News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2020 » Олунньу » 6 » Олоҥхо уонна Айыы үөрэҕэ
Олоҥхо уонна Айыы үөрэҕэ | 16:58 |
Олоҥхо уонна Айыы үөрэҕэ
Олоҥхоҕо бухатыырга айыылар мэлдьи көмөлөһөллөр, кэмиттэн кэмигэр суолун ыйаллар.
Олоҥхолорго үгэстэр саамай төрүттэрэ ыйыллар:
• Абааһы бухатыырын биирдэ охсуу;
• Кийиит эригэр барарыгар эргиллэн көрбөтө;
• Айаҥҥа барарга сэргэни оҕунан ытыы;
• Аал Луук маска сыһыан, сэргэҕэ сыһыан;
• Орто дойду хайдах үөскээбитэ;
• уо.д.а.
Онон олоҥхолор үгэс, сиэр-майгы үөскүүрүгэр төрүт буолар суолталаахтар.
Тэрис
Аатырбыт 19-с үйэ олоҥхоһуттара
Олонхолоон уһуйар уратыта
Саха фольклорун чинчийбит нуучча учуонайа И. А. Худяков “Краткое описание Верхоянского округа” (1969) диэн кинигэтигэр олоҥхону сахаларга “главным средством просвещения” буолар диэн суруйбут.
Олоҥхо сүрүн идиэйэтэ улууһунан хайдыһыыны утарыы. Былыргыттан улуустары кэрийэ сылдьан олоҥхолуур үгэс – олоҥхолоон уһууу уратыта. Үгэһи саха санаатын үтүөҕэ салайар туһугар кыһаллар дьон өрө тутара. Оччолорго олоҥхоһуту уһулуччу сайдыбыт киһинэн билинэллэрэ.
Олоҥхоҕо “айыы киһитэ” өйдөбүл
Олоҥхо Эллэй Боотур “айыы киһитэ” диэн өйдөбүлүн олохтуурга сүрүн ньымата буолбут. “Айыы киһитэ” - таҥара киһитэ диэн кэриэтэ. Бу санааны тарҕатыы саха биир сүрүн кыһалҕата этэ. Олоҥхоһуттар улуустары кэрийэ сылдьан бу санаа сайдарыгар элбэх күүстэрин, кыахтарын бирбиттэрэ.
Аныгы үйэҕэ айыы киһитэ диэн ааты киһи-аймах бүттүүнүн кэскилэ сайдарыгар өйүн-санаатын туһаайар киһиэхэ иҥэрэр кэм уолдьастаҕа.
Олоҥхону киһи-аймах билиниитэ
Олоҥхо ханнык кэмтэн баар буолбута биллибэт.
Билигин олоҥхону. Бэрт элбэх киһи сыралаах үөрэтиитинэн. Араас омук үөрэхтээхтэрин көмөтүнэн. Киһи-аймах билиннэ. 2005 сыллаахха ЮНЕСКО-ҕа саха олоҥхото киһи-аймах клтууратыгар күндү кылаат быһыытынан киирбитэ. Ити аата саха култууратын туспа цивилизация быһыытынан биллэригэр төрүт охсулуннаҕа.
П. А. Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхото ааҥгылыйа тылыгар тылбаастанан 2013 сыллаахха Лондон куоракка бэчээттэнэн күн сиригэр таҕыста.
Олоҥхоһут Хойтоһун
Хойтоһун 19-с үйэ иккис аҥаарыгар олорбут. Кини Чурапчы улууһугар төрөөбүт. Киниттэн саҕаланан элбэх олоҥхоһуттар үөскээбиттэр.
Хойтоһун саха сиригэр үөскээбит олоҥхо оскуолатын саамай улаханнарын төрүттээбит. Былыргы олоҥхону тоҕус этэ дииллэр эбит. Кини ону тэнитэн элбэппит быһыылаах.
Билигин 150-чэ олоҥхо суруллан сытар дииллэр.
Улуу Маалыкыс
Маалыкыс 19-с үйэ иккис аҥаарыгар Таатта сиригэр олорбут. Кини илин эҥээр улуустары барытын кэрийэн олоҥхолуу сылдьыбыт.
Улуу Маалыкыс олоҥхо өйдөбүллэрин киэҥник, күүскэ тарҕаппытынан биллибит олоҥхоһут.
Суламатта Уола
Кини Чурапчы киһитэ.18-с үйэттэн 19-с үйэни хабан олорбут. Саха сирин үрдүнэн аатырбыт олоҥхоһут. Аатырбыт олоҥхоһуттары кытта күрэстэһэн хаста да кыайыылааҕынан тахсыбыт.
Сулуматта Уола олоҥхону салгыы сайыннарбыт киһинэн көстөр.
