Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2020 » Кулун тутар » 3 » Тэрис. Итэҕэл тиллиитэ.
Тэрис. Итэҕэл тиллиитэ.
17:17
Тэрис.
Итэҕэл тиллиитэ.

2014 сылга мин “Ойуун түүлун” салгаан “Ойуун тиллиитэ” диэн саҥа бэйээмэни оҥордум. Манна “Ойуун түүлүгэр” турбут сорук уларыйбата. Өссө кини этиитэ чахчы туолаарыы кэлэн иһэр. Ол гынан баран уларыйыы баар. Саха норуота үөрэҕи ылла. Онон кэлии дьоҥҥо оччо баһыйтарбат буолла.

Аны кэлэн иһэр ыарахаммыт икки буолла:

-Саха сирин килиимэтэ ыараханын уонна ыраах сытарын иһин сиртэн хостонор баайын кыайан ырыта иликтэр. Билигин соҕуруу өрүккэ сиртэн хостонор баайы үксүн бүтэрдилэр. Саха сиригэр дьиҥнээх киирэр кэмнэрэ кэллэ.
-Аны ити кэмҥэ сылыйыы кэлэн иһэрэ билиннэ. Ол гынан баран манна сүүһүнэн сыл наада буолуо.

Саха норуота аны элбэх норуоту кытта олорор кэммэ кэллэ. Онно аны диаспора курдук олоруо. Онон Өксөкүлээх Өлөксөй этиитэ уларыйбат буолан баран сорох чопчулааһыннар наада буоллулар. Чуолаан ити чопчулааһыннар, ойуун биллиитин ис хоһооно буолаллар.

Бу саха итэҕэлэ тиллиитин кытта сиэбээстээх буолла. Ол иһин “Ойуун тиллиитэ” диэн ааттанна.


Ойуун тиллиитэ

1.
Аан дойду Арбаҕастаах ойууна буолан
Үрдүк халлаан Үөбэр өрөһөтүгэр тахсан Үрүҥ былыкка олорон
Күннээҕи быстахтартан Куотан,
Буолар быстахтартан Босхолонон,
Көлдьүн күлүктэри Көтүтэн
Саха сирин барытын Сандаарыччы көрөр,
Ийэ сири Илэччи көрөр,
Кэмим тиийэн Кэллэ, Болдьоҕум-ботом Туолла,
Бу 2014 сылга Маннык диэн Ботугураатаҕым буоллун.

2.
Аан дойду киэбэ Алыс да уларыйбыт эбит,
Орто дойду олоҕо Олус да таһымнаабыт эбит.
Өксөкүлээх Өлөксөй “Ойуунун түүлүн” кэнниттэн
Үс үтүргэни туораан, Сэттэ силлиэни ааһан,
Өлө сыыһа-сыыһа тиллэн, Саарбах сыалы батыһан
Сарбылла сыыһа-сыыһа Самсанан
Син баччаҕа кэллибит, Омук буолан олоробут,
Киһи буолан Килэйбиппит
Хаала илик, Саха буолан Сандаарбыппыт
Саркаахтана илик.

3.
Дьээ, Аан дойду олоҕун Анаардаҕым буоллун,
Орто дойду олоҕун Ойуулаатаҕым буоллун,
Туох күүтэн турарын Төлкөлөөтөҕүм буоллун.
Инникибитин Ирдээтэҕим буоллун,
Кэннэкибитин Кэпсээтэҕим буоллун.
Дьээ, Чуугуруур туус тумус, Чаачыгырыыр таас таҥалай,
Бүрүө харах, Бүтэй мүлгүн, Төгүрүк түрбүү кынат,
Атара кутурук, Алтан сабарай, Ала мондоҕой, Тайбыыр дьаҕыл,
Сүҥкэн эрэли Хомпоруун хотой буолан
Кэдирги тайанан олоробун. Дом-дом-дом! Дом ини дом!

