Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2020 » Кулун тутар » 3 » Тэрис. Төлкө
Тэрис. Төлкө
17:19

Тэрис.

Төлкө

Самаан сайын барахсан

Саргылаах салгынын кытта

Саар дьахтар саҕа

Сабаҕа былас саргы

Салаллыбытынан барда,

 

Үүнүүлээх тиит саҕа

Үрдүк өрөгөй

Үөскээбитинэн барда,

 

Киэбэ-киэлитэ биллибэт

Кэтит кэскил

Тэлгэммитинэн барда,

 

Үргэн-көтөн иһэр

Үөр хабдьы көрдүк

Үрүҥ толох

Үллүбүтүнэн барда,

 

Алаас сыһыы саҕа

Алгыстаах айгы-буйгу

Арыллыбытынан барда,

 

Түөртээх оҕус саҕа

Түүлээх лөкү төлкө

Төрүттэммитинэн барда,

 

Уолах тиит саҕа

Уһун уйгу быйаҥ

Улааппытынан барда,

 

Чаллах хатыҥ саҕа

Талыы чалбараҥ

Тардыллыбытнан барда.

 

Кулаковскай А.Е.

Ырыа-хоһоон,

Якутск: 1968, с. 242-243.

 

Төрүү илигиттэн түҥнэри төлкөлөппүт

 

Биһиги үөһэ саха киһитэ бэйэтин кыаҕын кистиир майгылааҕын туһунан эппиппит. Бу майгыны тулуур диэн хаачыстыбаҕа сыһыаран ырыппыппыт. Билигин бэйэ кыаҕын кистээһиҥҥэ өссө атын өрүт баарын бэлиэтиэхпит. Бу уратыны Өксөкүлээх Өлөксөй “Төрүү илигиттэн түҥнэри төлкөлөппүт” диэн айымньытыгар чорботон киллэрэн турар. Айымньы эр киһи уонна дьахтар таптаһар түгэннэриттэн саҕаланар. Кинилэр хайдах оҕоҕо наадыйалларын туһунан кэпсэтэллэр. Эр киһи хорсун, күүстээх-уохтаах оҕолонуон баҕарар. Оттон дьахтар киһиттэн эрэ бүрэ, көстө-биллэ сатаабат, утарсар диэни билбэт оҕолонуон баҕарар. Дьахтар баҕарбыта кыайар. Ол иһин бүрэ, көстө-биллэ сатаабат, ээҕи кытта сылдьар киһи үөскээбит. Айымньыга норуот бэйэтин хайдах сананара көстөр. Чинчийээччилэр бигэргэтэллэринэн маннык ырыа норуокка киэҥник тарҕаммыт эбит. Ону Өксөкүлээх Өлөксөй тупсаран айымньы оҥорбут.

Бу айымньыга туох хайа иннинэ киһи киһиэхэ сыһыана чорботуллар. Саха норуота өр кэмҥэ олох-дьаһах өттүнэн баттабылга олорбута биллэр. Былыр дыгыннар уонна боотурдар диэннэр бааллара. Кинилэр саха норуота көҥүллүк олорор бэрээдэгин үөскэппиттэрэ. Бу дьон ыраахтааҕы былааһын кытта күүрсүүгэ суох буолбуттара: сорохторо кыргыллыбыта, сорохторо бэриммитэ. Бу хотторуу кэнниттэн ньуучча олоҕун бэрээдэҕэ киирэн барбыта: илии тутуһан дорооболоһуу, арыгыны иһэргэ иһити охсуһуннарыы, дьабарааскыны сиэһини бобуу, кириэстэнии, таҥалайдаах сону кэтиини тохтотуу, бокуонньугу сиргэ көмүү эҥин. Былыргы үһүйээннэргэ кэпсэнэринэн бу бэрээдэҕи утарыы эмиэ баар буола сылдьыбыт эбит. Холобур, Додор баай илии тутуһан дорооболоһууну күлүү-элэк оҥосто сатаабыта, христианскай сиэри утаран дьахталлары мунньан атыыр-биэ буолан оонньотуута, сылдьыбакка ааспыт дьону туттаран ылан таһыйтарыыта оччотооҕу бырачыас курдук көстүөн сөп. Кинини кэпсэл быһыытынан Бороҕон улууһун баһылыга Уһуктаах Сэмэн: ”Мин ньуучча бэрээдэгин билинэр оҥоруом,”—диэн анаан-минээн үҥсэн хоппута диэн буолар. Онон саха бэйэтин эйгэтин бэрээдэгин сүтэрэн испитэ. Тастан сабыдыалга утарылаһар кыаҕа суох этэ. Бу көстүү биллэн турар ити үөһэ этиллибит өй-санаа үөскүүрүгэр тиэрпит буолуохтаах. Саха олоҕун эйгэтэ уонна ньуучча олоҕо улахан уратылаах этилэр. Тус туспа төрүттээх култууралар көрүстэхтэрэ дии. Чинчийээччилэр бигэргэтэллэринэн олох бары көстүүтүгэр – иһиттэн-хомуостан саҕалаан туттар майгыга тиийэ – саха дьонун култуурата уратылаах этэ. Манна араасанан атыммыт эмиэ киирэрэ. Ыраахтааҕы былааһа үгүс өттүгэр – ордук суут-сокуон уонна итэҕэл өттүнэн – бу култуураны симэлитэр туһаайыылааҕа.

Билигин күүстээххэ бас бэринии үгэһэ хайдах көрүҥнэнэн испитин көрүөҕүҥ.

Саха ыраахтааҕылаах Арассыыйаҕа сыһыана айылҕаҕа сыһыаныгар курдук майгыламмыта. Айылҕаны утарар сатаммат этэ, ол оннугар айылҕаҕа дьүөрэлэһэ сатаныллыахтааҕа, ыраахтааҕы былааһын утарар эмиэ кыаллыбата, онон бу былааска дьүөрэлэһии таактыката ылыллыбыта. Ол аата бу күһэйэр, баттыыр былааска бас бэриниллиэхтээҕэ, ити кэмҥэ табыгастаах түгэннэри булан, онно тирэнэн тыыннаах ордор ньымалары сайыннаран иһиллиэхтээҕэ. Мантан көстөрүнэн, биир хаачыстыба кыайан туһаныллыбат буолбут: өрөлөһөн бэйэ көҥүлүн харыстааһын. “Төрүү илигиттэн түҥнэри төлкөлөппүт” айымньыга чуолаан бу түгэн ойууланар.

