News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2020 » Атырдьах ыйа » 15 » Тэрис суруйууларыттан. Салгыыта... Аһымал буолуу Саха буола сатааһын Айыы Итэҕэлэ
Тэрис суруйууларыттан. Салгыыта... Аһымал буолуу Саха буола сатааһын Айыы Итэҕэлэ | 10:58 |
Тэрис суруйууларыттан. Салгыыта...
Аһымал буолуу Саха буола сатааһын Айыы Итэҕэлэ
кыра буолуохтааҕын төлкөлөөбүттэр. Бу икки өй-санаа урарыта хайысхалаах курдуктар. Тоҕо оннук буолбутай? Олоҥхолор саха кутун-сүрүн иитэр айымньылар быһыытынан сайдан кэлбиттэрэ. Онон киһи ис кыаҕыгар эрэбили өрө туталлара. Оттон сэһэннэр бэйэлэрин кэмнэрин биир сүрүн бэлиэтин ыйбыттара, кинилэр бу омсоллоох бэлиэ улаатан иһэрин бэлиэтээбиттэрэ. Онон ис кыахха эрэнии хаһан да сүппэтэҕэ, ол гынан баран хаһан быһаарыллара биллибэт улахан боппуруос баарын билинии эмиэ баара. Бу холобур саха норуотун сэһэннэрэ дьиҥи кытаанахтык тутуһалларын көрдөрөр.
20-с үйэ саҕаланыытын эргин үйэ уларыйыан туһунан өй-санаа үөскээбитэ. Арассыыйаҕа буолар күрсүүлэр уонна сайдыылаах дойдуларга буолар техническэй өрөбөлүүсүйэ сабыдыаллара биллибэтэ. Норуот бу кэми “намыһах үрдүө, үрдүк намтыа” диэн өйдөбүлүнэн ылыммыта. Кини санаатыгар баһылаан олорор күүс салгыы сайдар кыаҕа суох буолбута, ол оннугар баттана сыппыт күүстэр үөһэ тахсыахтаахтара. Ону киэҥник тарҕаммыт “Түүл” диэн ырыа бигэргэтэр. Бу көрүү эмиэ уопсай хайысхатынан сөп этэ, ону устуоруйа туоһулуур. Саха бу уларыйыыны биһиэхэ табыгастаах буолуо дии саныыра.
Өрөбөлүүсүйэ саҕана уонна ол кэнниттэн Өксөкүлээх Өлөксөй уонна Алампа кэмнэрэ кэлбитэ. Кинилэр саха сэһэнин үгэһин салгыы сайыннарбыттара. Өксөкүлээх Өлөксөй “Ойуун түүлэ” диэн айымньытыгар саха сэһэннэрин көрүүлэригэр олоҕурбута. Кини киһи айылҕаҕа, киһи киһиэхэ сыһыаннара мөлтөөн иһэрин бэлиэтээбитэ уонна саха норуота тыыннаах хаалар иһин бу адьырҕа сыһыаҥҥа сөп түбэһэрэ наадатын ыйбыта. Өксөкүлээх бу этиитин сайдыы аныгы омсоллоох өттүн сытыытык кириитикэлээһин күөнүгэр оҥорбута. Оттон Алампа эмиэ норуот өйүгэр-санаатыгар олоҕуран дьиҥ боппуруоһун ырыппыта. Кини албын-көлдьүн элбээбитин, кырдьыгы булар ыараабытын бэлиэтиир. Ол гынан баран ханнык да буолтун иһин кырдьыгы тутуһарга ыҥырар. Биһиги үөһэ саха киһитэ мэлдьи кутун ортоку тута сатыырын туһунан хаста да эппиппит.
Бу сэһэннэр чуолаан ити ортоку балыһыанньаны ырыта сатаабыттара. Саха төрүт өйүгэр-санаатыгар баһыйар күүстэри өйдөөһүн араастаах этэ. Айылҕаҕа дьүөрэлэһии олох уларыйбат сокуонун быһыытынан көстөрө. Оттон олох-дьаһах өттүнэн баттаныыга икки сыһыан баара: бастакытынан, баттаныыга күһэллэн бас бэринии тыыннаах ордор ньыма быһыытынан ааҕыллара; иккиһинэн, баттаныыга букатыннаахтык бас бэринии тыыннаах буолар дьоҕур намтыырыгар тиэрдэрин билии баара. Ол иһин олох-дьаһах батталыттан сыыйа тахсан иһэр дьулуур иитиллэрэ. Мантан көстөрүнэн инникини былааннааһыҥҥа ыраах кэми уонна чугастааҕы кэми араарыы баар эбит. Өксөкүлээх Өлөксөй көрүүтэ тирээн турар кыһалҕалары быһаарарга аналлааҕа, Алампа ыраах кэми өтө көрбүтэ. Онон бу көрүүлэргэ утарсар түгэни булбаппыт.
Бу холобурдар көрдөрөллөрүнэн саха киһитэ сэһэҥҥэ тирэнэн олоҕун быһаарына сылдьыбыта дьэҥкэ буолар. Тыһыынчанан сыллар устата олоҕу сыаналыырга сөптөөх өйдөбүллэр оҥоһуллубуттар. Аныгы тылынан бу өйдөбүллэри үнүстүрүмүөннэр диэн ааттыахпытын сөп.
