От ыйын 7 күнэ. Бу күн үөрүүлээх сонуна норуот таптыыр ырыаһыта – Виктор Иванов-Сиэйэ Уола босхолонон тахсыыта буолла. Оҕом тэҥэ уолбун ийэлии истиҥник кууһан ылабын. Улаханнык уларыйбатах, дьүдьэйбэтэх. Көрсөммүт, аа-дьуо олорон сэһэргэһэбит. Быыһыгар ыллатан да ыллым.
Тыыннаах куолаһынан ыллыыра чугастан истэргэ, эчи, кэрэтин, намыынын, холкутун. Леонид Попов “Олус кыра чокууртан, отуу уотун саҕаллара...” диэн тыллардаах “Отуу уота” хоһоонугар айбыт ырыатын аан бастаан ыллаан иһитиннэрдэ.
“Отуу уотун, эһэбин кытта оттуурбун санаан кэллим”, – диэн баран, үөһэ тыынан ылла. Мин истэ олорон уйадыйдым, долгуйдум. Манньыйа көрө олорон: “Олоҕуҥ суола остуол ньуурунуу көнө, барыта этэҥҥэ буоллун”, – диэн испэр сэмээр алгыыбын уонна кэпсэтиибитин саҕалыыбын.
Ырыаҕар сүгүрүйээччилэриҥ алгыстарыттан кутуҥ-сүрүҥ бөҕөргөөтүн!
– Виктор, этэҥҥэ эргиллэн тахсыбыккынан! Тахсаргын билэр этиҥ дуо, төһө долгуйдуҥ?
– Хайдах эрэ сэрэйбитим. Ол эрээри эмиэ да долгуйар этим. Үөрдүм, долгуйдум.
– Ким көрүстэ?
– Кэргэним уонна икки саамай чугас доҕотторум, атастарым.
– Көҥүл олох салгынын түөһүҥ муҥунан толору эҕирийээт, аан бастаан тугу санаатыҥ?
– Саха буоламмын эбитэ дуу, сэмэйдик ылынным, сэмээр испэр санаатым.
– “Ол дойдуга” тугунан дьарыктанныҥ?
– Таҥас тигэр сыахха. Кыһыҥҥы, сайыҥҥы бэргэһэни, сону тигэр иис сыаҕар үлэлээтим. Тигии маастара буоллум (күлэр). Онон иистэнэргэ үөрэнним.
– Хааччахтаах сиргэ хам хараҕаланан олоруу кэнниттэн олоҕу көрүүҥ хайдаҕый? Майгыгар туох уларыйыы таҕыста?
– Оо, олох күндү, кэрэ да эбит. “Ол дойду” чэпчэкитэ суох, олох атын ауралаах дойду буоллаҕа. Этэргэ дылы, киһи сырдык санаата, бэйэҥ күүстээх санаалаах буоллаххына, чочуллар дойдута эбит. Онтон өйүҥ-санааҥ мөлтөх, тулуура, дьулуура суох буоллаххына – чахчы атын, төттөрү өттүгэр хайыһыан сөп.
Эдэр ыччат олоҕу сыаналыан, таптыан, кырдьаҕаһы ытыктыан, олох тапталтан, сыанабылтан турарын өйдүүрэ наада. Аҕа саастаах дьоммут барахсаттар үтүө санаалара, сүбэлэрэ, алгыстара тиийэрин бэйэбинэн биллим. Төрөппүттэрим иитиилэрэ бигэ тирэх буолла.
– Үтүө кэмҥэ доҕор-атас элбэх буолар. Оттон ыарахан күн тирээтэҕинэ, кэтэхтэрин көрдөрөр түгэннэрэ баар буолар.
– Бүдүрүйбүт уустук кэммэр өйүүр-убуур дьонум-сэргэм өссө элбээн биэрдэ. Онон барыларыгар сэмээр испэр махтанабын. Өбүгэлэрбит “Үтүө үтүөнэн эргийэр” дииллэрэ чахчытын итэҕэйдим.
– Албакааттар, чахчы даҕаны күүстээх, дьыаланы тиһэҕэр диэри тиэрдэр дьон эбит.
– Албакааттарбар Нина Николаевна Протопоповаҕа уонна Алексей Александрович Поскачиҥҥа улахан махталбын тиэрдэбин. Нина Николаевна хара маҥнайгыттан бүтэһигэр диэри албакааттаата. Сүрдээҕин туруорсар, тиһэҕэр диэри дьыаланы тиэрдэр күүстээх албакаат эбит. Алексей Александрович эмиэ эдэр, эрчимнээх, киирэн-тахсан, сүрдээх сытыы-хотуу, туохтан да толлон, саарбахтаан турбат, харса суох киирсэрин сөбүлүү, хайгыы көрдүм. Дьыалаларыгар чахчы бэриниилээх, дириҥ билиилээх албакааттар диэн кинилэр эбит. Кинилэргэ тылынан кыайан этиллибэт махталбын тиэрдэбин. Ылсыбыт дьыалаҕыт ыллыктаах, мэлдьи кыайыылаах-хотуулаах буоллун диэн алгыыбын.
