Кини университекка историко-юридическай факультекка история учууталын идэтигэр үөрэммитэ. “Эдэр сааска” сылдьыбыт араас көлүөнэ ыччаттар устудьуоннуур сылларыгар бу түмсүүгэ сылдьан, олохторун улаханнык сэргэхсиппит, салайар, тэрийэр дьоҕурдарын сайыннарбыт, талааннарын арыйбыт, аһыныгас буолууга, кыаммат араҥаҕа өрүү көмөлөһөргө, түмсүүлээх буоларга, ханнык да балаһыанньаҕа сөптөөх быһаарыныыны түргэнник ылынарга о.д.а. киһи тус олоҕор чахчы туһанар элбэх хаачыстыбаларыгар үөрэммиппит, иитиллибиппит. Билигин бу түмсүүгэ сылдьыбыт оҕолор үөрэҕи, үлэни толору баһылаан, тэрилтэ салайааччыларыгар тиийэ үүннүлэр. Үгүстэрэ дьоллоох ыал ийэлэрэ, аҕалара, эбэлэрэ, эһэлэрэ буоллулар.
Ол курдук Сайдам Михайлов билигин 7 оҕо амарах аҕата. Оҕолорун үөрэнэр оскуолаларын тарбахха баттанар көхтөөх, идейнай төрөппүтэ, оскуола аҕаларын сүбэтин чилиэнэ.
Кэнники сылларга “Атлант-Саха” диэн киини аһан, сүрдээх ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьарын истэбин. Дьонун, норуотун доруобуйатын туһугар кыһалларын, киһиэхэ биирдэ бэриллэр олоҕу сыаналыырга, чөл, чэгиэн сылдьарга элбэх лекциялары ааҕарын истэн, интэриэһиргээн, үлэлиир эйгэтин кытта билсээрибин бу күннэргэ көрсөн кэпсэттибит.
— Сайдам, эн историк идэлээх киһи бу медицина эйгэтигэр кэлэргэр туох төрүөт буолбутай? Үлэлээбитиҥ төһө өр буолла?
— Оҕо эрдэхпиттэн биир сиргэ таба олорбот, кэлиилээх-барыылаах, куруутун хамсана сылдьар оҕо этим. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, В.П.Винокуров-Кыталык Баһылай салайар “Кыталык” үҥкүү ансамблыгар сылдьыбытым, спортивнай ориентированиенан утумнаахтык дьарыктанан, Россия, республика таһымыгар ыытыллар элбэх күрэхтэргэ кыттыбытым. Оттон устудьуоннуу сылдьан, бэйэҥ билэҕин, оччотооҕу устудьуон уолаттар “Кут-сүр” спортивнай кулуупка күүскэ дьарыктаммыппыт.
Салгыы үлэһит буолан, сүрдээх үчүгэйдик үлэлии-хамсыы сылдьаммын, эмискэ сиһим улаханнык ыалдьан, аҥар атаҕым аккаастаан кэбиспитэ. Элбэх оҕолоох аҕа ыарыыга хайдах бэринэн кэбиһиэхпиний? Дьэ, доруобуйабар болҕомто уурарым наада буолбутун өйдөөбүтүм уонна билиҥҥи интернет үйэтигэр элбэҕи хасыһан, сис, тоноҕос ыарыытын эмтиир ньыманы көрдөөн барбытым. Кытайга, отоһуттарга, быраастарга сылдьыбытым. Массаж курсун кэннэ маҥнай утаа чэпчээн, ыарыым намыраабыкка дылы буолара. Онтон бэрт сотору кэминэн, урукку турукпар төннөн, мөлтөөн, сиһим, атаҕым ыарыыта бэргээн барара. Аҕам икки төгүл инсуллаан, ороҥҥо сытан хаалбыта. Мин хааным бааттааһына (давление) үрдээн, адьас куттанар буолбутум. Аҕам ороҥҥо, суорҕаннаах тэллэххэ сытан хаалбыт киһи элбэҕи ааҕан,билэн, дьарыктанан, санаатын күүһүнэн атаҕар туран кэлбитэ. Бу биһиэхэ барыбытыгар үтүө холобурунан буолбута. Киһи санаатынан олорорун, доруобуйаны эдэр эрдэхтэн, ыарыы саҕаланаатын кытта болҕомтоҕо ылан, хас биирдии киһи бэйэтин тус доруобуйатын көрүнүөхтээҕин, сатарыппакка эмтэнэ сатыахтааҕын дьиҥнээхтик өйдөөбүтүм.
