Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2020 » Муус устар » 22 » Саха республикатын правительствотын председателин э. т. А.З.Колодезниковка уонна Государственнай мунньах (Ил Түмэн) председателигэр П.В. Гог
Саха республикатын правительствотын председателин э. т. А.З.Колодезниковка уонна Государственнай мунньах (Ил Түмэн) председателигэр П.В. Гог
14:13

Саха республикатын правительствотын председателин э. т. А.З.Колодезниковка уонна Государственнай мунньах (Ил Түмэн) председателигэр П.В. Гоголевка

Убаастабыллаах Алексей Зосимович уонна Петр Васильевич!

Бүтүн аан дойдуга, Арассыыйаҕа, Сахабыт сиригэр суоһарыылаах дьаҥ (корновирус) туран икки атаҕы иэдэппитин көрө олоробут. Киһиэхэ ити эрэ дьаҥ дьайыыта суоһаабат, бииртэн биир көһүппэтэх өттүбүтүттэн иэдээн күөрэйэн тахса турар. Араас дьаҥ, радиация содула, онкология, ууга барыы, уокка умайыы о.д.а. суоһарыылаах дьайыылар дьону аймыыллар. Хомойуох иһин, итилэр содулларын суох оҥорорго кыах куруутун тиийэр буолбатаҕын субу аан дойдуну саба сүүрбүт дьаҥ көрдөрдө. Баай, сайдыылаах дойдулар соһуйан, уолуйан хааланнар үгүс сиэртибэҕэ тэбилиннилэр. Биһиги Сахабыт сирин үрдүкү салалтата, медиктэрэ кыах, күүс баарынан, общественноһы көмөҕө ыҥыран (волонтердар о.д.а.) утары тура сатыыллара хайҕаллаах эрээри дьаҥ уодаһына сүрдээх буолар эбит. Манан сибээстээн мин – куорат биир кырдьаҕас олохтооҕун быһыытынан этии киллэрэбин.

Бастакыта. Атын дойдуларга, Арассыыйаҕа даҕаны суһал дьаһал ылынаннар баара-суоҕа нэдиэлэ иһигэр араас тэрилинэн толору сэбилэммит эмтэнэр корпустары тутаттаатылар. Арассыыйа өттүттэн республикабытыгар кырата суох үбүнэн көмө оҥордулар да соһуччу быһылааннарга туттуллар үгүс хайысхалаах эмтэнэр сир тутуллубат. Поликликаларбыт, балыыһаларбыт, коронавирус да суоҕар, ыарыһаҕынан туолбуттара ыраатта. Көрдөрүнэр уонна эмтэнэр сир өрүү тиийбэт. Ол иһин балаһыанньаттан тахсарга пиибэ, арыгы собуоттарын баараҕай тутууларын туһаныахха, овсерватордаах эмтэнэр сиргэ кубулутуохха диибин. Билигин үлэлии турар оҕо лааҕырдарын, профилакторийдары, медицинэ киинин “киртиппэт” курдук дьаһаныахха. Бу дьаҥ хайдах эмэ үгүс сыранан бохсуллар да түгэнигэр атын күөрэйэн соһутуо, өмүтүннэриэ. Саха сиригэр былыр уоспа, онтон да атын үгүс сыстыганнаах