Бу икки дьүөрэлэһии бэйэ-бэйэлэригэр төһө сөптөөхтөрүн ырытан көрүөҕүҥ. Айылҕаҕа дьүөрэлэһии бастыыр суолталаах диэн эппиппит. Киһи бу дьүөрэлэһиини көҥүл эрэ буоллаҕына толору ситиһиэн сөп. Оттон саха киһитэ атын эйгэ күөһэйиитигэр олорон бу дьүөрэни тута сатыыр. Онон дьиҥэр ыллахха дьүөрэлэһэр кыаҕа быдан кыччыыр. Ол иһин “төннүбүт” төрүөх туһунан ырыа саха ыарахан олоҕун көрдөрөр суолталаммыт эбит. Айылҕаҕа дьүөрэлэһии уонна ыраахтааҕы былааһыгар дьүөрэлэһии утарыта хайысхалаах эбиттэр.

Саха киһитэ “төннүбүт төрүөх” идиэйэтин сөбүлээбэт этэ, тоҕо диэтэххэ бу идиэйэ олоххо дьоҕуру мөлтөтөрө. Ол гынан баран эппиппит курдук баһылыыр былааһы быһаччы утарылаһар кыаллыбат этэ. Ол иһин бу быстах дьүөрэлэһииттэн сыыйа тахсар дьулуур үөскээбит.

 

Үтүктээйи буолуу

 

Ханнык баҕарар хаачыстыба хас да өрүттээх буолар. Балартан ортотун тутуу ирдэнэр. Ити ортокута диэн сөптөөх, оттон аһара барыыта омсоллоох. Холобур, саха киһитэ дуоһуйа олоруон баҕарара аһара баран күлээҥкэнэн үлүһүйүүгэ тиэрдиэн сөп диэн эппиппит. Ньоҕой буолуу тыйыс өттө улааттаҕына, бэйэ-бэйэни харыстаспат сыһыан олохсуйуон сөп. Омук омук хаачыстыба ортокутун булара уратылаах буолар, ол олорор эйгэлэриттэн тахсар. Холобур, ньуучча киһитигэр геройство диэн улаханнык сыаналанар уонна сэриини кытта сыһыаннанан эрэ өйдөнөр, тоҕо диэтэххэ ньуучча бэйэтин судаарыстыбатын, импиэрийэтин көмүскүүрүгэр бу хаачыстыба суолталааҕа. Саха киһитэ геройство диэни ураты хаачыстыба курдук көрбөт. Кини биирдэ тоҕо түһэн холобур буолар туоҕу эрэ оҥоро сатаабат. Кини олорор олоҕо бэйэтэ геройстволаах, ону кини абыычынай хаачыстыба курдук саныыр. Эбэтэр ытык иэс (долг) диэн тылы ылыаҕыҥ. Бу тыл эмиэ импиэрийэлээх омуктарга сыһыаннаах. Кинилэр судаарыстыбаларын туһугар ытык иэстээхтэр, наада буоллаҕына бу судаарыстыба туһугар олохторун биэрэри кэрэйиэ суохтаахтар. Оттон саха бэйэтин төрүт эйгэтэ – ону саха эйгэтэ диэбиппит – кытаанах хааччаҕа суох эйгэ этэ. Бу эйгэ аҕа уустарыгар, биирдиилээн киһиэхэ да төһө эрэ көҥүлү хааччыйара. Киһи бу көҥүлү туһанан бэйэтин олоҕун бэйэтэ быһаарынар кыахтааҕа. Онон күһэйэр ытык иэс суох этэ, ол оннугар хас биирдии киһиэхэ олох олорор кытаанах анал баара. Аналы толоруу суолталааҕа.

Билигин биһиги хаачыстыба ортоку туругуттан тахсар түгэннэригэр тохтуохпут. Үөһэ ол туһунан “Төрүү илигиттэн түҥнэри төлкөлөппүт” диэн баска ырытан ааспыппыт. Билигин бу тиэмэни тэнитэн үтүктээйи буолуу диэн көстүүгэ болҕомтобутун ууруохпут.

Үтүктээйи буолуу үөскээбит төрүттэрдээх. Бастакытынан, аан дойдуга барытыгар сайдыы диэн хамсааһын бара турар. Бу хамсааһын бэрт тыйыс сокуоннардаах. Сайдыыны ситиспит кыаҕырар, сайдыыттан хаалбыт мөлтүүр. Омуктарга сыһыаран көрдөххө, сайдыыттан хаалбыт омуктар эстэллэрэ билигин да сөптөөх курдук көстөр. Онон сайдыы диэн омуктары да, биирдэм киһини да күһэйэр күүскэ кубулуйан турар. Урут да оннук этэ. Биһиги сайдыы туһунан атын баска өссө сиһилии ырытыахпыт. Бу түгэҥҥэ үтүктээйи буолуу төрдө буоларын быһыытынан сайдыыны таарыйабыт.

Сайдыы үөскээбит кииннэрдээх. Саха сирэ тыйыс усулуобуйалаах буолан сайдыы үөскүүр кииниттэн тэйиччи олорор, ол иһин сайдыы мэлдьи тастан киирэр. Биһиги усулуобуйабытыгар сайдыы Арассыыйаны нөҥүөлээн киирэр. Ити киирэригэр биир өттүнэн сириэстибэ быһыытынан киирэр, иккис өттүнэн олох уобараһын (илгэтин) быһыытынан киирэ сатыыр. Сириэстибэ диэнинэн үөрэхтээһини, саҥа технологияны уонна тиэхэньикэни, аныгы тэрили ааттыыбыт. Оттон олох уобараһа диэн итэҕэли, үгэһи, олорор илгэни барытын ааттыыбыт. Ыраахтааҕылаах Арассыыйа саҕаттан сахаҕа “маннык олор, маннык дьаһан” диэн кытаанах дьаһаллар бэриллибиттэрэ. Ол кэмҥэ хайа эрэ өттүнэн көҥүл бэриллэрэ: сайдыыны ылар кыахтаах буоллахтарына ортуннар, оннук кыаҕа суох буоллахтарына эһинниннэр. Сэбиэскэй кэмҥэ сайдыыны күһэйэн киллэрии сүрүн ньыма буолбута. Манна утарсыы үөскээтэҕинэ сайдыыны кыайан ылыммат реакционнай норуот диэн ааттаан эрэпэриэссийэлиэхтэрин сөбө. Холобур, Лебедев диэн тойон сахалары кыргар наадатын туһунан туруорсан турар. Сайдыыны бу киллэрэллэригэр кинилэр наар саха олоҕун уобараһын уларыта сатыыллара. Онон сайдыыны киллэрии икки өрүттээх этэ. Бииринэн, сайдыыга чугаһатыы кырдьык ыытыллара; иккиһинэн, сайдыынан сирэйдэнэн саха буолары суох оҥоро сатааһын ыытыллара.