Кэргэним Лариса Семеновна Санкт-Петербургтан Дьокуускайга Швейцарияҕа айыллыбыт ньыманан тоноҕоһу эмтиир быраастар кэлбиттэрин туһунан истэн, миигин уонна улахан уолбутун илдьэ консультацияҕа барбыппыт. Уопуттаах быраастар уолбут бастакы тоноҕоһун- атланын көннөттөрө охсорбутугар сүбэлээбиттэрэ. Билигин кистэл буолбатах, ордук куорат сиргэ олорор дьон, оҕолор хамсаныы, сүүрүү-көтүү, эрчиллии диэнтэн ыраахтар. Компьютер иннигэр уһун күнү быһа олорор киһи элбэх. Ити түмүгэр, оҕо олох кыра сааһыттан сколиоз диэн диагнозтаах буолар. Тоноҕос эрийэ барыыта, деформация барда да, бу оҕо доруобуйата проблемаланар, чаастатык ыалдьар, ньиэрбинэйдиир буолар, үөрэҕэр мөлтүүр, сэниэтэ суох, утуктуу сылдьар буолар. Дьэ, маннык проблема билигин биһиэхэ тыын боппуруоһунан турда.
Бу быраастарга сылдьан, элбэҕи ыйыталаһан, билэн-көрөн баран, бэйэм бастакы тоноҕоспун бу ньыманан көннөттөрөн, иккистээн төрөөбүт киһи курдук чэпчээн, доруобуйам көнөн барбыта. Төбөм ыарыыта умнуллан, хааным баттааһына нуорматыгар түһэн, илиим, тарбахтарым, атаҕым утуйара, сүһүөҕүм, тоноҕоһум ыарыыта тохтообута. Харахтан сыыһы ылбыт курдук диэн арааһа, маны этэллэрэ буолуо. Күн аайы төбө ыарыытыттан, давление тахсарыттан араас таблетканы иһэрбин тохтоппутум. Сиһим ыарыытын уоскутаарыбын маас арааһын атыылаһан, сотто сатыырбын умнубутум. Дьэ, ити күнтэн ыла, этэҥҥэ, чэгиэнник сүүрэ-көтө сылдьарбыттан олус үөрэбин. Бэйэм тус холобурбунан билбит буоламмын, маннык швейцарскай ньыманан дьонум-сэргэм кыһалҕатын быһаарарга, олохпун доруобуйаны, медицинаны кытта ситимнииргэ быһаарыммытым.
— Бу Швейцария ньыматын, аппарат үлэтин туһунан сиһилии кэпсэтэ түһүөххэ?
— Төбөнү кэтэх аннынан үс эрээтинэн 14 быччыҥ тутан турар. Төбөнү тутан олорор бастакы сүһүөх “атлант” диэн ааттанар. Сир шарын тутан турар Атлант диэн номох геройун билэҕит. Кини иҥнэри, сыыһа тутар буоллаҕына, барыта сыыһа барар. Онон тоноҕос бастакы сүһүөҕэ ити аатынан ааттаммыт. Тоноҕостор бэйэлэрин икки ардыларыгар диискэлэринэн тиһиллэн турар буоллахтарына, бастакы уонна иккис тоноҕос икки ардыгар диискэ суох. Иккис тоноҕос Аксис диэн ааттаах.