Аһымал буолуу
“Айыы киһитэ аһыныгас, күн киһитэ көмүскэс” диэн Айыы Итэҕэлин сүрүн тыла. Билигин бу өйдөбүл саха эйгэтигэр хайдах сылдьарын көрүөҕүҥ.
Саха аһымал буолуута икки хайысхалаах этэ: киһини эстэргэ-өлөргө тиэрдимии уонна киһиэхэ ыарахан кэмигэр көмөлөһөн кыах биэрии.
Былыр аҕа ууһун иһигэр ким эмэ хоргуйан өллөҕүнэ, ол аҕа ууһуттан улаханнык кэлэйэр этилэр. Итинник быһыыны таһаарбыт дьону:” Сэттээх дьыаланы оҥордулар, инникитин үчүгэйдик олоруохтара суоҕа,”—дииллэрэ, кинилэри кытта сэрэнэн сыһыаннаһаллара. Ыарыһах, бодоҥ дьону иитии үгэһэ эмиэ маннык ис хоһооннооҕо. Киһи төһө да ыарыһах, бодоҥ буоллун, кинини тэйитии, кинини сэнээһин бобуллара. Өскөтө ким эмэ кинилэргэ бардамнык сыһыаннаспыт буоллаҕына, ол киһи улахан аньыыны оҥорбутугар тэҥнэһэрэ. Бу үгэс үөскээбит төрдө маннык.
Хотугу тыйыс усулуобуйаҕа киһи үчүгэйдик олорор мэктиэтэ кыра этэ. Ханнык баҕарар киһи айылҕа хаарыйыытын түмүгэр эстэн-быстан хаалыан сөбө. Ол иһин эстибит-быстыбыт дьоҥҥо көмөлөспөтөххө, эн эбэтэр оҕолоруҥ хаһан эрэ итинник буолуохтара диэн сэрэтэллэрэ. Оттон көмөлөспүт киһи аньыыта-харата аҕыйаан, киһи быһыытынан суолтата үрдээн биэрэрэ.
Баайын-дуолун сүтэрэн эстибит-быстыбыт дьоҥҥо көмөлөһүү эмиэ булугуччу ирдэбил буолара. Холобур, И. А. Худяков бэлиэтииринэн, дьадайбыт киһи бүтэһик сүөһүтүн өлөрөн дьону
ыҥыран аһатар эбит. Бу аһааһыҥҥа сылдьыбыт дьон кини хаһаайыстыбата өрүттэрин туһугар төлөбүрэ суох көмө оҥоруохтаахтар. Аһымал үөскүүрүгэр уруунан өйөһүү улахан суолталааҕа. Уруу дьон хас биирдии киһилэрин иһин эппиэтинэс сүгэллэрэ. Онон кинилэр кыаммат дьонноругар көмөлөһөр, дьадайбыт дьонноругар өрүттэллэригэр кыах биэрэр эбээһинэстээхтэрэ. Бу үгэс оҕону иитэ ылыыга эмиэ көстөрө. Тулаайах хаалбыт эбэтэр көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕону уруулара эбэтэр атын даҕаны дьон ылан бэйэлэрин оҕолорун курдук бырааптаахтык иитиэхтээхтэрэ.
Кыаммат дьону иитии, оҕону иитэ ылыы олоҕу киэҥник көрүүттэн тахсара. Саха киһитэ дьол уларыйа сылдьар диэн саныыра. Бүгүн кыанан олорор буоллаххына, ол аата дьол бүгүн эйиэхэ баар. Ол гынан баран мэлдьи оннук буолбат. Кэлин дьол ханнык баҕарар быста-ойдо сылдьар киһиэхэ тиийиэн сөп. Кыаммат киһиэхэ көмөлөһүү, тулаайах оҕону иитэ ылыы бу киһи өрүттэригэр кыах биэрии буолар. Маннык кыаҕы ылбат киһи хаһан эмэ дьоллонуон сөп. Оччоҕо кэлин баҕар кини көмөлөһөр киһи буолуо. Онон саха көмөлөсүһүүтэ уһун кэми, хас да үйэни өтө көрөр ис хоһоонноох. Бу көмөлөсүһүү кэллэктиип буолан олорууга—сахалыы дьон диэн ааттанар—тирэнэр. Саха эйгэтэ диэн хас биирдии чилиэнигэр төһө кыайарынан олоҕун хааччыйар тосхоллооҕо. Ол иһин бу эйгэ үтүө өттө улахан буолан бүтүн Илин Сибиир былаһын тухары кэриэтэ кэҥээн туспа цивилизация буоллаҕа.
Аһымал буолуу сайдарыгар баайдаах-дуоллаах буолууну хайдах өйдүүртэн эмиэ сибээстээҕэ. Биһиги киһи байарын дьол диэн тылынан быһаарылларын туһунан эппиппит. Дьол кимиэхэ эрэ иитиллэллэрэ, кырдьаҕастар дьиэлэриттэн-уоттарыттан быраҕыллан кырдьаҕастар дьиэлэригэр сыталлара итинтэн тахсар. Манна аны ускул-тэскил сылдьар дьиэтэ-уота суох дьону эбэн кэбиһиэҕиҥ. Сэбиэскэй Сойууһу бүтүннүүтүн хабар социальнай харысхал сулууспата ыһылынна, судаарыстыбаларга араҕыстыбыт, Арассыыйа иһигэр сүбъектар диэн үөскээтилэр, балар эмиэ бэйэлэрин олохторун бэйэлэрэ оҥостоллоро улаатта, хас биирдии киһи бэйэтин туһугар бэйэтэ эппиэттиир буолла.
