Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2020 » Атырдьах ыйа » 17 » 2010 с.Тайылҕан
2010 с.Тайылҕан
19:02
Тэрис суруйууларыттан...
2010 с.Тайылҕан

Кулун тутар 18 күнугэр Куоракка тайылҕан. «Кут-сүр», «Арчы дьэтэ», «Көмүлүөк», тыл түмсүүтэ «Ийэ тыл», устудьуоннар түмсүүлэрэ «Одун»  итэҕэлгэ бииргэ үлэлииргэ сөбүлэһии түһэрсэллэр. Тоҕо манна тиийдибит?  Саха итэҕэлин тус-туспа бөлөхтөөн хайытар кистэлэҥ былаан баар. Ити кинилэр былааннара туолла. Саха итэҕэлэ биир суох, хас да бөлөх баар диэн киһи барыта билинэр буолла. Онон бөлөхтөрү билинэрбитигэр тиийэбит. Оччоҕо атын суол хаалар. Ити бөлөхтөргө киирэн сыыйа ити бөлөхтөрү бииргэ түмүү. Иккиһинэн, биһиги хас да сыл үгэстэри үөрэттибит уонна 2009 сылга саха норуотун үгэстэрин толору өйдөөтүбүт. Биһиги күүспүт онно сытар. Билигин атын бөлөхтөрү өйбүт-санаабыт күүһүнэн кыайар кыахтаахпыт. Онон бөлөхтөрү кытта үлэлииргэ куттаныа суохтаахпыт. Түмсүүгэ бастакы хардыы илии баттаһыы буолар. Сыл аайы бөлөхтөр уопсай тайылҕаннара ыытыллар. Сүрүн усулуобуйа: ким да кими да баттыа суохтаах. Киһи көҥүлүнэн ханнык эмэ өйгө-санааҕа тиийиэхтээх.

Мэҥэ тайылҕана

Кулун тутар 27 күнүгэр Мунньах иннинэ кыра хапсыы буолла. Кулаҥҥа алгыс эттэрэр былааннаах эбиттэр. Онуоха мин икки соругу туруорбутум: Кулан алгыс этэр буоллаҕына, ол аата кини мэрэпирийээтийэтэ эбит. Оччоҕо биһиги куоракка төннөбүт. Онтон биһиги мэрипирээтийэни ыытар буоллахпытына, Кулаҥҥа аҕыйах мүнүүтэни биэриҥ уоннааҕыта биһиги былааммытынан ыытыҥ. Тэрийээччилэр биһиги этиибитин ылыммыттара. Мин эппитим сөп буолбута. Онтон-мантан араас хайысханы тутуһа сылдьар дьон кэлбит этилэр. Кинилэр бары тыл этээри гыналлар. Мунньаҕы сымыйа мөккүөргэ кубулутуо этилэр. Биһиги кинилэргэ тыл биэрбэтэхпит. Элбэх киһи мустубут.  Мин уопсай итэҕэл хайысхатын билиһиннэрдим. Маҥнай биэс итэҕэл түмсүбүттэрин эттим. Сүрүн боппуруос Айыы дьиэтин сир аайы тутарга түмүлүннэ. Алараа Бэстээххэ оннук дьиэни туттарга бырабыыталыстыба былааныгар киллэртэрбиттэрин эттилэр. Майаҕа бэйэтигэр боппуруос кыайан быһаарыллыбата. Урут Айыы дьиэтин туттарарга Кыта Баалы үлэлээбитэ. Онтон биллэр дьыала кэнниттэн ити тохтообута. Иккис киһинэн Нестер буолбута. Кини Майа таһыгар олус улахан Айыы Дьиэтин туттаран испитэ. Ону ситэ бүтэрбэтэ. Нестер бэйэтэ дэриэбиэтигэр баран хаалбыт. Ити икки киһи сабдыалынан Майаҕа Айыы дьиэтин туттара сатааһын тохтоон турар. 
 