Атлант ортотугар улахан хайаҕастаах. Төбө уҥуоҕар эмиэ соҕотох хайаҕас баар. Олор үрүт-үрдүлэригэр сөп түбэһиэхтээхтэр. Хайалара эрэ кыратык да, туора барбыт буоллаҕына, кыбыллыы баар. Атлант икки өттүгэр кыра синньигэс хайаҕастар бааллар. Онон төбөҕө ааһар тымырдар киирэллэр. Төбөбүт иһэ толору тымыр. Олор бары аһылыкка наадыйаллар. Оттон аһылыгынан хаан эрэ хааччыйар. Аһылык аналлаах миэстэтигэр тиийэригэр кыбыллыбыт тымыр мэһэйдиир. Дьэ оччоҕуна, хаан баттааһына уларыйар, төбө ыалдьыан сөп. Итиннэ маннык боростуой холобуру аҕалыым. Оҕуруокка уу кутар шланганы атаххынан үктээтэххинэ, уу барара тохтоон хаалар. Биир өттүгэр уу туолар, ыгар, мунньустар, биир өттүгэр уу ааспат. Оруобуна ити курдук хартыына биһиги организммытыгар тахсарын хараххытыгар ойуулаан көрүҥ . Тымырдарга хаан тиийбэккэ, кыччаан, кууруу-хатыы саҕаланар. Төбө сатаан эргийбэт буолар, тоноҕос икки ардыгар баар диискэ аалыллар. Онон эһэ курдук эргийэргэ тиийиллэр. Ити тоноҕос бастакы сүһүөҕэ төбөнү кытта холбоһор олохтоох анал уйатыгар киирэн хааллаҕына, дьэ доруобуйа тупсууга барыахтаах. 33 тоноҕос бары миэстэлэригэр турар буоллахтарына, киһи органа барыта сөпкө үлэлиэхтээх.
— Бу үлэлээн кэлбит кэмҥэр араас диагнозтаах дьон сырыттахтара? Дьэ ити сүрүн биричиинэтэ туохха сытар эбитий?
— Бастакы сылларбар Санкт-Петербургтан, Москваттан анал үөрэхтээх специалистары, быраастары манна Дьокуускайга аҕаламмын, үлэбин саҕалаабытым. Ол тухары бэйэм тэҥҥэ үөрэнэн, элбэҕи көрөн-билэн, элбэхтик айаннаан, кэлэн-баран, бу ньыманан үлэлииргэ анал үөрэҕи ааһан, сертификат ылбытым. Онон дьону кытта үлэлиир толору бырааптанаммын, “Атлант-Саха” диэн киини арыйбытым. Дьокуускайга эрэ буолбакка, республика араас улуустарын устун элбэхтик сырыттым. Үгүс дьону кытта көрсөн кэпсэтэн, бэсиэдэлээн, өр сылларга ыйааһын оҥосто сылдьыбыт ыарыыттан босхолооммун, махтал, хайҕал тылларын истэрбиттэн үөрэбин.
