Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2020 » От ыйа » 17 » ТАҤХА
ТАҤХА
15:29
 Саҥа Дьылы тилэх баттаһа таайтарыылаах-таабырыннаах Таҥха киэһэлэрэ үүннүлэр. Оттон сахалар Таҥха киэһэлэрин иһиллиэхтэрэ, быйылгы Билгэ Тойон сылыгар туох күүтэрин түстүөхтэрэ.
ТАҤХА

Туску, туску, туску!
Таҥханы анааччы,
Tүһү олордооччу,
Түөрэхчит бaha,
Yс биһик төрдө,
Уон икки ороҥҥо уйалааччы,
Уон икки мутукка олордооччу,
Кэрэ кэскили тэрийээччи,
Төлкөнү түпкэ түһэрээччи,
Эргэ дьылы эһээччи,
Саҥа дьылы саҕалааччы,
Халлаантан тутулуктаах,
Сиртэн ситимнээх,
Саҥа саҕаланары сабаҕалааччы,
Инники хардыыны иннилээччи,
Таҥхаһыт
Таҥха Хаан Тойон,
Бэттэх көрөн
Мичик гын!
Дом!
Биһикпин олорпут,
Түөрэхпин түһэрбит
Таҥха Хаан төрдүм,
Бэттэх көрөн
Мичик гын!
Сыыһа суолу сыһыарыма,
Туора суолу туттарыма,
Быстаҕы киллэримэ,
Былаҕайга былаама,
Үтүө санаа өркөнүн туттар,
Тускуну тосхой,
Дьолуону туһаай,
Эппитим
Эҕэрдэ буоллун!
Дом!

«Таҥха» диэн тыл сахаҕа хантан кэлбитэй диир эбит буоллахха дьиктилэрдээх эбит. Бүрээт-монгол тылыгар «танха» диэн тыл, үүттэн «архи» диэн арыгыны оҥороллоругар туттар тымныы ууга ууруллар туойтан иһит ааттанар эбит. Көрөрбүт курдук, манна тымныы уу өйдөбүлэ баар.
Таҥха диэн тыл икки тылтан тутуллан турар курдук – «таҥ» уонна «ха». Түүр тылыгар «таҥ» диэн эттиги, эти-сиини көрдөрөр, биитэр хара сарсыарданы ааттанар эбит. Сахаҕа, тыҥ диэн тылы туһаналларыгар, таҥара сараабыт кэмигэр саҕахха күн тахсыан иннинээҕи тыҥ хатыытын этэллэр.
Таҥ диэн сайын да ууллубат мууһу уонна ону-маны таҥан оҥорору этэллэр. Таҥыыта суох туттунууну түҥ-таҥ диэһин баар. Онон, таҥхаҕа инникилэрин таҥан таһааралларын бэлиэтиир курдук ити тыл.
Өссө, ыраахтан иһиллэр, чугаһаан иһэр улахан тыас диэн эмиэ эбит. Ити тыл элбэх омук тылыгар улахан тыаһы, этиҥ этиитин бэлиэтиирин кытта сөп түбэһэр. Оттон кытай, дьоппуон уонна кыратык уларытыллан түүр омук тылыгар үдүкү халлааны бэлиэтиир.
Эмиэрикэ маайяларын уонна атын да индеецтарын тыллара былыргы түүр тылын кытары сөп түбэһиилэрдээҕин туһунан өссө XIX үйэҕэ бэлиэтии көртөрө этэ. Маайяларга күн диэни "күн" дии сылдьыбыттара биллэр. Таҥ диэн сиу индеецтэрэ эмиэ түүрдэр курдук сарсыарда эрдэтээҕи кэми ааттыыллар эбит. Сиуларга аҕа диэни ате, ийэ диэни ина, инэй, сап-саһархай диэни сап-сары, хап-хара диэни кап-кара диэн ааттыыллар эбит.

