News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2020 » Олунньу » 6 » Сылы ааҕыы
Сылы ааҕыы | 17:14 |
Сылы ааҕыы
-Сүрүн төрөөбут ый эбэтэр сыл буолар. Ити киин туочука курдук көрүллэр. Ити икки өттө ылылар. Икки сыл эбии ааҕыллар. Барыта биэс сыл буолар.
-Итини быйылгы сылы кытта көрүллэр. Быйылга сыл эмиэ икки өттүнэн иккилии сылы хабар. Барыта биэс сылы хабар.
-Быйылгы сылга киһи бэйэтин төрөөбүт сылын эбэтэр ыйын тэҥнэниллэр. Онно биэс сыл барыта киириэн сөп. 4 сыл киириэн сөп. 1 сыл буолуон сөп. Төрөөбүт сыла эбэтэр ыйа чугасаһыан сөп. Өскөтө быйыл хабыллар буоллаҕына, кэлэр сылын хабыыларын аахсан, кини табыгастаах кэмин ааттанар. Онтон тахсара барыта бэлэмнэнии кэмигэр киирэр.
Этиилэр манныктар:
-Эн табыгастаах кэмнэ киирбиккин. Санааҕын үксүҥ эт. Эйэхэ көмөлөһөр дьоннор элбиэхтэрэ. Бэйэҕин көрдөрө сырыт. Ону-маны онордоххуна чэпчэкити к туолуон сөп. Дьону кырта өйдөһөрүҥ улаатар.
-Эн бэлэмнэнии кэмигэр сылдьаҕын. Сүрүн санааҕын мээнэ эппэт буол. Мэһэйдэһээччилэр баар буолоухтара. Ону-маны оҥороргор хараактыргын көрдөр. Оччоҕо кыайан иһиэҕиҥ.
Кыдьаҕас киһиэхэ тэтими этии
Син биир көннөрү дьоҥҥо этэр курдук табыгастаах уонна табыгаһа суох сыллара этиллэллэллэр.
Майгыта сахалыы айыыларга олоҕуран этиллэр. Эн Манныкуратылаах эбиккин диэн этиллэр.
Үһүс этии ытык малларга сүгүрүүгэ аналлаах: сүгүрүйүү айыылар бэлиэлэргигэр олоҕурар:
-Таҥха ойуута—төрөөбүт сиргиттэн ытык сиртэн буор эбэтэр күл ылларан тиэргэҥнэр ыстар.
-Одун ойуута—олохсуйан олорон олоҥхону иһит.
-Дьөһөгөй ойуута—сылгы сиэлигэр санааҕын этэн баран уматан кэбис.
-Айыыһыт ойуута—ыам ыйын 7 күнугэр арыынан сүүскүн биһин.
-Иэйэхсит ойуута—сэргэни эбэтэр хонууну аһатыы.
-Үрүҥ Айыы Тойон ойуута—алгыстаах кымыһы иһии. Алгыстаах туос айыы дьиэтиттэн ылыллар. Ол үөһэ кымыстаах иһити ууруллар.
-Аан Алахчын ойуута—мас төрдүн түөрт өттүгэр арыыллаах алаадьыны ууруу.
-Аан Дьааһын ойуута—өрүс тааһын илиигэ ылан тутуллар.
-Улуу Суорун ойуута—бахсылыын—ол аата Айыы дьиэтин дьөһүөлүн кытта кэпсэтиллэр.
-Хотой Айыы ойуута—ыам ыйыгар эккин тоҕус сиринэн куорсунунан соттун. Орой, харах, сүүс, түөс, сүрэх, быар, өрөһө, киин, атах икки арда,
-Байанай ойуута—булт этин сиэ.
-Билгэ ойуута—сэргэни икки илиигинэн тут. Ыам ыйыгар оҥоһуллар.
Көннөрү дьоҥҥо тэтими этии
Дьоҥҥо тэтими этии. Арыт таҥхалыырга бу эрэ туһаныллыан сөп.
Тохсунньу—интуцияҕа (таайан-сэрэйэн) тирэнэҕин.
-Дьон этэрин курдук олорбоккун.
-Бэйэҥ саныырыҥ курдук олорбоккун.