Бу уларыйыы биһиэхэ ыарыылаахтык оҕуста. Бастакытынан, тыһыынчанан сылларга иитинэн кэлбит аһымал буолар үгэспитин төһө эрэ сүтэр- биппит, ити кэмҥэ киһи киһиэхэ тыйыс сыһыана эргийэн эрэр. Бу түгэҥҥэ биһиги быһыыбыт-майгыбыт хайдах баран иҥэрий?
Өрөспөөбүлүкэҕэ бүтүннүүтүгэр ыллахха, саха эйгэтин күлүгэ баара көстөр. Билигин биһиэхэ икки улахан эйгэ баар: тыа эйгэтэ уонна бырамыысаланнас эйгэтэ. Бу икки эйгэ ыккардыгар көмөлөсүһүү тосхоло олохтоно сатыыр. Тыа эйгэтэ айылҕа тыйыс усулуобуйатыгар баар буолан бэйэтиттэн ордор барыыһа аҕыйах, бырамыысалананас эйгэтэ атын кыахтаах эйгэлэри сырыйыанан хааччыйар буолан барыыһа улахан. Бу барыыстары үллэстиигэ олоҕуран өрөспүүбүлүкэ сайдар. Оттон бу үэс кэһилиннэҕинэ олох иһин тыйыс охсуһуу күөдьүйүөн сөп. Саха норуотун уопута көрдөрөрүнэн маннык киирсии буоллаҕына кимиэхэ даҕаны үтүөнү аҕалар кыаҕа суох. Ол иһин көмөлөсөһүүгэ олоҕурар саха эйгэтэ үөскээбитэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэлэр бэйэлэрин олохторун бэйэлэрэ оҥостоллоро улааппыт кэмигэр бу үгэс суолтата хаттаан тилиннэ. Хотугу дойдуга олоруу көрүгэ диэн ол иһин үөскүү сатыыр.
Аһымал буолуу хас биирдии киһи ыккардыгар эмиэ сөргүйэн эрэр. Нэһилиэнньэ үксэ дьадаҥытык олорор, эстибит-быстыбыт ыаллар, дьоннор элбээн иһэллэр. Маннык усулуобуйаҕа аан бастаан уруунан өйөһүү сөргүйдэ. Ол түмүгэр элбэх дьон өрүһүннүлэр. Маны кытта сэргэ нэһилиэгинэн өйөһүү тэнийэр. Итини сорохтор саха өссө да сайда илигин көстүүтэ дииллэр. Кинилэр киһи киһиэхэ тыйыс сыһыана баар буоллаҕына киһи онтон кымньыыланан бэйэтин туһугар кыһанар буолуо диэн саныыллар. Дьиҥэр, бу үөскүүр аһымал дириҥ төрүттээх. Биһиги саха эйгэтэ диэн хотугу тыйыс усулуобуйаҕа киһилии майгыны бигэргэтэр суолтанан сайдыбытын туһунан эппиппит. Чуолаан бу эйгэ хат сөргүйэн эрэр. Саха аһымалы аҥардас орускуот эрэ курдук көрбөт этэ. Эппиппит курдук аһымал киһи өрүттэригэр кыах биэрии суолталааҕа, онон кэскили кытта сибээстээҕэ. Хотугу тыйыс усулуобуйаҕа киһи эстэн-быстан хаалар түгэнэ элбэх, ким даҕаны оннук буолуом суоҕа диэн кытаанахтык эрэнэр кыаҕа суох. Бу түбэлтэ бэйэҕэ буолбатаҕына даҕаны, киһи оҕолоругар, кэлэр көлүөнэлэригэр буолуон сөп. Былыргы кэпсээннэргэ этиллэринэн аҥардас биир үтэһэ эти бэриһиннэрэн тыыннаах хаалбыт, онтон тэнийэн аймах буолбут дьон бааллар эбит. Оттон быһаччы туһалыыр кыаҕа суох ыарыһах, бодоҥ дьоҥҥо көмөлөһүү өссө дириҥ суолталааҕа. Маннык дьон көмөнү ыллахтарына, үтүө санаалара киһи кутугар-сүрүгэр көмөлөһөр, ити үтүө санаа кэскил үөскүүрүгэр сабыдыаллыыр. Онон аһымал буолуу саха эйгэтин биир сүрүн бэлиэтэ буолар.
Билигин киһи-аймах олорор усулуобуйата улам тыҥааһыннанан иһэр. Ол иһин судаарыстыбалар икки ардыларыгар утарсыылар, иирээннэр элбии тураллар. Бу кэмҥэ киһи-аймах улуу өйдөөхтөрө инникитин хайдах тыыннаах буолар суолу көрдүүллэр. Кинилэр иирээн, охсуһуу, сэрии алдьатыыта улам улаатан иһэрин, маннык сыһыаҥҥа киирбит судаарыстыбалар эстэр-быстар турукка киирэллэрин уонна таһынааҕы дойдуларга, аан дойдуга улахан хоромньуну оҥороллорун бэлиэтииллэр. Ол иһин билигин көмөлөсүһэн олоруу ордуга, аһымалы сайыннарыы быдан кэскиллээҕэ көстөн иһэр.