Олоодо олоҥхоһут
Олоодо 19-с үйэ иккис аҥаарыгар төрөөн 20-с үйэҕэ тиийэ олорбут. Кинини сылгыһыт Дьүлэй Бүөкээн хоһуйбут:
Олоҥхоһут Олоодо курдук
Улуу олоҥхоһут киһи
Орто-туруу дойдуга
Төрүө-үөскүө дии санаабаппын.
Кини Саха сирин киин улуустарын кэрийэ сылдьыбыт.
Олоҥхо аныгылыы ситэн тахсыытыгар Олоодо улахан үтүөлээх.
Бүөтүр Лааһырыбыс Куолаһап
Б. Л. Куолаһап Атамай киһитэ, Нам нэһилиэгэ (билиҥҥитэ Горнай улуус). 19-с – 20-с үйэлэргэ олорбут. 45 билэр олоҥхотун ааттарын барытын сурукка киллэртэрбит. Улуу олоҥхоһут буоларын бигэргэппит.
Ол саҕана 40-чэ олоҥхону толорор олоҥхоһуттар бааллар эбит эрээри, олоҥхолорун ааттарын толору испииһэктэппэтэхтэр.
40-тэн тахса олоҥхону билии олоҥхоһуттарга муҥур ахсаан буолар.
Олоҥхону үөрэппит дьон кинигэлэрэ
Васильев Г. М. Живой родник. Якутск, 1973.
Емельянов Н. В. Сюжеты якутских олонхо. М., “Наука”, 1980.
Журмунский В. М. Тюркский героический эпос. Л., 1975.
Кулаковский Е.Е. Материалы для изучения верований якутов. Якутск, 1923.
Мелетинский Е. М. Происхождение героического эпоса. М., 1973.
Ойунский П. А. Якутская сказка (олонхо), ее сюжет и содержание. Якутск, 1962. соч. т. 7.
Окладников А. П. Якутия до присоединения к Русскому государству, в книге: История ЯАССР, т. 1. М., Л., 1955.
Попов А. А. Материалы по истории религии якутов бывшего Вилюйского округа. Сб. М. 1949.
Пухов И. В. Героический эпос якутов – олонхо. М., 1962.
пухов И. В. Сказка ли олонхо! В кн.: Специфика фольклорных жанров. М., 1973.
Эргис Г. У. Очерки по якутскому фольклору. М., 1974.
Тэрис «Олонхолорго киһи анала» кинигэтиттэн
5.18. Үөтүүлээх охсуһуулар суолталара
Олоҥхо үөтүүлээх охсуһуулара дьиҥнээх сэриитээҕэр дириҥ ис хоһоонноохторун туһунан санаппыппыт. Олоҥхоҕо охсуһууну ойуулааһын эрэ сэрии курдук. Дьиҥэр бу охсуһуу киһи бэйэтин иһинээҕи охсуһуутун көрдөрөр. Киһи бэйэтин иһигэр, айылҕаҕа курдук,үтүө уонна мөкү күүстэр охсуһаллар. Киһи бэйэтин чөлүн харыстыахтаах. Кини чөлүн харыстыыр өрүттэри айыы бухатыырдарынан сирэйдиир. Оттон киһи чөлүн алдьатааччылар абааһылар буолан көстөллөр. Бу абааһылар үс суоллаахтар. Соҕурууҥу абааһылар киһи салгын кутун уораллар, инньэ гынан киһи өйүн-санаатын ыһыллар, хотугу абааһылар киһи буор кутун уоран этин-сиинин ыарытыннараллар, арҕааҥы абааһылар киһи ийэ кутун уоран кини төрдүн быһаллар. Айыы киһитэ бу куһаҕан күүстэри суох оҥорон бэйэтин чөлүн харыстыыр, олоҥхо тылынан этэххэ, кини итинник ньыманан Орто Дойду дьолун харыстыыр. Биһиги бу охсуһууну киһи бэйэтин өйүгэр-санаатыгар эрэ буоларын иһин үөтүүлээх охсуһуу диибит.
5.19. Олоҥхо охсуһуутун хос-хос түгэхтэрэ
Олоҥхолорго охсуһуу, олоҥхо атын түгэннэрин курдук, хас да хос ис хоһооннооҕун туһунан санаппыппыт. Олоҥхолору ырытыыга урут бу уратыга улахан болҕомто ууруллубат этэ. Билиҥҥи кэмҥэ Айыы Үөрэҕэ диэн үөскээтэ, бу үөрэх саха киһитэ духуобунай эйгэлээҕин арыйда. Онон бу үөрэх ньыматын туһанан олоҥхо ис эйгэтигэр киирэр кыахтанныбат. Биһиги ырытыыбыт көрдөрөрүнэн олоҥхо охсуһуутун ис хоһооно маннык араҥалардаах эбит:
• сэрии ойууланар, бу сэрии бэйэ бэйэлэрин өйдөспөтөх айыы дьонугар ордук сыһыаннаах;
• айыы дьоно сэриилэһэр да түгэннэригэр сиэр-майгы тиэмэтэ инники турар (айыы бырагырааматын быһыытынан айыы дьоно сэриилэһиэ суохтаахтар, ким эрэ абааһы сабыдыалыгар киирбититтэн сылтаан сэрии буолар);
• абааһылары кытта охсуһуу дьиҥнээх сэрии буолбатах, бу киһи бэйэтин өйүгэр-санаатыгар буолар духуобунай охсуһуу; киһи бу охсуһууну ааһан бэйэтигэр баар куһаҕан өрүттэри кыайан айыы киһитэ буолуохтаах.
