Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2020 » Атырдьах ыйа » 14 » Тэрис суруйууларыттан, үлэ хайдах бартын туһунан быһа тардыылар. Ыстатыйалар:
Тэрис суруйууларыттан, үлэ хайдах бартын туһунан быһа тардыылар. Ыстатыйалар:
11:50
 Тэрис суруйууларыттан, үлэ хайдах бартын туһунан быһа тардыылар. Ыстатыйалар:

-Киин айыы дьиэтэ тохсунньуга, олунньуга, кулун уттарга ыччаттарга аналлаах үлэтэ. 14. 01. 05, с. 18.
-17-с үйэ—кыргыс үйэтэ. Саха суола. 12. 05. 05, с. 14.
-Сэтинньи—Байанай ыйа, Сахаада.  02. 11. 05, с. 4.
-Саха сирэ 21-с үйэҕэ. Сахаада. 16. 11. 05, с. 2.
-Олоҥхо уонна Саха. Өлүөнэ сарсыардата. 25. 05. 05.
-«Сайын кэлиитэ» айыы үөрэҕин төрдө. Өлүөнэ сарсыардата. 10. 08. 05.
-Былаас иһин охсуһуу, Сахаада. 02. 03. 05, с. 2.
-Айыы киһитэ (Саха менталитетын туһуанан). Сахаада. 09. 02. 05, с. 12.
-Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик (Бастакы ыытыы). Сахаада. 26. 01. 05, с. 4.
-Муус устар таптал кэрэ күнэ. Сахаада. 13. 04. 05, с. 5.
-Түмэн өйдөөһүн (сайдыс туһунан). Кэскил. 24. 01. 05, с. 2.
-Сэтинньи—Хотой Айыы ыйа. Сахаада, 28. 09. 05, с. 7.
-Тыа сирэ—омук төрдө (хас да ааптар). Сахаада. 19. 01. 05, с. 2.
-Сэһэн киин. Сахаада, 23. 11. 05, с. 4.
-Атырдьах ыйа—Аан Дьааһын ыйа. Сахаада, 03. 08. 05, с. 7.
-Идиэйэ. Сахаада, 27. 07. 05, с. 2.
-Кулун тутар. Сахаада. 02. 03. 05, с. 14.
-Ыам ыйа—ыраастаныы ыйа. Сахаада, 27. 04. 05, с. 4.
-Бэс ыйа—ыһыах ыйа. Сахаада, 15. 06. 05, с. 11.
-Тохсунньу. Сахаада, 12. 01. 05, с. 10.
-Иэччэхтээх ыйаахтар (Наука уопсайын туһунан).Прокопий Иванов, Сахаада. 23. 11. 05, с.  
-Омугунан куоталаһыы. Сахаада, 31. 08. 05, с. 2.
-Муус хамсаата (бэс ыйын 11 күгэр Саха үөрэхтээхтэрин мунньаҕа буолла). Г. Егоров—Дьурантай. Сахаада, 15. 06. 05, с. 2.
-Ахсынньы—Билгэ ыйа. Сахаада, 14. 12. 05, с. 8.
-Саха үөрэхтээхтэрин кэнпэриэнсийэгигэр ылыллыбыт тосхол. Сахаада. 15. 06. 05, с. 4.
-Саха кэскилэ. Сахаада, 28. 01. 05, с. 2.
-Дипломатическая монде (Тэрис ту6унан суруйуу).  25. 01. 06.
-Ытык иэһи толорон (Тэрис «Эллэй Бооту» диэн арамааны суруйбутун дьүүлэһии. Таҥ Бүө суруйуута. Саха суола. 11. 08. 05.   
-17-с үйэ—кыргыс үйэтэ. Саха суола. 12. 06. 05.
-18-с үйэ-суол кэмэ. Саха суола. 14. 07. 05.
-15-с үйэ. Саха суола. 31. 03. 05.
-19-с үйэ-Манчаары уонна атыыһыттар үйэлэрэ. Саха суола. 04. 08. 05.
-Күн-хаан. Саха суола. 20. 01. 05.
-Сахалыы ааттар. Хас да ый тахсар. Саха суола. 10. 02. 05.

