News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2020 » Кулун тутар » 13 » Ил Түмэн түһэн биэрдэ
Ил Түмэн түһэн биэрдэ | 09:20 |
Ил Түмэн түһэн биэрдэ
Сегодня 3 часа назад 5
Кулун тутар 12-гэр, сарсыардаттан саҕалаан Ил Түмэҥҥэ РФ Конституциятыгар уларытыыны өйүүргэ анаан мунньах, хамсаныы, тиритии-хорутуу бөҕө буолла. Дьокутааттар, сэрэйбит сэрэх, бары партияларынан куолаан уларытыыны өйөөтүлэр. Бэл, атын регионнарга хомуньуустар утарбыт буоллахтарына, биһиги «кыһыл-эриэн» дьоммут барбах «туттуннулар» эрэ. Суолтатыгар. Аһаҕас, биирдиилээн куоластааһын оҥорботулар, кууһунан «ээх» дэһэн баран, сыаналаах көстүүмнэрин быылын тыгыалаат киэҥ уораҕайдарынан тарҕастылар.
*
Бу күн, пленарнай мунньах иннинэ, сарсыарда 10.00 чаастан, Госдума мунньаҕар Ил Түмэн бэрэстэбиитэлэ буолан бара сылдьыбыт Алексей Еремеев Конституция5а уларытыыны өйөөн мунньах тэрийдэ. Еремеев — Ил Түмэн госстроительство уонна сокуон кэмитиэтин салайааччыта, Нам биир мандаттаах быыбардыыр уокуругуттан талыллан иккис болдьоҕун дьокутааттаан олорор.
Бастатан туран, суруналыыстарга бу мунньах буоларын туһунан ким да эппэтэҕэ, элбэх коллегаларбыт билбэккэ хаалбыттар. Aartyк.Ru суруналыыһын мунньахха киллэримээри харабыллара үһүс этээскэ диэри күөйэ көтө сырытта. Ил Түмэн баарын тухары ким да, хаһан да суруналыыһы холдьохпутун өйдөөбөппүн.
Соторутааҕыта пресс-сэкиритээринэн анаммыт Чокуур Гаврильев «миэстэ суох, көрүдүөргэ да көстөр» диэн аны саалаттан холдьоҕон турда. Дьэ, норуоттан кистээн тугу-тугу уоран оҥороору суруналыыстары мунньахха киллэрбэт буола сатаатылар?
Чокуур бэҕэһээ эрэ СМИни хонтуруоллуур миниистир солбуйааччытын дуома этэ, суруналыыс быраабын, информацияны хомуйар үлэтин моһуоктаһар федеральнай сокуону кэһии буоларын билбэт дуу, бэлиэр «умнубут» дуу.
Мунньахха, кэмитиэт чилиэннэриттэн ураты атын дьокутааттар эмиэ бааллар. Урукку Ил Түмэн спикердэрэ, Общественнай палата бэрэстэбиитэллэрэ ыҥырыллыбыттар диэтилэр даҕаны, аҕа көлүөнэттэн — Макар Яковлев, Иван Горохов, Егор Ларионов, Андрей Борисов көстөллөр. Уонна Киин быыбардыыр хамыыһыйа, СӨ Конституционнай суутун судьуйалара, АГИПтан Евгений Федоров курдуктар олороллор.
Мунньах президиумугар Еремеев, Гоголев олордулар. Еремеев тыл эттэ, туох-ханнык уларытыы киирэрин билиһиннэрдэ. Тыл эппитин кэннэ ыйытыылар саҕаланнылар.
Бастатан туран, ыйытыыны Евгений Кожухов, Набережнай уокуруктан КПРФ испииһэгинэн талыллыбыт дьокутаат биэрдэ. «Үлэлиир» уонна «үлэлээбэт» диэн пенсионердары араарыыны утарда. «Пенсия сылга биирдэ индексацияланыахтаах» диэн Төрүт сокуоҥҥа уларытыы киирдэҕинэ, пенсионердарга барыларыгар пенсияны уларыталлар дуо диэн ыйыппытыгар, «ээх, барыларыгар» диэтилэр. Кожухов ыйыппатаҕын да иһин, Конституцияҕа суруллубутаҕын да иһин, син пенсия кэлтэгэй кэпиэйкэ да буоллар сыл ахсын индексацияланар. Ону тоҕо эмиэ «уларытыы» диэн ааттаан киллэрдилэр?
