Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2020 » Атырдьах ыйа » 17 » Күндү баай - Дьааҥы сылгыта
Күндү баай - Дьааҥы сылгыта
18:58
Күндү баай - Дьааҥы сылгыта

Билигин Саха сирин үрдүнэн 140 тыһыынча сылгы баар. Ол сылгылартан олох буккуллубатах ыраас хааннаах саха боруодата 15 тыһыынчаттан ордуга суоҕа эрэ хаалбыт буолуон сөп. Уонна аҕыйах сүүс анал ыраас хааннаах сүүрүк боруода сылгылар бааллар. Онтон ордуга хайа да боруодаҕа киирбэт сүүрүк, сэлиик, таһаҕасчыт, монгол, Амур, саха сылгыта - араас боруода барыта, туох да сыала-соруга суох булкуспут гибрид боруодалара эбиттэр.

Мин аҕам Афанасий Иннокентьевич 4 кылаас үөрэхтээх киһи 1949 сылтан саҕалаан тохтоло суох 37 сыл устата сылгыһытынан үлэлээбитэ. Ол үлэлээбит кэмин усталаах-туоратыгар араас үчүгэй да, мөлтөх да сылгылары иитэн эрэйи эҥэринэн тэлэн, сахалыы эт мэйиитинэн толкуйдаан, ааҕан-суоттаан баран: "Дьааҥы сылгытыттан ордук күнү-дьылы, хаһыыны, тымныыны тулуйар сылгы суох эбит," диэн түмүк оҥостубутун эппитэ. Ол кэмҥэ мин сылгыһытынан 6-с-7-с сылбын эрэ үлэлии сылдьарым, онон улахан уоппута суох буолан истэн эрэ кэбиспитим.

Билигин сылгыһытынан үйэ чиэппэрэ үлэлээн баран, дьиҥнээх хара үлэһит, сылгыһыт аатыттан ыраас хааннаах саха сылгытын туһунан тугу билбиппин-көрбүппүн, туох санааҕа тиийбиппин үллэстиэхпин баҕарабын.

Бастаан кэлиибэр эдэрим бэрт буолан улахан, кыраһыабай, сүүрүк көрүҥнээх сылгылары астына көрөрүм. 1978-79 сыллардааҕы олус уустук кыстыктар, ыарахан дьыллар кэннилэриттэн сылгы сылгыттан уратытын дьэ билбитим. Бастакы сылыгар төрүөҕү 50%, иккис сылыгар 17% ылбыппыт. Бастаан сылгыбыт 640 төбө этэ. 1979 сылы тахсыыга 450 эрэ төбө хаалбыта. Икки сылга сүүсчэкэ сылгы көнньүнэн өлбүтэ уонна биир оччо сылгы өлөр турукка тиийбитин кэннэ халбаһыыга ыыппыппыт. Онон хара бастакыттан сылгыны иитиигэ, өйбөр-санаабар иҥэн хаалар гына, чахчы улахан практиканы барбытым. Били быһый быһыылаах, сүүрүк көрүҥнээх улахан да, кыраһыабай да сылгыларбыттан соһуйбутум да, кэлэйбитим даҕаны. Ким хайа иннинэ кулуннаан, ыран, сиргэ охтубуттара.

Ол дьылларга икки биэни уһулуччу өйдөөн сөҕө көрбүтүм баара. Иккиэн тус-туспа үөрдэргэ сылдьыбыттара. Ити үлүгэр ыарахан сылларга туруктарын ыһыктыбакка, хаһан кэриэтэ сыл тахсыбыттара уонна икки сыл иккилии кулуну биэрбиттэрэ. Иккиэн сырдык сур, сахалыы көрүҥнээх сылгылар этэ. Онтон сиэттэрэн, кыра аһылыкка наадыйар, хаһыыга аналлаах, күнү-дьылы, тымныыны тулуйар саха тулуурдаах сылгытын иитиэххэ сөп эбит диэн санаа миэхэ киирбитэ.