Саха буола сатааһын
Саха диэн тыл ханнык тылтан тахсыбытын араастык быһаараллар. Биһиги бу боппуруоска тохтуохпут суоҕа. Саха диэн тылга саха киһитэ хайдах сыһыаннаһарын ырытарга холонуохпут.
Былыр сахаһыт диэн дуоһунас баара үһү. Бу тылы “саханы тэрийээччи” эбэтэр “сахалыы олоҕу тэрийээччи” диэн өйдүөххэ сөп. Сахаһыт диэн тыл баара саха диэн тылынан олох тэрээһинин өйдөөһүн баарын бэлиэтиир. Кэлин ыраахтааҕы былааһа киирбитин кэннэ, “саха эрдэххэ” диэн өйдөбүл баар буолбута. Бу тыл “урут бэйэбит сахалыы дьаһанан олордохпутуна” диэн суолталааҕа. Эмиэ бу кэмҥэ “сахатыйыы” диэн тыл баар буолбут, “сахалыы итэҕэли тутуһуу” диэн суолталаах эбит. Бу холобурдартан көрдөххө саха диэн тыл төрүт итэҕэли, үгэһи, олорор тэрээһини көрдөрөр эбит.
Саха диэн тыл өссө киһиэхэ сыһыаннаан эмиэ тус суолталаммыта. “Сахалыы санаа”, “ сахалыы быһыылан”, “саха буол” диэн тыллар күн бүгүнүгэр диэри сиэргэ-майгыга сыһыаран этиллэллэр. Бу түбэлтэҕэ саха диэн тыл сиэрдээх-майгылаах киһи диэн суолталаах.
Бу өйдөбүллэр туохха олоҕуран үөскээбиттэрэй уонна күн бүгүҥҥэ диэри тоҕо улахан наадалаах өйдөбүллэр быһыыларынан көстөллөрүй?
Саха сирин усулуобуйатыгар айылҕа мэлдьи киһиэхэ сабыдыаллыы турар күүс. Бу күүстэн ханна да куоппаккын, кинини аахсыбат буолар да кыаҕыҥ суох. Саха эйгэтэ бу айылҕаны кытта дьүөрэлэһэн үөскээн тахсыбыта. Дьүөрэлэспитин ис хоһооно диэн айылҕаҕа алдьатыылаах сабыдыалы оҕорбокко киһи сайдан иһэр олоҕун хааччыйар тэрээһини үөскэппитигэр сытар. Маны биҺиги айылҕаны кытта сөптөөх балаансаны олохтооһун диэн ааттыахпытын сөп. Ыраахтааҕы былааһа олохтонуоҕуттан саха эйгэтэ мөлтөөбүтэ, айылҕаны кытта киһи балаансатын кэһэр сабыдыаллар киирбиттэрэ. Саха сирин усулуобуйатыгар сөп түбэспэт айылҕалаах култуура кэлэн бэйэтин сокуоннарын олохтоон барбыта. Бу түмүгэ олохтоох дьоҥҥо, ордук сахаларга уонна кыра омуктарга, улаханнык охсор. Олорор сир илгэтэ алдьанар, айылҕа быйаҥа аҕыйыыр, олох бэрээдэҕэ ыһыллар, ыал отуора хамсыыр, быһыы-майгы сатарыйар, арыгылааһын дэлэйэр.
Бу сатарыйыыны бэл аныгы үөрэхтэри баһылааһын, тиэхэньикэни туһаныы да толуйар кыахтара суох. Онон дьон икки ардыгар сыһыан балаансата кэһиллиитэ айылҕаны кытта сыһыан балаансата кэһиллиитигэр тиэрдэр. Дьон икки ардыгар сыһыан балаансата кэһиллиитэ саха эйгэтэ мөлтөөбүтүгэр сытар. Атын култуура кэлэн бу эйгэни баттаабыта. Норуот бу дьайыыны этинэн-хаанынан билэр. Бэйэтигэр харыстанар өй баар, ол иһин саха диэн тыл ураты суолталанар. Бу тыл олох сөптөөх бэрээдэҕин уонна сиэри-майгыны бэлиэтиир ис хоһооннонор. Киһи дьулуһар, ситиһэ сатыыр идийээлэ буолар.
Саха саха буола сатааһына ордук былыргы кэпсээннэргэ иҥэ сылдьар. Бу кэпсээннэри норуот былыргыттан күн бүгүнүгэр диэри улаханнык кэрэхсиир. Сэбиэскэй кэмҥэ даҕаны бу кэрэхсэбил мөлтөөбөтөҕө. Ону маннык быһаарыахха сөп. Анал устуоруйаҕа саха олоҕо бэлиитикэҕэ олоҕуран быһаарыллар этэ. Инньэ гынан норуот былыргыта намтатыллан көрдөрүллэрэ, кэлии култуура ордуга дакаастанара. Саха эйгэтэ диэн суох курдуга, иирсэн сэриилэһэн олорбут омуктар, аҕа уустара эрэ бааллара. Оттон былыргы кэпсээннэргэ саха Эллэйдээх, Дыгыннаах, боотурдардаах норуот буолан көстөрө. Ким тугу сыыспыта, таппыта норуот үйэлээх үгэстэригэр олоҕуран сыаналанара. Бу барыта саха эйгэтэ диэн баарын көрдөрөрө. Онон саха дьоно күн бүгүҥҥэ диэри былыргы кэпсээннэргэ бэйэлэрин дьоһуннарын булаллар. Ол иһин фольклору таптааһын көстүүтэ баар. Фольклор саха өйүн-санаатын төрдө буолар.