Саха киһитэ сайдыыны сириэстибэ быһыытынан ылары утарбат этэ. Кини бу сириэстибэни олохтоох усулуобуйаҕа төһө сөптөөҕүн бэрэбиэркэлээн эрэ баран ыла сатыыра. Ураты итиннэ сытар. Сайдыыны олох уобараһын быһыытынан ылыы балачча уустуктаах этэ. Бастакытынан, саха киһитэ бу тыйыс айылҕаҕа элбэх үйэлэр тухары олорон дьүөрэлэһэр сыһыаны оҥорбут буолан бэйэтин олорор уобараһа быдан ордуктардаах этэ; иккиһинэн, киирэ сатыыр олох уобараһа атын эйгэҕэ үөскээбит буолан Саха сирин усулуобуйатыгар сөп түбэспэтэ элбэх буолара. Онон олох саҥа уобараһын ылыы тыыннаах буолар дьоҕуру мөлтөтүөн сөбө. Ол иһин бэйэ олорор уобараһын харыстыы сатыыр дьулуур баара.

Бу чахчыны өйдүүргэ Алампа “Ытык хайалар кэпсэтиилэрэ” диэн бэйиэмэтин ырытан көрүөҕүҥ. Бу айымньыга этиллэринэн Тойон Хайа таҥараттан ыраастыыр малы – арчыны – ылбыт эбит. Кини бу арчынан кэлии дьону дьалбыйан ыраастаан эрэ баран саха эйгэтигэр киллэриэхтээх. Манна олохсуйбут олох илгэтин уларытар сатаммата, киирии култуураны олохтоох эйгэҕэ сөп түбэһиннэрии наадата этиллибит. Ону баара Тойон Хайа албыҥҥа киирэн арчылаабат буолбут. Кэлии дьон бэйэлэрин сокуоннарын илдьэ киирэр буолан олохтоох олох илгэтин ыһан барбыттар. Биһиги бу бэйиэмэҕэ сыһыаран үтүктээйи буолууну өйдүөхпүтүн сөп.

Саҥа киирэр ньымалары олохтоох усулуобуйаҕа балаансалаабакка туһаныы үтүктээйи буолуу диэн ааттанар. Холобур, саха былыр үөрэ аһы улаханнык сөбүлүүр этэ. Билиҥҥи чинчийиилэр бигэргэтэллэринэн үөрэ туһата диэн битэмиининэн хааччыйарыгар эбит. Бу аһы хаалынньаҥ олох бэлиэтин курдук көрөн уһуннук охсуһан суох гыммыттара. Ити арахыыт уонна да атын ыарыылар өрө турууларыгар тиэрпитэ. Эбэтэр билиҥҥи кэмҥэ сиэкси өрө тутуу ыытыллар. Маннык сыһыан арҕааҥы омуктартан кэлбитэ. Кинилэргэ сиэкис култуурата үөскээбитэ ыраатта. Көҥүл таптал диэни өрө туталларыгар сөптөөхтүк олохторо хааччыллыбыт, сиэр-майгы өттүгэр балаанса баар. Оттон биһиэхэ итинник усулуобуйа суох, ол иһин бу култуура таһын эрэ ылабыт, инньэ гынан бэйэбитигэр олохсуйбут сиэри кэһэбит. Түмүгэр сиэкиһи үтүктүү олоҕу ыһыы, алдьатыы эҥээрдэнэн тахсар. Ити курдук төһө да сайдыылаах диэн ааттаннар ханнык баҕарар ньыма балаансаламмакка киирдэҕинэ олох туругун мөлтөтөр өрүттэнэр.

Саха киһитэ өрөбөлүүсүйэ буолуор диэри бэйэтин сиэрин кытаанахтык тутуһан олорбута. Оттон сэбиэскэй кэмҥэ итэҕэли, үгэстэри утары охсуһуу күүскэ ыытыллан сиэри тутуһуу адьас кыччаабыта. Билигин итинник усулуобуйаҕа кыраныысса арыллан сайдыылаах дойдулар сабыдыаллара улаатта. Ол түмүгэр үтүктээйи буолуу бэргээтэ. Үөрэхтээһиҥҥэ, идэтийиигэ, үлэҕэ-хамнаска, олох уобараһыгар барытыгар биллэр буолла. Саха норуота олоххо саамай наадалаах төрүттэри тутуһа сатыыр үгэстээх диэбиппит. Бу үгэһи кэһии урут түөрт-биэс эрэ бырыһыаҥҥа тиийэрэ. Билигин кэһии 20-30 бырыһыаҥҥа тиийдэ. Ол аата биһиги өйбүт-санаабыт итиччэ бырыһыана сыыһа олорор буолла. Ити түмүгэр дьиҥнээх үлэттэн, олохтон тэйии улаатар, биичтэр элбииллэр, буруйу тэрээһиннээхтик оҥоруу тэнийэр, ыал буолар дьон аҕыйыыллар, ийэлээх эрэ эбэтэр быраҕыллыбыт оҕолор үксүүллэр.

Биһиги төннүбүт төрүөх туһунан ырытарбытыгар сахаттан тэйэ сатааһын көстүүтэ баарын туһунан бэлиэтээбиппит. Үтүктээйи буолуу итинник хабааны улаатыннарар. Төрөөбүт тылтан аккаастаныы, бэйэ норуотун култууратын билбэт буолуу, саха диэн ааттан тэйэ сатааһын хаалынньах олохтон тахса сатааһын курдук суолталааҕа. Бу туһаайыы сэбиэскэй кэмҥэ күүскэ бырапагаандаламмыта. Аныгы кэмҥэ ити үгэс салгыы ыытыллар.