Бу түмүктэргэ олоҕурдахпытына олоҥхо диэн үөтүүлээх (духуобунай) айымньы эбит. Бу айымньы ойуулааһына эрэ тас эйгэҕэ сыһыаннаах. Бу ойуулааһын көмөтүнэн киһи ис эйгэтигэр киирэллэр. Кытайдарга киһи духуобунай күүһүн салайар «И-цзин» (Уларыйыы-тэлэрийии бичигэ) диэн айымньы баар. Индияҕа буддистар сиэрдээх-майгылаах киһи туһунан «Дхаммапада» диэн кинигэлээхтэр, ити курдук улахан итэҕэллэргэх киһи быһыытын-майгытын салайар кинигэлэр мэлдьи баар буолаллар. Саха норуота эмиэ итинник сүдү сиэргэ олоҕурар эбит. Ити сиэрэ айыы киһитин аналылар көстөр, биһиги ону айыы тускуллара диэн туспа ырыппыппыт. Бу сиэргэ-майгыга (айыы бырагырааматыгар) олоҕуран киһи олох иһин охсуһар. Ол гынан баран Орто Дойду киһитэ бэйэтин аналын ылбычча кыайан билбэт. Онон элбэх сыыһаны-халтыны оҥоруон сөп. Саха киһитэ буоллаҕына тыйыс дойдуга олорорун быһыытынан улахан сыыһаны оҥорор бырааба суох. Дьэ, ол иһин олоҥхо үөскээбит. Олоҥхо киһи өйүгэр-санаатыгар буолар охсуһууну салайыах тустаах эбит: киһи бэйэтин мөкү өттүн кыайырыгар көмөлөһүөхтээх, үтүө өттүн үрдэтиэхтээх. Онон саха киһитэ олоҥхону истэн сөп санааҕа иитиллэр, айыы бырагырааматын өйдүүр буолбут. Ити киһи олох иһин охсуһарыгар сүдү суолталаммыт.
6. ТҮМҮК
Анал туһунан
Биһиги олоҥхолорго айыы киһитин анала хайдах бэриллибитин ырыттыбыт.
«Анал» диэн баска киһи аналын өйдөөһүнүгэр болҕомтону уурдубут. Бу ырытыы көрдөрөрүнэн аналын киһи араас төрүөттэр түмэктэригэр кыайан билбэт буолуон сөп эбит. Ол иһин аналы дьэҥкэтик өйдүүр туһугар дьулуһуу үөскээбит. Олоҥхо ис хоһооно барыта даҕаны бу дьулуһууну көрдөрөр. «Уһуйуу» диэн баска айыы киһитин иитиллиитин боппуруоһа көрүллэр. Уһуйуу икки көрүҥнээҕэ бэлиэтэнэр. Үөһээ Дойдуга төрөөбүт бухатыыр алгыһынан эрэ уһуйуллар, Орто Дойдуга уһуйуу үс таһымнааҕа бэлиэтэнэр: хатыы (эти-сиини эрчийии), бэйэни салайыы (быһыыны-майгыны иитии) уонна айылҕа күүһүн туһаныы (технизация). Бу үс таһымнаах иитии айыы бырагырааматыгар (аналга) олоҕурар. «Айан» диэн баска уһуйууну ааспыт киһи олох араас тургутууларын ааһара ырытыллар. Бу тургутуулары уйбут эрэ киһи охсуһууга тиийэр кыахтах. Онон бу түгэҥҥэ киһи айыы бырагырааматын төһө тутуһара тургутуллар. «Охсуһуу» диэн баска үтүө уонна мөкү күрсүүтэ ырытыллар. Чуолаан бу түгэҥҥэ айыы быраграамата кыайар. Онон олоҥхо оҥкулун батыһан көрдөхпүтүнэ, бу айымньыга айыы киһитин анала (бырагыраамата) кыайара ойууланар эбит.
