Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2020 » От ыйа » 17 » Тойоннооһун
Тойоннооһун
15:32
Тойоннооһун
 
Тойоннооһун диэн бэлиэлэри уонна биттэри тэҥнээн туох эрэ быһаарыыны ылыы. Итинник киһи билиитэ көннөру билиигэ олоҕурар киһитээҕэр толору буолар. Сороҕор кини быһаарыыта өйдөммөт буолуон сөп. Дьыала барыта тойоннооһунтан тутулуктаах. Ол аата сэрэйэн билии уонна чопчу билии тэҥҥэ сылдьыахтаахтар. Сэрэйэн билии төһөтө эрэ сымыйа буолуон сөп. Ол гынан баран таба өттө улахан буолар. Ханнык баҕарар дьыаланы ылсыстахпытына, тиһэгэр тиийэ түгэҕин билбэппит. Дьыала күлүүс тыла ахсыс халлаантан кэлэр диэбиппит. Үгүс киһи онно хаһан да тиийбэт. Ол аата үксүбүт дьыала түгэҕэр көрөр буолбатахпыт. Сэрэйэн эрэ билэбит.
                                                   Тэрис.
                                                   63 өйдөбүл.
                                                   Якутск:  2010, с.  50.                                                                           
Улахан лиэксийэ тиэмэлэрэ:
-Тойоннооһун (герменевтика).
-Былыргы, аныгы.
-Кэнсиэрбэлээһин.
-Айыы үөрэҕэ—тойоннооһун.
-Аман өс.
-Былыргыны былыргылыы ылыныы.
-Аныгы миистикэҕэ таһаарыы.
-Ханнык өрүккэ ананарын быһаарыы.
-Кодификация.
-Төрүт оноруу.
[8:53, 17.07.2020] Таҥ Бүө: Тойоннооһун туһунан

1.
Тойоннооһун диэн тыл сүрун ис хоһоону арыйыы диэн суолталаах. Б олус ыарахан. Киһи биллэрин курдук, икки өйдөөх: өй уонна түгэх өй (интуиция). Өй төһө кээмэйдээҕин билиэххэ сөп, онтон интуицияны кээмэйин хайдах да билбэппит. Оччого тойоннооһуну бһаарабыт уустугурар. Эмиэ да биллэр төрүккэ олоҕурар, ону таһынан киһи өйүгэр кыайан хабыбакка олоҕурар.

2.
Бит—элбэх быһаарыы бэриллибит. Онтон буолар тугэни эрдэттэн сэрэйии диэнэ ордук.
                                    Пекарскай Э. К.
                                    Словарь якутского языка.
                                    С. 478-479.

Бу сэрэйии тойоннооһуну онорго биир төрут буолар. Итини ылан кэбиһэр кыахпыт суох. Оччоҕо тойонооһуммут сороҕо өй таһыгар кытта тахсар …
[8:53, 17.07.2020] Таҥ Бүө: Сүлүүкүн туһунан Тэристэн быһа тардыы...
Толкуйдааһыннар

                             Сүллүүкүн туһунан бастакы толкуйдааһын
 
Сүллүүкүттэри маҥнай ууга олорор харамайдар курдук көрөбүт. Кинини саха абааһыга да, айыыга да кыайан киллэрбэтэх. Ууга олорор иччигэ чугас харамай курдук өйдөөбүт. Кинилэр киһиттэн ураты дьүһүннээхтэр. Ойбонтон тахсан баран суоллар устун, кылабыыһаларга, эргэ өтөхтөргө саһаллар. Хаартылыылларын сөбүлүүллэр.

Биһиги билигин кинилэри айыыларга киллэрэбит. Уу иччитин курдук көрөбүт. Кинини Дьылҕа Хааны кытта сибээстээх курдук сыаналыыбыт. Ол курдук Таҥха диэн туом айыы туомнарыттан биир улаханнара буолар. Арай кини сырыытыгар эрэ арыт ыарыыны тарҕатарын туһунан этиини хаалларабыт.  
                                                 
                            Сүллүүкүнү иккис өттүнэн толкуйдааһан

Бу толкуйдааһын П. А. Ойуунускай суруйууларыгар тирэнэр.
 
П. А. Ойуунускай таҥханы аллараа дойдуга баар диир.
                                 Ойуунускай П. А. Айымньылар.
                                 7 туом. Якутск: 1962, с. 15.

