Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2020 » Бэс ыйа » 25 » Төрүт сокуон 1 уонна 2 главатыгар көннөрүү киирэ илигинэ — уларытыы-тэлэритии харах баайыыта эрэ
Төрүт сокуон 1 уонна 2 главатыгар көннөрүү киирэ илигинэ — уларытыы-тэлэритии харах баайыыта эрэ
20:09
Макар ЯКОВЛЕВ: «Стабильность» диэн төннүү

http://aartyk.ru/wp-content/uploads/2020/06/%D0%BC%D0%B0%D0%BA%D0%B0%D1%80-%D0%BC%D0%B0%D0%BA%D0%B0%D1%80%D0%BE%D0%B2%D0%B8%D1%87.jpg
Биллиилээх юрист, бастакы президент урукку көмөлөһөөччүтэ Макар Макарович ЯКОВЛЕВ Төрүт сокуоҥҥа уларытыыга бэйэтин санаатын мессенджеринэн тарҕатта. Ону кылгастык сурукка тиһэбит:

-Конституционнай быраапка, быраабы туһаныы теориятыгар специалист буоларым быһыытынан, дойду Төрүт сокуонугар самалык киллэрэр пууннары ырытан үөрэттим. Арассыыйаҕа конституционнай быраап үөрэхтээхтэрэ, улахан политиктар сэрэхэдийдилэр, уларытыыны утардылар.

Путин өссө 2004, 2010, 2015 сыллардаахха Төрүт сокуону тыытымаҥ, «свои мозги меняйте» диэбитэ. Оччолорго мин этэр этим: «Төрүт сокуон 9 ыст. 2 чааһын уларытыахха наада диэн.
Сиртэн хостонор стратегическэй баай-дуол кэтэх бас билиигэ барыа суохтаах»,-диэн. Ол иһин ити миллиардердар бөҕө баар буоллулар. 
Ыраахтааҕы саҕана сир баайын хостуур киһиэхэ саамай кыра хамнас ананара. Биһиэхэ сир баайын хостооччу киһи миллиардер, өссө судаарыстыба политикатыгар кыттыһар.
Ону уларытыахха диир этим уонна 2 главаҕа барыта «имеет право» дэнэр туох да гарантията суох ыстатыйаны уларытыахха диирим. Үөрэххэ, доруобуйа харыстабылыгар барытыгар — «имеет право» эрэ дэнэр
Ити самалык киллэриигэ туох да тупсубата. Киһини сэҥээрдээри самалык нуормалар бааллар — хамнас олох алын кээмэйиттэн намыһах буолуо суохтаах, чиновниктар омук гражданстволара суох буолуохтаах, кыраныысса таһыгар баайдарын ууруо суохтаахтар эҥин диэн… …

Владимир Путин дойдуну 20 сыл салайан кэллэ эрээри, тоҕо эрэ дьэ итини тыыппакка олорбута. Билигин даҕаны 1-гы, 2-с главаҕа уларыытылары киллэрэр санаата суох курдук толкуйдуубун. Путин 20 сылы быһа дойдуну салайан кэлбит кэмин тухары 60 трлн солкуобай кыраныысса таһыгар тахсан саһа сытар. Ити — Россия алта сыллаах бюджетын кээмэйэ. Ол харчы Россияҕа төннөн киирэрэ олус саарбах.

Элбэх мөккүөр — «русский язык — язык государствообразующего народа» диэн уларытыыга таҕыста. Араастаан быһаара сатаатылар. Тоҕо эрэ Сэбиэскэй сойуус 70 сыл тухары итини тоһоҕолоон бэлиэтээбэтэҕэ. Өскө «русский язык — общепризнанный государственный язык народов России» диэбиттэрэ буоллар мин сөбүлэһиэм этэ. Ким даҕаны нуучча тыла — нуучча норуотун тыла буолбатах диэн мөккүспэт ээ.

Тоҕо биһиги чуолаан «государствообразующий народ» диэн Төрүт сокуонунан бигэргэтиэхтээхпитий? Мин кэлин итинтэн сиэттэрэн шовинизм үөскүөн сөп диэн дьиксинэбин. Ленин, Сталин национальнай боппууростарга улахан специалист этилэр. Ол иһин халыҥ ахсааннаах нуучча норуотун шовинизм үөскүө диэн тоһоҕолоон бэлиэтээбэттэр этэ

Москубаҕа араас омуктары барытын кырбыыллара баар суол. Ол быыһыгар биһиги баар-суох сахалар шахматиспытын өлөрөн тураллар. Ол иһин «нуучча норуота» диэн Төрүт сокуоҥҥа киллэрэн туран бөҕөргөтөр кэнэҕэс улахан үчугэйгэ тиэрдибэтэ буолуо дии саныыбын. «Обнуление сроков» диэҥҥэ саамай улахан мөккүһүү барда.