4.
Орто дойду Ортотунан курдаммыт,
Оройунан көрбүт, Уһугунан дугуммут Улуу дуоланнара
Үҥэр танараҕа Өстөннүлэр, Айыҥат аймаҕыттан араҕыстылар.
Аньыы бөҕөнү Аргыстаннылар.
Кэннилэрэ Кэбэл буолла дуу?
Иннилэрэ Иэстэбиллээх буолла дуу?
Түөртүү сыл буола-буола Төлкөлөөх олохпут Төрдүн көрдүү сатыыллара
Бэйэни албыннаныыга Маарынныыр,
Үрдэ суох өй Өргөйбүтэ көстүбэт,
Сатабыла суох сатабыл Сатарыйыы диэки Салайарга дылы.

5.
Ол оннугар Оһумар оһоллор
Улаатыахтаахтарын туһунан Онолуйаллара элбээтэ,
Иэмэр иэдээннэр Иэнигийэн кэлиэхтээхтэрин туһунан Этээччилэр дэлэйдилэр,
Кэм-кэрдии Кирбиитэ кэллэ диэччитлэр Кэккэлэрэ кэҥээтэ,
Бото болдьох буолара, Бүтэр бүүрүгэ,
Быстар кытыыта Тирээн Тиийэн кэллэ быһылаах.
Ычыкыйа! Ама оннук үһү дуо? Аһара кэпсээһин буолбатах дуо?

6.
Киһи ыарахаттары кыайар Киһи буолбута,
Өркөн өй күүһэ Өһүллэ илик.
Куһаҕаны Кууһа сырыттахха, Куһаҕан кэлэр дииллэр.
Түүйэри өйдөөн сырыттахха Түүйбүт курдук буолар дииллэр.
Арах! Быстаҕы Ботугураатаҕым буоллун.

7.
Алаҕар күн Арыллан турара Туохтан да Дьол,
Аан дойду Айдааннаах олоҕо Тардылыктаах,
Сибэкки от Ситэн тахсара Дьикти,
Баарбыт тухары Барсымахтаан хаалыахпыт,
Тыыннаахпыт тухары Туруулаһан хаалыахпыт,
Биир санаа, Биир тыл,
Былыргы кэмтэн ыла Биһиги өбүгэлэрбит
Бигэтик этэн Биэрэн кэбиспит Биһирэмнээх тыллара ити.
Онон Уһуу олоххо Олустаабахха,
Ортону тутуһан, Олорорбут курдук Олоруоҕуҥ,
Бүгүҥҥүбүт курдук Баран иһиэҕиҥ,
Ол гынан баран Оччугуйдук тохтуу түһэн
Иннибитин Ыйдыҥардар буолуоҕуҥ,
Кэннибитин Кэмниир буолуоҕүҥ,
Бүгүҥҥүгэ Бүгэн хаалымыаҕыҥ,
Олох дьэбэрэтигэр Ылларымыаҕыҥ,
Күннэх дьон Күммүтүн көрүөҕүҥ,

8.
Амыарыка өттүттэн Аан дойду олоҕун
Аймааһынын Аҕыйатыахпыт диэн Айдаардылар.
Киһи бырааба диэн Кимнилэр,
Аныгы сайдыы диэн Нуорманы олохтоотулар.
Аасыйа диэкиттэн Аарыма байҕал курдук Ахса суох дьоннор
Олохпут утумун Уларыттарыахпыт суоҕа диэн турууластылар.
Арааптар кумахтырыттан Исламы билинэр омуктар
Урукку итэҕэлбитин Уураппаппыт диэн Уларыйыыны утарса сатаатылар.
Аапырака диэн Алыс киэҥ дойдуга Былыргы-аныгы охсуһар да
Бүтүөх түгэнэ көстүбэт.
Ити курдук Иһэ-таһа биллибэт Иирээн бөҕө элбээбит,
Бөрүкүтэ биллибэт Мөккүөр бөҕө мөҥүрээбит
Киһи Кэмэ суох элбээбит. Омук бөҕө Олус үүммүт.
Орто дойду Устатынан тарҕаммыт,
Чөл сир орпотох, Аан айылҕа аҕыйаабыт,
Сирбитин-уоппутун Сэлбийэрбит чугаһаабыт,
Кыылы-сүөлү Кырган Кыл тыынын хааллардыбыт.

