Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2020 » Атырдьах ыйа » 12 » Тэрис кэс тыллара
Тэрис кэс тыллара
14:58
Тэрис кэс тыллара

Бу этиилэр норуот тутта сылдьар өйдөбүллэригэр олоҕураллар. Тэрис 1983 сылтан 1989 сылга диэри саха былыргы кэпсээннэрэ суруллубут аркыыптарын үөрэппитэ.  Онтон 1989 сылтан «Кут-сүр» түмсүүнү салайан саха итэҕэлин сөргүтэн барбыта.
Айыыһыт
Дьиҥнээх көстөр уот – тыал уота.
Саха билиҥҥи кэмҥэ тапталы дуоһулаҥ курдук көрбөт, тапталы оҕону кытта сибээстиир.
Таптал дьиҥнээх буолуохтаах. Үгүс киһи ыра санаатын тапталым диир.
Иэйэхсит

Киһи айылҕа оҕото буолбатах. Айылҕа уонна киһи таҥара оҕолоро.
Киһи кута Аан Дойду үөскүүр кэмигэр үөскээбитэ.
Урукку, билиҥҥи уонна кэлэр бииргэ сылдьаллар.
Санаа дьиҥнээхтик олоруута диэн баар. Ити санаа киһини салайар.
Сорохтор айылҕаны итэҕэйэргэ ыҥыраллар. Таҥараны айылҕаҕа кубулута сатыыллар.
Киһи бастакы этэ-сиинэ – айылҕа, онтон бэйэтин этэ сиинэ – иккис. Айылҕа ханан алдьанар да киһи онон ыалдьар.
Дьөһөгөй

Саха – сылгы төрүттээх.
Ирээккин ыларга кыбыстыма, ымсыы буолума. Эр луҥхатык олор.
Ирээккин кыайан ылбатаххына, атыттар ылыахтара.
Ким таҥараны итэҕэйэр – дьону итэҕэйэр. Онтон харчыны таҥара оҥостубут дьиҥҥнээх таҥараҕа сотору төннүбэт.
Аккын миин – дьиҥнээхтик олор.

Хотой Айыы

Тугу эмэ гынар буоллаххына бэйэҥ дьыалаҕын үчүгэйдик оҥор. Атыттар дьылаларыгар орооһо сатаама. Кинилэр эмиэ туох кыаллары оҥоро сатыыллар.
Төрдө туох эмэ сыыһалаах мэлдьи ол өттүнэн сыыһа сылдьар уонна ол өттүнэн эстэр.
Ким сиэрдээх ордон иһэр, сиэрэ суох сүтэ турар.
Киһи барыта кырдьыктаах, ол гынан баран дьиҥ соҕотох.
Түмсүү тэрээһин буолуохтаах.
Киһи көмөлөсүһэн олорор.

Улуу Суорун

Киһи ханнык баҕарар идэни баһылыан сөп. Арай киһиэхэ чугас идэлэр уонна ыраах идэлэр диэн бааллар. Чугаһы булар чэпчэки. Ол да ыарахан. Киһи сыыйа дириҥээн иһэр.
Биир кырдьыгы 9 өттүнэн көрөҕүн.
Ортотун булан толкуйдаа.
Аан Дьааһын

Кими эмэ кытта сыһыаҥҥа муостаны хааллар.
Киһи элбэх туолбат санаалары батыһа сылдьар буолар. Киһи ыраастанан оннук санаалартан босхолонор.
Букатын хоторго күүс ирдэммэт. Күүскүн ыараханы утары туһаай. Син биир туох эрэ түмүктээх буолуо.
Мэдьи ыраастан.
 Билии
Дьиҥ соҕотох. Дьиҥи билии элбэх.
Билии түгэҕэ суох.
Аахпыт, үөрэппит киһи билэр.
Билии эппитигэр-сииммитигэр баар. Ол гынан баран ити билиибитин иккиһин хос бигэргэтиэхтээхпит. Ол аата чопчу кимтэн, туохтан эрэ үөрэнэн билиэхтээхпит. Оччоҕо билиибит дьиҥнээх буолар.
Киһи өйө-санаата хайа диэки туһаайыллар сылдьар да ол өттүнэн билиини ылар. Билиини барытын билэр киһи суох.
Чопчу билиини билэр киһиттэн ыйыт. Олох туһунан билиини кырдьаҕастан ыйыт.
Түбүк олох диэн баар уонна бэйэни булбут олох диэн баар. Бэйэҕин бул.
Үс эттэн – бүтэй буолууттан, аһагас эттэн, ытык эттэн ытык-этээх буолуу ордук.

Турук

Биһиги диэн ыалдьыппыт.
Аан дойдуну биһиги оҥорботохпут.
Киһи сайда сатыыр, айылҕа кумахха тиэрдэ сатыыр. Биирдэм киһини айылҕа кыайар. Элбэх киһи айылҕаны хотор.
Аналы толоруу – олох олоруу. 
Өркөҥҥүн салайа үөрэн.

                           Үрүҥ Айыы Тойон

Итэҕэйбэт киһи суох.
Үтүөҕэ дьулуһуу – тыыннаах буолуу төрдө.
 Киһитийиини салҕаан сайдабыт, айылҕаны харыстаан олохпут төрдүн оҥостобут.
Дом!
Category: Айыы үөрэҕэ | Views: 759 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Атырдьах ыйа 2020  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
31
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 78
Ыалдьыттар (гостей): 78
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024