Киин улуустар сылгыларын кэлэ-бара, сороҕун анаан-минээн барытын кэрийэн көрдүм. Киин улуустартан, нэһилиэктэртэн саха дии санаабыт элбэх биэни да, атыыры да атастаһан ииттэн көрдүм. Халыма, Өймөкөөн, Ньурба, Бүлүү, Верхоянскай атыырдарын, оҕолорун эмиэ үөскэтэн көрдүм. Бу сылгылары барыларын уһун кэм устата иитэн-үөскэтэн, кэтээн көрөн баран, олох ыраас хааннаах, тулуурдаах саха сылгыта Дьааҥыга эрэ баар эбит диэн түмүккэ кэллим. Ити улуустар сылгыларын төрдүлэригэр элбэх араас боруодалар баар буоланнар, ол хааннара төннөн кэлэ тураллар, олох сахатыйан биэрбэттэр. Киһи атын сир сылгытын 1-2 атыырынан быһаарбат гынан баран, кинилэр элбэх оҕолоруттан, элбэх сиэннэриттэн ол дойдута ханнык хааннаах сылгылар бааллара, үөскээн тураллара ырылыччы чуолкайдык көстөн кэлэр. Бу улуустар сылгылара саха буолуохтааҕар, сахаларын хаана 30%-тан элбэҕэ суоҕа хаалбыт.

1981 сыллаахха Дьааҥыттан 7 атыыр соноҕоһу аҕалбыппыт. 1989 сыллаахха 2 атыыр, 2000 сыллаахха биир атыыр эмиэ кэлбиттэрэ. Дьааҥы атыырын оҕотун эмиэ атын Дьааҥы атыырыгар ыытан испитим. Мин иитиигэ ылар сылгыларбын биэ сааһын сиппитин кэннэ, 7 сааһыттан ылабын. Онтон эрдэ ыллахха, сылгы кэлэр көлүөнэтэ аччаан хаалар. Ол иһин көлүөнэлэрэ бытааннык тахсаллар, билигин саҥа үһүс-төрдүс көлүөнэҕэ тиийдим. Көлүөнэтэ төһөнөн элбиир да, сахалыы хаана баһыйан иһэр. Сорохтор Дьааҥы да сылгыта биһиэхэ кэлэн, сотору сылгыбытыттан уратыта суох буолар дииллэр. Ол Дьааҥы атыырын оҕотун олохтоох атыырга ыытан истэххэ сиэннэригэр, бэккэлээтэҕинэ хос сиэнигэр эрэ хаана кыратык бэриллэр уонна суураллан бүтэн хаалар. Киин улуустар сылгыларыгар саха хаана аҕыйаҕын ол эмиэ туоһулуур. Аны туран Дьааҥы атыыра олус кыра, хойутаан ууланнарар, онон хойут ситэр дииллэр. Итиннэ сөпсөспөппүн. Үгүстэр Дьааҥы сылгытын тулуйуо диэн аанньа аһаппат түбэлтэлэрэ баар. Тэҥ сиргэ, тэҥ көрүүгэ-истиигэ, тэҥ аһылыкка туран, туохтарынан да хаалсыбаттар. Оттон кыра диэҥҥэ, кырдьык, сороҕо кыра, дьэ онно дьиҥнээх былааннаах племүлэ, көрүү-харайыы наада.

Племнэр, научнай үлэһиттэр барыта кэлим боруодалар сыдьааннарын иитэн, бонитировкалаан баран саха сылгытын тупсардыбыт, бөдөҥүттүбүт дииллэр. Атын боруоданы холбооһун - чэпчэкини батыһыы. Чэпчэкитик кэлбит олоҕо түөрэккэй буолар. Саха сылгытыгар үчүгэй племүлэ ыытан, аһатыыны-сиэтиини, көрүүнү-харайыыны, талыыны тупсаран бөдөҥүтэн, үтүө хаачыстыбаларын чиҥэтиэхтээхпит.

Ханнык баҕарар боруода бэйэтин сиригэр, бэйэтин идэтигэр ананан иитиллэр. Билигин саха сиригэр төһө да рынок кэллэр, техника ыараатар, ат бытархай үлэҕэ эрэ туттуллар. Ол иһин чааһынай киһи биирдэ эмэ дьиэ таһыгар туттарыгар кыра, хойуу түүлээх ат ордук барыстаах, кыраны аһыыр. Онон көлө атыгар племнэр орооһор ханнык да төрүөттэрэ суох. Саха сиригэр сылгы 95%-на эккэ анаан хаһыыга үөрдээн иитиллэр. Онон болҕомто 95%-на хаһыы сылгытыгар ууруллуохтаах.