Итэҕэл – сүдү күүс
– Итэҕэл өттүгэр туох санаалар киирдилэр?
– Итэҕэллээх буоллаххына, чахчы, туох эрэ сүдү күүс баар эбит. Сүрүнэ – итэҕэл өттүгэр булкуллумуохха наада. Өбүгэлэрбит сүрдээх күүскэ дьайар эбиттэрин өйдөөтүм. Онон өбүгэлэргэ итэҕэйиэххэ наада эбит.
– Кэмсинэр, хомурунар күннэргэр бэйэҕин хайдах кыана тутуннуҥ, тардынныҥ?
– Испэр барытын бырастыы гынан, ыытан кэбиһэрим. Ытыы, сулана сылдьыбакка, бэйэм үс куппун харыстанан, чэпчэкитик сырыттым.
Хомойуох иһин, онно олорор кэммэр, айбыт аҕам – 2016, төрөппүт ийэм 2018 сылларга бу Орто туруу-бараан дойдуттан барбыттара. Кыайан көрсүбэтим. Ийэбин кытта, хойутаан да буоллар, көрсөн турардаахпын. Манна олорор кэммэр аҕам өттүттэн аймахтарым сүрдээҕин көмө, өйөбүл буоллулар. Кинилэргэ махталым улахан.
– Ииппит төрөппүттэриҥ бааллар?
– Аҕам – 59, ийэм 60 саастаахтар. Сунтаарга олороллор. Ийэлээх аҕа ситимэ баар эбит туохтааҕар да күүстээх. Ону күүскэ сыаналаатым. Ситим – ийэҕэр, аҕаҕар, дойдугар тапталыҥ, онтон кэргэҥҥэр уонна оҕолоргор ситимнэнэр эбит. Кими эрэ таптыыр, ахтар буоллаххына, күүһүрэн, өлөн-охтон биэрбэккин.
Ииппит ийэлээх аҕам – олоххо көрсүбүт саамай күндү дьонум. “Ол дойдуга” олорбут кэммэр, биир да күнү көтүппэккэ, сарсыарда аайы “хас биирдии үүнэр күнүм ,мин күндү дьоммор дьолло, үөрүүтэ-көтүүтэ бэлэхтээриий” диэн ийэлээх аҕабар ис дууһабыттан тахсар алгыспын ыытарым. Онон “Алгыспын ыытабын” диэн төрөппүттэрбэр анаабыт ырыалаахпын. Кэмэ кэллэҕинэ, тахсыаҕа. Олус үчүгэй ырыа...
Ийэлээх аҕабар
сотору тиийиэҕим,
Кыракый оҕолуу
үөрэн да ылыаҕым,
Күндү дьонум
сыллаан ылыахтара,
Уостубат тапталынан
кууһуохтара.
– Төрөппүттэриҥ барахсаттар төһө эрэ долгуйа кэтэстилэр, бу күнү? Кэпсэтэ сырыттыҥ дуу?
– Кэпсэппиппэр аҕам барахсан үөрээхтээтэ. Үөрүүтүттэн ытамньыйан ылла. Бэйэтэ да аһара уйан сүрэхтээх ээ. Бэйэм да сүрдээҕин долгуйан ыллым. Арай ийэбиниин кэпсэппэтим – дьүөгэлэригэр сүүрбүт үһү (күлэр, ол кэмҥэ хараҕар ахтылҕан, сылаас кыыма көстөн ааһар). Барахсаттарбын аҕынным даҕаныы-ыы...
Көмүскэлим – айар кутум
– Ол дойдуга бастаан тиийбиккэр хайдах көрүстүлэр?
– Саха уолаттара сүрдээҕин өйөбүл, күүс-көмө буолбуттара, харыстаан илдьэ сырыттылар. Тахсан барыахпар диэри бары үчүгэйдик сыһыаннастылар.
– Балачча уһун кэм кэнниттэн көрдөххүнэ, Дьокуускайга туох уларыйыы тахсыбытый?
– Суол олус тупсубутун бэлиэтии көрдүм.
– “Хатыылаах эрэһээҥки нөҥүө олоххо” саппаҕырбыт санааҕын хайдах аралдьыттыҥ?