Араас диагнозтаах дьон кэлэллэр. Былыр айылҕа сокуонунан оҕо төбөтүн оройунан окко күөлэһийэ түһүүтэ, бэйэтин ыйааһынынан сиргэ тардыһыыта, бу куттала суох ньыма эбит. Оттон билигин хайдаҕый? Эдэр дьахталлар биирдэ-иккитэ оҕолоноот, сис ыарыһах буолаллар. Ити сүнньүлэрэ тахсарыттан, эбиитин эриллэн биэрэриттэн эбит. 1864 сыллаахха “Повивальное дело” диэн кинигэҕэ саҥа төрөөбүт оҕо төбөтүн алҕас таарыйдахтарына, тута сэрэнэн сүнньүн көннөрөн биэрэллэр диэн суруллубут. Төрүүр дьиэлэргэ оҕону төбөтүттэн тардан, олуйан, оҕону ийэ иһиттэн таҥаһынан ыган, баттаан таһаарыыттан, бу оҕо күн сирин сырдыгын көрүүтүгэр сүнньэ номнуо травмаланан тахсар. Онон киһи ыарыһах буолуутун бастакы биричиинэтэ итиннэ сытар. Олоҕуттан хамсаабыт тоноҕос ханньары барар. Дьэ онно табыгастаах буоларын курдук, хас биирдиибит эриллэн, тоноҕоспут эмиэ токуруйан хаалар. Тоноҕос токуруйда да, таас өрө көтөҕүллэр, атах кылгыыр. Маннык, араас ыарыыны тулуйан, олохпутун олоробут. Аптекаттан эмп, маас төһө да сыаналаах буоларын аахсыбакка, таблетканы хааланабыт. Сиспит ыалдьарын таһыттан маастыыбыт. Оттон ыарыыбыт сүрүн биричиинэтэ, тоноҕос бастакы сүһүөҕүн хамсааһыныгар сытарын сэрэйбэппит даҕаны. Билигин ити ыарыылартан быыһанар суолу булбуппуттан, ити барыта көннөрүллэр буолбутуттан үөрэбин эрэ.
Айылҕаҕа биир да тыынар тыыннаах тиэрэ сытан төрөөбөт. Кыыл-сүөл барыта турбутунан төрүүр. Атын омуктарга барыларыгар чохчойон олорон, туран төрөөһүн баар. Инникитин хас биирдии төрүүр дьиэ аайы анал кириэһилэ-трансформер баар буоларын ситиһиэхпитин наада. Киһи ыарыһах буолуутун үгүс төрүөтэ – төрүүргэ ылбыт эчэйиититтэн. Кэнники сылларга ДЦП-лаах оҕо ахсаана олус элбээтэ. Ити тоноҕоско улахан эчэйии түмүгэ. Организмҥа хамаанда тоноҕос нөҥүө барар. Ангина, мурун бүөлэниитэ, гайморит, синусит, харах, сүрэх, ис орган мөлтөөһүнэ, зоб, тиис ыарыыта, сөпкө ыстааһын (прикус) о.д.а. ыарыылар итини кытта ыкса сибээстээхтэр.
— Оччотугар эйиэхэ процедураҕа кэлбит киһи 100 % көнөн барар дуо? Эмтээһин ыарыһах сааһыттан тутулуктаах дуо?
— Тугу барытын кыра эрдэҕинэ саҕалыыр ордук. Онон оҕолор, уҥуохтара кытаата илигинэ миэхэ кэллэхтэринэ, бу ньыма көмөтүнэн тута сүнньүлэрин көннөрөбүн. Маны киһи аҥардас тарбаҕынан, илиитинэн хайдах да проблеманы быһаарар кыаҕа суох. Онон анал айыллыбыт аппаратынан судургутук көннөрөбүн. Хас биирдиибит организммыт тус-туһунан. Киһи сааһыттан, олорон кэлбит олоҕор, бу эчэйиини төһө өр илдьэ сылдьыбытыттан эмиэ улахан тутулуктаах. Сорох дьон биир эрэ сеанстан тута көнөллөр. Сорохтор хаста да кэлиэхтэрин сөп. Ону таһынан, тоноҕос урукку эриллэ сылдьыбыт балаһыанньатыттан көнөрүгэр, киһи бэйэтэ эмиэ бэриллибит хамсаныыларынан дьарыктаан көмөлөһүөхтээх.
Киһи сааһыгар хааччахтааһын суох. Кими баҕарар көрөбүн. Бастаан сиһилии кэпсиибин, тоноҕос уҥуоҕун тутан, хамсатан көрдөрөбүн. Дьон көнө тоноҕос туһунан толору өйдөбүлү ыларыгар бэсиэдэни ыытабын. Миэхэ сылдьыбыт киһи биллэн турар, доруобуйатын көннөрүүгэ бастакы хардыыны оҥорорун саарбахтаабаппын.