«Ха» диэн тыл сахаҕа туох эмит хаатын туоһулуур. Башкирдарга уу диэн Ху дэнэр. Эмиэ ха диэҥҥэ майгылыыр. Маайяларга – Алтун Ха, ол, эбэтэр, Көмүс Уу диэн маайялар бэрткэ диэн ытыгылыыр, былыргы улахан куораттара турбут сирдээхтэр эбит. Манна, Ха диэн уу диэн өйдөбүлү көрдөрөрө көстөр.
Тангха – Будда үөрэҕэр ытык көлүөһэ ойуута.
Итинтэн сиэттэрэн көрдөххө, Таҥха диэн тылга уу уонна үрдүкү халлаан өйдөбүллэрэ саһыарылла сылдьаллар эбит.

Сүллүүкүн – уу иччитэ. Бу кытай Шуй-луҥ-куан (Уу ыраахтааҕыта) диэн тылытан тахсар. Кытайга билиҥҥэ диэри саамай кылгас күҥҥэ луо бырааһынньыга буолар.

Кинилэр бу кэми луо төбөтүн өрө көтөҕөр дииллэр. Сахаҕа Луо кыыл диэн моҕой олоҥхоҕо этиллэрэ баар. Нуучаҕа Шиликун – уу абааһыта. Комига Шулейкин – ол аата, Уукун. Башкиирдарга – Шүлгэн - уу абааһыта.


Кини син биир уу иччитин курдук. Арай киһиттэн уратыта диэн хааһа уонна кыламана суох дьүһүйэн көрөллөр эбит. Бэйэтэ ойохтоох, оҕолордоох буолар. Элбэх баҕайы харчыны илдьэ сылдьар. Ол харчытын хаартыга оонньуур. Нууччалыы "жулик"-сүүлүк диэҥҥэ да майгыннатыахха сөп. Дьону-аймаҕы тургутан, майгы-сигили уларыйбытын кэтээн билэн бараннар үрдүкүлэргэ үҥсэллэр. Кинилэр киһи инниктин өтө көрөллөр. Полинезиецтар "понатуриларыгар", муораттан түүҥҥү кэмҥэ тахсар маҥан өҥнөөх иччилэргэ майгынныыр.
Бастаан оҕо-дьахтар сүллүүкүттэр тахсаллар. Кинилэр билэллэлэрэ арыый кыра буолар. Оттон орто саастаах сүллүүкүттэр тахсаллар. Кинилэр билиилэрэ арыый киэҥ. Бүтэһигэр аҕа саастаах сүллүүкүттэр тахсаллар. Кинилэр билиилэрэ киэҥ.

Тохсуньу 6-7 түүнүгэр оһох оттооччу сүллүкүүн тахсар, быраҕыллыбыт өтөхтөрү, дьиэлэри сылытар. Дьоно-сэргэтэ көһөн кэлэригэр бэлэмниир. Бу кэмтэн Айылҕа чараас эйгэтэ уһуктар, бит, билгэ, ону тэҥэ түүл барыта иччилээх буолар.

Тохсуньу 13-14 түүнүгэр, сүллүүкүттэр көһөн тахсыылара. Былыр сүллүкүүн иһиллии диэн аартыктарга ону тэҥэ өтөхтөргө баран обүгэлэрбит маныыллара.

Тохсуньу 19-20 түүнүгэр сүллүкүүттэр көһөн киириилэрэ, бу кэмнэ орто дойду инники олоҕун бүтүннүү билэн бараллар ол иһин ойбон аллараннар ол аттыгар олорон өбүгэлэрбит инники дьылҕаны иһиллии киирэллэрэ.

Сүллүүкүттэри маҥнай ууга олорор харамайдар курдук көрөллөрө. Кинини саха абааһыга да, айыыга да кыайан киллэрбэтэх. Ууга олорор иччигэ чугас харамай курдук өйдөөбүт. Ойбонтон тахсан баран суоллар устун, кылабыыһаларга, эргэ өтөхтөргө саһаллар. Хаартылыылларын сөбүлүүллэр.