Үтүктээйи буолуу түмүгэр киһи олоҕу оҥостор өйө төһөнөн эрэ кыччыыр, ымсыырыыга олоҕурбут сыыһа идиэйэлэри батыһар. Инньэ гынан олоҕун кэмигэр кыайан оҥостубакка хаалар, эбэтэр тугу эмэ ситиспит да буоллайына, ол ситиһиитэ сахсархай буолар. Онон итинник суолга киирбит киһи дьолу былдьаһар куотуһууга түмүккэ тиийэн син биир хотторуулаах хаалар. Бу түгэҥҥэ үтүктээйи буолуу биирдэм киһи кыаҕын кыччатара көстөр. Онон киһи тус бэйэтин дьыалатын курдук көстүөн сөп. Ол гынан баран үтүктээйи буолуу биирдэм эрэ киһиэхэ буолбакка барыбыт өйүгэр төһө эрэ киирэ сылдьар. Итини ааһан өссө биир биллэр чахчыга болҕомтобутун ууруохтаахпыт. Үтүктүү хаһан баҕарар тас көстүүнү эрэ ылыыга олоҕурар, бу көстүү култуура быһыытынан үөскээбит төрдүн аахайбат. Онон үтүктүү мэлдьи сиэри-майгыны алдьатыы хайысхалаах буолар. Үтүктээйи буолбут киһи бэйэтин омугар да сыһыаннаан, үтүктүбүт омугар да сыһыаннаан итинник быһыыланар. Ол иһин үтүктээйилэртэн дьааханыы аан дойдуга барытыгар биллэр буолла. Биһиэхэ ити турук барыбытыгар төһө эрэ баар.

Биһиги үөһэ барыйааннаах буолуу туһунан кэпсээбиппит. Бу барыйааннаах буолуу аһара барыыта үтүктээйи буолууга тиэрдэр. Ол түмүгэр биһиги норуоппут күүһүн төһөтүн эрэ сүтэрэр, сиэртибэлиир. Маны утары хомуллуу дьайыыта барар. Айыы итэҕэлин тутуһуу, саха буоларга дьулуһуу, ньоҕой буолуу барыта олоҕу оннугар түһэриигэ туһаайыылаах.

 

Саха олоҕу таптыыра

 

  • литэрэтиирэтигэр саха киһитин уобараһа ойууламмыта аҕыйах. Бу ойууламмыт уобарастарга биир бэлиэ баар. Саха киһитэ тыыннаах ордууга дьоҕурдаах киһи быһыытынан ойууланар. Бу дьоҕур майгыга хайдах көстөрүгэр болҕомтобутун ууруоҕуҥ.

Омук майгытын быһаарарга биир сүрүн киритиэрий омук олох дуоһулаҥар хайдах сыһыаннаһара буолар. Олох дуоһулаҥыттан туттунунууну аскетизм, олох дуоһулаҥын батыһыыны гедонизм диэн ааттыыллар. Саха киһитэ бу икки хайысхаттан ханныгын тутуһар эбитий?

Өрөбөлүүсүйэ иннинэ Саха сиригэр элбэх аттакылары аҕалбыттара биллэр. Аттакылары аҕалыахтарын иннинэ сахалар аттакы буолууга хайдах сыһыаннаһалларын үөрэтэ сатаабыттар уонна түмүк оҥорбуттар: сахалар аттакы буолууну ылыммат дьон. Бу түмүк бигэргэтиллибитэ; аттакы сиэктэтигэр ким да киирбэтэҕэ. Бу холобур саха киһитэ олоххо хайдах сыһыаннаһарын көрдөрөр. Кини олоҕу олох курдук айылҕа биэрбитинэн олорорго дьулуһар. Олоҥхо даҕаны, Айыы Итэҕэлэ даҕаны наар итиннэ туһаайаллар. Онон биһиги саха киһитин олох дуоһулаҥын ыла сатыыр киһи курдук көрүөхпүтүн сөп.

Саха ас дэлэй буоллаҕына тото-хана аһыырын сөбүлүүр. Ити туһунан айанньыттар мэлдьи бэлиэтииллэрэ. Бу бэйэтэ туспа култуура быһыытынан иҥмит. Былыр киһи төһө кыахтааҕын аһыырынан быһаараллара. Аһыырга элбэх күрэхтэһиилэр бааллара: кымыһы түргэнник иһэргэ, эти эбэтэр собону элбэхтик сииргэ, ууллубут арыыны иһэргэ. Саха тото-хана аһыыр үгэһэ билигин даҕаны бырааһынньыктарга, үбүлүөйдэргэ көстөр. Бу көстүү биир өттүнэн хоромньулаах курдук. Аны итиннэ арыгыны иһии үгэһин киллэриэххэ. Дэлэйдик аһыыр үгэс арыт сиэрэ суох аһааһыҥҥа, арыгылааһыҥҥа тиэрдэр. Онон бу көстүүгэ омсоллооох өрүттэр бааллар.

Бырааһынньыктарынан, оонньуунан үлүһүйүү эмиэ саха майгытыгар киирэ сылдьар. Былыр ыһыахтар, уруулар дьону түмэ тардар этилэр. Итини таһынан олоҥхо истии, ойуун кыырыытын көрүү эмиэ дьону түмэ тардара. Билигин эҥин араас бырааһынньыктар, көрсүһүүлэр, үбүлүөйдэр дэлэйэн тураллар. Итилэргэ барытыгар дьон көхтөөхтүк кыттар. Сороҕор бырааһынньыгынан, үбүлүөйүнэн үлүһүйүү аһара барар. Ити түмүгэр үлэ-хамнас да хаалар. Бу көстүү, биллэн турар, омсоллоох өрүттэрдээх.

Саха тапталы эмиэ улаханнык сөбүлүүр омук. Саха тапталы өйдөөһүнүгэр икки утарыта өйдөбүл балачча дьүөрэлэһэн сылдьаллар. Бииринэн, тапталы ыал буолуу төрдүн курдук көрүү мэлдьи баар. Бу өйдөбүл олоҥхолорунан уонна итэҕэлинэн бигэргэтиллэр. Иккиһинэн тапталы эт-хаан дуоһулаҥын курдук санааһын эмиэ баар. Таптал бу өттө араас быһыылаахтык көстөрө. Өрөбөлүүсүйэ буолуор диэри хастыы да ойохтоох дьон бааллара. Чинчийээччилэр бигэргэтэллэринэн, сахалар дьахтар уонна эр киһи сыһыанын олус аһаҕастык кэпсэтэр эбиттэр. Көрсүүлэһии, таарымта таптал эмиэ туох эмэ буруй курдук көрүллүбэт этэ. Түүн дьахтарга үөмүү бүтүн култуура курдук көрүллэрэ. Бу барыта тапталга балачча көҥүл сыһыан баарын туоһулуур.