9.
Күлүмнэс Куораттар дьэндэстилэр, Массыыналар Барааттаатылар,
Күн көрүдьүөһэ элбээн, Күөстүү үлүннэ,
Хаалтыстаахтар Ханардаатылар,
Көстүүмнээхтэр Көскөҥнөстүлэр,
Күн сиригэр сылдьалларын умнан, Көтө сылдьар курдуктар,
Айыы сиригэр сылдьалларын умнан Атын сиргэ сылдьар курдуктар.
Аныгы Ааттаах үйэҕэ Алыс дайбаатылар,
Күн аннын Көлбөхтөөтүлэр,
Үлүмнэстэр Үрдэ суох элбээтилэр,
Сэлээччэхтэр Сиэрэ суох элбээтилэр.
Үйэбит Үс сүүс сыл Үүнүө диэтилэр.
Масыына чааһын курдук Бэйэбитин уларытыахпыт диэтилэр.
Киһи өйүн кытта Массыынанан солбуйа сатаатылар.
Сибилисээссийэ дии-дии Сири илдьи тэбистилэр,
Сайдыы дии-дии Ситими быстылар.
Харчы дии-дии Хаамыылара кэҥээн иһэр,
Үрдэ-анна Өйдөнөрө ааста,
Улуу дойдулар Уһуктара чугаһаата,
Үрүҥ күн анныгар Өрөгөй былдьаһыы үрдээтэ,
Харса суохтар, Хадаар санаалаахтар Хамныыр кэмнэрэ кэллэ,
Былыргы кэм Муударай дьоно
Саҥа тимир үйэтэ Салаллан кэлиэ диэбиттэрэ Дьэ, кэллэ курдук.

10.
Сытан биэрдэххэ Аһымматтар,
Туран биэрдэххэ Тохтооботтор,
Ол онннугар Утары баран Кинилэр курдук Кимэн,
Күүстээхтэрдиин күрсэн,
Өй былдьаһааччылардыын Өй былдьаһан,
Сатыылларын сатаан, Сатараан тахсыахтаахпыт.
Эчикийэ!

11.
Онтон биһиги дойдубутугар Урукку-уонна саҥа охсуһуута Улаатта,
Быстар уһуга Былтайан кэлэн эрэр,
Тостор уһуга Тиийэн кэлэн эрэр.
Саха сиригэр Саһан сытар баайыгар
Халыҥ норуот Хамсыыра буолла,
Элбэх киһи Элиэтээн кэлэрэ буолла,
Бүтэһик баайга Мөрүөрээри,
Тиһэх баайга Тиксээри гыналлар.

12.
Өксөкүлээх Өлөксөй Өй угуоҕуттан ыла
Көһөн кэлии бастакы Күргүмэ буолла,
Сүүс сыл Сүүрүк курдук Сүгүллэн ааста,
Быһар быһаҕаспыт Быралгы дьон буоллулар,
Аҥаарыйар аҥаарбыт Атын омук буоллулар.
Ол кэмҥэ Уларыйан биэрдибит,
Үөрэҕи быһалаан Үрдээтибит, Билиини баһылаан Күүстэннибит.
Суругу баһылаан Сурахтанныбыт.
Киһи буолан Килэйдибит, Саха буолан Сандаардыбыт.
Дьону кытта тэҥҥэ Тутуһар, Омугу кытта тэҥҥэ Олорор Буоллубут,
Айылҕабыт баайын Апчарыйан ылаары,
Сирбит баайын Сүргэйэн ылаары
Иккис төгүл Иэнигэйэн
Кэлэр курдук Кэлэллэрэ кэллэ, Ол чугаһаан турар.

