр аналлаах буолан кыра оҕотуттан кырдьыар дылы киһини арыаллыыр :
Уу - кыһыл оҕо биһигэр, атын ымыылары кытта дьахтар ытарҕатын ыйыыллар.
Олдьу оҕоҕо (олорор буолуоҕуттан 6 - 7 сааһыгар дылы) уолуттан - кыыһыттан тутулуга суох тас таҥаһын көхсүгэр хахай ойуулаах төгүрүк дьайаа киэргэл иилэллэр.
4 - 6 саастаах оҕону "уллуҥах хараарар сааһа" диэн ааттыыллар. Кыыс оҕоҕо кыра көмүс ытарҕаны ымыы гынан кэтэрдэллэр, таҥаһын аллараа эҥээригэр баайдар көмүс симэх, оҕуруо тигэллэр эбит.
Кыыс оҕо 6 сааһыттан 11 сааһыгар дылы "чөмчүүк сааһа" эбэтэр " куорсун хорохой" дэнэр.
Бу манна эмиэ үрүҥ көмүс ытарҕаны уонна оҕуруонан симэхтэри, алтан салбырҕастаах түгэҕэр түһүлүк, баттаҕар суһуох симэҕин, киистэтин кэтэрдэллэр. Кыра бөҕөх кэтиэн сөп.
"Сырбан татай" эбэтэр "тымтык саас" - 11 - 17 саастаах кыыс. Былыргы хаартыскаларынан көрдөххө ити сааһыгар баай дьоннор кыыска чэпчэки киэргэллэри : бөҕөх, саабыска, илин кэбиһэр кэтэрдэн бараллар. Былыр 14 -15 саастаах кыыс сүктэн барарын туһунан фольклор матырыйаалларыгар кэпсэнэр.
Кыталык курдук кынталдьыйар сааһыгар (16-17 ) киниэхэ сүктэригэр аналлаах толору симэҕэ бэлэм буолуохтаах.
Сүктэн барарыгар кыыс кыабакылаах сыалдьаны уонна толору симэҕин кэтэр. Бу кыабакылаах симэхтээх сыалдьаны уруу үһүс кунугэр көрүү - истии буолар эбит. Ону таһынан, сүктэр кыыс энньэтигэр "симэх энньэ" баар буолуохтаах. Саамай улахан баай киһи кыыһын түһүмэллээх уруутугар сүктэн кэлбит кыыс таҥас, симэх, мал - сал (көмүс ньуоска, чааскы) " тоҕустуутун" илдьэ кэлиэхтээх, "дьааһык хостооһун" сиэрин - туомун оҥоруохтаах эбитэ үһү. Онон кыыс дьоно - сэргэтэ, уол дьонун уруута суон сураҕырар, уос номо5о буолар, кэпсээҥҥэ киирэр.
Дьахтар ситии - хотуу сааһыгар ( куо мэтэкэ 21 - 27) кылдьыы симэхтээх буолар эбит.
Хотун дьахтар буолар орто сааһыгар ( 33 - 44) дьахтар симэҕэ толору уонна баай буолуохтааҕын туһунан суруйаллар. Бу саастан бастыҥа кэтиллибэт буолар.
Онтон мүлгэ сааһыттан ( 45 - 49) дьахтар киэргэллэрэ - симэхтэрэ аччаан бараллар. Ити бириэмэҕэ илин кэбиһэр буолбакка сүрэх киэргэл кэтэр буолар. Бөҕөх, ытарҕалар араастарын кэтиэн сөп.
50 - 60 сааска (кю́рюн тохтойо эбэтэр эбээн саас ) илин кэбиһэр кэтиллибэт. Бу сааска кулгаах киэргэллэригэр болҕомто уураллар, бу сааһыгар дылы дьахтар кулгааҕар үүтэ суох буоллаҕына хайаан да үүттэтиэхтээх. Кулгааҕар үүтэ суох дьахтар өллөҕүнэ, " ол дойдуга кини кулгааҕын ылан хамыйах (ложка) оннугар тутталлар үһү" диэн баар.
Кырдьаҕас сааһыгар ( 60 саастан) дьахтар наһаа чаҕылхайдык киэргэниэ суохтаах.
Оттон сыраҕана күкүйэ сааһыгар
( 90 - 100) кини биһилэҕэ ойуута суох, ытарҕата түгэҕэ суох буолуохтаах.
Бу былыргы өйдөбүл, онон билиҥҥи дьахтар сааһа арыый уларыйыан, эдэримсийиэн сөп диэн чинчийээччилэр этэллэр.