Билигин бу чинчийии сүрүн түмэктэригэр тохтуоҕуҥ:
• Айылҕа уонна киһи анала (бырагыраамата) биир төрүттэх эбиттэр. Аналы Үрүҥ Айыы Тойон оҥорор, кини үөскүү, үүнэ турар айылҕаны сирэйдээн көрдөрөр. Киһи эмиэ ити айылҕаҕа киирэр. Бу анал киһи ийэ кутугар төрүкү бар.
• Үрүҥ Айыы биэрэр анала тоҕус тускуллаах. Бу тускуллар айыы киһитэ сөпкө олорор суолун үөскэтэллэр. Саха итэҕэлигэр даҕаны, олоҥхолорго даҕаны бу суол Айыы Суола (аартыга) диэн ааттанар.
• Орто Дойдуга төрөөбүт киһи бу төрүкү аналын билэр уонна толорор туһугар уһуйаллар. Ол гынан баран араас тас сабыдыал түмүгэр аналын сороҕун ситэ өйдөөбөт буолар. Ити түмүгэр Орто Дойду дьоно иирсэллэр. Сороҕор бу иирсээн сэриигэ тиэрдэр. Олоҥхолорго этиллэринэн, айыы дьоно быстах кэмҥэ сэриилэһэллэр. Кинилэр тиһэҕэр тиийэн эйэлэһэллэр. Онон төрүкү аналы билии улахан суолталанан тахсар. Айыы дьоно аналларын быһыытынан сэриилэһиэ суохтахтар.
• Абааһылары кытта охсуһуу киһи өйүгэр-санаатыгар буолар охсуһууну көрдөрөр. Киһи бэйэтин иһигэр араас сыыһа санаалар, адьынаттар, кыыбаҕалар бааллар. Балар, саха итэҕэлин быһыытынан, абааһы уобараһынан ойууланаллар. Киһи бу быстах санаалары, имэҥнэри кыайыахтаах. Онон үтүө уонна мөкү охсуһуута айыы уонна абааһы охсуһуута буолан көстөр. Бу охсуһууга үтүө кыайар, ити курдук киһи бэйэтигэр баар мөкү өрүттэрин кыайан уһун санааҕа, атыннык эттэххэ, айыы бырагырааматыгар киирэр.
• Бу этиллибиттэргэ олоҕурдахха, олоҥхо ойуулуур ньымата саха былыргы олоҕун кытта сибээстээх эбит, оттон ис хоһооно киһини иитэргэ аналлаах. Ол иһин бу айымньыны үөтүүлээх (духуобунай) айымньы диэн сыаналыыбыт.
• Олоҥхо үөтүүлээх айымньы быһыытынан төһө күүстээҕий? Биһиги ырытыыбыт көрдөрөрүнэн манна биэс сүдү сорук этиллэр: айылҕаны харыстааһын, удьуор ырааһын харыстааһын, айыы киһитэ диэн үрдүк ааты бигэргэтии, айылҕа күүһүн муҥутуу туһаныы уонна кэскили оҥоруу. Бу биэс сүдү сорук бүгүн эрэ наадалаах буолбатахтар, кэлэр үйэ дьонугар ананаллар. Онон олоҥхо элбэх үйэни өтө көрөр айымньы.
5.14. Айыы дьоно бэйэ бэйэлэрин кытта охсуһуллара
… Саха итэҕэлигэр киһи барыта, омугуттан, араасатыттан тутулуга суох, айыы киһитэ дэнэр. Бу айыы дьоно төрүт бырагыраамаларын быһыытынан охсуһуо суохтаахтар. Онон олоҥхо киһи «ыраас» төрдүн харыстыыр айымньы. Бу айымньы айыы дьоно сэриилэспэт буолалларын ситиһэр тосхоллоох. Айыы дьоно уопсай өстөөхтөрүн абааһылары утары туруохтаахтар. Биллэрин курдук, олоҥхо бу сүдү идиэйэтэ киһи-аймах иннигэр хаһааҥҥытааҕар да сытыытык турар. Айыы киһитэ бэйэ бэйэтин кытта сэриилэһиэ суохтааҕа улахан өйтөн-санааттан, киһилии (гуманнай) сыһыантан тахсар. Биһиги Айыы Үөрэҕин өлбөт-сүппэт күүһэ бу идиэйэҕэ тирэнэр дии саныыбыт. Бу идиэйэ өссө дириҥник ырытыллыахтаах. Манна айылҕа күүһүн муҥутуурдук туһаныы түмүгэр охсуспат буолуу эбэтэр тэҥ күүстээх буолуу (паритет) идиэйэтэ эмиэ ырытыллыбытын болҕомтоҕо ылыаҕыҥ. Киһи кыахтаммытын түмүгэр сэриилэһэр суолтата сүтэр, охсуһуу буолбакка сиэр-майгы, өй бастыыр – айыы анала итинник.
|
Category: Ыһыах, олоҥхо |
Views: 1059 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 1 Ыалдьыттар (гостей): 1 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|