13.
Онон Олохпут уларыйара Улам чугаһаан эрэр.
Илин Сибиир Иһигэр Ойуур иһигэр Ойдон олорбуппут
Уурайар кэмэ Оҥоһуллан эрэр.
Сирбитин кыайан Тилэри олорбоппут,
Дойдубутун кыайан Туппаппыт,
Кыраныысса диэн суох, Хааччах диэн көрүллүбэтэх
Алампа бэйээт Ытык Хайалар кэпсэтиилэрэ диэн Ырыаны суруйбутун курдук
Аҕа буолбут Ат Дабаан Албаҕаҕа киирбитэ ыраатта,
Киирээччи Киирэ турар, Устугас Уста турар,
Үп өлөрөөччү Элбээн иһэр.

14.
Ол кэмҥэ Арай биири ситистибит, Үөмэн тиийбэт
Үрдүк сололоох Үгүс үтүөнү үөдүппүт
Үс дойду өйүн үксэппит Үтүө үөрэхтэрин
Сэттэ уон сэттэ Дьиибэ дьибилгэттэрин
Дьэс эмэгэт гынан Ийэ куппутугар иитиэхтээтибит,
Аҕыс уон аҕыс Ааһар албастырын
Ап гынан Салгын куппугар сыһыардыбыт,
Тоҕус уон тоҕус Кудай кубулҕаттарын
Куудьайан ылан Буор куппутугар холбоотубут.
Тиис тиискэ боллубут Таас тааска буоллубут.

15.
Аны саҥа күргүөм Адаҕыйар буолла,
Кыра омук диэн Кыһарыйыллыахпыт дуо?
Быстыбыт омук диэн Барбахтыйыахпыт дуо?
Тобох омук диэн Туоратыахтара дуо?
Саарбах санаа Саантыыр буолла,
Уруккуттан хаалбыт санаа Уйаланар буолла,
Ааспыттааҕар Аймааһыннаах, Урккутааҕар
Уон ордук Охсуулаах
Күн хаан кэм Күһэйэн эрэр,
Бэйэни билинэр кэм Бииһээн кэлэн эрэр.
Хаһан даҕаны Хам бааччы Олорботохпут,
Быр баччы Сыппатахпыт,
Кэлэр Кэллэҕэ дии, Буолар Буоллаҕа дии,

16.
Дьэ, бу кэмҥэ Үөрэхпитин туһанан Үрдээн биэриэҕиҥ,
Албаспытын элбэтэн Арыллан биэриэҕиҥ,
Кэлэн иһэр Кэбэллэри киилэримиэҕиҥ,
Ыган иһэр Ыксаллары ааһыаҕыҥ,
Үөрэҕи Өссө баһылыыр Үтүргэммит буолла.
Ону баара Уруккуттан олохсуйбут Уратыбыт холбосто.
Үөрэхтэммит дьон Өбүгэ үгэһин умнан
Тыал буолан Туораан иһэллэр,
Сахаттан ордук дьон буола сатаан Салыйа тураллар,
Урааҥхайтан атын буола сатаан Уларыйа тураллар.
Үүнэр күүспүт Үрэллэр, Сайдар күүспүт Сатарыйар,
Ол гынан баран Ойдон хаалааччыбыт Олус улаата илик,
Салыйан хаалааччыбыт Сабырыйа илик,
Бэйэбитигэр иҥэриммиппит Баарын баар,
Омук быһыытынан Улаатан иһэбит,
Аймах дьон быһыытанан Сайдан иһэбит,

17.
Мүччүргэн бииринэн бүппэт, Ыарахан бииринэн арахпат дииллэр,
Ол курдук Олох оҥоһуллубут,
Сылыйыы Саҕаланан эрэр Сабаҕата билиннэ,
Саха сиригэр 2005 сылга Салаҥ элбэх хаар түспүтэ.
Сити кэмтэн Сылыйыы биллибитэ,
Томороон тымныыбыт Тостон барбыта.
Тумааннаах кыһыммыт Тохтоон барбыта.
Аан-даан тымныыбыбыт Ааһан барбыта.
Сылыйыы Салгыы кэллэҕинэ Олорбуппут сыччах
Орто дойду барыта Уларыйарыгар тиийэр.
Ол гынан баран Уонунан сыл ааһыа,
Сүүһүнэн сылдьалларын Сүүрүгүрүө диэн этэллэр,
Ол курдук Орто дойду олоҕо Олуурдаах буолар эбит,
Биир ыараханы аастахпытына, Биир ыарахан кэлэр,
Уоскуйар диэн суох, Нам гынар диэн көрүллүбэтэх.

