News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2020 » Олунньу » 4 » НЬЫЫКАН О5ОННЬОР ТУЬУНАН ЕССЕ БИИР КЭПСЭЭН
НЬЫЫКАН О5ОННЬОР ТУЬУНАН ЕССЕ БИИР КЭПСЭЭН | 15:13 |
НЬЫЫКАН О5ОННЬОР ТУЬУНАН ЕССЕ БИИР КЭПСЭЭН
Мин идэбинэн биолог буоларым быьыытынан, ааспыт уйэ 80-с сылларын ортотуттан сыл аайы кэриэтэ Алдан оройуонун араас сирдэригэр экспедиция5а сылдьабын. Ол сылдьаммын, биллэн турар, баьаам элбэх киьини биллэ5им-керде5ум дии. Олор быыстарыгар сурдээх интэриэьинэй, ча5ылхай дьону кытта билсэн-керсен, айах атан кэпсэтэн-ипсэтэн сылдьыбытым. Олортон биирдэринэн Стручков Ньукулай - Ньултус о5онньор этэ.
Кини кыра унуохтаах, кердеххе хачаайы гынан баран, сурдээх тургэн туттуулаах-хаптыылаах, сытыыкан-мындыр ейдеех- санаалаах, утуекэннээх кэпсээнньит, сири-сибиири кэрийэн бараабыт о5онньор этэ. Дьонугар-сэргэтигэр албан ааттаах табаьыт, сорсуннаах-байанайдаах хоьуун булчут быьыытынан биллэр эбит этэ. Кырдьык да5аны, баьаам элбэх табаны, 2 дуу, 3 дуу тыыьынча дьиэ табатын, Хатыыстыыртан 50-ча кестеех сиргэ, Гыным, Гонам ерустэр быыстарынан, Хабаровскай край кыраныыссатын чугаьыгар уолаттарынан уо.д.а. табаьыттары кытта кереллер эбит этэ. Хайалаах сир табаьыттарын олохторо-дьаьахтара биллэр буо, эрэйи-муну муннуларынан, силлиэни-буур5аны сирэйдэринэн кэтэ сырыттахтара.
Дьиннээх тонус хоьууттара буо! Ол сылдьан биирдэ, уолаттара балайда эмэ борбуйдарын кетехпуттэрин кэннэ алдьархай дьулаан быьылаанна тубэспиттэр уьу - икки уолун кытта Ньултус биир эрэ "Барс" бинтиэпкэлээх табаларын бултаьа сылдьар аарыма сатамаар эьэ кутургэ тубэьэн, саалара биирдэ эрэ эстэн, онтон харан, кыыллара бааьыран баран бэйэлэригэр саба туьэн, алдьархайдаах киирсии бе5етун киирсибиттэр.
Уолаттара сыгынньах илиилэринэн, о5онньор анардас быьа5ынан, хаста да эьэ анныгар баттанан, тырыта-хайыта тыыттаран, тиьэ5эр тиийэн а5алара тостубут анаардаах илиитинэн эьэлэрин кэйгэллээн нэьиилэ букатыннаахтык уоскуппут, итиэннэ нэьиилэ, бэйэ- бэйэлэрин соьон-сыьан дьонноругар тиийэн, вертолету рациянан ыныран, арыычча уьуен тыыннаах ордубуттар. Ол сатамаар кутур тиистэрин, тынырахтарын суола о5онньор этигэр-сиинигэр суппэт туоьу-бэлиэ буолан хаалбыттарын илэ харахпынан керен турабын.
Уонна биирдэ Ньултус Ньыыкан ойуун туьунан миэхэ бэрт дьиктини кэпсээн турар.
Былыр Ньултус балайда эдэр эрдэ5инэ эмчит 6-7 сылга биирдэ Алдан сиригэр быдан ыраах сытар Уеьээ Булуу сириттэн кэлэн барар буола сылдьыбыт уьу. Оройуонун саамай со5уруунну Туобуйа нэьилиэгинэн Олоохуна5а (Олекма) киирэр эбит, онтон улуу Елуенэ еруьу туораан, аарыма систэри туораан, дьо5ус ерустэри, урэхтэри, уруйэлэри ненуелээн Алдан кес тонустарыгар кэлэр эбит. Барыта 6-7 аттаах кэлэр уьу, кутурук холбонон, сэтиилэнэн. Бада5а сайын эрдэ, уу туспутун кэнниттэн айанна туран эрдэ5э. Теье ер айанныыра биллибэт, арааьа 2-3 нэдиэлэ буолуо.