                               2006

-Иччилэри ырытыы буолар. Барыта уонтан тахса иччи ырытыллар (уонтан тахса кинигэ оҥоһуллар).
-Дьыала-куолу тыла ырытылла сылдьар (барыта 20-чэ тыһыынча тиэрмини оҥоруохтаахпыт).
-Киирбит 150 тыһыынча харчы үксэ кумах куттарыыга уонна тутууга ыытыллыахтаах.
-«Саха былыргы кэпсээннэрэ» диэн кинигэни Ф. Любовь-Саҕаана көрөн сытаата хомуйар.
-«Кут-сүр» ыһыахха алгыс этэр.
-Көннөрү киһи уонна айар киһи диэн ырытыллар.
-«Кут-сүр» үөрэтиитэ дьэҥкэрэр: манайгы үс кууруска өй-санаа туһунан кэпсэнэр, оттон кэлэр иккис кууруска туом кэпсэнэр. Мондо диэн үс тыл баар буолар.
-Санааны салыйар 189 тыл үөрэтиллэр.
-ИГИ сыстар сир көрдүүр.   
-«Кут-сүр» итэҕэли көрөр кэмитиэти кытта бииргэ үлэлиир.
 
Халандаар 2006. «Кут-сүр» «Кыым» хаһыаты кытта оҥорор.

Ыстатыйалар:
-Саха  өрөспүүбүлүкэтин күбүөрньүйэҕэ кубулутуохтарын баҕараллар. Айыы суола. 27. 06. 06.
-Судаарыстыбаннай ыстаатыһы көмүскүүргэ (Л. Афансьев эмиэ илии баттаһына). Айыы суола. 18. 07. 06.
-Сурук тылыгар киириэ сөп тыллар. Ил түмэн, 30. 06. 06, с. 15б.
-Сурук тылыгар кириэн сөп тыллар. Ил түмэн, 02. 06. 06, с. 15.
-Сурук тылыгар киириэн сөп тыллар. Ил Түмэн, 23. 06. 06, с. 23.
-Сурук тылыгар киириэн сөп тыллар. Ил Түмэн, 09. 06. 06, с. 15.
-Итэҕэл тылдьыта.
-Төрөөбүт тылгын төһө билэҕин. Ускуустуба уонна успуорт тыла. Ил түмэн, 15. 09. 06, с. 8.
-Кут-сүр чөл буолуута. Өлүөнэ сарсыардата, 25. 01. 06.
-Үгэһи тилиннэрии. Кыым, 12. 10. 06, с. 13.
-Төрөөбүт тылгын төһө билэҕин. Ил Түмэн, 01. 09. 06, с. 10.
-Сайсары сахаларга ытык сир. Ил Түмэн, 05. 05. 06, с. 10.
-Иитии боппуруостара. Кыым. 14. 09. 06, с. 14.
-Дьыала-куолу тыла. Ил Түмэн. 07. 07. 06, с. 14
-Оскуола тыла. Ил Түмэн. 21. 07. 06, с. 14.     
-Олоҥхо уонна наука. Ил Түмэн. 18. 01. 06, с.16.
-Өлүү туһунан.  Саха суола. 16. 02. 06, с. 11.
-Олунньу ый эйгэлэрэ. Саха суола. 26.01. 06.
-Саха тыла сайдыыттан хаалан иһэр. Саха суола, 09. 02. 02, с. 11.
-Тойоннооһун үөрэҕин туһунан. Кыым. 12. 02. 06, с. 13.
-Сурук тылыгар киириэн сөптөөх тыллар. Ил Түмэн, 19.05.06, с. 15.
-Айыысыт—покровительница семьи. Она. 14. 06. 06, с. 8.
-Тохсунньу 21 күнүгэр Айыы Дьиэтигэр өтө көрүү туһунан кэпсэтии буолар. Саха суола, 19. 01. 06.
-Сурук тылыгар киириэн сөптөөх тыллар. Ил Түмэн, 26. 05.  06, 15.
-Кулун тутар - Дьөһөгөй ыйа.Кыым, 02. 03. 06.
-Ыам ыйа—Иэйэхсит ыйа. Ил Түмэн. 28. 04. 06, с. 15.
-Айыы дьиэлэлигэр улахан үлэ. Кыым, 04. 05, 06, с. 14.
-Бэс ыйа—ыһыах ыйа. Ил Түмэн, 02. 06. 06, с. 12.
-От ыйа—Аан Алахчын ыйа. Ил Түмэн. 30. 06. 06, с. 14.
-Атырдьах ыйа—Аан Дьааһын ыйа. Ил Түмэн, 28. 07. 06, с. 14.
-Айтырдьах ыйа—аан Дьааһын. Кыым.
-Блаҕан ыйа—Улуу Суорун ыйа. Ил Түмэн. 01. 09. 06, с. 11.
-Балаҕан ыйа—Улуу Суорун кэмэ. Кыым, 07. 09. 06, с. 13.
-Алтынньы—Хотой Айыы ыйа. Кыым, 05. 10. 06, с. 14.
-Сэтинньи—Байанай ыйа. Ил Түмэн. 27. 12. 06, с. 11.
-Алтынньы –Хотой Айыы ыйа. Ил Түмэн, 29. 09. 06, с. 11.
-Ахсынньы—Билгэ ыйа. Кыым, 07. 12. 06, с. 14.
-Күн—Дьыл. Кыым,  09. 11. 06, с. 14.
-«Соприкасаться с миром духом—опасно.» Якутия. 2006, с. 8.
-Тохсунньу—Таҥха ыйа. Кыым, 28. 12. 06, с. 14.
-Олунньу ый—Одун хаан ыйа. Кыым. 02. 02. 06, с. 18.
-Хойох кэҥээһинэ. Сахаада. 21. 10. 06.
 