Саха саха буола сатааһына уус-уран литэрэтиирэҕэ эмиэ көстөр. Литэрэтиирэ мэлдьи былаас хонтуруолун аннынан сайдан испитэ. Онон элбэх түгэннэргэ быһаччы санааны этэр көҥүллэммэт этэ. Ол гынан баран көҥүллэнэр нуорма да иһинэн саха буолуу идиэйэтэ балачча күүстээхтик этиллэрэ. Өксөкүлээх Өлөксөй аныгы кэмҥэ саха киһитэ хайдах саха буолар боппруоһун туруорбута. Алампа кырдьыгы харыстааһын боппуруоһун сырдаппыта. Кини эппит кырдьыга сахалыы санаа диэни кытта ыкса сибээстээҕэ. Ол да иһин бу айымньылары бобуу-хаайыы мэлдьи ыытыллыбыта. Сэбиэскэй кэмҥэ бэйиэттэр: П. А. Ойуунускай, Архип Абаҕыыныскай, Эллэй, Күннүк Уурастыырап, Сергей Васильев, С. Данилов, И. Гоголев, М. Ефимов, П. Тобуруокап уо. д. а. –алаас поэзията диэни айбыттара. Билигин да саха поэзията бу төрүккэ олоҕуран сайдар. Онон иэйии таһымыгар саха идиэйэтэ балачча аһаҕастык этиллэрэ. Кэпсээнинэн айымньыларга хонтуруол күүстээх этэ. Аныгы олоҕу оҥоруу тиэмэтин сырдатыы эрэ ирдэниллэрэ.
Бу түбэлтэҕэ саха саха буола сатааһына биһирэбиллээх дьоруой саха буоларыгар эрэ олоҕурар курдуга. Кини аныгы олоҕу оҥорорго үлэлиир, хаалынньахтары утары охсуһар, онон саха киһитин бастыҥ хаачыстыбатын илдьэ сылдьар. Бу туһаайыы сэбиэскэй кэмҥэ эмиэ ураты суолталана сылдьыбыта. Литэрэтиирэҕэ эрэ буолбахха бэлиитикэҕэ кытта биллибитэ. Г. П. Башарин саха дьоно сайдыыны кытта тэҥҥэ хаамсан иһэллэр диэн түөрүйэни оҥорбута. Сайдыыны ылыы уонна сайдыыга кыттыһыы норуот тыыннаах ордор сүрүн ньыматын быһыытынан көрүллүбүтэ. Бу түгэннэр саха саха буола сатааһына элбэх өрүттээҕин бэлиэтииллэр.
Фольклор норуот туһунан элбэх билиини түмэ сыппыта. Бу билииттэн бэрт кырата эрэ урут олоххо туһаныллара. Үксэ эргэрбит матырыйаал, аныгы олоххо туһата суох, былыргыны эрэ үөрэтэргэ аналлаах курдук көстөрө. Ол гынан баран фольклор ис күүстээх этэ. Саха киһитэ саха буолар дьулуура манна ордук түмүллэ сытара, онон тоҕоостоох кэм кэллэҕинэ бэйэни билинии бу эйгэҕэ тирэнэн үөскүөхтээҕэ. Оннук да буолбута. Уларыта тутуу кэнниттэн фольклорга тирэнэн саха олоҕун эйгэтин көрдөрөр элбэх салаалар (хомус, тойук, олоҥхо, төрүччү, саха таҥаһа, саха аһа, саха ойуута эҥин) балысханнык үөскээтилэр. Социолог У. А. Винокурова этэринэн саха көҥүлгэ дьулуура фольклорга тирэниинэн көһүннэ.
Маны кытта сибээстээн саха диэн тылга бэйэтигэр болҕомто улаатта. 30-с сылларга П. А. Ойуунускай дьокуут диэн тылтан аккаастаныаҕыҥ, бу тыл сэнэбиллээх сыһыаны көрдөрөр диэн эппитэ (И. А. Худяков бу чахчыны бэлиэтээбитэ), инньэ гынан кини саха диэн тылы аналлаах аат оҥосторго ыҥырбыта. Дьиҥэр маннык дьулуһуу уруккуттан баара (Н. Д. Неустроев “Сахаада” диэн хоһооно). Кырдьык, уларыта тутуу кэннэ өрөспүүбүлүкэбит Саха өрөспүүбүлүкэтэ диэн ааттанна, сахалар бэйэлэрин саха диир бырааптаннылар. Көстөрүн курдук, саха саха буоларга дьулуура бэлиитикэҕэ киирдэ.