Племнэр, научнай үлэһиттэр уонна саха сылгыһыттарын сүрүн соруктарынан бу сылгылары биһиги тыйыс усулуобуйабытыгар араас кураан, сут, ыарахан дьылларга өлөн-охтон биэрбэт, бөҕө үөстээх, өбүгэлэрбит бэлэхтээбит сахаларын сылгытын өссө сайыннаран, былыргы үйэлэргэ Саха сиригэр үөскүү сылдьыбыт кыыл сылгы хаачыстыбатыгар чугаһатыы буолуохтаах. Өбүгэтин убаастаабат норуот кэскилэ кэрэгэй.

Мин үлэлээбит кэммэр Дьааны сылгылара сөхтөрбүт түгэннэриттэн кэпсиэхпин баҕарабын:

1.   1986 сыллаахха атырдьах ыйыгар бонитировка ыыттыбыт. Потапов диэн 8 саастаах атыыр тыыннаах ыйааһынынан саамай улаханнара буолбута. Ол сылгы ыпсалҕаттан тахсарыгар кыбыллан хаалбыта. Кини иннинэ да, кэннинэ да тас көрүҥнэринэн эҥин бэйэлээх сылгылар тахсыбыттара да, кыбыллыахтааҕар буолуох таарыйбакка да ааспыттара.

2.  Урут совхоз 100 кг эттээх убаһаны 550 солк. атыылыыр этэ. "Остуолба" диэн атыыр 11 кулуннааҕыттан, биэһи иитиигэ ылан баран алтыс убаһаны Нилов П.Е. диэн учууталга биэрдибит. "Бачча кыра убаһаны биэрэҕит дуо?" - диэбитигэр мин: "Астаан баран маслозаводка илдьэн ыйаан көрүҥ, 100 киилэ буолара буолуо," - диэтим. Ыйаабыттара 127 кг буолбут этэ.

3.  Кыһыл кумах диэн атыырбытын наһаа куотуган диэн 12 сааһын туолуутугар саас туттубуппут аҥардас этэ 297 кг буолбута. Онно соһуйбутум да, хараастыбытым даҕаны. Тас көрүҥүттэн таһыччы этэ.

4.   1994 сыллаахха күһүн Дьүкээбил диэн атыыр 5 кулунун туттаары хаайан турдахпына сылгыга балайда сыстаҕас алта уончалаах оҕонньор көрөн: "Аата кыраларын," — диэбитэ. Туттан, эттэрин сарсыҥҥы күнүгэр ыйаан көрбүтүм, түөрдэ ыраас эттэрэ ортотунан 130 кг, биирдэрэ бэс ыйыгар төрөөбүт 110 кг буолбуттара.

5. Бу олохтоох сылгыттан саамай тобох сахалыы хаанын баппыт чааһынай ыал биэтэ. Кырыйда диэн төрөөбүт биэни 20 сааһыгар күһүн туттубуттара, тоҥ этин аҥарын маҕаһыыҥҥа туттарбыттара 144 кг буолан дьону барыларын соһуппута. Бу биэ 4 сааһыттан сыл аайы биирдии кулуну биэрэрэ диэн кэпсииллэрэ хаһаайыттар. Бу да чахчылартан көрдөххө, биһиги бары даҕаны сылгылары харахпыт көрүүтүнэн быһаарар эбиппит. Кыра диэтибит да чуолкай быһаарбыт дьоннуу хайыһан да көрбөппүт. Харах көрүүтэ сыыһалара элбэх буолар. Ол иһин мин эккэ туттар сылгыларбын хас биирдиилэрин ыйааһыҥҥа ууран ыйааһыннарын бэлиэтэнэн иһэбин. Холобур, 500 тыыннаах ыйааһыннаах туруйа курдук улахан, хаптаһын курдук чараас сылгы этин тахсыыта 250 киилэ буолар. Онтон сахалыы көрүҥнээх 500 кг тыыннаах ыйааһыннаах халыҥ сылгы этин тахсыыта 300 кг буолар. Аны этин, сыатын уонна киһи сиэбэт уҥуоҕун, иҥиирин тус-туспа уурдахха, арааһа эмиэ атын ахсаан тахсан кэлэрэ буолуо. Өссө араас биологическай иҥэмтиэлээх өттүн мин сатаан быһаарар кыаҕым суох. Уопсайынан халыҥ сылгы харах көрүүтүгэр аччаан көстөр. Онтон сылгы төһөнөн халыҥ да, оччонон тулуурдаах уонна этэ элбэх буолар.