Дьиҥэр, Таҥха Хаан, Билгэ Хааны уонна Дьылҕа Хааны кытта бииргэ ааттанар идэлээх. Балар бары айыылар буолаллар. Аны ити хас биирдии айыы киһи этэ-хаана хайдах арыллан иһэрин көрдөр. Билгэ Хааҥҥа тирэнэр киһи көннөрү санаа хаамыытын туһанар. Таҥха Хааҥҥа тирэнэр киһи сэрэйэн, таайан билэр дьоҕурдаах. Оттон Дьылҕа Хааҥҥа тирэнэр киһи ойуун курдук ытык эттээх. Бу түөрүйэ бэркэ ырытыллан турар.

Ойуунускай саҕана христианство кэҥник тарҕанан турара. Кинилэр элбэх иччилэри, айыылары абааһылар диэн үөрэтэллэрэ. Ити сабыдыал син элбэх буолара. Сорох олоҥхолор христианство сабдыалынан айыллыбат буолаллар. Ити сабыдыал Ойуунускайга эмиэ тиийбит быһыылаах. Ол иһин Таҥха Хааны абааһыга киллэрэр. Манна төрдүнэн христиаство сабыдыалыан оҥоһуллубут олоҥхо буолар быһыылаах. Өссө биир таайыыны киллэрэбит. Олоҥхо саҥа үөскүүрүн саҕанааҕы барыйаан баар буолуон сөп. Бу барыйаан уратыта диэн айыыны уонна абааһыны чуолкай араарыы суох этэ. П. А. Ойуунускай ону этэр буолуон эмиэ сөп. 

Таҥха көмөтүнэн бухатыыр төрөөбүтүн ырыталлар.
                                          Ойуунускай П. А.
                                          Айымньылар. 7 туом,
                                          Якутск: 1962, с. 154.

Кини бу этэригэр айыы бухатыырын этэр курдук. Ол гынан баран таҥха абааһы дойдутугар баар диэбитэ сабыдыаллыыр. Онон таҥхалаан айыы да, абааһы да бухатыырын дьылҕатын этэр буолан тахсар. Оттон биир өттүнэн толкуйдаатахха, олоҥхо саҥа үөскүүрүн саҕанааҕы матырыйаал баар буолуон эмиэ сөп.

Ханнык эрэ бухатыыры хотуохтаах бухатыыр төрөөбүтүн таҥханан билэллэр.
                                       Ойуунускай П. А.
                                       Айымньылар. 7 туом.
                                       Якутск: 1962, с. 154.

Бу этиитигэр айыы да, абааһы да бухатыырын барытын холбоон этэр. Манна айыы уонна абааһы диэн өйдөбүл саҥа үөскүүрүн саҕанааҕы матыып ордук чуолкайдык этиллибит курдук. Биһиги хайдах да чуолкай быһаарар кыахпыт суох. Онон таайан эрэ этэр кыахтаахпыт. Кэлиҥҥи олоҥхолорго айыы уонна абааһы диэн өйдүөбүллэр  ханан да чугаһаспат гына тэйбиттэрэ.

Үс таҥха биһигэ баар: үөһээ дойдуга олорорго анаммыт киһи онно аналаах биһиккэ түһэр. Орто дойдуга аналлаах киһи орто дойду биһигэр түһэр. Аллараа дойдуга аналлаах киһи аллараа дойду биһигэр түһэр.
                               Ойуунускай П. А.
                               Айымьылар, 7 туом.
                               Якутск: 1962, с. 154-155.

П. А. Ойуунускай олоҥхо биир былыргы төрдүн билэр быһыылаах диэн таайыахпытын сөп. Кини толкуйа уларыбата ону дакаастыыр курдук. Бу көрүү быһыытынан айыы да, абааһы да бухатыырдара бииргэ төрөөбүттэр. Кинилэр тус-туспа дьылҕаланыылара таҥха ханнык биһигэр түспүтэриттэн тутулуктаах. Кэннэки олоҥхолорго маннык толкуйдааһын көҥүллэммэт.

Ханнык биһиккэ сэрэбиэй түһэр да бухатыыр ол дойдуга төрүүр.
                                 Ойуунускай П. А.
                                 Айымньылар. 7 туом.
                                 Якутск: 1962, с. 154.