Биһиги билигин кинилэри иччилэргэ киллэрэрбит оруннаах. Уу иччитин курдук көрөллөрө. Кинини Дьылҕа Хааны кытта сибээстээх курдук сыаналыыллара. Ол курдук Таҥха диэн туом айыы туомнарыттан биир улаханнара буолар. Арай кини сырыытыгар эрэ арыт ыарыыны тарҕатарын туһунан этии баара биллэр. Ол дьону-аймаҕы тургутан көрөр быһыылара буолар.  

1925 сыллахха Алампа «Таҥхаһыт» диэн хоһоону суруйбута. Онно инники кэми өтө көрүү бэриллибитэ. Бииринэн, дьон «Айыыларын санаатахтарына» кини тыла өйдөнөр буолуон билгэлиир. Иккиһинэн, быстахха эрэ түбэһэн «очурга охсуллуон» таайар. Бу таайыылара сүнньүнэн сөп буолбуттара. Биһигини ордук кини хоһоонун «Таҥхаһыт» диэбитэ дьиктиргэтэр. Кини инникини өтө таайарга санаммыт. Ону таҥханы эрэ кытта сибээстээн өйдүүр эбит.

Таҥхалааһыны билигин дьон-сэргэ икки өрүттээхтик ылынар: сорох көннөрү оонньуу-көр курдук, сорох билгэҕэ, таайыыга олус итэҕэйэр. Хайа да киһи олоҕо үчүгэй эрэ буолуон баҕарар, инникиттэн кэрэни эрэ күүтэр буоллаҕа. Үчүгэйи эрэ билэн-истэн, ол билбититтэн-истибититтэн эрэллэнэн, инникитин олох олорорго күүс-күдэх ылаары билгэлэнэллэрэ.
Барыта 70-тан тахса таҥха оонньуута баара биллэр.

Таҥха оонньуулара киһини айыыга сыһыарарга төрүт буолаллар. Билигин айыы таҥхатын оонньууларынан түөрэҕи, бүргэс сүүрдүүтүн уонна мөһүлгэни көрүүнү билинэллэр төрүт итэҕэлгэ. Бу оонньуулары айыыларга сыһыаннаахтар дииллэр, дьон инникилэрин сөптөөхтүк торумнуулларыгар санааларын бөҕөргөтүнэллэригэр наада. Онтон атын оонньуулар киһи уйулҕатын түгэх өттүгэр олоҕураллар. Үөрү ыҥырыылаахтар. Онон ити оонньуулары таҥха оҥорууга киллэрбэттэр.

Түөрэх быраҕыы, «сыҥаах ойуун»
Былыр түөрэх быраҕыы улаханнык тэнийбитэ. Бараһыайдыыр киһи тугу эмит ыйытан баран ньуосканы, бэргэһэни, үтүлүгү, сүөһү алын сыҥааҕын, о.д.а. үөһэ быраҕара. Ити мал-сал умса эбэтэр олоро түһэринэн инники дьылҕаларын билгэлииллэрэ. Холобура, ньуосканы үөһэ быраҕан баран: «Бу сырыыга булпар баартаах буоллахпына түөрэҕим олоро түс, оттон тыаттан кураанах эргиллэр буоллахпына түҥнэри түс», - дииллэр. Ньуоска умса түстэҕинэ табыллыбат бэлиэнэн ааҕыллар уонна таайааччылар аат эрэ харата «былаҕай» диэн саҥа таһаараллар, оттон ньуоска аһыыр өттүнэн үөһэ көрөн түстэҕинэ, ити баарды билгэлиир, оччоҕо дьон «туску!» диэн саҥа аллайан, үөрэн үөһэ ууналлар. Маннык билгэлээһиҥҥэ туттуллар мал-сал «түөрэх» диэн ааттанар.
Түҥ былыргы уонна тарҕаммыт таайыы ньымата «сыҥаах ойуун» диэн. Уол эбэтэр кыыс тымтыгы устатынан үс гыммыттан бииригэр диэри хайытар, онно туора эмиэ тымтыгы кыбытар. Ол кэнниттэн бу «сыҥаах ойууну» көмүлүөк оһох холумтаныгар батары анньан баран туора маһын ортотунан уматаллар. Тымтык умайан бүттэҕинэ икки аҥы арахсан, арыый бүтүн өттө туора баран түһэр. Ити тымтык хайа диэки түһэриттэн уол кэргэн ылар кыыһа, кыыс эргэ тахсар киһитэ олорор сирин сылыктыыллар. «Сыҥаах ойууҥҥа» эрдэттэн ыйытыы биэрэн, тугу баҕарар таайыахха сөп. Холобур, «кэтэһэр киһим бүгүн кэлэр түбэлтэтигэр инники муннукка, оттон кэлбэт буоллаҕына ааҥҥа ой» диэхтэрэ.