Ол уьун айан кэнниттэн, тонус до5отторун булан баран, икки хас кун сынньанара уьу, сыта-тура, ер керсубэтэх дьоннор кэпсээннэрэ баьаама чуолкай буо. Дьэ онтон Ньыыкаммыт биир эрэ чеке оту, чуолаан сиринэн-сибииринэн киэнник аатырбыт БЕРЕ СИИР ОТУН улаханнык дьаныьан туран хомуйар эбит. Тонус до5отторо о5олорун-сиэттэрин биэрэн кемелеьуннэрэллэрэ уьу. Дьэ, со5ордук син балачча бириэмэ хомуйаллар, итиэннэ утары эбэьээт кулук сиргэ хатыччы куурдан кэбиьэллэр.
Алдан курдук куруутун кэриэтэ курулаччы биэдэрэнэн кутар ардахтаах дойдуга баьаам элбэх оту куурдар-хатарар балачча кучумэ5эйдээ5ин киьи саарбахтаабат. Теье ер бириэмэ хомуйаллара, куурдаллара эмиэ биллибэт, арааьата 20-чэ хонук буолара буолуо. Ол сылдьан ити от сункэн баьаам туьатын туьунан, хайдах туттуларын туьунан элбэ5и кэпсиир эбит. Ньултус ейдуурунэн 100 ыарыыны эмтиир диирин ейдеен хаалбыт. Онно баар тонус кырдьа5астара ону кытта сепсеьеллер уьу уонна биьиги ойууттарбыт эмиэ себулээн туттар, сурун уунээйилэрэ буоларын бигэргэтэллэр эбит.
Онтон, дьэ, улэтин-хамнаьын бутэрэн баран, урэхтэр уулара мунуутаан туьэн турар кэмигэр, арааьа сайын иккис анаарыгар теттеру дойдутугар аттанара уьу. Ол онно аттарыгар барыларыгар тобус толору симиллибит бере сиир оттоох бэрэмэйдэри ындан баран айанна турар.
Оруобуна кэлбит сиринэн теннер уьу, бада5а аара суолга эмиэ тохтоон ааьар табаарыс дьоннордоо5о буолуо диэн, кэпсээнин тумуктээбитэ хоьуун о5онньор Ньултус.
Дьэ, до5оор, ситирдик айаннаан дойдутугар тиийэн, олорон эрэн, араас дойдуттан киниэхэ анаан-минээн кэлбит дьон-аймах бе5етун 6-7 сыл устатыгар, беретун сиир ото бутуер дылы эмтиир-томтуур эбит. Ити оту эрэ туьаммата чуолкай биллэр, араас учугэй эмтээх ото баьаам этэ буо. Ол гынан баран, бере сиир отун саамай чорботор эбит, ол иьин итиннник ыраах Алдан сиригэр илэ бэйэтэ баран кэлэр эбит. Теьелеех элбэх дьонно туьа а5алла буолуой, ыарыы иэдээниттэн ереьуйдэ-абыраата буолуой? Айбыт танара эрэ билэн эрдэ5э.
Дьэ, биьиги сахалар ытыктабыллаах Ньыыкан о5онньорбут ситирдик улахан суолтаны биэрэр этэ, БӨРӨ СИИР ОТУГАР.
Кердеьебун-ааттаьабын бере отун - папоротнигы (щитовнигы) кытта булкуйуман. Ити папоротник куустээх дьааттаах от, онон олох кыратык илиистик таьаарыытыгар уонна тастан тирии ыарыыларыгар туттуохха сеп.
Онтон БӨРӨ СИИР ОТО - ВЗДУТОПЛОДНИК диэн, олус учугэй эмтээх от буолар!
Иннокентий Федоров.
Дьокуускай, 2020 с.
|
Category: Саха |
Views: 1552 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 17 Ыалдьыттар (гостей): 17 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|