18.
Аныгы сыалбыт Аччыгыйдык уурайда,
Үөрэҕи баһылыыр Уонна өбүгэ Үөрэҕин илдьэ сылдьар
Саха эрэ Саха буолар буолла,
Киһи эрэ Киһибин диир буолла.
Аныгы үлэҕэ Элбэх киһи хамсааһыныгар
Салалтаҕа кыттыһан Суолбутун оҥостор буоллубут,
Үлэҕэ кыттыһан Үп ылар буоллубут.
Этэр курдук Эттэххэ, Саҥарар курдук Саҥардахха,
Кинилэр Кылгас кэмҥэ Күргүөмнээн Ааһыахтара,
Быстах кэмнэ барыны Бас билэ сатыахтара.
Ыһары Ыһан кэбиһиэхтэрэ, Тохтору Тоҕон кэбиһиэхтэрэ.
Ону таһааттарбат туһугар киирсээхтээхпит.

19.
Дьиҥнээх үлэҕэ Дьолуобутун көрдөрүөхтээхпит,
Буолар уларыйыыны Баһыттан тутуохтаахпыт,
Аан айылҕабытын Харыстыыр гына Хаамтарыахтаахпыт,
Дойдубут тосхолун Тоһуттарбат гына Үлэни тэрийиэхтээхпит,
Сирдээх дьон быһыытынан Сирбитин сиэкинэппэт,
Алаастаах дьон быһыытынан Алааспытын алдьаттарбат
Ытык соруктаах Сылдьыаҕыҥ, Соҕотох соруктаах Буолуоҕүҥ.

20.
Омоҕой эһэбит саҕаттан Сойуолаппыт иһин
Охтон биэрбэт оҥоһуулаах Омукчаан оҕото этибит.
Эллэй эһэбит саҕаттан Эккирэтиллибиппит иннигэр
Эмсэҕэлээн биэрбэт Эрэйдээхтэр этибит
Онон өссө төгүл Дьүһүммүтун уларытан, Сайдыыны
Саҕаттан тута сылдьар Саха буолуоҕуҥ,
Уларыйыыны Уорҕатыттан тута сылдьар
Урааҥхай буолуоҕүҥ.
Уларыыйыылартан Куотан биэримиэҕиҥ,
Саҥа дьыалалартан Дьаадьыйымыаҕыҥ, Бас-көс буолан
Баран иһэр уларыйыыны Санаабыт хоту Салайыаҕыҥ,
Үтүө өттүнэн Көрдөрүөҕүҥ, Эҕэрдэ өттүнэн Эргитиэҕиҥ,
Ийэ тылбытын Илдьэ сылдьарбыт тухары Ийэ куппут Ис күүһүн туһанан
Инники суолбутун Арынан иһиэхпит. Итэҕэлбитин Испитигэр
Илдьэ сылдьарбыт тухары Истэн тахсар Иирээннэр,
Тастан киирэр Таарымталар Таарыйыахтара суоҕа.