Саха буола сатааһын хотугу сиргэ тыыннаах буолар саамай табыгастаах усулуобуйаны оҥосто сатааһынтан үөскүүр. Ол иһин үйэлэр тухары саха норуота бу тылы идийээл курдук көрөр, маннык туругу ситиһэ сатыыр. Манна биири болҕойуохха сөп. Киһи кыаҕа улаатан иһэр, олоҕу оҥорор ньымалар сайдан иһэллэр, айылҕаттан тутулук кыччыыр курдук. Онон хаһан эрэ былыргы кэпсээннэргэ киирбит саха идиэйэтэ аныгы кэмҥэ суолтатын сүтэрбит курдук көстүөн сөп. Официальнай идеология билигин даҕаны маннык көрүүнү салгыы сайыннара сатыыр. Сэбиэскэй кэмҥэ бу туһаайыы анал бэлиитикэ быһыытынан ыытыллыбыта. Ол үрдүнэ саха буола сатааһын күүстээх. Бүгүн сайдыы диэни өйдөөһүн уларыйда. Үнүстүрүмүөн сайдыыта уопсастыба кыаҕын улаатыннарара биллэр суол, урут наар бу өрүтү өрө туталлара. Маны таһынан норуот олорор илгэтэ диэн баар. Олорор илгэ төрүттэрэ үнүстүрмүөнтэн улахан тутулуктара суоҕа, үнүстүрүмүөнү хайдах туһанары быһаарар оруоллаахтара билиннэ. Олорор илгэ туох хайа иннинэ айылҕаны кытта элбэх үйэлэр тухары үөскээбит сибээһи көрдөрөр.
Бүгүн олох илгэтин ыһа сатыырга дьулуһуу улам кыччыыр, ол оннугар олох илгэтигэр тирэнэн сайдыыны ситиһэр сорук инники тахсар. Бу көстүү аан дойдуга барытыгар, улахан да, кыра да омуктарга буолар. Саха идиэйэтин уларытар туһаайыы сахаларга “төннүбүт төрүөх” идиэйэтинэн киирэ сатыырын туһунан эппиппит. Бу өй-санаа Саха сирин усулуобуйатыгар үөскээбэтэх атын култуураҕа сыстыыны бастакы соругунан ааттыыр. Итиннэ кини киирии култуура үнүстүрүмүөнүгэр ордук болҕомтону туһаайар. Инньэ гынан кини олохтоох эйгэтиттэн—төрүт эйгэтиттэн—арахсар, төрөөбүт айылҕатын, култууратын кытта сибээһэ быстар. Ол иһин бу сабыдыал төһө да былааһынан арыт бигэргэтиини ыллар да дьайыыта кыра этэ. Ханнык эрэ таһымы ааста да саха эйгэтиттэн тахсара, онон сабылыаллыыр кыаҕын сүтэрэрэ.
Аны саха уонна айыы киһитэ диэн өйдөбүллэргэ болҕомтобутун ууруоҕуҥ. Саха саныырынан айыы киһитэ диэн толору сиэрдээх киһи. Бу өйдөбүл омукка хаайтарбат. Айыы киһитэ диэн үрдүк аакка омук омук араас суолунан тиийиэн сөп. Саха киһитэ айыы киһитэ буолар иһин аан бастаан саха буолуохтаах эбит. Дьэ, ол иһин уһун унньуктаах мөккүөр барар.
Айыы Итэҕэлэ
Саха дьоно өрөбөлүүсүйэ буолуор диэри төрүт итэҕэллэрин ыһыктыбакка сылдьыбыттара. Сэбиэскэй былаас кэмигэр итэҕэли кытта охсуһуу күүһүрбүтэ, бу кэмҥэ саха итэҕэлин бырапагаандалааччы фольклор буолбута, итини таһынан олоххо-дьаһахха итэҕэл үгэстэрэ син биир баар этилэр. Онон төрүт итэҕэл сүппэтэҕэ.
Урут төрүт итэҕэлгэ анал аат биэрбэт этилэр, тоҕо диэтэххэ саха барыта туһанан сылдьара, онон туспа арааран өйдүүр кыһалҕата суох этэ. Арай христианствоҕа сыһыаран ойууннатаары гыннахтарына сахатыйыы диэн ааттыыллара. Үйэ уларыйар кэмигэр саха итэҕэлин туспа ааттааһын холобурдара баар буолбута. Өксөкүлээх Өлөксөй “ Сайын кэлиитэ” диэн бэйиэмэтигэр саха итэҕэлин “Үрүҥ Айыы Тойон үөрэтиитэ” диэн ааттаабыта. Оттон Алампа бу итэҕэли “Үс Дьөһөгөй үөрэтиитэ” диэн хоһуйбута. 1990 сыллаахха “Кут-сүр” кыһа саха итэҕэлин Айыы Үөрэҕэ диэн ааттыыр оруннааҕын дакаастаабыта: бииринэн, бу итэҕэл айыылары итэҕэйиигэ олоҕурар; иккиһинэн, айыы киһитэ диэн үрдүк ааты идийээл оҥостор.
Билигин биһиги бу итэҕэл уратыларыгар тохтуохпут.
Бастакытынан, итэҕэл, олох-дьаһах үгэстэрэ уонна аан дойдуну өйдөөһүн сахаҕа бииргэ сылдьаллар. Маннык туругу наукаҕа синкретизм дииллэр. Холобур, оҕо оҥоруо суохтаах өрүттэрэ барыта аньыы эбэтэр түктэри диэн ааттаналлар. Киһиэхэ силлиир аньыы, оту-маһы алдьата сылдьар аньыы эҥин диэн элбэх быраабылаллар бааллар. Бу быраабылаллар олох-дьаһах быраабылаларыгар киирэллэр буолан баран бары итэҕэли кытта баалла сылдьаллар. Эбэтэр саха киһитэ бэйэтин олоҕун туһунан кэпсииригэр орто дойду туһунан саҥаран барар. Кини инньэ гынан аан дойдуну өйдөөһүҥҥэ уонна итини кытта тэҥҥэ итэҕэлгэ киирэр. Саха тылын хас биирдиитэ үксүгэр олох-дьаһах, итэҕэл уонна аан дойдуну өйдөөһүн суолталарын илдьэ сылдьар буолар. Күлүк диэн тылы ыллахха, бу тыл сырдык сардаҥата туохха эмэ мэһэйдэтэн кыайан өтөн киирбэтэҕин бэлиэтиир, бу суолтаттан туох эрэ сабыдыалын көрдөрөр ис хоһооннонон аан дойдуну өйдөөһүҥҥэ чугаһыан сөп, оттон итэҕэлгэ киирэн киһи урукку, билиҥҥи уонна кэлэр олоҕун көрдөрөр.