– Хомус тардар этим, гитаранан ыллыырым уонна айар кутум көмөлөстө. Арчы дьиэтигэр суруйааччылар кыракый кинигэлэрин поэтесса Сайа ыыппытын, Георгий Белоусов аҕалан биэрбитэ. Олор быыстарыгар Леонид Попов кинигэтэ эмиэ баара. Кини “Отуу уота” хоһоонугар сүрдээх үчүгэй ырыа айыллан тахсыбыта. Ити түгэҥҥэ оҕо сааспын, отуу уотун наһаа ахтан-санаан кэлбитим. Хараҕым иннигэр эһэм умнуллубат кэрэ мөссүөнэ харахпар көстөн кэлбитэ. Кэлин аа-дьуо олоххо киирэн ылланыа дии саныыбын.
Моисей Ефимов хоһоонугар биир ырыаны айбытым. Ийэлээх аҕабар анаан ырыа тылын, матыыбын суруйдум. Айылҕаҕа саамай сөбүлүүр кэмнэрбин – самаан күөх сайыны, күһүнү суохтааммын, эмиэ ырыа тылын суруйдум, матыыбын айдым. Бэйэм санаабар сүрдээх боростуой эрээри, үчүгэй, истиҥ тыллардаах ырыалар. Сорох ырыам тыллара аата суох, “сүрэхтэнэ” иликтэр. “Хоту дойдум хайалара” ырыа тылыгар матыып айдым.
– Билиигин хаҥатан, кинигэ бөҕөтүн аахпыккын дии.
– Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн билэр-билбэт сахам дьоно кинигэ бөҕөтүн ыытан сүрдээҕин сэргэхситтилэр. Уопсайа 700-800 кинигэ тиийдэ быһыылаах. Ол курдук, “Ситим” медиа-бөлөх, “Кыым” норуот хаһыата, “Бичик” кинигэ кыһата, Дьокуускай эргинтэн, Сунтаар, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыттан, Сунтаар хомуньуустарыттан, Томпо улууһун Мэҥэ Алданыттан Колодезниковтар дьиэ кэргэн, о.д.а. ыыттылар. Нам улууһун үтүө санаалаах дьоно, ас-үөл ыытан, сүрдээҕин уйадыттылар. Кинигэлэргэ үксүлэригэр алгыс тыллаахтар, баҕа санаалаахтар этэ. Хас биирдии тылы уйадыйан, харах уута суох аахпаккын... Оннук истиҥнэр, иһирэхтэр, сылаастар. Дьонум-сэргэм барахсаттар! Барыгытын таптыыбын, сүрэхпэр сыһыары тутан истиҥник ыга кууһабын!
Табаҕа холуонньа иһигэр баар “Айыы Арчыта” дьиэтигэр, биир да кинигэ энчирээбэккэ, хараллан турар. Дойдум Сунтаар дэриэбинэлэрин бибилэтиэкэлэриттэн элбэх кинигэни туппутум. Сахам сирин дьоно-сэргэтэ миэхэ күүспэр күүс эбэн, алгыстаах тылларын анаан сүрдээҕин өйөөтүлэр. Эргиччи эрэл, күүс-уох бөҕөтүн эптилэр. Тыам дьонугар, хас биирдиилэригэр, тылынан кыайан этиллибэт махталбын тиэрдэбин. Онон, түгэни туһанан, барыларыгар сиртэн халлааҥҥа тиийэ сүгүрүйэбин. Үтүө көмөҕүт, өйөбүлгүт үйэлэргэ умнуллубат!
– Уолаттар кинигэни ааҕаллар дуу?
– Сүрдээҕин ааҕаллар. Сахалыы саҥалаах барыта киирэн ааҕан, санаатын аралдьытар.
– Холуонньа иһигэр Арчы дьиэтэ баара хайдах эбитий?
– Арчы дьиэтэ баар буолбута наһаа үчүгэй. Саамай сылдьар, аралдьыйар сирбит буолар. Киирдэххинэ, дууһалыын сынньанаҕын, санныгыттан ыар сүгэһэр түспүккэ дылы буолар. Ыраас эйгэлээх буолан, киһи санаата чэпчиир. Киирэн тахсыбыт дьон санаалара сүрдээҕин сырдаан, ырааһыран тахсалларын бэлиэтии көрдүм. “Дэриэбинэҕэ дьиэбитигэр сылдьыбыт курдук сананабыт. Ол сыта, тыына кэлэр”, – дэһэллэр. Онон маннык идиэйэни олоххо киллэрбит дьон улахан сырдык үлэни оҥорбуттар. Кинилэргэ махтал.
– Дьэ, ол гынан төһө ырыа айылынна?