-Ким эрэ этэрин батыһар курдук сылдьаҕын.
-Дириҥ ситиһиигэ тийиэххин сөп.
Олунньу—эппитиҥ туолуон сөп (тылга олоҕураҕын).
-Куһаҕн тылы саҥарыма.
-Үчүгэй тылы элбэхтик саҥар.
-Эн бэйэҥ барытын тылынан сибээстээн өйдүүгүн.
-Өйдөөбккө саҥаран кибиэххин сөп.
-Өйүҥ күүстээх.
Кулун тутар—хаһаайыстыбаны тэриниигэ олоҕураҕын.
-Харчыны суоттаан туһанаҕын.
-Инникигин оҥостон иһэҕин.
-Урбаанньыт буолоуххун сөп. Бииснинэскэ да тиийиэҥ.
-Саамай наадалааҕы арааран билэҕин.
-Түһалааҕы батыһаҕын.
Муус устар—кэрэҕэ тирэнэҕин.
-Барытын тупсаран көрөҕүн.
-Тупсаран көрөр өттүгэр көхтөөххүн.
-Ханнык эрэ усткуустубаҕа дьоҕурдаах буолуоххун сөп.
-Айар үлэҕэ күүстээххин.
-Тугу баҕарар ылыстаххына тупсарыы өттугэр күүстээххин.
-Бантаасыйалаан барыаххын сөп.
Ыам ыйа—айылҕаҕа тиэрэнэҕин.
-Сиргэ сыһыаннааххын.
-Үүннэрэр үлэҕэ күүстээхин.
-Бултуур дьҕурдааххын.
-Саамай Үчугэй көрүҥунэн айылҕаны ааттыыгын.
-Ускуустубаҕа эмиэ тиийэххин сөп.
-Артыыстыы дьоҕуруҥ уһүктуон сөп.
Бэс ыйа—дьолуоҕа тирэнэҕин.
-Ылсыбыт дьыалаҕын хамсатар кыахтааххын.
-Таҥара көмөлөһөр курдук.
-Санааҥ мээнэ түспэт.
-Ханна баҕарар олоххо күүһу булаҕан.
-кыаллыбаты кыайар кыахтааххын.
От ыйа—тулуурга тирэнэҕин.
-Утумнаахтык үлэлиигин.
-Ханна баҕарар үлэни булаҕын.
-Үлэни быһаччы толороргун сөбулүүгун.
-Урбаанньыт буолоххун сөп.
-Биисэниэскэ кытта тиийэр кыахтааххын.
Атырдьах ыйа—дьиҥҥэ тирэнэҕин.
-Дьиҥнээх дии санаабыккын ылсаҕын.
-Дьиҥи аһаҕастык этэҕин. Онтон сэрэниэххэ наада.
-Олоҕүн түмүк кэмнэригэр түмүк оностоҕун.
-Төрүттэн тиийэ толкуйдуугун.
-Чиниэбинньик буолуохххун сөп.
-Дьону салайыыга үлэлиэххин сөп.
Балаҕан ыйа—идэҕи тирэнэҕин.
-Туох эрэ дириҥ идэлээххин.
-Татыыр идэҕин батыһа сылдьаҕын.
-Таптыыр идҕин булуоххар диэри уоскуйбаххан.
-Идэни дириҥник ылаҕын.
-Ойууннуҥу, удаҕанныҥы дьоҕур уһүктуон сөп.
Алтынньы—күүстээх санааҕа тирэнэҕин.
-Бэрээдэги сөбүлүүгүн.
-Ханна бары бэрээдэк баар буоларыгар наадыйаҕын.
-Бэрээдэги тупсарыы өттугэр көхтөөккүн.
-Юрист, сокуонньут буолуоххун сөп.
-Салайар үлэҕэ сылдьыаххын сөп.
Сэтинньи—баайга-дуолга тирэнэҕин.
-Атын дьоҥно баайы тардыаххын сөп.
-Бэйэҕин толкуйдаа.
-Дьолуону таба көрөҕүн.
-Эргиниэххин сөп.
-Харчыны ааҕыаххын сөп.
-Табыллар өттун булуоххун сөп.
Ахсынньы—өйгө тиэрэнэҕин.