ыарыыттан өлбүт дьон көмүллүүлэрэ суураллан тахсан кэлиэхтэрин сөп. Ити сирдэр ханна баалларын Республикатааҕы урукку санэпидстанция үчүгэйдик билэр. Туоһу докумуоннар бары онно сыталлар. 5-6 сыллааҕыта арыгы, пиибэ баараҕай собуоттарын тохтотон, уларытан Онкология киинигэр туһаныахха диэн этии киллэрбитим, хаһыакка суруйбутум да былаас уонна медиктэр өттүлэриттэн сэҥээрии суоҕа. Чөл олох туһунан киэҥ кэпсэтии бара турар кэмэ этэ да. Ити этиллэр корпустары туһаммыт буоллар Онкология киинэ тэриллэн үлэлээбит буолуо этэ, таарыйа Чөл олох программата кытта туолуохтааҕа. Саҥа салалта итини туох диигитий? Иккиһинэн. “Кратон-3” диэн ядернай эһии саахалыттан 160 гектар сиргэ тиит тыа өлөн турар. Тустаах специалистар бу өлүктүйбүт сири ядернай тобох мунньуллан сытар сиринэн ааҕаллар. Олох сотору сайыҥҥы ойуур баһаардара туруохтара, онно бу сир түбэстэҕинэ биир иэдээн буолуо. Ойуур департамена бу сири оһуобай хонтуруолга ылар эбээһинэһин толорбот, аахайбат. Өлбүт тыа умайдаҕына маска - окко, лабыктаҕа иҥэн сытар радионуклид күлү кытта Марха өрүскэ түһүө, буруону кытта ханна баҕарар тиийиэ. Бу туһунан санааларбын 1993 с. “Кристалл” уонна ”Кратон-3” саахаллаах ядернай эһиилэргэ экспедицияны илдьэ сылдьыахпыттан этэбин, суруйабын да аахайбаттар. Мин ити санааларбын экономическай наукалар доктордара (Арассыыйатааҕы МВД Академията) А.К.Микеев кэлин, 2001 с. “Социально – экономическая оценка риска пожаров как чрезвычайная ситуация” диэн үлэтигэр толору бигэргэппитэ. Кини Украина, Белоруссия тыаларыгар Чернобыль саахалын кэнниттэн тыа умайыытын үөрэтэн баран ынырык түмүктэри оҥорбута. Ол үлэтиттэн этиилэри аҕалабын: “Известно, что любой атомный взрыв опасен не столько самой разрушительной энергией взрыва, сколько последствиями радиактивного излучения и загрязнения окружающей среды. Особенно характерно это для аварий и взрывов с последующими пожарами на радиационно – опасных объектах”; “На сгоревших лесных участках в 50 - 100 раз возрос радиационный фон...”; “Лесной пожар на радиационно – загрязненной территории создает едва ли не худший вариант радиационной опасности”; “Лесная подстилка , которая сгорает первой, сосредотачивает в себе до 85% радионуклидов, находящихся в лесу. Вслед за подстилкой высокой удельной активностью обладает масса коры, травяно-моховая растительность”; “Из-за значительной высоты, на которую поднимается дым (до 6-12 км) при крупных пожарах, перенос радионуклидов происходит на достаточно большие расстояния. Как отмечают И.Абдурагимов и А.Однолько, “время жизни” радиационного

дыморадиозольного облака в нижней тропосфере (до 1,5 км) меньше недели, в верхней тропосфере – около месяца, в стратосфере – 1-5 лет. При этом постоянно происходит вымывание и осаждение радионуклидов на новых территориях...”; “Признано, что пожары на радиационно – загрязненных районах в настоящее время – один из основных путей миграции радионуклидов, со всеми вытекающими из этого медико-биологическими, экономическими и социальными последствиями”. Корновирус кэлин тиһэҕэр элбэх сиэртибэнэн бохсуллар буоллаҕына радиация дьайыыта кэмэ - кэрдиитэ суох. Ити туһунан элбэхтик сурулунна, этиилэр оҥоһуллаллар да хонтуруоллуохтаах тустаах тэрилтэлэр ( Экология министиэристибэтэ, Ростехнадзор, Роспотребнадзор) кыһамматтар, суолта биэрбэттэр. Субу күннэргэ Чернобыль тулатынааҕы тыа умайан айдааны тарта. Урукку саахалга Чернобыль тулатыгар 20 гектардаах бэс ойуур өлбүтүн харайбыттара да, ол ситэтэ суоҕа көһүннэ, куттал суоһаабытын эттилэр. Радиация нуорманы 16 төгүл куоһарбытын быктартаатылар. Билигин 35 гектар “ыраас” диэбит ойуурдара умайан, күлүн хайдах харайар уустук проблема үөскээтэ, буруота Киевкэ тиийдэ, мэр В.Кличко “таһырдьа тахсымаҥ” диэн дьаһала кытта таҕыста. Хайдах буолаллар? Онон, Алексей Зосимович уонна Петр Васильевич, бу икки проблемаҕа: обсерватордаах дьону эмтиир объегы туттарыыга уонна радиацияттан өлбүт тыаны харайыыга болҕомто ууран дьаһал ыларгытыгар этии киллэрэбин. Хонтуруоллуур уорганнартан ыйыттаххытына, барытын билэбит, хонтуруолга тутабыт диэхтэрэ, ону итэҕэйимэҥ.

Бурцев Иван Семенович, Дьокуускай куорат олохтооҕо, Сунтаар улууһун уонна Уус- Алдан 1-кы Хоро нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, Норуоттар икки ардыларынааҕы Радиологтар Союзтарын чилиэнэ, СӨ Айылҕа харыстабылын туйгуна, экология уонна айылҕа харыстабылыгар ситиһиитин билинии “Человек алмазного края” номинация дипломана, “Бүлүү” общественнай экологическай комитет ветерана, “Тутулуга суох экологтар сойуустарын” чилиэнэ. Тел. 8962 732 20 60

Category: Власть Правительство Ил Тумэн | Views: 917 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Муус устар 2020  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
27282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 40
Ыалдьыттар (гостей): 40
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024