                                           2007

-Үс Айыы—Айыыһыт, Иэйэхсит, Дьөһөгөй—ырытыллар (28 кинигэ оҥоһуллар).
-Дьыала-куолу тылын оҥоро сылдьабыт.
-Айыы Дьиэтин дьоно алгыстары суруйаллар.
-Өрүһүлтэлээх санаа диэн өйдөбүл үөскүүр.
-Арыгыны эмтээһин сүһүөҕэр турар.
-Айыы Дьиэтин үлэтэ Эриксон гипноһун ньыматыгар маарынныыра биллэр.
-Моһолу оҥоруу туома ыытыллар.
-ИГИ сыстар сир көрдүүр.
-Сайын улаханнык ыалдьа сылдьабын. Реанимацияҕа киирэбин.
-Сайын сөрүүн, онтон атырдьах ыйын, балаҕын ыйын быһа ардыыр. Кыһын сылаас.
-Сыллык (летопись) оҥоһуллар.
-Тоҕус моһол бастакы барыйаана оҥоһуллар.
-Итэҕэл 11-с мунньаҕа ыытыллар.

Дьыала-куолу тылын ырытыыга үлэлиибит. Барыта 10 000 тиэрмин оҥоһуллар.

Улахан халандаар тахсар. Онно айыы өйдөбүллэрэ, бэлиэлэрэ суруллар.

                                   Иккис конференция

«Саха итэллигиэнсийэтин» икки конфереҥцията буолар. 29 тэрилтэ, 74 киһи сылдьар.

Ыстатыйалар:
-Саха тыла тыыннаах ордор дуу, сүтэр дуу? Кыым. 18. 01. 07, с. 10.
-Саха итэҕэлин 11-с кэмпэриэнсийэтэ 13. 02. 07.
-Кодификация туһунан. Айыы суола. 13. 02. 07.
-От ыйа—Аан Алахчын ыйа. Кыым. 28. 06. 07, 24.
-Сэтинньи—Байанай ыйа. Кыым. 01. 11. 07, с. 22.
-Ахсынньы—Билгэ  Хаан ыйа. Ил Түмэн, 20. 11. 07, с. 9.
-Олунньу—Одун ыйа. Кыым. 01. 02. 07, с. 9.
-Кулун тутар ый. Кыым, 01. 04. 07, с. 22.
-Муус устар—Айыыһыт ыйа. Кыым. 05. 04. 07.
-Муус устар—Айыыһыт ыйа. Ил Түмэн, 30. 03. 07, с. 11.
-Ыам ыйа—Иэйэхсит ыйа. Кыым, 03. 05. 07, с. 24.
-Ыам ыйа—Иэйэхсит ыйа. Ил Түмэн, 24. 04. 07, с. 9.
-Бэс ыйа—Ү…
[10:29, 13.08.2020] Таҥ Бүө: Саҕаана, Уххан уонна Таҥ Бүө баар эбиппит...
[11:20, 13.08.2020] Таҥ Бүө: Сахабыт дьоно!

