Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2020 » Олунньу » 4 » Улуу кыайыы уонна олус элбэх сутуктэр
Улуу кыайыы уонна олус элбэх сутуктэр
15:26

Улуу кыайыы уонна олус элбэх сутуктэр

Саха сиригэр улуу аҕа дойду сэриитигэр эдэр уонна күүстээх-уохтаах дьоннор бары сэриигэ барбыттара. Тыылга оҕонньоттор, дьахталлар, оҕолор уонна соххор-доҕолоҥ дьоннор хаалбыттара. Кинилэр от оттоон, бурдук хомуйан зҥин араас хотоннору тобус толору ынах сүөһүнү аһатан, ходуһаларга сылгы халыҥ үөрүн иитэн фрону этинэн, кавалерияны сылгыннан толору хааччыйарга күрээннээхтик үлэлэспиттэрэ. Ол гынан баран сүөһүнү, бурдугу уонна сылгыны букатын тыытыллыбат сойиалистическай бас билии диэн биллэриллэн биир да туораах бурдук, биир да ыстыылык эт тыыл үлэһиттэригэр тиксибэт этилэр.

Хоргуйуу бөҕө буолбута. Хас да сыл кураан уонна тоҥоруулаах сайыннар буолбуттара. Хоргуйуу букатын эбии сытайбыта. Мин, бу строкалары суруйааччы, Сунтар оройуонуттан кириэстээх сэлиэнньэтиттэн төрүттээхпин. Кыра сылдьан улахан дьоннор тугу дииллэрин истэр этим. Хоргуйан өлбүт дьон элбэҕэ бэрдин иһин биирдии онкучахха !0-нуу, 20-лии, 30-туу өлүгү көмөллөр эбит. Историктар этэллэринэн хоргуйууттан өлбүттэр сэрии толоонугар охтубуттардааҕар ботуччу элбэх эбит. Мин эбэм эмиэ хоргуйан уонна ыалдьан өлбүтэ. Саха сирин кэлии дьоннор салайбыттара, кинилэр сахалар булчуттар, бултаан аһыахтара, хоргуйуохтара суоҕа диэн ииримтийэр этилэр. Ол эбэм кинилэр өйө суох толкуйдарынан бултаан аһыахтаах уонна миигин сиэнин кыра оҕону аһатыаахтаах эбит.

Бу маннык уонна да атыннык мэнэрийээһиннэрэ партия обкомун маҥнайгы секретээригэр Степаненко, Совнарком председателигэр Муратов, партия бюротун членнарыгар Морозов, Имуллин, Смольянинов диэн шовинистарга муҥура суох элбэҕэ. Саха норуотун хоргутан букатыннаахтык эһэр суолга кытаанахтык туруммуттара.

Шовинизм политиката олоххо киирэн сахалар хас биирдиилэригэр дылы өлүүлэриттэн быыһаабыт үтүөкэннээх киһинэн, саха улуу уонна тапталлаах уола Илья Егорович Винокуров

буолбута. Сэллик ыарыыта хоргуйбут сахалары оттуу охсор этэ. Илья Егорович салайар кэмигэр мин билэрбинэн оройуон киинигэр Сунтарга уонна нэһилиэк киинигэр Элгээйигэ сэллик балыыһалын аспыттара. Ыарыһахтары тото баҕайы аһаталлара уонна үчүгэйдик эмтииллэрэ.

Сылгы үүтүттэн оҥоһуллубут кымыс сэллиги эмтииргэ көмөлөһөрүн иһин сайын колхозтаахтарга биэ улассаллара. Кинилэр бас билиилэригэр биирдии ынаҕы түҥэппиттэрэ. Сассыарда аайы хаччыта суох итии аһылыгы тэрийбиттэрэ. Тардыллыбыт бурдугу элбэхтик нормалаан биэрбиттэрэ. Колхозтар уонна колхозтаахтар государстваҕа иэстэрин устубуттара. Илья Егорович Винокуров саха норуотун хоргуйууттан уонна ыарыттан быыһаабыт өҥөлөрүн уонна үтүөлэрин ааҕан сиппэккин.

Степаненко, Муратов уонна да атын шовиниистар салайар кэмнэригэр хоргуйан уонна ыалдьан өлөн бүтэн эрэр сахаларга биир ыстыылык эти уумматахтара, кутуйах хаһааһыттан биир туораах бурдугу ыллахтарына хаайыыга быраҕаллара.

1952 сыллаахха олунньу 6 күнүгэр нуучча шовинистара уонна саха мазохистара ВКП(б) Якутскай Обкомнааҕы бюротун уурааҕын таһаарбыттара. Онно А.Е. Кулаковскайы, А.И. Софронабы, И.Д. Неустроебы буржуазнай национализмҥа буруйдаабыттара. Оттон Илья Егорович кинилэри куруутун хайгыыра уонна өйүүрэ.

Онон И.Е. Винокуров саха норуотун хоргуйууттан уонна ыарыыттан быыһаабыта уонна саха улуу суруйааччыларын уонна сырдатааччыларын халбаҥнаабакка көмүскээбитэ.

 

Романов Гавриил Иванович, кандидат философских наук, заслуженный культуры ЯССР

27 января 2020 г.

Category: История, философия | Views: 888 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Олунньу 2020  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
242526272829
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 72
Ыалдьыттар (гостей): 72
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024