Саха олохтон дуоһуйууну ылар биир өрүтэ оҕону таптааһын буолар. Оҕону таптааһын бэйэ эрэ оҕотугар туһаайыллыбат, оҕоҕо барытыгар тарҕанар этэ. Бу ураты эмиэ итэҕэлинэн бигэргэтиллэр. Айыы итэҕэлин быһыытынан, оҕо төһө эрэ дьоллоох буолар. Оҕо дьоло киһиэхэ бэриллэр, киһи олоҕун дуоһулаҥын улаатыннарар. уопсайынан, ыал буолуу, бэйэ туспа дьиэлээх буолуута уонна оҕолоох буолуу олох дуоһулаҥын төрдүн быһыытынан ааҕыллара. Ол иһин оҕону таптааһын итэҕэл (культ) курдук көрүҥнээҕэ. Бу туһаайыы билигин да сайдан бара турар.

Олохтон дуоһуйуу биир көстүүтэ кэрэни таптааһын буолар. Саха кэрэни таптааһына эмиэ бэйэтэ уратылаах этэ. Холобур, сорох омуктарга олох-дьаһах өттүнэн куотуһуу баар буолан кэрэ диэн көннөрү көстөрдөөҕөр атын буолууга олоҕурар. Бу түбэлтэҕэ кэрэ баайдаах-дуоллаах буолууну бэлиэтиир суолталанар. Саха кэрэни өйдөөһүнэ Эллэй Боотуртан утумнанан кэлбит. Кини ойох ыларыгар чэгиэн уонна үлэһит кыыһы талбыта. Онон саха кэрэни өйдөөһүнэ олоҕу оҥостууну кытта сибээстээх буолбута. Саха кэрэни өйдөөһүнүн чинчийээччилэр бу уратыны саха тутуутугар, таҥаһыгар, киэргэлигэр, ыал буолуутугар, бырааһынньыктарыгар – барытыгар булаллар. Дьиэни тутууга, таҥаска, киэргэлгэ дьэҥкэ уонна олоҕурбут тутуллаах кээмэйдэр, сурааһыннар баһылыыллара бэлиэтэнэр. Бу кээмэйдэр уонна сурааһыннар олоҕу бигэргэтэр, бөҕөргөтөр аналлаахтара ыйыллар. Оттон бу быһыылар-таһаалар тоҕо ордуга-хоһута суох судургу тутуллаахтарын кэмчилиир үгэһинэн быһаарыахха сөп. Норуот олоххо сөптөөх боруобаламмыт эрэ ныьмалары тутуһара, ити идиэйэтиттэн кэрэ диэн үөскүүр. Кэрэ диэн аҥардас малга-салга эрэ көстөр буолбатах. Холобур, олоҥхолор хоһоонноро былыр-былыргыттан айыллан хаалбыт олук хоһооннортон тураллар. Бу олуктар киристээл курдук туруктанан тылга-өскө иҥэн хаалбыттар. Биллэн турар, олуктар эмиэ саха кэрэни хадах өйдүүрүн кытта сибээстэнэн үөскээбиттэрэ дьэҥкэ.

Билигин саха олох дуоһулаҥыгар тардыһыыта туохтан тахсарын болҕойон көрүөҕүҥ.

Былыр олоҕун оҥостор иһин саха киһитэ элбэх сыратын ыытара, онон күннээҕи олоххо үлэ-хамнас баһыйара. Бу сындалҕаннаах үлэттэн сынньанар түгэн дэҥ буолара. Бу кэми төһө кыайарынан дуоһулаҥнаахтык ыытарга дьулуһуу үөскээбит. Дуоһулаҥҥа олох эгэлгэ өрүтэ барыта түмүллэрэ: түмсэн өйү-санааны үллэстии, аһааһын, оонньуу, таптал, ыал быһыытынан бэйэни киэннээхтик сананыы, кэрэни өйдөөһүн. Ити барыта сахаҕа үөрүнньэх, үлүһүйүмтүө майгыны биэрбит. Итэҕэлгэ эмиэ дуоһулаҥҥа дьулуһуу киирэ сылдьар. Холобур, киһи олоҕор үс дьоро кэм ааттанар: төрөөбүт күн, уруу уонна хоолдьуга. Бу үс күн элбэх астаах, түмсэр дьонноох буолуохтаах. Олоҕор маннык олорбут киһи анараа дойдуга элбэх астаах-үөллээх үөрэн-көтөн олорор диэн өйдөөһүн баар. Дуоһулаҥҥа дьулуһуу дьол диэн өйдөбүлү кытта сибээстээх. Саха киһитэ дьол диэни олох саамай үөрүүлээх кэмин курдук өйдүүр, ол иһин бырааһынньыктары дьол бэлиэтин курдук ылыныы баар. Бу дьолу ситиһэр иһин киһи өр үлэлиир-хамсыыр, сыралаһар. Өскөтө кини ити сырата барыта сөпкө барбыт буоллаҕына ханнык эрэ ситиһиини ылар – ити дьол диэн ааттанар. Бу дьолун киһи атын дьону кытта үллэстиэхтээх, оччоҕо дьоло бигэргиир уонна салгыы сайдар. Онон дуоһулаҥы ылыы олоҕу бигэргэтэр өттүнэн барбыт.