Ойбон аттыгар таҥха иһиллээһин
Киһи ахсаана төһө баҕарар, ол эрээри чорбоҕо суох буолуохтаах. Кириэстэрин устан баран, хараҥаҕа ойбон таһыгар халыҥ суорҕанынан бүрүнэн чөмөхтөһөн олороллор. Төһө эрэ бириэмэ ааспытын кэннэ атах тыаһа иһиллэр уонна ким эрэ барыларын ыарыылаахтык төбөҕө охсуталыыр. Онуоха ыарыыгыттан уонна кутталгыттан хаһыытыа суохтааххын, оччоҕо инникини кэпсээн киирэн барар.

Сылгылар кэпсэтиилэрэ
Киһи эрдэттэн окко киирэн саһар. Түүн ол сир аттыгар икки аты аһата баайаллар. Кинилэр биир ийэттэн төрөөбүт атыырдар эбэтэр биирэ хаһаайын киэнэ, иккиһэ айан сылгыта буолуохтаахтар. Сылгылар бастаан кинилэр кэпсэтиилэрин истиэн сөптөөх киһини кырыыллар. Онтон киһилии кэпсэтэн бараллар, ол быыһыгар хаһаайыннарын, кинилэр чугастааҕыларын дьылҕатын билгэлииллэр. Саспыт киһи баарын биллэрдэҕинэ сылгы кырыыһыттан өлөр кутталланар.

Түннүк анныгар иһиллээһин
Түүн ыалларын түннүгүн анныгар иһиллииллэр. Хаһаайын уола сотору кэминэн ойохтонор буоллаҕына иһиллээччи бөрө улуйар саҥатын, оттон кыыһа эргэ тахсар түбэлтэтигэр ыт үрэрин истэр. Дьахтар төрүүрүгэр чыычаах ыллыыр. Ким эрэ бу дьонтон өлөр буоллаҕына дьиэни сиппийэр эбэтэр хаптаһынынан уһанар тыас иһиллэр.

Хаары сиидэлээһин
Киэһэ сэргэни тула хаары сиидэлээн куталлар. Сарсыарда эрдэ туран ити хаары көрдөххө, араас суол-иис хаалбыт буолар. Сиидэлээбит киһи байыах буоллаҕына хаарга кулунчук, торбос туйаҕын суола көстөр. Оҕо төрөөрү гыннаҕына оҕо атаҕын суола, оттон өлүүгэ түбэһиэх буоллаҕына хоруоп эбэтэр киһи уҥуоҕа көстөр.