Бухатыыр бэйэтэ биһиккэ, оҕо буолан, сытар курдук. Биһиккэ сытыы оннук өйдөнөр. Оттон бу түбэлтэҕэ бухатыыр бэйэтэ сыппат, кини сэрэбиэйэ түһэр. Былыргы кэпсээнэргэ маннык түбэлтэлэр элбэхтэр. Киһи бэйэтэ оҕо буолан биһиккэ сытыыта онуоха маарынныр көстүүнэн—сэрэбиэйинэн—солбуллар хаалар. Маны П. А. Ойуунускай бэйэтэ толкуйдаабыт буолуон сөп. Эбэтэр кини иннинээҕи дьон эмиэ толкуйдуохтарын сөп. Бу эбиилик букатын кэлин үөскээбит быһыылаах. 

Бөҕүлүкээн эмээхсин биһиги бигии-бигии ыллыыр. Кини ырыатын ис хоһоонуттар оҕо дьылҕата биллэр.           
                                    Ойуунускай П. А.
                                    Айымньылар. 7 туом.
                                    Якутск: 1962, с. 154.

Бухатыыр дьылҕатын бары ис хоһоонун Бөҕүлүкээн ырыатыттан билэбит. Бу бухатыыр дьылҕатын билиибит бүтэһик пууна. Дьэ, оччоҕо биһиги толкуйдуур кыахтанабыт. Г. В. Ксенофонтон этэринэн киһи бастаан үрүҥ Айыы дойдутугар олорор. Кини бэйэтэ буолбатах. Кини ийэ кута төрүүр, ити дойдуга төһө өр олороро биллибэт. Аан дойду айыллыаҕыттан буолуон сөп. Дьэ, бу кэннитэн кини хайа дойдуга барарын быһаараллар. Бу түбэлтэҕэ бастаан төрөөбүт ийэ кут айыы да, абааһы да хаачыстыбата суох Биһигини чуолаан бу долгутар. Айыы уонна абааһы диэн көрүүнү тутуһар киһи айыыны уонна абааһына биир төрүттүө суоҕа этэ. Үгүс олоҥхолорго бу матыып суоҕа ону туоһулуур курдук. Ол иһин П. Ойуунускай олоҥхо үөскүүрүн саҕанааҕы матыыбы туһанар курдук. Ити матыып  кини «Ньргун Боотуругар» эрэ баар. Аллараа Дойду биһигэр түспүт бухатыыр абааһы буолар, орто дойду биһигэр түспүт бухатыыр орто дойду айыытын киһитэ буолар. Оттон үөһээ дойду биһигэр түспүт бухатыыр үөһээҥҥи айыы буолар.

Биһигини биһик эмиэ дьиктиргэтэр. Ким эрэ хаттаан төрүүр буолаҕына, биһиктииллэр. Бу түбэлтэҕэ айыыта да, абааһыта да биллибэт кут ханнык дойдуга олороругар бигэртэтии ылар. Дьэ ити кэмҥэ эрэ кини айыы эбэтэр абааһы буолара быһаарыллар. Манан сибээстээн киһи хаста төрүүрэ эмиэ биллэр. Манна киһи хас куттааҕа төрүт буолар. Оччоҕо ханнык баҕарар орто дойду киһитэ үстэ төрүүр. Маҥнай кини ийэ кута төрүүр. Оттон салгын кута хайа дойдуга барара быһаарылар кэмигэр салгын кута төрүүр уонна айыы суолун устун аллара түһэр. Тиһэҕэр орто дойдуга буор кута төрүүр. Аны сахаларга ханнык баҕарар киһи дьылҕата ханнык эрэ мас мутугар иитиллэр диэн өйдөбүл баар. Итиннэ саҥа биһик туһаналлыбат быһыылаах. Урукку биһиги мас мутугар ыйыыллар. Үрдүк мутукка ыйыммыт биһиктээх киһи кыахтаах буолар. Орто мутукка ыйыммыт биһиктээх киһи орто күүстээх буолар, аллараа мутукка иилилибит биһиктээх киһи кыра кыахтаах. Бу салгын кут иитиллэр кэмигэр—атыннык эттэххэ иккис төрөөһүн кэмигэр—буолар. Тиһэххэ түөрэх барыҕаллар уонна киһи хаһан, ханна төрүүрэ быһаараллар. Дьэ, ол түмүгэр оҕо буолан орто дойдуга төрүүбүт.
 
Category: Айыы үөрэҕэ | Views: 747 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  От ыйа 2020  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
2728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 16
Ыалдьыттар (гостей): 16
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024