Маны таһынан үтүмэн элбэх уларыйбат сибээстээх тыллар бааллар. Олору биһиги олук хоһооннор диэн ааттыыбыт. Холобур, “уһун тыыннан” диэн этии тыыныы уһунун эрэ көрдөрбөт, тыын уһунун таһынан киһи туругун бэлиэтиир, итини ааһан итэҕэлгэ киирэн киһи кута хантан тутулуктааҕын ыйар. Бу холобурдар Айыы Үөрэҕэ (итэҕэлэ) саха тылыгар дириҥник иҥэн сылдьарын туоһулууллар. Атын улахан итэҕэллэр дууһаны быыһыыр өттүгэр эрэ идэтийбит буолан олох-дьаһах уонна аан дойдуну өйдөөһүн өттүттэн балачча тэйиччи тураллар. Билигин саха киһитэ үөрэхтээһини ылан уонна аныгы сибиэскэй култуураҕа үөрэнэн тыла-өһө балачча уларыйда. Ол иһин бу уларыйбыт өйүттэн-санаатыттан урукку үгэс буолбут өйү-санааны арааран сахалыы санааһын диэн өйдөбүлү үөскэттэ. Саха сахалыы санааҕа киирдэ да олоҕун-дьаһаҕын кытта итэҕэли уонна аан дойдуну бииргэ ситимнээн өйдөөн барар уратылаах. Билигин да бу үгэс биһиэхэ сылдьар. Кэпсэтэр тылбыт 10-20 бырыһыана итинник тыллартан турар. Онон тылбыт уратыта уонна күннээҕи кэпсэтэр үгэс Айыы итэҕэлин илдьэ сылдьаллар.
Олоҕу-дьаһайы, итэҕэли уонна аан дойдуну бииргэ ситимнээн өйдөөһүн тоҕо күүһүрбүтүн ойууннуу майгы сайдыытын кытта сибээстиэххэ сөп. Ойууннуу майгы билиини бэрээдэктээһиҥҥэ, өйү-санааны түмүүгэ уонна ис кыаҕы туһаныыга олоҕурарын туһунан суруйбуппут. Саха киһитэ тирээн турар соруктарын быһаарарыгар мэлдьи төһө кыайарынан кэскили көрө сатыахтаах. Кини дьайыыта оччоҕо эрэ таба буолуо уонна инникитин сайдан иһэр кыахтаныа. Ол иһин саамай сөптөөх эрэ ньымалары туһаныы үгэһэ үөскээн билиини бэрээдэктээһин, өйү-санааны түмүү уонна ис кыаҕы туһаныы ньымалара бэйэ бэйэлэригэр киирсэн биир ситим буолбуттар. Бу ситим олох-дьаһах үгэстэрэ, итэҕэл өйдөбүллэрэ уонна аан дойдуну өйдөөһүн арыттара кыччаан эмиэ биир кэлимсэ ситим буолалларыгар тиэрпит. Ол иһин сахалыы өйдөөн саҥарыы элбэх ис хоһоонноох буолбут.
Иккиһинэн, саха итэҕэлэ түҥ былыргыттан ситимин быспакка кэлбит итэҕэл буолар. Атын улахан итэҕэллэргэ дуогмалар диэн устуоруйа ханнык эрэ кэмигэр ылыллыбат уонна уларыйбат буолбут балыһыанньалар бааллар. Ити түмүгэр бу улахан итэҕэллэр үөскээбит кэмнэрин бэчээтин илдьэ сылдьар буолаллар. Дуогмалар бааллара итэҕэллэр имигэс буолууларын хааччахтыыр, олох уларыйа турар чахчыларын кыайан учуоттаабат буолалларыгар тиэрдэр. Саха итэҕэлигэр итинник дуогмалар хаһан да үөскээбэтэхтэрэ. Бу итэҕэл араас түгэннэргэ, балыһыанньаларга уопсай көстөр туругун уларытан, сөп түбэһэр көстүүнү ылан иһэрэ, ол гынан баран бэйэтин ис тутулун ыһыктыбат этэ. Дуогма диэнинэн олох араас түгэннэриттэн быһа тутуллан ылбыт быраабыланы ааттыыр буоллахпытына, саха итэҕэлин төрүттэрэ букатын атын көрүҥнээхтэр. Куту ортоку балыһыанньаҕа тутуу, ол аата олоҕу бигэргэтэр саамай сөптөөх туругу ылыы, саха итэҕэлин төрдө. Бу балыһыанньа хайа да түгэҥҥэ сөптөөх дьүөрэни буларга хайыһа сылдьар. Ортоку турук сүнньэ айыы суола диэн ааттанар. Айыы Суола олох олорор бырагырааманы илдьэ сылдьар. Ол гынан баран бу бырагыраама дуогма буолбатах, сөптөөх түгэннэри таба туһанары хааччыйар гына тутуллаах.
