Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [225]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [378]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2020 » Олунньу » 2 » Иккиһин төрөөһүн.
Иккиһин төрөөһүн.
21:28
Иккиһин төрөөһүн.

1930-с сс. Сойуус үрдүнэн тыа сирдэригэр бытархай бааһынай хаһаайыстыбалары-ыаллары холкуоска киллэртээбиттэрэ. Сири-уоту баһылаан олорор араас тиэхиньикэлээх, саталлаах-дьаһаллаах баайдары кулаак оҥортоон, кулаагы холкуоһунан сирэйдээн, “өстөөх кылаас быһыытынан имири эһэбит!” диэн, бэлиитикэҕэ олоҕурбут сокуон таһаартаан, кулаак бас билэр баайын, тиэхиньикэтин, сирин-уотун тутан ылан, холкуоска босхо бэрдэрбиттэрэ.

Кулаактары олох кыайбаттарын-толорботторун билэ-билэ “кытаанах сорудах” диэн түһүү бөҕөнү түһэрбиттэрэ. Онтон кыайбатахтары “Сэбиэскэйи утарда” диэн тутан ылан сууттаталаан, хаайыыга-түрмэҕэ быраҕан эбэтэр туус собуотун курдук ыарахан, киһи эргийбэккэ өлөр сирдэригэр көскө ыыталаабыттара. Итинник будулҕаннаах кэмҥэ тыа хаһаайыстыбатын бородууктата, ордук бурдук, куораттары тоторумуна, улахан аччыктааһын тахсыбыта. “Тыыннаах буолар иһин киһи киһини сиэбит”, “киһи этинэн кэтилиэт, бэрэски оҥорон соҕуруу куораттар баһаардарыгар атыылыыллар үһү” диэбит курдук дьаабы сурахтар тарҕаммыттара.

А.П. Колосов-Улахан Охонооһой (1900-1949) үрдүк үөрэхтээх учуутал, Мэҥэ улууһун бастакы хомсомуолларыттан биирдэстэрэ, 1922-1923 сс. ЧОН этэрээтигэр нацрота байыаһа (Кеша Алексеевка отделение хамандыыра), фольклорист Г.У. Гермогенов-Эргис доҕоро. Елизавета Алексеевна Первухина диэн нуучча дьахтара ойохтооҕо (Покровскайга олорбуттара), 3 уол оҕолоохторо:

1) Юрий – ВВС полковнига, Москубаҕа сулууспалаабыта, Сирияҕа байыаннай сүбэһитинэн сылдьыбыта, өлбүтэ;

2) Геннадий – тэхиниичэскэй билим дуоктара, Могилевка индустриальнай институт ректорынан үлэлээбитэ;

3) Валерий – физмат билимин дуоктара, Дьокуускайга олорор, кэргэнэ – Колосова Людмила Андреевна Саха £рөспүүбүлүкэтин үөрэххэ миниистирэ буола сылдьыбыта. Кини аатынан 33-с №-дээх оскуола ааттаммыта.

Афанасий Петрович Колосов улахан күүстээх киһи эбитэ үһү. “Уулаах уһааты көтөҕөн баран хаамара, саха быһаҕын хас да гына тоһута тутара (хатарыылаах быһаҕы)” диэн хойукка диэри сэһэргииллэрэ. Киэҥ билиилээҕин-көрүүлээҕин тэҥэ, бардам соҕус эбит. 1922 с. сайын Дед Курашов этэрээтин сирдээбитин иһин, ¥үттүүр Уолун этэрээтин тобоҕо кини ийэлээх аҕатын, бииргэ төрөөбүт бырааттарын, балтыларын – ыалы-ыалынан кыргаары гыммыттарын, биир үтүө санаалаах Семен Кардашевскай диэн киһи кистээн этэн, арыычча куотан быыһаммыттара үһү. “Оннук хабыр-тыйыс, куһаҕан кэм этэ” дииллэрэ. * Мин бииргэ төрөөбүт улахан убайым, кыһыл бартыһаан, ЧОН этэрээтин байыаһа Афанасий Петрович Колосов соҕуруу – Иркутскай куоракка пединститукка үөрэнэ сылдьара.