Конституцияҕа оннук «уларытыынан» пенсионердары көөчүктээн куоластата ыҥырар албастара диэн кэлин тыл эппит Макар Яковлев сөрү-сөпкө быһааран биэрдэ. Макар Макарович диэн биллэр юрист, бастакы президент көмөлөһөөччүтүнэн үлэлээбит, сүрдээх хорсун санаалаах киһинэн биллэр. Яковлев тыл этиитэ уоттаах-күөстээх буолла. Уопсайынан, билиҥҥи дьокутааттарга холоотоххо, уруккулар билиилэрэ-көрүүлэрэ, уопуттара, муударайдара олох таһыччы үрдүк.
90-с сылларга Суверенитеты, Федеративнай дуогабары туруорсубут уохтара-кылааннара, республикаларын туһугар сүрэхтиин-быардыын ыалдьаллара чыҥха ураты.
Билиҥҥилэр саҥалара-иҥэлэрэ солуута суоҕа, өйдөрө-санаалара кэнэнэ, майгылара сиикэйэ, тутта-хапта да сылдьаллара таах сыраан курдук иэмэ-дьаама суоҕа кэлэтэр… улахан тыас тыаһаатаҕына сүрэхтэрэ хайа барыах кэдэҥнии, кэтэнэ-манана сылдьар кэриҥнээх дьон.
Макар Яковлев тыл этэригэр тугу тоһоҕолоон бэлиэтээтэ диир буоллахха: биир киһи былааһа дойдуга наһаа сабардаата. Бу Конституцияны уларытыы — Путин былааһын уһатыы. «Сүрүн ис хоһооно — ол!» — диир. Конституцияҕа социальнай хайысхалаах — пенсия индексацията, ыал олоҕо тупсуута — уларытыынан дьону албыннаан куоластата таһаарыы уонна уларыытыны ылыннарыы диир. Кыларыйар кырдьык!
Яковлев «Великобритания курдук модун судаарыстыба Конституцията суох этэҥҥэ олорор, олоруо даҕаны» диэн тыл этэрин саҕалаата. Дойду биир киһитттэн тутулуктаах буолара сэрэхтээх. Сэбиэскэй сойуус биир киһиттэн тутулуктаах этэ — Горбачевтан, ол киһи таҥнарбытын кэннэ улуу держава биир күн эстибитэ. Оччотугар Путиммыт эҥин-дьүһүн буоллаҕына, Россия хайдах буолар? «Билигин бу Конституция ылылыннаҕына, Путин былааска 36 сыл олорор туруктанар», — диэн Яковлев суоттаата.
Итиннэ эбэн эттэххэ, Путин, биир уоһунан, былаас уларыйыахтаах (сменяемость) диир, иккис өттүнэн, кини соҕотох былааһа бэлиэр 20 сыл буолла.
Макар Яковлев кэнниттэн тылы Егор Ларионов, Ил Түмэн Республикатын палататын бастакы, иккис мунньаҕын спикерэ ылла. Егор Михайлович аныгы сүнньүтэ суох дьокутааттары утары көрөн туран: «Поезд барда, хойутаатыгыт», — диэтэ. Сөпкө этэр.
Буолуох буолбутун кэннэ дорҕоон таһаарбыта буолан кубулунан мунньахтаабыта, үөһэ-аллара тыыммыта, нөҥүө-маҥаа көрбүтэ буолаллар. Путин Посланиетыгар Конституцияҕа уларытыыны киллэрэбин диэн этээтин кытары үлэлэһэн барыахтаах этигит диэн Ларионов хомуруйда.
Тииһэ-уоҕа суох алтыс мунньах дьокутааттара наар барытын билбэтэҕэ-көрбөтөҕө буолан кэнниттэн доруоптуур үгэстээхтэр, онтон соһуйбута-өмүрбүтэ буолан олоп-чолоп көрсөллөр. Бюджет үлэһиттэрин 800-чэкэ тыа олохтооҕун үүрдэрэн баран тугуу да билбэтэҕэ буолан эмиэ мылаллан олорбуттара. Ити мин эбиим.
Ларионов буоллаҕына сүбэлээтэ — билигин Конституцияҕа уларытыы киирбитин кэннэ, ити уларытыыларынан федеральнай сокуон оҥорон барыахтара. Онно сир туһунан уларытыыны Ил Түмэн дьокутааттара үчүгэйдик өйдөөн-төйдөөн туруорсалларыгар эттэ. Уопуттаах, муударай аҕа саастаах коллегаларын тылын долоҕойдоругар тохтотоллор ини суох, саарбах.