Үсүһүнэн, Айыы Үөрэҕэ төрдө даҕаны ханнык эрэ эрдэттэн толкуйдаммыт балыһыанньалара суох. Христианскай итэҕэл киһи төрүөҕүттэн аньыылаах-харалаах диэн өйдөбүлгэ олоҕурар. Саха итэҕэлигэр итинник көрүү суох. Буудда итэҕэлэ эрэйи-муҥу суох гынан киһини босхолуур соруктаах. Саха итэҕэлигэр эрэй-муҥ суох гыныллыахтаах туох эрэ курдук көстүбэт. Ислам итэҕэлэ таҥараны кытта быһаччы сибээһи эрэ сыаналыыр. Сахаҕа айылҕа бары эттигэ таҥара күүһүн илдьэ сылдьар, онон наада тирээтэҕинэ ханнык баҕарар эттиккэ хайыһан көмө көрдүүрэ көҥүл. Конфуций үтүө киһиэхэ (ыраахтааҕыга) бас бэриниини ураты суолталыыр. Сахаҕа айыылар киһитээҕэр үрдүкүлэр, онон үтүө киһи этэрин истиэххэ сөп буолан баран айыылар этэллэрин батыһыы ордугунан ааҕыллар. Инньэ гынан Айыы итэҕэлигэр айылҕаны айбыт күүһү итэҕэйии бастакы суолталаах, оттон атын ураты бэлиэлэр ахсааҥҥа ылыллыбаттар. Саха киһитэ маннык ньыманан бэйэтин кыаҕын туһанарын хааччахтыан сөп усулуобунастартан тахсан биэрэр идэлэммит. Бу холобур саха итэҕэлэ имигэһин көрдөрөр.
Төрдүһүнэн, саха итэҕэлэ сиэри үрдүктүк тутар. Саха итэҕэлигэр үрдүкү таҥара Үрүҥ Айыы Тойон диэн ааттаах. Сороҕор бу ааты кубулутан Айыы Сиэр Тойон дииллэр. Онон айыы уонна сиэр диэн тыл арахсыспат ис хоһоонноохторо бэриллэр. Сиэр диэн олох сөптөөх быраабылалара ааттанар. Бу сиэрдэр холбоһон Айыы Суола диэни үөскэтэллэр. Киһи кутун бу айыы суолугар сөп түбэһэр гына турукка тутуохтаах, оччоҕо кини айыылартан сүрү ылара улаатар. Биһиги айыы суола диэн олох олоруу бырагыраамата буоларын уонна бу бырагырааманы толоро сатааһын саха майгытыгар кытаанахтык киирэ сылдьарын туһунан мэлдьи санаппыппыт. Онон сиэр, олох сөп быраабылалара, олох олоруу бырагыраамата диэн өйдөбүллэр биир ситим өйдөбүллэр буолаллар. Бу өйдөбүллэр, ордук барытыгар төрүт буолар сиэр диэн өйдөбүл хайдах сөп буоларыгар тохтуоҕуҥ.
Саха норуота наар дьүөрэлэһиини (балаансаны) көрдүү сатыыр идэлээх. Дьүөрэ саамай төрдө айылҕаны кытта дьүөрэлэһии диэн ааттанар. Бу дьүөрэ баһыйар суолталааҕын туһунан бэлиэтээбиппит. Ол гынан баран бу дьүөрэ тустаах кыһалҕаны эрэ саба тутарга эрэ буолбакка уһун сыллаах кэскили оҥорорго аналлааҕа. Холобур, быстах кыһалҕаны толунарга уорар, албынныыр эбэтэр ороспуойдуур быдан көдьүүстээх буолуон сөп. Ол гынан баран маннык адьынаттаах дьон өр барар кыахтара суоҕа, хотугу дойду усулуобуйатыгар киһиэхэ хоромньуну оҥоруу киһини өлөрбүккэ тэҥнэһэрэ. Онон маннык адьынаттаммыт киһиттэн олох нуорматын кэспитин иһин дьон тэйэрэ. Үөһэ элбэхтик этэн ааспыппыт курдук саха эйгэтэ көмөлөсүһүүгэ олоҕуран баара. Дьон тэйбит киһитэ итинник көмөнү кыайан ылбат буолара, инньэ гынан улам кыайан өрүттүбэт турукка тиийэрэ. Бу иэстэһиини саха итэҕэлигэр сэт диэн ааттыыллар. Киһиэхэ куһаҕан сыһыан сэттээх, айылҕаҕа куһаҕан сыһыан сэттээх. Саха өйдүүрэ итинник. Киһи бэйэ бэйэтин икки ардыгар дьүөрэтэ биирдиилээн дьон куотуһууларын хаайбат буолан баран тыыннаах буолар кыаҕы биэрэр гына көмөлөсүһүүгэ олоҕуруохтаах, бу уопсай бэрээдэк айылҕаны кытта дьүөрэни хааччыйыахтаах.
Сиэр бу муудараска олоҕурар.
|
Category: Айыы үөрэҕэ |
Views: 698 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 109 Ыалдьыттар (гостей): 109 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|