Кыыс оҕо уонна дьахтар киэргэллэрин толору симэхтэрэ :
Орой симэх ( бэргэһэ чопчууругар ), ытарҕалар араастара, бас быалаах бастыҥа, моой симэҕэ, кылдьыы, суһуох симэхтэрэ (суһуох киистэтэ) эбэтэр ас куустарар симэх, кэлин соҕус көмүс тараах анньыналлара. Моой симэҕэ хорук тымырдарын бүөлүүр аналлаах. Кылдьыыттан илин уонна кэлин кэбиһэр түһэр. Илин кэбиһэр кэтит уонна кылгас буолуон сөп. Хас да тиһиликтээх буолуон сөп. . Тиһиликтэрин ахсаана хааччахтаммат ( уус киһи хайдах мындырдаан оҥорбутуттан ). Түөһүн ортотунан күннээх да , күнэ да суох буолуон сөп. Оттон кэлин кэбиһэр илин кэбиһэрдээҕэр уһун уонна синньигэс буолар.
Көхсүн хараҕар күннээх кэлин кэбиһэр Суотту музейыгар баар. Ол гынан баран кэлин кэбиһэр үксүгэр күнэ суох буолар. Илин кэбиһэр дьахтар түөһүн , тыын сирин ( солнечное сплетение ) харыстыыр аналлаах. Кэлин кэбиһэр дьахтар көхсүн хараҕын, сиһин - ороҕун туора харахтартан араҥаччылыыр суолталаах уонна илин кэбиһэр ыйааһынын тэҥнээн биэрэр аналлаах. Илин - кэлин кэбиһэр бууктаах, кытыылаах, оноолоох соннор таһынан кэтиллэр. Халадаай, кэһиэччик, оноолоох сон таһынан сүрэх киэргэл кэтиллэр буолбута.
Сон таһынан кур баанар. Көмүс куртан өттүк симэҕэ түһэр. Өттүк симэҕэ бууктаах, кытыылаах сон таһынан кэтиллэр. Соҥҥо бэйэтигэр эмиэ тикпит буолаллар.
Икки илиитин харытыгар бөҕөхтөрү кэтиллэр. Илии хорук тымырдарын бүөлүүр аналлаах, уһуна хааччахтаммат. Былыргы өттүгэр синньигэс соҕус буолар эбит, 19 үйэ5э түрбэ көмүс кэлэн 9 - 10 см кэтиттээх буолбут. Баай дьахтар 8 тарбахтарыгар үрүҥ, кыһыл көмүс биһилэхтэри толору кэтэрэ диэн Ойуунускай суруйуутугар баар.
Маны таһынан араас көмүс симэхтэри, дьайаалары мааны бууктаах, кытыылаах соннорго бэйэтигэр иилэллэр. Ол киэргэллэр бэйэлэрэ тас таҥаска иилиллэр анал миэстэлээхтэр.
Билиҥҥи кэмҥэ симэхтэри сыыһа иилинии баар суол. Симэх бэйэтэ анал кэтиллэр аналлаах. Сорохтор сүрэх киэргэли, илин - кэбиһэри көхсүгэр иилинэллэрэ баар суол. Ити отой сыыһа көстүү. Эбэтэр кырдьаҕас саастаах сон бастыҥа иилинэллэрэ сүөргү буолар. Өссө былаат таһынан бастыҥа кэтээһин, эбэтэр кыл сэлээппэ иһинэн бастыҥа кэтээһин бу таҥас - симэх кэтиллэр култууратын уларытыы уонна сатаммат көстүү буолар.
Эр киһи элбэх киэргэлэ суох буолар. Оноолоох сон таһынан сүнньүөх харах, туорум харах көмүс куру эбэтэр кэтит көмүс куру кэтэр. " Кэтит кур сүктэр кыыс эрэ кэтэр кура" диэн сыыһа өйдөбүл. Эр киһи куругар көмүс симэхтээх кыалык, кыыннаах быһах уонна хатат баар буолара ирдэнэр. Хатат эр киьи ымыыта буолар. Уот саҕар хататтаах, кыа угар кыалыктаах, кыыннаах быһахтаах эр бэрдигэр туох да бэйэлээх абааһылара сыстыбат, туора харахтаахтара утары көрбөт буолаллар. Соно көмүс тимэхтээх буолуон сеп.
Самаан сайыммыт, уйгулаах ыһыахтарбыт буолаллара чугаһаата. Биьиги өбүгэлэрбит барахсаттар үгүс үйэлэртэн илдьэ кэлбит көмүс киэргэллэри кэтэр ураты култуураларын тилиннэриэххэ, сөпкө таҥнан - симэнэн киэргэниэххэ!
Светлана Петрова-Уран Хатыҥ. 18.04.2018.
|
Category: Култуура, итэҕэл, искусство |
Views: 996 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 75 Ыалдьыттар (гостей): 75 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|