Киһи-аймах олорор ханнык баҕарар кэмэ бэйэтэ туспа уратылаах, хас биирдии омук туһугар суоллаах-иистээх, дьайыылаах буолар. Биһиги билигин олорор олохпут онтон уратыта суох.
Кэнники аҕыйах сыл устатыгар олохпут балысханнык уларыйда, куйаар ситим эйгэтэ күүскэ өтөн киирэн саха омук төрүт тыынын уларытта, тылбытыгар улахан дьайыы оҥордо. Кэлии-барыы кэбэҕэс буолан кэнники кэмҥэ саха дьоно атын сиргэ көһүүлэрэ, олохсуйуулара элбээтэ.
Ити барыта сахалыы төрүт өйдөбүллэр, төрөөбүт дойдуга таптал күннэтэ күүһүн-уоҕун сүтэрэн иһэрин, тастан атын тыын ааҥнаан киирэн бэйэ эрэ иннин көрүнэр арҕаалыы сыһыаны, өйдөбүллэри соҥнуурун арылхайдык көрдөрөр.
Биллэн турар, маны барытын «глобализация» дьайыыта, киһи-аймах сайдар суола диэн холкутук ылынан, хас биирдиибит бэйэбит олохпутун эрэ оҥостон, тус туһунан, миигин эрэ тыыппатын диэн олоруохпутун эмиэ сөп.
Ол гынан баран, киһи-аймах бу орто дойдуга олоҕун суолугар дьиҥ айылҕа өйдөбүллэрэ, өбүгэ кэнчээри ыччатыгар анаабыт кэс тыла кэһилиннэхтэринэ, күннээҕи, тутах, бэйэ эрэ иннин көрүнэр, аҕыйах кэмнээх албын соруктар баһыйдахтарына, биирдиилээн норуот эрэ буолбакка, киһи- аймах бүттүүн даҕаны олоҕо айгыраан, кута-сүрэ буомуран барар кутталлаах.
Итини барытын өйдөөн туран, Саха Итэҕэлин Сүбэтин тэрийэр бөлөҕө дьон-норуот туһугар сүрэҕинэн-быарынан ылынан үлэлии сылдьар уонна өбүгэ төрүт билиилэрин эттэригэр-сииннэригэр иҥэринэн илдьэ сылдьар бары дьоммутун ИТЭҔЭЛ СҮБЭТИН тэрийэн сомоҕолоһуоҕуҥ диэн ыҥырабыт.
Бу Сүбэ ааҥнаан-тиийэн кэлбит олох-дьаһах сөҕүмэр уларыйыыларын тохтотор кыах суоҕун дириҥник өйдөөн туран, саха дьонун сиэринэн, бу үүммүт кэмнэргэ, аныгылыы олоххо өбүгэлэрбит дьиҥ билиилэрин көмөтүнэн  
тылбытын сүтэрбэккэ, дьүһүн кубулуйбакка олохпут бигэ тутулун оҥосторбутугар суоллары тобуларга аналлаах.
Саха дьиҥ билиитин, итэҕэлин («религия» диэн буолбакка, «вера» диэн өйдөбүлгэ) араас өттүттэн көрөн, ол хас биирдии көрүүнү ытыктаан-ылынан, хас биирдиибит үүнэн-сайдан, билиитин-көрүүтүн дириҥэтэн, сахабыт дьоно бу олоххо бигэ ис туруктаах, олоххо дириҥ итэҕэллээх буолалларыгар күүс– көмө буолуоҕуҥ диэн ыҥырабыт.
Хас биирдии саха киһитэ дириҥ көрүүлээх, анаарыылаах толкуйдаах буоларын биһиэхэ өбүгэбит утум гынан биэрбит, сирбит-уоппут дириҥник иҥэрбит.
Ол көмөтүнэн, бэриллибит дириҥ билиилэри хайдах гынан биир сомоҕо оҥорон дьоммутугар, ордук чуолаан кэнчээри ыччаппытыгар тиэрдэбит диэн Сүбэтэ тутуоҕуҥ!
Тус туһунан сылдьан буолбакка, ураты көрүүлээх да буоллахха биир санаанан тутуспутунан тылбытын өрүһүйэр, дойдубутугар, бэйэлээх бэйэбит сирбитигэр-уоппутугар сахалыы тыыны, өбүгэбит үгэһин, итэҕэлбитин сайыннарар туһугар бары бииргэ түмсүөххэ!

Итэҕэл Сүбэтин олохтуур мунньах балаҕан ыйын 20 күнүгэр, 11 чаастан, Туймаада хочотугар тэриллиэҕэ. Кыттыһыан баҕалаахтар санааҕытын бу аадырыска суруйуҥ Sube2020@mail.ru


*Бары үтүөнү баҕаран туран,
Итэҕэл Сүбэтин тэрийэр бөлөх
Атырдьах ыйын 11 күнэ, Туймаада*
Category: Айыы үөрэҕэ | Views: 749 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Атырдьах ыйа 2020  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
31
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 3
Ыалдьыттар (гостей): 3
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024