Сулустаана Мыраан
Санааларбыттан үллэстиим эрэ...
Конституциябытын оннунан хаалларыаҕыҥ!
Дойдубар Төрүт сокуон кэһиллиитэ тахса турар кэмигэр бэйэбин саҥата суох хаалар бырааба суоҕунан ааҕынабын, онон бу буола турар быыһыыга- майгыга тус көрүүлэрбин аһаҕастык таһаарарга сананным.
Конституционнай уонна правовой нуормалары кэһэн туран былааһы уларытыы государственнай переворот дэнэр
Кулун тутар 11күнүгэр Государственнай Дума пленарнай мунньаҕа дойду президенэ В.В. Путин РФ Конституциятын уларытар сокуон бырайыагын киллэрбитин үһүс, бүтэһиктээх ааҕыыннан ылыныытын государственнай перевороттан атыннык сыаналыыр кыаҕым суох.
Государственнай переворот буолбута туохтан көстөрүй?
1) Путин киллэрбит сокуонун бырайыагар федеральнай сокуоннар уонна Конституция билигин үлэлии турар нуормаларын кэһэр уонна утарсар ыстатыйаларын ГосДума көннөрбөккө, специалистарынан буолбакка конституционнай сокуоннарга быһаарсыбат бөлөҕүнэн көрүллэн, норуот уопсай ырытыытыгар сөптөөх кэми биэрбэккэ, регионнар парламеннарыгар ырытыыга туруорбакка ылыныыта.
2) Конституция 1,2,3 сүрүн ыстатыйаларын тыыппатаҕар олоҕуран, Путин дьаһалынан, ЦИК референдум тэрийбэккэ, "общенародное голосование" диэн хайа да сокуон нуормаларыгар сөп түбэспэт форманнан - биир пакетынан, ол аата көннөрүүлэри барыларын бииргэ куоластатар быһаарыыта.
Конституцияҕа көннөрүүлэри киллэрии кылгас хронологията
Дойду, норуот олоҕун, дьылҕатын быһаарар Төрүт Сокуоммутугар 400 кэриҥэ көннөрүү, баара-суоҕа, 21 күн иһигэр оҥоһуллан киллэрилиннэ.
Тохсунньу 15 күнэ
Президент Путин Федеральнай Мунньахха туһаайыытыгар РФ Конституциятыгар уларытыылары оҥорорго уонна ону референдумунан буолбакка, урут хаһан да буолбатах "голосование граждан страны" диэн форма нөҥүө оҥорорго, уларытыы аайы тус туһунан куоластаабакка барытын биирдэ, биир пакетынан куоластыырга этии киллэрэр.
Ити күн, Медведев бэйэтинэн тылланан правительствота отставкаҕа барар.
Ахсынньы ыйга Медведев Конституция реформатын оҥорор туһунан этии киллэрбитин ылымматахтар эбит.
Ол туһунан СМИ нөҥүө иһитиннэрбэтэхтэрэ. Ылы- чып.
Былаас үрдүкү араҥатыгар улахан хайдыһыы тахсыбытын туоһута.
Эмиэ ити күн Путин уурааҕынан көннөрүүлэргэ үлэлэһэр рабочай комиссия тэриллэ охсор.
Ити күн, ЦИК хотуна Элла Памфилова референдум буолбат, куоластааһын атын форманнан ыытыллар диэн биллэрэр.
Тохсунньу 20 күнэ
Президент ГосДумаҕа Конституция 22 ыстатыйатын уларытар N 8852114 - 7 законопроект киллэрэр.
Тохсунньу 23 күнэ
ГосДума биир киһи курдук куоластаан бастакы ааҕыыннан ылынар:
432 депутаат өйүүр утарбыт суох
туттуммут суох.
Кулун тутар 2 күнэ
Путин ГосДумаҕа саҥа көннөрүүлэри киллэрэр.
Кулун тутар 10 күнэ
ГосДума иккис ааҕыыннан көннөрүүлэри ылынар:
424 депутат баарыттан
382 өйөөбүт
44 туттуммут
утарбыт биир да суох.
Путин эрдэ президеннээбин срогун сотон баран саҥаттан ааҕарга Валентина Терешкова киллэрбит этиитигэр ГосДума куоластааһынын түмүгэ:
380 депутат өйөөбүт
44 туттуммут
утарбыт биир да суох.
Кулун тутар 11 күнэ
ГосДума үһүс ааҕыыннан көннөрүүлэри ылынар:
383 депутат өйөөбүт
43 депутат туттуммут
утарбыт биир да суох.
Бу мантан ГосДумаҕа кимнээх уонна туох туһугар олороллоро толору өйдөнөр дии саныыбын!
Путин Конституцияны уларытарга тоҕо тиэтэйдэ?