Оччотооҕуга Саха сириттэн ыччат соҕуруу куораттарга улахан дьулуурдаах, үөрэххэ баҕалаах үөрэнэ барара. ¥өрэнэллэригэр истипиэндьийэ олус кыра буолан, аһыыр-таҥнар муҥуттан, эбинээри, хараҥаттан, өлөртөн-сүтэртэн, халыыртан, ороскуонньуктартан толлубакка, куорат атын кыбаарталларыгар эбэтэр куорат таһыгар сатыы тахсан ликбезкэ, улахан дьону үөрэхтээһиҥҥэ уруоктарын кэнниттэн эбии үлэлииллэр эбит. Хараҥа буолла да киһи тротуарынан хаампат – сэрэхтээх. Онон куотарга киэҥ-куоҥ, кэм күлүгэ суох сиринэн – уулусса ортотунан сылдьыллыахтаах.

Тротуарынан хааман иһэр киһини күлүк сиргэ саһан туран ханнык баҕарар ороспуой соһуччу, өйдөнөр бокуой биэрбэккэ өлөрөр кыахтааҕа. Бэл, тротуар устун иһэр милииссийэни олбуор уҥуортан туран оҕуурдаан, муомахтаан өлөрөн, бэстилиэтин былдьаан ылаллар үһү. Иркутскай оччоттон, ол быдан инниттэн даҕаны, улахан айан суола буолан, араас куһаҕан санаалаах дьон кэлэрэ-барара, дьиикэй-сидьиҥ дьыаланы оҥороро, истэр тухары, элбэх буолара.

* Охонооһой улахан дьону – олохтоох нууччалары – үөрэтэрээри кытыы кыбаарталга тиийэн ыалтан дьиэ көрдөһө сылдьыбыт. Ол сылдьан биир сорох сиринэн эркинэ тохтон түспүт самналлыбыт олбуор кэлииккэтин арыйан, тэлгэһэҕэ көтөн түспүт. Көрбүтэ, икки дьиэ турара эбитэ үһү. Биирэ, бэтэрээҥҥитэ – кыра, эргэ, иккиһэ, олбуор түгэҕэр турааччыта – уһун, синньигэс, намыһах. Тиийэн бэтэрээ дьиэни тоҥсуйбута: “Кимҥиний? Маама суох, сотору кэлиэҕэ!” – диэн оҕо саҥата чаҕаара түспүт, аан хатыыра төлө барбыт.

Охонооһой, бэрт дьадаҥы да буоллар, бэрт ыраас дьиэҕэ киирбитэ, 3-4 саастаах нуучча оҕото көрө-истэ турар үһү. Ол уолтан ыйытан билбитэ, ийэтэ хайа эрэ остолобуойга иһит сууйар, киэһэ кэлиэхтээх эбит. Эбэлэрэ баара ыалга тахсыбыт. Онон көһүтэ түһэн баран ким да биллибэтэҕэр уопсайыгар төттөрү барбыт. Сарсыныгар ол ыалга кэлбитэ, оҕо эмиэ соҕотох буолан биэрбит. Онон Охонооһой уолтан били олбуор түгэҕэр турар дьиэҕэ кимнээх олороллорун ыйыппытыгар, оҕо хайдах эрэ куттаммыт курдук туттан туран: “Билбэппин, арыт дьон хаһыытаһаллар. Ийэм, эбэм инньэ дииллэр. Дьээдьэ, ол куһаҕан ыалга олох барыма! Сотору ийэм кэлиэ, киниттэн ыйытаар”, – диэбит.

Онтон убайым “бэйи эрэ, ол ыалга бара сылдьан кэпсэтиэххэ” диэн уоһун иһигэр саҥарбытыгар, уол сүүрэн кэлэн Охонооһой атаҕар хатааста түспүт, ытамньыйа-ытамньыйа “онно барыма” диэн ааттаһаахтаабыт. Дьэ, дьиибэ! Бу оҕо барахсан куһаҕан дьон баарын билэн ыыппат буоллаҕа. Чэ, бэйи, сарсын оҥостон кэлэн көрүөм дии санаан, уопсайыгар төннөн кэлбит. * Сарсыныгар ала-чуо, били тиэргэн түгэҕинээҕи ыалга сылдьардыы быһаарыммыт. Эбиэттэн киэһэ били сиригэр оҕолоох дьиэни быһа түһэн, олбуор хаҥас өттүнэн дьиэ арҕаа ааныгар чөмөр үктээн тиийэн, аргыый “топ-топ” тоҥсуйбут. Чочумча буолан баран ыллаан эрэр курдук унаарыйбыт нарын саҥа: “Бырастыы гын, доҕоччуок, дьиэни арҕаа өттүнэн эргийэн хоту аанынан киирэн көрөөхтөө”, – диэбит. Убайым өс киирбэх киһи этэ. Дьиэни арҕаа өттүнэн эргийэн кэлэн тимир курдук ааны тутааҕыттан тардыбыта – хатыылаах.