Атын улуустар сылгыһыттарын көрсөн кэпсэттэххэ бары плем буолуо этибит диэн үбэ-харчыта көрүллүүтүн эрэ туһунан кэпсэтэллэр. Биллэн туран, харчы кимиэхэ барытыгар наада. Мин аны санаам, баҕам хоту уонча сыл үлэлиирим буоллар, сылгым хаачыстыбата ситтэҕинэ племҥэ сөбүлэһиэххэ сөп. Учуонайдар өрүс да, алаас да сылгыта бастакы тымныы түһүүтүгэр стресстээн кулуннуур, хас эрэ сыллаахха Дьааҥы сылгыта аҥарыттан ордуга стресстээн кулуннаабыта дииллэр. Онон ханнык баҕарар сылгы кулуннуур диэн быһаараллар. Мин санаабар, сылгы стресстээбэт, кини киһи буолбатах. Сылгы бастаан кылгас чараас түүлээх, этэ-сиинэ мөлтөх өртө бастакы тымныыларга кулуннуур. Төһө элбэх кулуннуура, ханнык таһымнаах, кээмэйдээх дьыл кэлэн турарыттан тутулуктаах. Холобур, ол Дьааҥы улууһугар кэлэн турар дьылга Дьааҥы сылгытын оннугар сиэнчэр өрүс сылгытын илдьэн кыстатар киһи, арааһа, кулуннуурун ааһан аҕыйах тыыннаах ордуо эбитэ буолуо.

1999 сыл "Саха сылгытын эккэ анаан бонитировкалааһын" диэн инструкция тахсыбыт этэ да, киһи сөпсөспөтө элбэх. Саатар   саха    сылгыта   хайдах дьүһүннээх, төһө уһун, хойуу түүлээх буолуохтааҕа суруллубатах. Ол оннугар соччо туһата суох миэстэлэригэр ырытыы үлэ бөҕө оҥоһуллар. Сүүрүк, сэлиик, ипподромҥа көстөр сылгы курдук төбөтө, моонньо, атаҕа, сиһэ, биилэ, самыыта, түөһэ, үрдүгэ, устата эккэ иитиллэр сьглгыга туох улахан туһалаахтара буолла. Ол оннугар ийэтэ, аҕата, эбэтэ, эһэтэ, төрүттэрэ хас сыл хас кулуну, төһө эти биэрбиттэрэ, хас сыл төһө биэттэн төһө кулуну төрөппүтэ, хас сааһыгар диэри сылдьыбыта эҥин ырытыллара ордук ини. Ити курдук ыарахан инструкцияны ааһан племенной сылгы үксэ элита кылаастанна дииллэр. Киин улуустар племфермаларыттан атыыга кэлэр сылгылар,    оннооҕор мин көрдөхпүнэ, ыраас хааннаах саха сылгытыгар хайдах да эппиэттиир кыахтара суох, маарыннаабаттар даҕаны. Уопсайынан, чуолаан киин улуустарга сылгылары тупсарабыт диэн ааттаан ХХ-с үйэ былаһын тухары, атын боруодалары аҕалыы түмүгэр ыарахан дьылларга төрүөҕү ылыыга, сылгы көнньүнэн өлүүтүгэр, ахсаан өттүнэн айгырааһыныгар бэйэбит да билбэппитинэн улаханнык оҕустаран олоробут. Хос-хос сиэнчэрдээһин түмүгэр, саха сылгытын Саха сиригэр сөп түбэһэр үтүө  хаачыстыбалара олох мөлтөөтүлэр. Ыраас хааннаах саха сылгытын үтүө хаачыстыбаларын тупсарар ханнык да боруода сылгы суох. Өбүгэлэрбит барахсаттар кэлтэй кэппиэйкэ көмөтө суох, баҕар, тыһыынчанан да сыл буолуо, араас быстарыктаах дьыллары көрсөн, быста-быста салҕанан Сахабыт сирин ураты тыйыс айылҕатьш араас ыарахаттарыгар эриллэн, хара сыраларынан, эттэринэн-хааннарынан билэн баар оҥорбут сахаларын сылгытын аҕыйах сыл иһигэр тупсара, улаатыннара охсоору боруодалары холбоон, кэлин симэлитэрбит, кэнэҕэски кэлэр кэнчээри ыччаппыт иннигэр улахан буруйга-сэмэҕэ тэҥнээх дии саныыбын.