21.
Аныгы суол Айыылар этэллэрин хоту Арыллыаҕа,
Иэйэхсит этэрин хоту Тэлэлиллиэҕэ,
Хоту сытар дойдубут Холумтана Көнөн биэриэ,
Өй бөҕө Үтүөтүн ылыаҕа, Санаа бөҕө Салбарын ылыаҕа,
Кэхтибэт кэскил Үүнүөҕэ, Төннүбэт төлкөҥ Төрүттэниэ.
Барыта Биһигиттэн тутаахтаах Буолуоҕа.
Төрөөбүт дойдубутун Төлкөтүн оҥорууга Төһүү буолар күүс
Төрдө биһиэхэ баар, Атын дойдулаахтарга
Айбардыылларыгар кыах биэрдэхпитинэ
Үөдэн-таһаа гынан Үлтү тэпсэн баран
Ылыахтарын ылан баран, Сиэхтэрин сиэн баран,
Куотан хоройуохтара, Күрээн күккүрүөхтэрэ,
Дьэ, ол буолуо Быстах санаа кыайыыта, Оччоҕо
Олорбуппут сыччах, Киһи-аймах барыта Кэбэл суолга киириэҕэ,
Күн дьон барыта Көлдьүн суолга киириэҕэ. Онон биһиги
Олохтоох дьон быһыытынан Бэйэ бодобутун тардынан
Бэйэбитин көрдөрөр, Кэммит кэлэн эрэр, Болдьохпут
Туолан эрэр, Суругунан хаампыппытын Тустаан көрдөрөр,
Үөрэҕинэн үрдээппитин Өйдөтөр, Киһи-аймах Кэскилин туһугар
Киирсэр кэммит Кэлэн эрэрин Бигэтик өйдүөҕүҥ
Доҕотоор!

22.
Уруккуттан даҕаны Улахан омуктар
Уруттаан сүүрэ сатаабат этилэр, Кими барытын хаалларан
Кэлэри Кэмин иннинэ Сиэтэн аҕалаары
Күннэрин-дьылларын ыыппатахтара, Арай биһиги
Инники сүүрэ сатаан Эрэйдэммиппит, Эстэн таҕыста.
Сүүрбэ биирис үйэҕэ Сүтэн хаалан туран, Ситэри киһи буолан
Аан дойдуну Аатырдарга, Орто дойдуну Туругурдарга
Ким да дьулуспат, Аймаҕынан Аан дойдуну Аатырдабыт,
Омугунан орто дойдуну Туругурдабыт. Ити утум Инниктин курдук
Инники турар, Оннуттан Уларыйа илик.
Онон Уруттаан сүүрэ сатаамыаҕыҥ,
Хомуйууһумҥа тиийэ сатаабыппыт курдук
Хоһулайымыаҕыҥ, Ортонон көрөр Омук буолуоҕуҥ, Олохпут отуорун
Уларыта сатаамыаҕыҥ, Аймахтартан арахсан Ырааппаттар,
Уруулартан арахсан Дьолломмоттор Бэйэмсэх буолуу
Бэдэргэ тиийэ охсор, Сонумсах буолуу Суола сотору сойор,
Эһэни, эбэни сэнээн Аныгы киһи буолбаккын,
Аҕаҕыттан, ийэҕиттэн атын киһи буолан Айылҕаҕыттан арахсан
Аал уоту оттубакккын, Ону Өйдүүр кэммит Үтүрүйэн кэллэ,
Харахпытын Хаххалыыр хахха Халбарыйда,
Өйбүтүн күлүктүүр Күлүк көстө.

23.
“Ойуун түүлэ” суруллубута 104 сыла ааста,
Саха норуотугар этиллибит Ытык тылы толордубут,
Элбэх Эрэйи туораан, Үгүс Үтүргэни кыайан
21-с үйэҕэ Өҥөйдүбүт, Ойууммут тилиннэ, Олохпутун эмиэ
Ойуун хараҕынан Оҥкуллуур буоллубут,
1959 сыллаахха Ойуунускай “Кыһыл ойууна” Күнү көрбүтэ.
Хомуньуус хараҕынан “ Ойуун түүлүн” суруйбута, 1970-с
Сылларга дылы Сөпкө кэлэн баран Сөтөҕөйгө барда,
Аны 2014 сылга “Ойуун түүлүн” Дьиҥнээх Ойуу хараҕынан көрөн
Кэлэр олохпутун Кэмнээн, Итинник олохпутун Этэн эрэбит,
Ити курдук Эркээйи буолбут “Ойуун түүлэ” ырыабыт
Инники суолбутун Тэлэн истин, Үрүҥ былыт буолан
Үрдүгүтүгэр турдун, Үйэлэр тухары Эргэрбэккэ
Инникибитин Ыйа турдун
Дом!
Дом!
Category: Айыы үөрэҕэ | Views: 1001 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Кулун тутар 2020  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 78
Ыалдьыттар (гостей): 78
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024