— Кэпсэтиибит түмүгэр тугу этиэҥ этэй?
— Бэйэм кэтээн көрүүбүнэн, дьон үксэ, бэйэм да оҕолорум, төрүүллэригэр эчэйиилэммиттэр. Онон тус бэйэм дьиэ кэргэммиттэн саҕалаан, тулалыыр дьонум, биир дойдулаахтарым биирдэ бэриллэр олоххо дьоллоохтук, доруобайдык олороллорун ситиһэр баҕалаахпын. Үгүс ыарыы төрүөтэ баара-суоҕа тоноҕоһу кытта төбөнү ситимниир биир сүһүөх хамсааһыныгар сытарыттан киһи сөҕөр эрэ. Төһөлөөх элбэх үрдэ суох үппүтүн эмкэ-томко, анализка, КТ, МРТ аппараттарга о.д.а медицинскэй процедураларга кутабытый? Улахан наркоһу ылан, араас операцияны ааһабытый, эппитин-сииммитин быстарабытый? Систэригэр тимир уктарбыт дьон эмиэ наһаа элбээтэ. Бэйэбит эппитин-сииммитин үөрэтэн, кэтээн көрөн, операцияҕа барарга ыксаабакка, ыарыыны, итэҕэһи туоратарга билигин тоҕоостоох кэм кэллэ дии саныыбын.
Киһи доруобуйата, уопсай туруга тоноҕостон олус тутулуктааҕын таба өйдүөхпүтүн наада. Биһиги тыйыс айылҕалаах, уһун кыһыннаах Сахабыт сиригэр күммүт көрөрө сүрдээх кылгас. Онон организммытыгар болҕомто ууран, элбэхтик хамсанан, айылҕалыын алтыһан, доруобай аһы аһаан, ыраас ууну, сөптөөх битэмииннэри иһэн, саҥа күн сарсыардатын үөрэ-көтө көрсүөҕүҥ, дьоллоох олох хаһаайыннарынан буолуоҕуҥ диэн ыҥырабын.
— Сайдам, дьэ кырдьык дьоммут, норуоппут туһугар сүрдээх туһалаах эйгэни тутуспуккун. Ыарыыттан, кыһалҕаттан босхоломмут дьон махталын ыла тураргар, дьиэ кэргэҥҥэр, үлэҕэр-хамнаскар, ылсыбыт дьыалаҕар ситиһиилэри баҕарабын!
“Саха тутан-хабан көрдөҕүнэ астынар” диэн бэргэн этии баар. Билиҥҥи кэмҥэ чахчы туһаны аҕалар дьону сэргэ киһи итэҕэйимтиэтинэн туһанааччы да баара биллэр суол. Онон сорох киһиэхэ саарбаахтааһын үөскүөн сөп. Оттон киһи тус бэйэтин доруобуйатыгар ис сүрэҕиттэн кыһаллан, инники олоҕун, чэгиэн, чөл туругун, бэйэҥ эрэ илиигэр буоларын өйдүөхтээххин. Ыалдьан, санаата түһэ сылдьар киһиэхэ эйэҕэс сыһыан, истиҥ кэпсэтии да, кыым саҕа күүһү-уоҕу эбэр. Эмтэнэн, олохторун уларыппыт дьон санаатын истэн, инникигэ эрэл санаанан кынаттанар туохтааҕар да ордук буоллаҕа.
Кэпсэттэ Екатерина Бястинова.
Большой ролик о деятельности Сайдам Григорьевича, посмотрите, очень интересно!
Все подробности, которые вы могли хотеть узнать, о проблемах со здоровьем в современной жизни и многие другие вопросы были подняты в этом видео.
Концентрация полезной информации 100% .
Запись по тел.:8(924)765-33-33 8(924)765-05-55
Ссылка на наш инстаграм-аккаунт — https://www.instagram.com/atlantsakha_ykt/
|