Чэ, ол биир тыл, биир «государствообразующай» норуот диэн өссө кырата. Саҥа уларытыынан, регионнар сирдэрин федеральнай былаас хайа талбыт энчи тутан ылар бырааптаах буолууһу. Холобурга диэн, Нерюнгрига, Дьокуускай аттыгар ТОР тэрийбиттэрэ. Ити Конституция уларытыытыгар куоластаатахпытына, ТОРдар, кыраныысса таһыгар сытар хоту улуустарбыт — дойду куттала суох буоларын «хааччыйар» сыалтан федеральнай бас билиигэ барыахтарын сөп эбит. Итинник ньыманан сир баайдаах территорияны ааһан иһэн ылҕаан ылыыһыктар. Ол иһин территорияны ыраастаан — тыа сирин дьонун үлэтин, балыыһатын, оскуолатын сабан-сарбыйан куораттарга көһөллөрүгэр күһэйэн эрдэхтэрэ. Ону, Ларионов, федеральнай сокуон оҥоһулларыгар итинник республика территориятын быспаттарын курдук күөйэ сокуон оҥорсуутугар олох күүскэ үлэлиэххитин наада, саҥа уларытыыга итинник хабааннаах уу аннынааҕы таастар бааллар, сэрэниҥ диэтэ.
Уопсайынан, национальнай республикалар сирдэрин-уоттарын былдьыырга анаммыт сокуон ылыллаары турар диэн өйдүөххэ наада, уонна куоластыыр күҥҥэ — муус устар 22 күнүгэр — саха дьоно бары быыбардыыр учаастактарга тиийэн утарабыт диэн булгуччу биллэриэх тустахпыт.
*
Туйаара НУТЧИНА,
Aartyk.Ru
Хос саҥа: Билигин, дьэ бу кэннэ, туох баар чыыннаах-хааннаах, былаастаах дьон Конституцияҕа уларыйыы киирэрин өйөөҥ диэн куораты-тыаны ылан кэбиһиэхтэрэ. Тыллара сылаас-сымнаҕас, минньигэс буолуоҕа.
Дьону үктэтии биир ньыматын Евгения Михайлова тобулан биэрдэ — «государствообразующай» норуот диэн нууччалар эрэ буолбатах, сахалар биһиги эмиэ киирсэбит диэн этиэххэ наада диэн Еремеевка сүбэ-соргу биэрдэ. Былаас сылаас хоонньугар өр таалалаабыт хотун кими хайдах үктэтэри билэр бөҕө буоллаҕа. Хотун-хаан общественнай тэрилтэ салайааччытабын, 15 тыһыынча дьахтардаахпын, онтуларым Конституцияҕа уларытыыны ылларарга аҕытаассыйалыы бараары хамаанда күүтэн дьигиһийэ сылдьаллар диэн баран өттүгүн охсунна.
Итини сэргэ, мунньахха, урукку доруобуйа харыстабылын миниистирэ В.Александров кэлэн «дьикти» боппуруос биэрдэ. «Регион государственнай дуоһунаһыгар ананар дьон ол региоҥҥа үс сыл олорбут буолуохтаахтар, биир сылтан итэҕэһэ суох ол салааҕа үлэлээбит буолуохтаахтар диэн региональнай сокуон баара, ол тутуһуллар дуо?» — диэн ыйытта. Еремеев: «СУОХ!» — диэн хардарда. Оччотугар Бычков, Солодов сокуону кэһэн туран дуоһунаска ананыллыбыт дьон буолан тахсаллар. Сокуону хонтуруоллуохтаах Ил Түмэн кэмитиэтин салайааччыта СУОХ диэн этэ олороро хайдаҕый? …
Мунньах иннинэ хас да дьокутааттыын кэпсэтэ сылдьыбыкка, куоһурдара маннык буолла: бу уларытыыны өйөөбөтөхпүтүнэ, биһигини [Ил Түмэни] Ил Дархан ыһар кыахтаах. Оттон бу ытыы-соҥуу олорооччулар сүүһүнэн тыа олохтооҕун үлэтиттэн үүрбүттэригэр кымаардаан да көрбөтөхтөрө эбээт, бэйэлэригэр тирээн кэллэҕинэ республика интэриэһин барытын туран биэриэхтэрин сөп эбит. Иккис дьокутаат этэр: — Уларытыыны өйөөбөтөхпүтүнэ — республикаҕа киирэр үбү федераллар быһыахпыт диэн сааналлар. Дуо? Ама да буоллар, бүтүн регион олохтооҕун айаҕын быспаттар ини — прокуратура хамнас, пенсия, пособия кэмигэр төлөммөтүн кыраҕатык кэтээн олорон тэрилтэ салайааччыларын киллиэйдииринэн дьарыктанан-дьарыктанан кэллэҕэ. Оттон ол виртуальнай муоста, үҥкүүлүүр-ыллыыр дьиэҕэ миллиардынан үпкэ боростуой норуот син биир тиксибэтэ биллэр, хата соно өссө кылгыа.
Источник: Aartyk.ru
|
Category: Власть Правительство Ил Тумэн |
Views: 741 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 73 Ыалдьыттар (гостей): 73 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|