Бүргэһи сүүрдүү
Хобордоох түгэҕэр туойунан ортотугар кыра төгүрүгү оҥороллор. Ити төгүрүктэн хобордоох кытыытыгар диэри «суоллары» ыыталлар. Бүргэс тутааҕар иннэни анньаллар. Инньэҕэ сап уган баран бүргэһи хобордоох оруобуна ортотун үрдүнэн туһаайан сабыттан тутан тураллар. Бүргэһи хамсатыа суохтааххын. Ол эрээри сотору кэминэн бүргэс син биир хамсаан киирэн барар. Хайа диэки суолга түбэһэриттэн киһи дьылҕатын билэллэр. Илин диэки Айыыһыт уонна Иэйэхсит суолугар түбэстэҕинэ таайааччы элбэх оҕолонуохтаах. Оттон арҕаа «абааһы суолугар» хайыстаҕына таайар киһи мөлтүөн сөп. Хотугулуу-арҕаа, дьаҥ-дьаһах төрдүгэр - ыалдьар диэн буолар. Маятник хоту «оттуур-мастыыр суолу» ыйдаҕына киһи дьадаҥы буолар. Хотугулуу-илин сайыҥҥы күн тахсар сиригэр, ынах сүөһү таҥараларыгар хайыстаҕына сүөһүнэн байыа. Оттон соҕуруулуу-илин сылгы таҥарата Күрүө Дьөһөгөйгө тириэрдэр, кыһыҥҥы күн тахсар суолугар түбэстэҕинэ сылгыта дэлэйиэ дииллэр эбит.

Таҥха киэһэлэригэр туох барыта иччилээх, имэҥнээх буолар диэн бары билэбит. Билиҥҥи кэмҥэ таҥхалааһыны утарар куоластар иһиллэн эрэллэр.
Саха итэҕэлин сүрүн туомнарын хара маҥнайгыттан уларытан, куһаҕан, сатанинскай туомнар курдук көрдөрө сатааһын ыраахтааҕы кэмиттэн баара, билигин да баар, сорох үөлээннээхтэрбит, урукку хааллынньаҥ кэминээҕи былаастары үтүктэн, Таҥха туомнарын, Ытык Дабатыыны абааһы туомун күрдүк көрдөрөллөрө, сахаларга тумуһугар уоту тутан аҕалбыт, идэтийии төрдө буолбут Улуу Суоруну утараллара баар суол.
Былыр-былыргыттан өбүгэлэрбит таҥха иһиллииллэрэ. Таҥха - Дьылҕа таҥараларыттан биирдэстэрэ, саха киһитин оҥоһуутун билгэлиир итэҕэлгэ. Киһи төрөөтүн кытта Таҥхата түһэр дэнэр. Дьылҕа Хаан киһи төрүүр-өлөр болдьоҕун аныыр эбит буоллаҕына, Таҥха Хаан –  олоҕун үтүө-мөкү да, түһэр-тахсар да сүрүн түгэннэрин быһаарар. Билиҥҥи кэмҥэ биллэринэн, Таҥха Хаан Тойон икки көстүүлээх буолар эбит дьоҥҥо-аймахха: Бит Тангха – дьоҥҥо биттэнэнэр дьоҕуру биэрэр уонна Тойонньут Тангха – тойоннуур дьоҕуру аныыр. Дьэ ол иһин, ити норуокка олоҕуран хаалбыт үгэстэри ханна да ылан бырахпаккын, саҥалыы хараҕынан көрөн, суолтатын быһааран, туһаҕа ылыллыахтаах.

Айыы Үөрэҕэ этэринэн, сэттис халлааҥҥа олохсуйбут билии таҥараларын – Билгэ Хаан, Таҥха Хаан уонна Дьылҕа Хаан киэлитэ, киһи этигэр-сиинигэр хараҕын оннунан ойбонноон олорор. Таҥха икки дьүһүннээх буолар эбит – Бит Таҥха уонна Тойонньут Таҥха.

Оннооҕор Аал уот иччитэ Аан Уххан, бэйэлэрин ааттарын ылыныан иннинэ Таҥха Дьалларыксыт дэнэр эбит, ол аата, эмиэ даҕаны, таҥхалаан эрдэҕэ. Ол иһин, былыргыга, уот хамсаныытынан, чох түһүүтүнэн сиэттэрэн билгэлииллэрэ-таҥхалыыллара биллэр.
 
Category: Айыы үөрэҕэ | Views: 886 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  От ыйа 2020  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
2728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 7
Ыалдьыттар (гостей): 7
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024