Бүгүн саха киһитин иллэҥ кэмэ элбээтэ, бырааһынньыктар үксээтилэр. Саха буоллаҕына дуоһулаҥҥа тардыһар үгэһин илдьэ сылдьар. Инньэ гынан “күн аайы бырааһынньык” настарыанньата улаатан иһэр. Бу манна дуоһулаҥ ис хоһооно эмиэ уларыйар. Урут саха эҥин араас түмсүүлэрэ, бырааһынньыктара олоҕу бигэргэтэр ис хоһоонноохторо. Холобур, олоҥхону истии, уруу сиэрин толоруу, ыһыаҕы ыытыы сиэрдээх-туомнаах этилэр. Маны барытын илэ өйдөөх эрэ киһи толорор кыахтааҕа, быһатын эттэххэ, саха бырааһынньыктара итирик киһиэхэ анала суохтара. Билигин арыгылааһын дэлэйэн бырааһынньык барыта үүнэ-тэһиинэ суох чалбараҥҥа кубулуйда. Дуоһулаҥҥа тардыһыы араас кэрэ оҥоһуктары оҥорууга эмиэ көстөрө, ол туһунан этэн ааспыппыт. Бүгүн бу дьулуур эмиэ үлүһүйүү курдук көстөр буолла. Ыччат ырыаһыт, үҥкүүһүт, уруһуйдьут, киэргэлдьит буоларга баҕарара улам элбээн иһэр. Хайа эрэ өттүнэн дьиҥнээх оҥорор үлэттэн-хамнастан тэйии бэлиэтэ көстөр. Олоххо дьыалабай сыһыан намтыыр.

Биһиги саха норуота кэмчилиир үгэстээҕин, олоххо саамай наадалаах билиилэри эрэ ыла сатыырын, олоххо саамай наадалаах, туһалаах эрэ хайысхалары сайыннарарын туһунан бэлиэтээбиппит. Ити барыта тыйыс усулуобуйаны уйар иһин оҥоһуллара. Айылҕаны кытта дьүөрэлэһии бастыыр суолталаах этэ. Бүгүн көстөр омсоллор, халыйыылар олох илгэтэ уларыйбытыттан тахсаллар. Киһи техническэй өттүнэн кыаҕа улаатан хайа эрэ өттүнэн айылҕаттан тутулуга кыччаата, ол түмүгэр быһыы-майгы балаансалара кэһилиннилэр. Ол иһин урукку үчүгэй өрүттэр арыт омсоллоох өрүккэ кубулуйаллар. Норуот бу уларыйыылары билэр, ол иһин айылҕаны кытта саҥа дьүөрэни олохтуурга дьулуһуу үөскүүр, олоҕу бигэргэтэр ньымалары саҥалыы ис хоһооннуохха, саҥалыы өйдүөххэ наада. Саха дуоһулаҥҥа дьулуһар култуурата омсоллоох өттүнэн барыытыгар тастан сабыдыаллар бастыыр суолталаахтар. Бу сабыдыаллар саха эйгэтин ыһар өттүлэрэ улам күүскэ биллэр. Онон аныгы усулуобуйаҕа саҥа тирэҕи булар иһин саха хамсааһына үөскээтэ.

Биһиги бу ырытыыбытыгар туох хайа иннинэ саха норуота үөрүнньэх, олох дуоһулаҥар тардыһар майгылааҕын көрдөрө сатаатыбыт. Саханы кытаанах хааччахха киллэрэн аскет эбэтэр пуритан оҥоруу кыаллыбат дьыала. Саха дуоһулаҥҥа дьулуһуута олоҕу бигэргэтэр суолталаах этэ. Билигин бу суолтаны өрө тутуу көстөн эрэр. Саха киһитэ ырыынак усулуобуйатыгар айылҕаттан тутулуга улааппытын биллэ, онон бэйэ кыаҕын көдьүүстээхтик туһанарыгар тиийдэ. Маннык үгэс саха норуотугар төрүкү баар, ол иһин ити үгэскэ хайыһыы буолла. Аан дойдуга эмиэ манна маарынныыр хамсааһын буола турар.

Киһи айылҕаҕа, дьоҥҥо сыаһана тубустаҕына кэхэлтэ кэлэрэ

тохтуур, ол түмүгэр киһи айылҕаттан уйгуну ылара улаатар, киниэхэ баай-дуол мустар. Ол гынан баран бу баай-дуол кини бэйэтин эрэ киэнэ буолбатах. Дьол көһө сылдьарын туһунан өйдөбүлгэ олоҕурдахха, элбэх дьон дьоло ханнык эрэ киһиэхэ мустар, ити киһи онон бу дьолу харыстыыр эбээһинэстээх, бу дьолу тутан кини инникитин үөскүөхтээх дьоллору харыстыыр. Өксөкүлээх Өлөксөй “Ортоку олук алгыһа” хоһоонугар чуолаан бу өйдөбүл этиллэр. Ол иһин баай киһи дьоҥҥо көмөлөһүөхтээҕэ ураты эбээһинэс курдук этиллэр.

Сэбиэскэй кэмтэн саҕалаан сыыйа саха аһымала кыччаан испитэ, тоҕо диэтэххэ аһымал буолуу сулууспатын судаарыстыба бэйэтигэр ылыммыта. Бүгүн элбэх тулаайах оҕолор оҕо дьиэтигэр иитиллэллэр.

 

Сайдыы өйдөбүлэ

 

Билиҥҥи кэмҥэ сайдыы туһунан мөккүөр бара турар. Дьиҥэр бу мөккүөр былыргыттан баар этэ, сэбиэскэй кэмҥэ ураты улааппыта. Биһиги бу боппуруоһу сырдаттахпытына сатанар.

Былыргыттан сайдыы диэни араастык өйдөөһүн баар буолбут буолуохтаах. Ону биһиги олоҥхолорго көрөбүт. Олоҥхолорго бухатыырдар улахан уһуйууну ааһаллар. Кинилэр эт-сиин эрэ өттүнэн бөҕө буолбатахтар, айылҕа араас эттиктэригэр, харамайдарыгар кубулуйаллар, төһө да ыраахтан сурахтары истэ сылдьаллар. Айыы да бухатыырдара оннуктар, абааһылар да оннуктар. Онон кинилэргэ билии тэҥ соҕус буолар. Билигин сайдыы диэнинэн билиини ылан иһиини өйдөөһүн баар, бу балыһыанньаттан көрдөххө кинилэр сайдыылара тэҥ буоларыгар тиийэр. Дьэ ол гынан баран тыйыс охсуһууга ким хотон тахсарый? Олоҥхолор айыы бухатыырдара хотор сокуоннаахтар, тоҕо диэтэххэ кинилэр сиэр диэҥҥэ олоҕураллар, онон кыайаллар. Саха норуота онон сиэрдээх билии эрэ сайдыыга тиэрдэр диэн кытаанахтык өйдүүр. Сайдыыны саха хайдах өйдүүрүн быһаарарга өссө биир холобуру аҕалыахха сөп. Саха үгэһинэн ханнык баҕарар идэҕэ биир өттүгэр алгыс, биир өттүгэр кырыыс баар буолар. Ол иһин идэни ылар киһи андаҕайыахтаах эбит. Кини андаҕайарыгар идэбин алгыс эрэ өттүнэн туһаныам диир, өскөтүн бу өттүнэн туһамматахпына кырыыс таҕыстын уонна чугас дьоммун сиэтин диэн этэр. Бу үгэс ис хоһооно маннык. Киһи идэни ылан айылҕаҕа да, дьоҥҥо да сабыдыала улаатар. Бу сабыдыал үчүгэй да буолуон сөп, куһаҕан да буолуон сөп. Дьэ ол иһин идэни үчүгэй эрэ өттүнэн туһанар андаҕар наада буолар. Идэни үчүгэй эрэ өттүнэн туһаннахха сайдыы кэлэрин туһунан манна этиллэр.