Аммаҕа тайылҕан мунньаҕа
Баһылык бэйэтинэн ылсыбыт. Улахан түмсүү тэриллибит. Кулун тутар 28 күнүгэр кини нэһилиэктэр баһылыктарын, итэҕэйэр дьону ыҥырбыт. Онон киһи бөҕө мустубут. Онноҕор барыбыыталыастыба мунньаҕар бачча киһи мустубат дииллэр. Баһылык бэйэтинэн илдьэ Айыы дьиэтэ тутуллуохтаах сирин көрдөрдө. Кырдьык сэлиэнньэ ортотугар буолууһу. Дьыала дьиҥнээхтик саҕаланан эрэр эбит диэн итэҕэйдибит.

Чурапчыга сылдьыы
Кулун тутар 29 күнугэр Чурапчыга тиийдибит. Друзьяновы кытта сылдьабыт. Чурапчы баһылыга итэҕэл дьиэтэ холлоҕоһо бүтэн турарын көрдөрдө. Аны күһүн үлэҕэ киириэхтээх эбит. Күнүс күөлгэ киллэрэн Дорофеев оҕонньор ойбоҥҥо сөтүөлүүр сирин көрдөрдө.  Ити кэнниттэн тэлэ-марофоҥҥа сырыттыбыт. Кыратык тыл эттибит. Айыы дьиэтин тутууга харчы хомуйуу саҕаланна.

Бабаарына ураһа
Айыы дьиэтэ 1908 сылтан Бабаарына ураһаны тутар. Ити сыл биһиги кумаҕын кутан тутуллар сирин бэлэмнээбиппит. Онтон 2009 сылга бабаарына дьиэ холлоҕоһун аҥаара тутуллубута. Онтон 2010 сылга холлоҕоһу бүтэрдибит.  Байбал, Барыыс тутууһут Кириисэ уонна мин үлэлээтибит. Дьахталлар ханааппаакытын оҥордулар. Үлэ кулун тутар бүппүтүн кэннэ оҥоһулунна. Урут кулун тутар инниттэн үлэлээбиппит. Онно син тымныы этэ. Мин илиибин тыраамбалаабыт буоламмын тымныыны тулуйбаппын. Онтон быйыл күн балачча сылаас. Ылааҥы. Үлэлииргэ олус үчүгэй.

Күннээҕи сиэр-силик туһунан
Күнээҕи сиэри-силиги суруйарбар хас да сылы бараабытым. Биллэрин курдук, итэҕэллэр биир сүрүн туһаайыылара күннээҕи сиэри-силиги олохтооһуннара буолар. Ол иһин үлэни суруйууга улахан болҕотобун уурбутум. Ити үлэ бастакы барыйаана 2009 сыллаахха  бүппүтэ. Аны маны киэҥник тарҕатыахха наада. Онон «Кистэлэҥ күүс» хаһыакка таһаарарга сананным. Хаһыакка биһиги эбэбит диир киһибит Юлия үлэлэһэр. Онон ити кэпсээни кининэн ырыттарабын. Итинник ааттаах матырыйаал толору кэриэтэ суруллан бүттэ. Онтон толору барыйаан ахсынньы ыйга суруллан бүттэ. Аны кинигэ буолан тахсар суолун көрдүөххэ наада.

Төрүт култуура үлэһиттэрин түмэр мунньах
Муус устар 24 күнэ. Арасыыйаҕа омуктар култуураларыгар соччото суох сыһыан сайдар. Аны омуктар култууралара сайдарыгар федеральнай судаарыстыба кыһаммат буолбут. Ол иһин саха култууратын көмүскүүргэ түмсүү тэриллэр буолбут. Тэрийээччи Санаайа буолбут. Мунньах ССҮ библитиэкэтигэр  ыытыллар.  Аҕабыыкка үөрэнэр тыллаах баҕайы эдэр саха уола кэлбит. Дьахталлар бааллар.  Онно Борис Николаев культорология үчүгэйин туһунан тыл этэр. Кини урукку хомуньуустуу көрүүтүгэр хаалан хаалбыт. Саха култуурата бүтэһиккэ, нуучча уонна аан дойду култуурата бастаан үлэлиэхтээх диэн тиэсистээх. Мин кини этиитин истимээри мунньахтан баран хаалабын. Былааһы ити аҕабыыкка үөрэнэр уол ыла сатаабыт. Онно биир кыыс сөптөөх эппиэти биэрбит.
Category: Айыы үөрэҕэ | Views: 888 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Атырдьах ыйа 2020  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
31
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 27
Ыалдьыттар (гостей): 27
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024