News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[225]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[378]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2020 » Кулун тутар » 3 » Тэрис. Тыын туһунан
Тэрис. Тыын туһунан | 17:24 |
Тэрис. Тыын туһунан
1. Тыын маҥан сап буолан көстөн кэлэр.
Традиционное мировоззрение тюрков. Южной Сибири. Новосибирск: Наука, 1989, с.83.
Тыыны маҥан сап курдук көрүү омуктарга барытыгар кэриэтэ баар. Саха өйдүүрүнэн ити быа айыы дойдутугар тахсан айыы сэргэтигэр бааллан турар. Ол иһин киһи этэҥҥэ сылдьар.
2. Өтүүлээх Өргөн ойуун быаттан туттан халлааҥҥа тахсар уонна сүгэнэн тымныыны ыҥырар сулуһу кэрдэр. Ол түмүгэр халлаан сымныыр.
Ксенофонтов Г.В. Шаманизм. Якутск: 1992, с.238.
Манна тыын туһунан этиллибит. Үөһэ тахсарга туһаныллар быа эбит. Ол гынан баран онтон ис хоһооно уларыйбат. Ойуун үөһэ тахсарыгар син биир кини тыыннаах буоларын харыстыыр быа буолар.
3. Биллэн турар, бу духуобунай өйдөбүл буолар. Киһи тыыннаах буолар усулуобуйатын көрдөрөр. Ол гынан баран ити вериколаж көмөтүнэн көрөр быабыт курдук кэпсэнэр. Ити киһи ордук өйдүүрүгэр аналлаах.
Маны биһиги кырдьыктан балачча тэйбит вериколаж курдук көрөбүт.
4. Аны ити вериколаж салгыы сайдан ити быа тыыннаах буолуутугар сабыдыаллыыр көрүҥнэнэр,
Тыыны тардан көрүү.
-Тарбаҕар эрийэр.
-Чэпчэки—үтүөрүөх киһи.
-Ыарахан—өлүөх киһи.
-Тыыны тардан көрөн баран (ойуун) киһиэхэ үрэн кэбиһэр.
Ойуун. Ойууннар уонна ойуун сиэрин-туомун туһунан кэпсээннэр. Якутск: 1993, с. 48.
Манна тыын быа курдук эрэ өйдөммөт. Аны ити быаны туһанан чопчу дьайыы оҥоһуллар. Туомнар барыта кэриэтэ итинниктэр. Бастакытынан вериколажтаах буолаллар. Аны ити веркиколаһы туттан дьайыы оҥоһуллар. Бу дьайыы кини өйүүрүн быһыытынан дьайар.
5. Хамначчыт ойуун өлбүт киһини тилиннэрэр. Кини этэр:
-Мин кини тыынын тута сылдьыбытым.
Ксенфонтов Г.В. Шаманизм. Якутск: 1992, с.238.
Манна тыыны син биир быа курдук көрөр. Тута сылдьыбыт эбит. Арай тыын уонна быа тус туспа буолаллара этиллибэтэх. Вериколаж арыт итинник өйдөбүлун хоту биир буолан хаалар.
6. Бииринэн, аныгы киһи буоларбыт быһыытынан вериколаһы арааран билиэхтээхпит. Онтон киһиэхэ дьайар буоллахпытына вериколаһы туһанабыт. Киһи уустуга диэн итиннэ сытар.
Вериколаж маҥнай үөскээбитэ, онтон өйдөбүл буолбута. Итини киһи өйдөбүлү сэрэйэн өйдөөһүнэ диэн ааттыыбыт. Ити саҕаттан дьиҥнээх олоххо туһаныллан барбыта.
7. Тыын диэни быа курдук өйдөөһүммүт биһиэхэ элбэх кыаҕы арыйар. Биһиги итини туһанан киһи тыыннаах буолан сылдьарыгар сабыдыаллыахпытын сөп.
-Тыыныы. Үҥэр киһи маннык үчүгэй дойдуга турарыттан уонна манна баар дьон күлэн-үөрэн көрсүбүттэриттэн үөрэн үс төгүл салгыны эҕэрийэр. Кини эҕэрийэн бу сырдык дойду сүрүн ылар, бу дойду эйэҕэс тыынын ылар.
-Бэйэҕэ иҥэринии. Салгыны эҕэрийдэхпитинэ, бу үтүө дойду салгына, эйэҕэс тыына биһиэхэ киирэр. Ону бигэргэтэн ытыстарбытынан түөспүтүн туттабыт. Бу кэмҥэ биһиги өйбүтүгэр оҥорбут үрүҥ былыппыт түргэн баҕайытык төннөн кэлэр. Ити үрүҥ былыппыт бэйэбитигэр иҥэр. Онон үҥэр кэммитигэр көрбүт үтүө дойдубут бэйэбит испитигэр баар буолар.
Тэрис. Айыыларга хайыһыы. Якутск: 2001, с. 3-4.
Онтон саха итэҕэлигэр кытаанах көрүү баарын быһыытынан реинкарнация кыаллыбат көстүү быһыытынан баар. Саха мэлдьи тыыннаах буолууну арыый атыннык өйдүүр.
|
Category: Айыы үөрэҕэ |
Views: 859 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 3 Ыалдьыттар (гостей): 3 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|