Сэбиэскэй кэмҥэ сайдыыны өйдөөһүн уларыйбыта. Билиини уонна сатабылы ылыы сайдыы диэн ааттанар буолбута. Маннык көрүү саха норуота сайдыылаах норуоттартан улаханнык хаалбытыгар олоҕуран үөскээбитэ. Бу көрүү икки хайысхалаах этэ. Бастакы хайысханы бэйэтиктэр хайысхалара диэҕиҥ. Кинилэр сахалар омук быһыытынан өйдөрүн-санааларын илдьэ сайдыыга киирэр кыахтаахтар диэн итэҕэйэллэрэ. Бу туһаайыыны Г.П. Башарин бөлөҕө диэн ааттаабыттара. Иккис хайысханы сайдыымсахтар (прогрессистар) үөскэппиттэрэ. Кинилэр сайдыыны ылар иһин саха норуота “уларыйыахтааҕын” чорботон туруорсаллара. Саха саха буолар хаачыстыбатан сүтэрэн туран эрэ сайдыан сөп диэн түөрүйэлээхтэрэ. Бу икки хайысха мөккүөрдэрэ Өксөкүлээх Өлөксөй “Ойуунун түүлүн” сыаналааһыҥҥа көстүбүтэ. Бастакылар адьырҕа култуураҕа дьүөрэлэһиэххэ диэн ыҥырыытын кубулутан үөрэхтээһиҥҥэ эрэ ыҥырбыта диэн судургутутан көрдөрө сатаабыттара. Иккистэр кэлии култуураны адьырҕа култуураҕа киллэрбит, онон сайдыыны утарбыт диэн түмүгү таһаарбыттара. Бу икки туһаайыы сайдыы диэнинэн билиини эрэ ылыыны өйдүүр буолан Өксөкүлээх Өлөксөй сиэргэ олоҕурбут билиини ылыыны дьиҥнээхтик сайдыы диэн ааттыырын кыайан өйдөөбөтөхтөрө.

Билигин саха тоҕо сайдыы диэнинэн билиини уонна сиэри дьүөрэлээн өйдүүрүн ырытан көрүөҕүҥ. Кут-сүр үөрэҕин быһыытынан киһи төһөнөн аньыыта-харата суох да соччонон айыы суолун кытта ситимэ уһуур, соччонон киниэхэ кыах (билии, сатабыл) киирэр. Онон билиини, сатабылы ылыы таһыма сиэртэн тутулуктаах эбит. Ол гынан баран куһаҕаны оҥорооччулар төһө эрэ кыахтаах буолаллар эбээт. Оччоҕо кинилэр хантан кыах ыллылар? Маны быһаарыахха сөп. Куһаҕаттар кыах мунньуналларыгар икки суол баар. Сорохтор атын дьон ылбыт сүрүн уорарга идэтийэллэр. Кинилэр ити сүрү туһанан кыах мунньуналлар. Сорохтор төһө эрэ кыах мунньунуохтарыгар диэри аньыыны-хараны оҥорбокко сылдьаллар. Кыахтанан баран сиэри кэһэн куһаҕаны оҥорон бараллар. Биирдэм киһиэхэ ыллахха, төһө эрэ сүрү ылан баран, онон дуоһуйан кыаҕы куһаҕаҥҥа туһаныы быстах быһыы диэн ааттанар. Кини инньэ гынан салгыы сайдар суолун быстар уонна бэйэтигэр элбэх сэти үөскэтэр. Онон сиэр билиини, сатабылы ыларга баһыйар суолталаах буолан тахсар.

Аны сиэри ураты суолталааһын төрдүн ырытыаҕыҥ. Саха киһитэ сиэр диэнинэн кэскили кытта бааллыбыт майгыны ааттыыр. Холобур, уоруйах киһи өр барар кыаҕа суоҕа. Син биир кини буруйа арыллан дьон кытаанах дьарыйыытыгар түбэһэрэ. Саха сирин усулуобуйатыгар кыаҕын сүтэрбит киһи өрүттэрэ олус ыарахана. Дьон көмөтө суох кыаллыбат да этэ. Уоруйах оннук балыһыанньаҕа киирэрэ, тоҕо диэтэххэ уоруу киһи тыын баайыгар суудайыы курдук көрүллэрэ. Онон улахан буруй быһыытынан көрүллэрэ. Ити курдук хас биирдии дьайыы кытаанах сыанабылы ааһара. Куһаҕаҥҥа тиэрдэр дьайыылар сэттээхтэр диэн ааттаналлара, ол аата кэскилэ суохтар. Сэккэ түбэһэртэн куотуу, кэскиллээх өттүн тутуһуу эрэ сайдыыга тиэрдэрэ.

Саха норуота сайдыы кээмэйэ диэни эмиэ оҥорбута. Биһиги айыы суола диэн баарын туһунан билэбит. Бу суол тоҕус кээмэйдээх буолар. Бу тоҕус кээмэй кылгатан үс гына бөлөхтүүллэр. Киһи дьиэ-кэргэни тэринэр кыахтаах, айылҕаны кытта төһө эрэ дьүөрэлэспит уонна үлэлээн-хамсаан хаһаайыстыба тэринэр буоллаҕына кыра баайыылаах киһи диэн ааттанар. Кини бу дьоҕурунан олоҕун оҥостор кыахтаах. Оттон манна эбии түмсүүнү өйдүүр, идэни дириҥник баһылыырга дьулуһар буоллаҕына ортоку баайыылаах киһигэ кубулуйар. Кини бэйэтин олоҕун эрэ оҥорбот, элбэх киһи олоҕун оҥосторугар көмөлөһүөн сөп. Киһи өссө сайдан дьиҥи дириҥник өйдүүр, элбэх билиилээх буоллаҕына улахан баайыыланар. Маннык киһи бүттүүн норуот дьылҕатын кытта сибээстээн толкуйдуур буолар. Айыы киһитэ айыы суолун тутуһан баайыытын улаатыннара сатыахтаах, сайдыы диэн итинник өйдөнөр.

