News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2020 » Атырдьах ыйа » 17 » Тэрис суруйууларыттан... Этиттэрии
Тэрис суруйууларыттан... Этиттэрии | 19:05 |
Тэрис суруйууларыттан...
Этиттэрии
Былыргылар этэллэринэн, үөрэҕи этэ аһыллыбыт оҕо эрэ дириҥник ылыан сөп.
Эллэй үөрэннэҕин бастакы сылыгар дьикти түүлү көрбүтэ. Арай кини иннигэр маҥан таҥастаах, аас бытыктаах оҕонньор баара. Бу оҕонньор таһынааҕы ол-бу маллары көрдөрө-көрдөрө быһааран барбыта. Кини ити курдук сүрдээх элбэҕи кэпсээбитэ. Бу күнтэн Эллэй тугу үөрэтэллэрин эрдэттэн билэр курдук саныыр буолбута.
Кини бу түбэлтэ кэнниттэн ханна да сырыттын, кинини барытын көрө сылдьар ким эрэ баарын сэрэйэр буолбута. Күөх хонууга олорон, мастары, туой дьиэлэри, былыттаах халлааны өөр-өр көрөрө уонна тугу барытын билэ-көрө сылдьар ким эрэ ханна баар буолуон толкуйдуура. Хайа да диэки көрдүн, ол тугу барытын билэ сылдьар ким эрэ көстүбэт этэ. Ол гынан баран кини син биир баар, ону Эллэй этинэн-хаанынан сэрэйэрэ. Арай ханна баарын билбэт.
Барҕаҕа сыыйа Таҥараҕа үҥэргэ үөрэппиттэрэ. Итини кытта тэҥҥэ Таҥара ханна олорорун, тугу гынарын кэпсииллэрэ. Эллэй маҥнай ити үөрэтиини остуоруйа курдук истэрэ. Оттон биирдэ эмиэ уруккутун курдук күөх хонууга тулалыыр аан дойдутун көрө-анаара олорбута. Кинини мэлдьи көрө-истэ сылдьар ким эрэ адьас таһыгар баар курдуга. Барыта киһи үөрүөх курдук наҕыл, кэрэ этэ.
Бу олорон уол Таҥара диэн этэллэрэ ити кини этинэн-сиининэн сэрэйэр кимэ эрэ буоларын эмискэ билбитэ. Эллэй бу санааттан дөйбүт курдук олорбута. Кини бэйэтин иһигэр сөҕүмэр үөрүү, астыныы биллибитэ. Бу иэйии Эллэй суолдьут сулуһа буолбута.
Эллэй туһунан былыргы кэпсээннэргэ, Эллэй уола Намылҕа Сүүрүк кыра эрдэҕиттэн түһээн барыны бары быһааран биэрэр маҥан таҥастаах оҕонньору көрбүтүн туһунан кэпсэнэр. Бу кэпсээн, дьиҥэр, Эллэй бэйэтин туһунан кэпсээн буолар.
|
Category: Айыы үөрэҕэ |
Views: 881 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 118 Ыалдьыттар (гостей): 118 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|