Бары даҕаны Конституцияны уларытыы тоҕо наһаа ыксаллаах быһыыга ыытыллан эрэрин таайа сатыыбыт. Итиннэ араас көрүү баарыттан " Конституция 79 ыстатыйатын уларыта охсоору ыксыыллар"- диир версияҕа сөбүлэһэбин.
79 ыстатыйаҕа маннык көннөрүүнү киллэрдилэр: "...Решения межгосударственных органов, принятые на основании положений международных договоров Российской Федерации в их истолковании, противоречащем Конституции Российской Федерации, не подлежат исполнению в Российской Федерации." диэн.
Тоҕо?
17.07.2014 с. Украина илин өттүнэн Амстердамтан Куала-Лумпур диэки MH17 рейсынан көтөн испит Малайзия Boeing-777самолетун байыаннай ракетаннан ытан сууллараллар.
Самолет саахалыгар онно баар 298 пассажир бука бары суорума суолланаллар.
Улахан айдаан тахсан международнай следственнай бөлөх тэриллэр.
Ол бөлөх, самолету Донбасс территориятыттан РФ ПВО 53 бригадатын "Бук" ракетнай комплекса ыппыт уонна РФ территориятыгар төннөрүллүбүт диэн быһаарбыт.
Россия ООН Куттала суох буолуу Сүбэтин нөҥүө вето туттар быраабын туһанан международнай трибунал көрүүтүттэн босхолонор.
Кулун тутар 2 күнүттэн Нидерланды Гаага куоратыгар буруйга уорбаланар 3 россиянины уонна биир украинеһы сууттуур процесс саҕаланна.
Суукка самолету биһиги армиябыт ракетнай установката ыппыта дакаастанар түбэлтэтигэр, Россия, Украинаҕа буола турар сэриигэ кыттыгастааҕа тутуллар, международнай сокуоннары кэспитэ арыллар, Путин верховнай командующай буоларын быһыытынан эппиэккэ тардыллар балаһыанньата үөскүүр. Донбасска көмөлөһөрүн мэлдьэһэ олорор Россияҕа суут быһаарыыта улахан политическай, репутационнай охсуулары аҕалар, саҥа экономическай санкциялары киллэттэрэр кутталлаах.
Конституция 79 ыстатыйатыгар көннөрүү киирдэҕинэ, онно сигэнэн Россия международнай сууттар уураахтарын, дуогабардары, сөбүлэҥнэри билиммэт буолар.
Конституционнай Суут саҥа киирбит көннөрүүлэргэ олоҕуран международнай дуогабардары уонна сөбүлэҥнэри бохсор кыахтанар. Конституционнай Суут судьуйаларын президент Федерация Сүбэтин кытары аныыр да, ууратар да бырааптаналлар, онон кинилэр тылларыттан тахсыбат.
Президент былааһа күүһүрэр
Президент былааһын күүһүрдэр сыаллаах президент боломуочуйатын ыйар 83 ыстатыйаҕа бүтүн 7 пуун эбилиннэ, 3 пуун уларыйда.
Президент силовой ведомстволары, МИД, МЧС баһылыктарын ГосДума нөҥүө буолбакка Федерация Сэбиэтин кытары консультациялаһыыннан эрэ аныыр кыахтанар. Министерстволары, ведомстволары тус бэйэтэ салайара Конституцияннан бигэргэнэр.
Президент правительствоны бэйэтэ салайар буолар.
Туох баар исполнительнай былаас федеральнай уорганнарын («обороны, безопасности государства, внутренних дел, юстиции, иностранных дел, предотвращения чрезвычайных ситуаций и ликвидации последствий стихийных бедствий, общественной безопасности») баһылыктарын президент Федерация Сэбиэтин кытары консультациялаһан баран тус бэйэтэ эрэ аныыр, структураларын бэйэтэ бигэргэтэр буолар.
Конституционнай уонна Верховнай суукка судьуйаҕа кандидатттары, суут председателлэрин, кинилэр солбуйааччыларын аныыры, регион прокурордарын дуоһунаска бигэргэтиитин, Үрдүкү суут судьуйаларын, кассация, апелляция судьуйаларын ууратыыны эмиэ Федерация Сэбиэтигэр президент киллэрэр.
Суут бары араҥата президентэн быһаччы тутулуктаах буолаллар.
Государственнай сүбэ диэн саҥа конституционнай уорганы киллэрдэ.
Бу эмиэ Конституция нуорматын утарсар ыстатыйа. Тоҕо диэтэххэ президент эбээһинэһин дублируйдуур. Туох суолталааҕа, туохха анаан киллэриллибитэ ыйыллыбатаҕын үрдүнэн ГосДума аһарда.
МСУ - муниципальнай бэйэни салайыныы уорганнара - государственнай былаас уорганнарын кытары публичнай былаас биир систематыгар киирэллэр.
Ол аата государственнай уонна региональнай былаас уорганнарыттан тутулуктаах буолаллар, бэйэни салайынар бырааптарыттан маталлар.