Билиини ылыыга тэҥнээн көрдөххө бу айыы суола диэн өйдөбүл тутах курдук көстүөн сөп. Билии улаата, элбии турар, оттон айыы суола тоҕус эрэ кээмэй иһигэр хаайар. Ону маннык быһаарыахха сөп. Ханнык баҕарар кэрдиис кэмҥэ билии кээмэйэ араас буолуон сөп. Холобур, 18-с үйэҕэ диэри техническай билии таһыма адьас кыра этэ, оттон 20-с үйэҕэ бу билии балысханнык улааппыта. Бу билиини аныгы кэмҥэ иниструментальнай билиигэ киллэрэллэр. Иниструментальнай билии улаата, элбии туруон сөп. Оттон олох олоруу уопсай сокуона балачча уларыйбат төрүттэрдээх. Киһи тыһыынчанан сыллар курдук аһыырыгар астаах буолуохтаах, олороругар дьиэлээх буолуохтаах, бэйэтин олоҕун салгыыр ыччаты хаалларар иһин дьиэ-кэргэн тэриниэхтээх эҥин. Чуолаан бу өрүт айыы суолун төрдүнэн ааҕыллар. Киһи ханнык даҕаны сэбилэниилээх буоллун, ону олоҕу туругурдарга туһаныахтаах.

Саха айыы суолун тутуһар санаата киһини айылҕаны кытта сыһыанын дьүөрэлиир уонна киһи киһиэхэ сыһыанын бэрээдэктиир буолан өлбөт-сүппэт сыаннастарга киирэр. Ол иһин бу тыйыс усулуобуйаҕа сөптөөхтүк олорор дьоҕуру биэрбитэ. Бу санаа инникитин ырыынак тыҥааһыннаах усулуобуйатыгар саха норуота миэстэтин буларыгар көмөлөһүө.

Биһиги үөһээҥи ырытыыларбытыгар саха киһитэ олоххо дьоҕурун үрдэттэр иһин саха эйгэтин үөскэтэ сатыырын бэлиэтээбиппит. Саха эйгэтэ үөскүүрүн иһин кини төһө эрэ дэгиттэр сатабыллаах буолуохтаах, күүһүн кэмчилиири сатыахтаах, ойууннуу майгытын туһаныахтаах, түмсүүлээх буолуохтаах, сэһэнин тутуһуохтаах, ньоҕойун үтүө өттүнэн киллэриэхтээх, быһатын эттэххэ саха буола сатыахтаах. Кини бу өттүнэн аныгы билиини ылан олоҕун оҥостуохтаах. Бу суол барыта түмүллэн сиэрдээх суол диэн ааттанар. Сиэрдээх суол кэскили оҥорор, кэскили эрэ кытта сайдыы баар.

 

Төрүү илигиттэн түҥнэри төлкөлөппүт

 

1913 сыллаахха Өксөкүлээх Өлөксөй «Төрүү илигиттэн түҥнэри төлкөлөппүт» диэн ыра суруйбута.

Кулаковскай А.Е.

Ырыа-хоһоон.

Якутск: 1978, с. 153-161.

 

Манна олох бары өрүттэрин көрөн баран саха киһитэ көстө сатыырын утараллар. Иэйэлээх-аҕата биири эрэ баҕараллар:

Тыыннаах эрэ буолар ыччаты,

Уһун эрэ үйэлээх оҕону,

Өлбөт эрэ буолар төрүөҕү.

 

Саха үс сүүс сылы быһа батталга олорбута. Билигин да онтуката хаала илик. Ол иһин итинник санаа сайдыбыта. Саха тыыннаах эрэ хаалар иһин охсуһуохтаах.

 

Киһи сүрэҕэ (манна бу тыл норуокка хайдах өйдөнөрүгэр суолта уурабыт. Итэҕэл өттүнэн өйдөбүлүн ылбаппыт) дьыалаҕа хайдах сыһыаннаҕыттан биллэр. Сорох дьон дьыаланы ылсан баран сотору сойон хаалаллар. Дьыалаларын саҕалаан баран быраҕаллар. Итинниктэр элбэхтэр. Бу киһини дьыалабай хаачыстыбата олох сайдытабах дьон диэххэ сөп. Онтон сорох дьон дьыалаларын ортотугар тиийэн баран хааллараллар. Кинилэр биллэн турар, өннөрө сайдыбатах. Сорох дьон бүтэрэллэрэ чугаһаабытын кэннэ дьыаларын быраҕан кэбиһэллэр. Манныктар эмиэ аҕыҋаҕа суохтар.

 

Киһи 40-60 бырыһыана итинник. Үлэһит омуктарга кытайдар, дьоппуоннар, кэриэйдэр киирэллэр. Онтон арҕааҥы култуураҕа протестаннар уонна католиктар киирэллэр. Саха үлэлиир дьоҕура кинилэрдээҕэр намыһах. Ити барыта өр кэмҥэ батталга олорбуппуттан сибээстээх.

 

Саха айылҕаҕа дьүөрэлэһэр өттүн хайаан да толоро сатыыр. Онтон олохтон-дьаһахтан кэлбит дьыалалары сороҕун олох да толорбот. Аны ити хаачыстыба саха тыыннаах буоларын хааччыйбыта. Онтон сүрэх диэнинэн бары дьыаланы өйдүүр буоллахпытына, сорох өттүн саха соруйан утарар этэ. Ол аата сүрэҕэ суох буолуу култуура быһыытынан сайдыбыта. Ити саха өр кэмҥэ баттанан олорбутун кытта сибээстээх.

Category: Айыы үөрэҕэ | Views: 793 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Кулун тутар 2020  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 79
Ыалдьыттар (гостей): 79
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024