Урут дьон хаһыы сылгытын өйдөөбөтүн иһин, саха сылгыта хаһыыны төһө тулуйарыгар анаан күрэхтэ оҥоруохха дии сылдьыбытым. Билигин да этэбин, саха сылгытын таларга кэлии боруодалар сыдьааннара киирбэт ирдэбиллэрин оҥоруохха наада. Тылынан буолбакка, баар кээмэйинэн сурукка киллэрэн туран. Холобур, түүтэ уһунунан, хойуутунан, этэ халыҥынан туох эмэ ирдэбили оҥоруохха сөп эбитэ буолуо дии саныыбын. Хаһыыны төһө тулуйарыгар да боруобалаан күрэхтэһиннэрэн көрүөххэ баар этэ. Оччоҕо эрэ соччо улааппатар да, Сахабыт сирин айылҕатын араас ыарахаттарыгар сөптөөх, тулуурдаах, ыраас хааннаах сахабыт сылгыта симэлийэн   хаалбакка   өрөйөн чөрөйөн биэриэҕэ.

Түмүкпэр, Дьааҥы улууһун сылгытын ураты көрүҥүнэн биллэрэн туран, кинилэр сылгыларын ханнык да киирии, кэлии сылгы тупсарбатын быһыытынан, атын сирдэр сылгылара булкуһарын бопсуохха диэн этиэхпин баҕарабын. Табаарынай сылгылары тупсарбат племфермалары тохтотуохха. Олох аҕыйахтарын, арыыйдаларын 3-4 көлүөнэ саха сылгытыгар тиийиэхтэригэр диэри племфермаҕа кандидат оҥортуохха. Ол оннугар Дьааҥы сылгытыгар олох улахан болҕомтону ууруохха. Киин улуустар сылгыларын түргэнник сахатытар инниттэн, сыл аайы Верхоянскайтан, ремоннарыттан ордубут ат убаһаларын талан, 250-300 төбөнү сааскы кэмҥэ аҕалыахха. Убаһаны аҕалыы төгүрүччү барыстаах буолуон сөп. Ыйааһына чэпчэки, массыынаҕа элбэх батар, атыылаһарга үстээх-түөртээх соноҕостордооҕор сыаната да сөбүгэр буолуо. Атыылыыр дьоҥҥо элбэх ат сылгыны иитии олус эрэйдээх, ыһыллымтыа, сүтүгэ да элбэх буолар, аны 3-4 сааһыгар тиэрпитиҥ кэннэ ылбатахтарына эрэйиҥ, кыһалҕаҥ, ночоотуҥ дьэ элбиир. Биир мунньахха Дьааҥы сылгыһыта М.Д. Горохов этэн турар: "Биһиги убаһалары Кэбээйигэ диэри быһалыы үүрэн да аҕалыа этибит," — диэн. Ити варианы эмиэ үөрэтэн көрүөххэ сөп.

Сылгыһыттар, сылгыга сыһыаннаах бары салайар үлэһиттэр, ураты тыйыс айылҕаҕа хаһан аһыырынан, тымныыны тулуйарынан аан дойдуга тэҥнээҕэ суох, туохха да тэҥнэммэт күндү баайбыт, ыраас хааннаах сахабыт сылгыта күн-ый ыһыаҕа буолан симэлийэн хаалбатын туһугар, дьаныһан туран дьарыктаныаҕыҥ!

Михаил АРТАМОНОВ,
сылгыһыт, Уус-Алдан
Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка | Views: 851 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Атырдьах ыйа 2020  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
31
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 105
Ыалдьыттар (гостей): 105
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024