Эмиэ сэрэнэн тоҥсуйбут. £р соҕус кэтэһиннэрэн баран, мааҕыҥҥы дьахтар саҥата: “Дьэ, доҕоччуок, бырастыы гын, манна кыра оҕону сууннаран эрэллэр. Төннөн дьиэ илин өттүнэн, мааҕыҥҥы аанынан киирэн көрөөхтөө”, – диэбит. Охонооһой чахчы дьиибэргээбит. Ол эрээри күүстээх-уохтаах санаата киирэн, билиэх-көрүөх баҕата улааппыт.

Дьиэни эргийэ баран иһэн хараҕын кырыытынан түннүк сабыыта хамсаабытын, бар түү сирэйдээх киһи элэс гынан ааспытын көрбүт. Ол да буоллар тиийэн аанын тоҥсуйбут. Балачча буолан баран ханан эрэ үөһэнэн аан хатыыра халыр гына тыаһаабыт, эр киһи көөҕүнэс саҥата ырдьыгыныыр кэриэтэ “чэ, киирэн абыраа!” диэбит. * Дьиэ аана саха былыргы ампаарын аанын курдук иһирдьэ аһыллар тимир липпэ халҕан буолан биэрбит. Охонооһой ыксаабыт курдук халҕаны кытта дьиэ иһигэр дөгдьөрүс гына түспүт.

Салгыы бэйэтэ ахтар: “Тура түһэн баран кэннибин хайыһан көрбүтүм, доҕоор, Боссоойтон эрэ арыый намыһах, ыадаллыбыт бэйэлээх, олус суон харылаах, бэгэччэгэр тиийэ хаан-билик буолбут илиилээх киһи дабыкыс гынаат, үөһэттэн түһэр тимир олуурунан ааны хам анньан олуйан кэбиспитэ сүрэ бэрт этэ!

Эргиллибитим, аллараа киһи хааман киирэр, имик-самык уоттаах холлороон курдук баарыгар, кимнээх эрэ тугу эрэ астыыр, хаан кутар курдуктар. Онтон өйдөөн-дьүүллээн көрбүтүм, биир ороспуой бэдик олорор атаҕын анныгар уһун баттахтаах дьахтар баһа хаан-билик буолан сытар!” Ону көрөн убайым кулгааҕа чуҥкунаабыт, сүрэҕэ өлөхсүйбүт. Ол икки ардыгар түгэхтэн дьон саҥата: “Идэһэни аҕала тарт! (“убойную скотину быстрей сюда!&rdquo” – диэбиттэр.

Охонооһой дойдутугар-сиригэр улахан күүстээх, олус хапсаҕай киһи этэ – баара эрэ отуччалаах эр бэрдэ буоллаҕа дии! “Ити кэннэ били ааны хатаабыт киһибин көрө түспүтүм, ханна да куоттарбат кыаҕар киллэрбит быһыынан, икки илиитин күөйэ тутан даллайан иһэр эбит! Баччаҕа тыыннаах кэлиэххэ!..” – диирэ убайым.

Мүччү түспэтэҕинэ дьакыйалларын сэрэйэн, Охонооһой эмискэ эргиллэ түспүт даҕаны, сиэхсити хаҥас хонноҕун анныгар сутуругунан саайбыта, анараата тэмтэрийэн тиийэн нөҥүө эркиҥҥэ өйөнө түспүт. Убайым онтон эр ылан куоска курдук өрө ыстанан тахсан, халҕаны ыга баттаан турар тимир олууру эһэ охсон баран, таһырдьа ыстаммыт. Куотан иһэн, дьиэ түннүгэр дьахтар сирэйэ турарын элэс көрөн ааспыт.

Олбуортан нэһиилэ хааман тахсан уулусса уҥуор тиийээтин, атаҕа ыаҕастаах уу курдук ыараабыт. Онтуларын нэһиилэ соһон аттаах оспуоччукка тиийэн, “балыыһаттан саҥа таҕыстым” диэн, уопсайыгар илтэрбит. Хоһугар киирэн өйө суох охтубутун “суһал көмөнү” ыҥыраннар, балыыһаҕа киирэн биир ый сытан тахсыбыт.


Семен Петрович Колосов (Афанасий Петрович бииргэ төрөөбүт быраата), 26.10.1991
Category: СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ | Views: 939 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Олунньу 2020  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
242526272829
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 7
Ыалдьыттар (гостей): 7
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024