Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2020 » Олунньу » 6 » Сахабыт ынаҕа саахтыын ордук эбит
Сахабыт ынаҕа саахтыын ордук эбит
17:43

Нам улууһун Таастааҕар 190 төбө саха ынаҕын туталлар. Сэбиэскэй кэм саҕана өбүгэбит сүөһүтүн имири эһии бэлиитикэтин кэннэ, Эбээн-Бытантай улууһугар арыылаан хаалбыт аҕыйах ынаҕы сөргүтүү үлэтэ бара турарын илэ харахпынан көрөн кэллим. Ол курдук, Үөһээ Бүлүү, Амма, Горнай улуустарыгар тарҕатыы барбыт. Онтон Нам Таастааҕар 2007 сыллаахха аҕалбыттар.

Нэһилиэк олохтоохторо уопсай мунньахха “саха ынаҕын аҕалары өйүүбүт” диэн быһаарыы ылыммыттар. Онтуларын толоруппакка кэтэх хаһаайыстыбаҕа оҕус ньирэй төрөөтө да бороохтуйа илигинэ бэтэринээри ыҥыран аттатан иһэллэр эбит. Инньэ гынан дэриэбинэ үрдүнэн саха эрэ оҕуһа оҕо оҥорор ытык чиэскэ тиксэн чааһынай да ыал сэммэнтээллэрэ сахатыйа быһыытыйбыттар.

Хотон иһэ уу чуумпу, таһыттан сүөһү баар сибикитэ биллибэт. Бу 190 төбөттөн биһи баарбыт тухары биир да ынах, биир да ньирэй саҥа таһааран маҥыраан иһитиннэрбэтэ. “Котокулар бэйэбитигэр дылы аҕыйах саҥалаах буоллахтара” диэн бастакы ыгыта ылларыыбыт бу буолла. Хотоммут муостата ып-ыраас. Өйдөөн көрбүппүт саахтара сылгы сааҕын курдук хойуу, онтон эрэ кыратык улахан, ол эрэн лэппэҕэр соҕус эбит. Инньэ гынан, били биһи холоҥсото суохпутугар дылы, сүөһүбүт кытары улахан сыта суох эбит. Мин уруккута аҕыйаҕа суох сүөһүлээх дьон оҕото буоларым быһыытынан, хата ынах сааҕын сыттаан кэлиэм диэн үөрэн-көтөн барбыт киһи, ити чааһыгар хайдах эрэ астыммакка кэллим. Ол эрэн, күрдьэргэ, ыраастыырга судургутун ама хайаан бэлиэтии көрүөм суоҕай.

anjelica2

Баҕар ынах ыатыахтара диэн эрэх-турах сананан барбытым, сарсыардааҥҥы ыам кэннэ тиийэн ол үөрүүбүттэн эмиэ маттым. Билиҥҥитэ 17 ыанар ынах баар эбит. Икки ыанньыксыт күҥҥэ иккитэ илиинэн ыыр эбиттэр, онон бириэмэтигэр тиийбит буоллар хайаан да көмөлөһүннэриэ эбиттэр. Саха ынаҕа үүтэ хойуутун бары да истэн билэр буолуохтааххыт. Үчүгэй үүттээх ынах күҥҥэ сэттэ лиитирэни биэриэн сөп, мөлтөх үүттээх – балтарааны. Сүөгэйдээбэккэ эрэ хойуутун холбуйан ылан ытыйдахха күөрчэх буолан тахсар диэни сөҕө иһиттибит.

Барахсаттар, астарыгар бор, сэтиэнэх да оту сирбэт эбиттэр. Биир сүөһү сылга биир эрэ туонна оту сиир дииллэр. Оһоҕоһо атын боруода сүөһүттэн 12 миэтэрэ уһун буолан, аһа куртаҕар өр айаннаан тиийэн аска түргэнник тотор эбит. Ыам ыйыттан саҕалаан алтынньыга диэри ыаммат сүөһү кыыл баран аһыыр аһын бэйэтэ булунан сылдьар эбит. Хаамардаах ынахтар үһү, эспэримиэн быһыытынан Алтайга ыыта сылдьыбыт ынахтарын Казахстантан булбут диэн күлэллэр.

“Майгылара көнө, ол эрэн бэйэбитигэр дылы, истэрэ истээх, хаһан эмэ үөс толорон баран баардарын биллэрэллэр,” – дэһэллэр үлэһиттэр. Оттон мин көрдөхпүнэ, бэл диэтэр көлүллэн турар Бартыһаан оҕус сыта сымнаҕас курдук. Оҕо сылдьан оҕуһу көрдүм эрэ куотарга тииһэрбин өйдүүр буолан, көрсүө оҕуска түбэһэн соһуйбучча-өмүрбүччэ аттыгар туран хаартыскаҕа түстүм.

anjelica2

Бээ доҕор, Бартыһааммыт мээнэ оҕус буолбатах эбит – иллэҥ кэмигэр артыыстаан ылар сүрдээх сүөһү буолан биэрдэ. “Тыгын Дархан” киинэҕэ да уһуллубут, Улуу Туймаада ыһыаҕа кинитэ суох ыытыллыбат буолбута номнуо ырааппыт. Олоҥхо ыһыаҕа Уус-Алдан улууһугар буолбутугар, бэл онно ыҥырыллан бара сылдьыбыт. Ааспыт сайын Намҥа буолбут Олоҥхо ыһыаҕын этэ да барыллыбат. Аныгыскы Олоҥхо ыһыаҕа Өлүөхүмэҕэ буолар үһү, үлэһиттэр билгэлииллэринэн, дьэ, онно да ыҥырык кэлэрэ чуолкай.

Дьэ, бу курдук өбүгэбит сүөһүтүн кытары билсэн сирэйдиин-харахтыын сырдаан дьоллоох Дьокуускай куораппытыгар эргиллэн кэллибит. Дьиктитэ диэн, лаглайбыт кылгас атахтаах, уһун систээх, ойуур кыылын курдук хойуу түүлээх бүрэ да буоллар бэйэлээх бэйэбит сүөһүбүтүгэр хаан тардан киһи туртаччы ылларар эбит. Саамай ыт саҕа уҥуохтаах ньирэйдэрэ бааллар, киһи таптыах. Бөөлүүн түүн, дьэ, биэнсиэйбэр эрэ бардарбын дойдубар Кириэстээхпэр тиийэн, саха ынаҕын ылан Бэйбэрикээн эмээхсин курдук бур-бур буруо таһааран, бырылаан олоруом буоллаҕа диэн саана санаан сүгүн да утуйбатым. Оччотооҕута хайдах буолар...

Анжелика Мотосова

Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка | Views: 1039 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Олунньу 2020  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
242526272829
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 81
Ыалдьыттар (гостей): 81
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024