Ол аата 20 сыл үлэлээбитин суох курдук ааҕынабыт дуо? Губернатордарбыт үлэлээбиттэрин эмиэ «обнули» гынабыт дуо? Саамай куттала диэн — биһиги «культ личности»  үөскэтэбит. Саамай иэдээнэ онно сытар. Путин 2024 сылга диэри үлэлээтэҕинэ 24 сыл үлэлээн кэлэр.

Онтон салгыы барар буоллаҕына — т36 сыл салайарыгар тиийэр. Биһиги «культ личности» диэн тугун билэбит, он оҥорорго маастардарбыт. Бэйэбит оҥорон баран бэйэбит ытыахпыт. Путин билигин фактически биир партия систиэмэтин тэрийэн олорор. Былаас атын салааларын суох гынна, сууттары бэйэтин илиитигэр ылла.

Путин туох диэбитинэн сууттуур буолаллар. Билигин Грудинины эһэн таһаардылар. Үчүгэй систиэмэни тэрийбит, сөптөөх экономическай сыһыаны олохтообут киһини — рейдерскэй захват кэриэтэ оҥоттордулар.

Суут систиэмэтин биир киһи ылан олорор олус кутталлаах. «Федеральные территории». 1992 сыллаах республика Төрүт сокуонугар Саха сиригэр химическэй, ядернай тобоҕу  көмөру боппуппутун  ылаттаран кэбиспиттэрэ. Саха сирэ киэҥэ бэрт. Мин билэрбинэн,  Саха сиригэр химическэй, ядернэй, араас куһаҕан тобоҕу кистиэхтэрин сөп. Биһиги дьоммут Германияттан аҕалан кутталлаах отходтары кистиэххэ дииллэр. Саха сиригэр аҕалбакка ханна гыныахтарай?  

Онон ити киллэрииттэн дьон дьиксинэрэ саамай сөп. Россияҕа икки патриотизм баар. «Үрдүку былаас эшалонун патриотизма» уонна «боростой үлэһит норуот патиротизма». Үрдүкү былаас тойотторо-хотуттары оҕолоро бары кыраныысса таһыгар үөрэнэллэр, олороллор. Ыарыйдахтарына омук сиригэр тахсан эмтэнэллэр, сынньаналлар.

Баайдарын-дуолларын онно таһаара  олороллор. 100-чэкэ үрдүкү былаас чиновниктара, депутаттара иккис гражданстволаахтар.  Ити иккис гражданствоны суох оҥоруу үчүгэй эрээри, атын федеральнай да сокуонунан оҥоһуллуон сөп этэ. 20 сылы быһа көрөн олорбуппут дии уонна тугу да оҥорботубут.

Билигин кэлэн Төрүт сокуоҥҥа киллэрбитэ буола сатыыбыт. ООН даннайдарынан, Россия сайдыытынан саамай тиһэх сылдьар. Кытайдар этэллэр эбээт «стабильность» диэн сайдыы буолбатах, төттөрү түһүү диэн. Биһиги сайда, инники бара сатыахпаахпыт. Пенсия да чааһыгар, үөрэх, доруобуйа харыстабылын да өттүгэр. 

Итиннэ Путины киһи хайгыыра суох. Сталин, Рузвельт, Черчилль аан дойду сэриитэ суох эйэлээхтик, иллээхтик олордун диэн ООН тэрийбиттэрэ. Билигин Россия туох баар ыаллыы олорор Европа дойдуларын кытары, АХШыны кытары бурҕатыһан баран олорор.

Кытайга сыста сатыыбыт да, Кытай улахан бэрт. Билигин сыһыарбыта буолар даҕаны, бэйэтэ атын ис хоһоонноох сыһыарар. Путин улахан киһи эбитэ буоллар аан дойдуга эйэлээхтик, иллээхтик олорууну тэрийсиэх этэ.

Мин саныахпар, Төрүт сокуон 1 уонна 2 главатыгар көннөрүү киирэ илигинэ — уларытыы-тэлэритии харах баайыыта эрэ. * Aartyk.Ru

Источник: Aartyk.ru
Category: Право, закон | Views: 880 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Бэс ыйа 2020  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
2930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 106
Ыалдьыттар (гостей): 106
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024