-Барытын быһааран өйдүүгүн.
-Өй өттүн сөбүлүүгүн.
-Өйгөр киллэрбиккэр күүстээххин.
-Ханнык баҕарар улэни ылсыаххын сөп. Өйү хамсатар өттүн тутуоҥ.
-Үлэттэн хал буолуоххун сөп. Өйөттө кыра дии санаатаххына
Оҕолорго тэтими этии:
-Тохсунньу (таайыыга-сэрэйиигэ тирэнии):
Ким эрэ (таҥара) этэрин батыһа сылдьаҕын,
Төрүттээн оҥороҕун.
Толкуйга олоҕураҕын.
-Олунньу—тыл сыһыаннаах үөрэхтэргэ үчүгэй буолуоҥ.
Кырдьыгы наһаа билэҕин, ону маныабырдаан этэр буол.
Төрдүн-төбөтун хаһаҕын.
Тыл үөрэхтээҕэ, учуутал, суруналыыс, артыыс, суруйааччы эҥин буолуоххун сөп.
-Кулун тутар—тутууһут, механизатор, бизнесмент буолуоҥ.
Хаһаайытабаҕа үчүгэйгин,
Харчыны сатаан ааҕаҕын.
Сатабыллаах үлэһит, бисиниэс киһитэ, үлэни саклааччы буолоххун сөп.
-Муус устар--ханнык эрэ ускуустубаҕа чугаскын.
Тугу барытын тупсаран көрөҕүн.
Ускуустубаҕа, кэрэ өттүгэр ордуккун.
Дьиэ-кэргэҥҥэр чугаскын.
-Ыам ыйа--үнээйи үүннэриэххин, сүөһү иитиэххин сөп. Айылҕаҕа чугас идэлэргэ чугаскын.
Айылҕаҕа чугаскын.
Агроном, ветеринар, иитээччи, айылҕа кыыларын үөрэтээччи буолуоххун сөп.
Айылҕаҕа сылдьаргы сөбүлүүгүн.
-Бэс ыйа—ылсыбыт дьыалаҥ үчүгэйдик баран иһиэ.
Ханнык баҕарар дьыаланы ылсаҕын.
Эйиэхэ таҥара көмөлөр.
Итэҕэлгэ чугаскын.
-От ыйа—бүгүрү үлэһиккин. Баайы-дуолу тардар өттүгэр чугаскын.
Бүгүрү үлэһиккин.
Ордук атыыга -эригиэҥҥэ, эмтииргэ-томтуурга эбэтэр тутуу өттүгэр күүстээххин.
Ылсыбыт дьалаҕын хамсатаҕын.
-Атырдьах ыйа—суут үлэһит, юрист, дьокутаат эҥин буолуоххан сөп.
Кырдьыгы сөбүлүүгүн,
Балыысыйа, сокуонньут, чиниэбинньук, уосастыбанньык, суруналыыс буолуоххун сөп.
Киһи магытын, сигилитин билэҕин.
-Балаҕан ыйа—дириҥ идэлээх буолаҕын.
Ону-маны курдары билэр дьоҕурдааххын.
Ханнык эрэ дириҥ идэлээххин.
Ону булуоххар диэри батыһаҕын.
-Алтынньы—милиисийэ, байыаннай, суут үлэһитэ буолуоххан сөп.
Судаарсытыбаннай тутулга чугаскын.
Бэлиисийэ, сокуонньут, суут үлэһитэ, бэйыанай буолаҕын.
-Сэтинньи—булчут, биисинэсмиэн, сатабыллаах үлэһит буолуоххун сөп.
Үбү тардаҕын.
Бэйэҕэр буолбатаҕына, атын дьоҥҥо тардан биэрэҕин. Ону бэйэҕэр туһаай.
-Ахсынньы—учуутал, учуонай, устуорук эҥин буолуоххун сөп.
Атыыһат-эргиэнньат, үп үлэһитэ, буххаалтыр, салайааччы буолуоххун сөп.
Улахан өйү ирдиир үлэҕэ эмиэ киириэххин сөп.
|
Category: Айыы үөрэҕэ |
Views: 921 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 82 Ыалдьыттар (гостей): 82 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|