– Ырыам барыта – айылҕа, ийэ-аҕа, дьиэ кэргэн... Бастакы ырыам айылҕа туһунан этэ. Дьэ, ол кэнниттэн ырыаларым, сыыйа-баайа айыллан киирэн барбыттара. Сыл аайы 1-дии, 2-лии ырыа айыллан, барыта 9 ырыаны айдым. Хоһоон да сурулунна. Быыһыгар тойук да курдуктар бааллар. Ол тойуктарбын анал идэлээх дьоҥҥо көрдөрөн, сыанабылларын ылыахпын наада. 2017 сыллаахха айыллыбыт биир тойукпар былыргы өбүгэлэрим, уустар тустарынан тыл-өс өйбөр киирэн кэлбитэ.
– Холуонньа ыарахан эйгэтигэр ырыа хайдах айылларый? Ыарахан энэргиэтикэлээх дойду буолуо дии.
– Арчы дьиэтэ баара сүрдээҕин абыраата. Үлэм быыһыгар иллэҥ бириэмэ баар буолла да, Арчы дьиэтигэр мэлдьи киирэ турабын. Бириэмэбин үксүн онно ыытабын. Эппиккэ дылы, уопсайбар утуйарбар эрэ тиийэбин. Ырыа айарым быыһыгар кинигэ ааҕабын, билиибин хаҥатабын.
– Бэйэҥ кэнсиэрдээтиҥ дуу?
– Кыайыы күнүгэр, ыам ыйын 9 күнүгэр, ыллаабытым. Ол иннинэ эмиэ хаста да ыллаппыттара. Ол кэмнэргэ ыллыырбын наһаа да ахтыбыппын өйдөөбүтүм. Икки сыл кэнниттэн биирдэ ыллыыр буолбутум. Ол иннинэ олох ыллаабатаҕым.
– Ырыаҥ матыыптарын нуотаҕа түһэртиигин дуо?
– Суох. Билиҥҥитэ төбөм иһигэр буһа сылдьаллар.
– Билигин суолуҥ ыллыга хайа диэки хайыһарый?
– Үһүс дойдум кэриэтэ буолбут дойдубар – Мэҥэ Хаҥаласка – тахсыам. Онно дьиэ кэргэним, оҕолорум барахсаттар кэтэһэллэр. Оҕолорум бары уолаттар. Улаханым – 13, иккиһим – 9, үсүһүм – 6, кырачаан 5 саастаах уолбун Алгыстааны олох көрө иликпин. Онон оҕолорбун кытта көрсүһэртэн сүрэҕим биллигирии, долгуйа тэбэр. Аа-дьуо сынньана түһэн баран, дойдубар – Сунтаарга, ийэлээх аҕабар барыам.
– “Аҕынныбыт. Ырыатын уһуннук да күүттүбүт”, – диэн ааҕааччыларыҥ социальнай ситимҥэ үөрүүлэрин үллэстэллэр. Дьэ, кэнсиэрдиир түгэҥҥэр сүгүрүйээччилэриҥ тоҕуоруһа мусталлара саарбахтаммат. Бэйэҥ да ыллыыргын суохтаатаҕыҥ?
– Аа-дьуо көстөн иһиэ. Дьоммор-сэргэбэр, сүгүрүйээччилэрбэр анаан улахан сольнай кэнсиэрбин бэлэхтээбит киһи диэн бүччүм санаалаахпын. Урут 3-тэ оҥоро сылдьыбытым. Ол кэнниттэн сыыйа барыта арыллан иһиэ буоллаҕа. Кэнсиэрдиирбэр, этэҥҥэ, хааччах суох. Ыллыырбын, сыанаҕа тахсарбын наһаа суохтаатым.
“Таптаатым” ырыа өйү-санааны сүүйэр тыллара, дууһаны үөрдэр дорҕооно, сүрэҕи-быары өрүкүтэр матыыба истэргэ олус кэрэ. Манна Сиэйэ Уолун куолаһа, туттара-хаптара олус барсар. Ырыа саха уоланын туҥуй дууһатын сэмээр сэгэтэр, аргыый арыйар бэртээхэй айымньы буолар.
– Дьонуҥ-сэргэҥ “Таптаатым” диэн саха киһитин килбик, сэмэй майгытыгар олус барсар ырыаҕын ыллаан бардыҥ да, сири тиҥилэхтээбитинэн, “бис” хаһыытаабытынан барар. Кимиэхэ анаммыт ырыаный?
– Оҕолорум ийэлэрэ, күндү киһибэр – кэргэммэр – анаабыт ырыам.
– Виктор, үгүһү эппэккэ аҕыйах тылынан – санааҥ саппаҕырбатын, толкуйдаабытыҥ туоллун, санаабытыҥ сатаннын! Үөрэбит, эрэнэбит. Элбэх ырыаны кэтэһэбит. Инникитин олоҕуҥ суола көнөтүк тыргылыннын, сырдык, ыраас буолуохтун!
Ирэ-хоро сэһэргэстэ Саргылаана БАГЫНАНОВА.