Түмүктээн эттэххэ, президент, былаас үс лабаатын барытын бэйэтэ дьаһайар буолар.
67 ыстатыйаҕа ыйылларынан "На территории РФ...могут быть созданы федеральные территории."
Бу федеральнай былааһынан эрэ дьаһаллар специальнай правовой режимнаах территориялары оҥорорго туһуламмыт киллэрии.
Федеральнай былаас ханнык баҕарар субьектан баҕарбыт территориятын быһа сотон ылар кыахтанар. Холобура биһигиттэн Арктическай зонаны, айылҕа, сир баайдаах территориялары.
Элбэх сирбититтэн көрбүтүнэн матыахпытын сөп.
68 ыстатыйаҕа Государственным языком Российской Федерации на всей ее территории является русский язык как язык государствообразующего народа..." диэн көннөрүү ылылынна.
Бу маны, нуучча тыла сүрүн тыл буоларын быһаарар диэн соруйан норуоту бутуйуу бара турар. Дьиҥэр мөкүөр төрдө - нуучча омуга "государствообразующий народ" диэн ыйыллыбытыгар сытар. Нуучча эрэ омуга государствоны оҥорор норуот буолан тахсар курдук. Ол эбэтэрРоссия атын норуоттара судаарыстыбаны оҥорор норуоттарга киирсибэттэр.
Биир омук атыттартан үрдүк статустанан Төрүт сокуоҥҥа киирэрин Арассыыйа атын норуоттара сөбүлэспэттэрин биллэрэллэр, киһи, омук, норуоттар бырааптарын кэһии быһыытынан ылыналлар.
Уларытыллыбыт Конституция олоххо киириитин хаамыыта:
1) ГосДума (көннөрүүлэри ылынна)
2) Совет Федерации
3) Регионнар парламеннара ( Ил Түмэн 12.03. көрөр)
4) Президент илии баттыыр
5) Конституционнай Суут нэдиэлэ устата бэрэбиэркэлиир
6) Президент илии баттыыр
7) Общероссийское голосование - муус устар 22 күнүгэр буолар
8) Госуслуги портал нөҥүө куоластыахха сөп
9) ЦИК 5 күнү аһардыбакка куоластааһын түмүгүн таһаарар.
10) Куоластааһын түмүгэ бэчээккэ тахсыбыт күнүттэн ыла Конституцияҕа киирбит көннөрүүлэр сокуон күүһүгэр киирэллэр.
Бу билигин үлэлии турар Конституциябыт көрүнньүк эрэ суолталанан турар. Кэһиллибитэ, тэпсиллибитэ, тутуһуллубат буолбута ыраатта. Хаһан эрэ уларыйар кэмэ кэлиэхтээх, ол гынан баран бу маннык туох да харса - хабыра суох күөнтээһин нөҥүө буолбакка, специалистарынан хас биирдии ыстатыйата кичэллээхтик көрүллэн, оҥоһуллан, норуот ырытыһыыга кыттыһан, сокуон, Конституция туох баар нуормалара кытаанахтык тутуһуллан.
Куоластааһыҥҥа хайдах буолабыт диэн ыйытыы турар.
Дьону биир пакетынан куоластататар эрэ сыаллаах "...гарантируются минимальный размер оплаты труда не менее величины прожиточного минимума трудоспособного населения в целом по Российской Федерации и индексация социальных пособий и иных социальных выплат в порядке, установленном федеральным законом.", "...регулярно осуществляется индексация размера пенсий в порядке, установленном федеральным законом." диэн көннөрүүлэр киирбиттэрин өйдүөх тустаахпыт.
Дьиҥэр, Төрүт сокуоҥҥа федеральнай сокуоннар нуормаларын киллэрии Конституция таһымын намтатар. Итини тэҥэ, прожиточнай минимум тоҥоруллуо эбэтэр кыччатыллыа суоҕа диэн ким да эрэннэрбэт. Бу туһугар куоластааһын өйдөммөтүн таһынан кыбыстыылаах, кэппиэйкэҕэ атыыламмыкка тэҥнээх!
Мин көрүүбэр бойкот табыллыбат: куоластааһын аллараа планката ылан быраҕаллыбытын түмүгэр 5 киһи кэлбититтэн 3 өйөөтө да куоластааһын буолбутунан ааҕыллар.
Кэлбэтэх дьон ааттара өйөөбүт дьон испииһэктэрин толороллорун саарбахтаабаппын.
Онон муус устар 22 күнүгэр утары куоластыыр суол эрэ хаалар курдук.
Ол эрээри куоластааһыҥҥа диэри ыйтан ордук кэм баар, онооҥҥо диэри өссө туох буолуо биллибэт...
Сулустаана Мыраан
11.03.2020
Санааларбар сөбүлэһэр буоллаххытына тарҕатарга көрдөһөбүн.
|