Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2020 » Атырдьах ыйа » 24 » Соҕурууҥҥу ыарыылар Арыгы
Соҕурууҥҥу ыарыылар Арыгы
19:16
Соҕурууҥҥу ыарыылар
Арыгы

Сахалар арыгыны былыргыттан билэр этилэр. Холобур, бор диэн монголлар кыһыл арыгыны ааттыыллара. Кытай сириттэн ити аатынан кыһыл арыгыны ыыталлара. Онтон буокка чыкыр диэн ааттанара. Хаһан киирбитэ биллибэт. Саамай кэннэки арыгы курдук иһэр малларынан кымыс буолбута. Оччолого сайын ыһыахтары кэрийэ сылдьан кымыс иһэр дьону кымысчыттар дииллэрэ. Ити дьон кымыс иһэн итирэн айдааны оҥрбуттарын тустарынан нуучча суругар киирбитэ баар.

Арыгы үөрэ

Сахаҕ хаһан арыгы үөрэ баар буолбута биллибэт Бэрт былыргы быһыылаах. Манна арыгыһыт киһи сүрүн бэлиэтэ үөр бэлиэтэ буолбут. Кини 52 хайаҕстаах остуоллаах. Остуолугар тугу да уурдахха курдары барар турар.

Күн Дьөллөрөмэ Саргыл Хотун—арыгыһыт буолуу иччитэ, 52 дьөллөҕстөөх остуоллаах. Дьөллөҕс аайыы үөр сөп түбэһэр:
-Хаарты.
-Ороспуой.
-Уоруу.
-Бэйэҕэтиийитинии.
-Атын куһаҕттар.
Пекарскай Э. К.
Словарь якутского языка.
с. 852.
52 ахсаан биир өттүнэн сылга буолар нэдиэлэ ахсаанын кытта сибээстээх. Онон манна нэдиэлэ ахсаана төрүт буолбут курдук.

Сахалар арыгы иһэ үөрэниилэрэ

Былыр сахалар Дьокуускайга киирэн дьаһааҕ төлүүллэрин биһириири этилэр. Оннук дьону бойобуода бэйэтинэн көрсөр этэ. Атын нууччалар устуруойдаан тураллара. Дьаһаах төлүү кэлбит киһиэхэ бурдук хааһы сиэтэллэрэ уонна арыгы иһэрдэллэрэ. Итинник идэ төһөттөн баар буолбута билибэт. 1654 сыллаахха 300 биэдэрэ арыгы ороскуоттаабытттара. 1660 сыллаахха 700 биэдэрэ арыгы ороскуоттаабыттара.
Токарев
Якутия в 17-м века.
с. 279.

Арыгылааһын балачча олохсуйуута

1902 сыллаахтан Саха сирин хоту өттүгэр испиири тиэйэн илдьии бобуллубута. Ити бобуу үлэлээбэт этэ. 1912 сыллаахха Уһуйаанаҕ аҥардас Казачьяҕ 1000 кэриҥ биэдэрэ арыгы иһиллибит. Булуҥҥ1913 сыллаахха 500 биэдэрэ арыгы иһиллибитэ. 1913 сыллаахха Халымаҕа 300 биэдэрэ кытай арыгыта тиэрдиллибитэ.
Попов А. А.
Сочинения.
4-й том.
Якутск: 2005, с.143-144.

Бу чахчы көрдөрөрүнэн өрөбөлүүсүйэ иннинэ арыгылааһын балачча тэнийбит эбит. Онно нэһилиэнньэ барыта хабыллар буолбут.

Бу арыгылар бары кытаанах арыгылар этилэр. Кинилэр тымныыга тоҥуо суохтаахтара. Онон саха дьоно кытаанах арыгыны иһэ үөрэммиттэрэ.

Арыгы киэнник тарҕаныыта

Өрөбөлүүсүйэ уонна былаас былдьаһан сэриилэһии кэмигэр арыгыны иһии биллэ аҕыйаабыта.

Онтон сэбиэскэй былаас олохсуйбутун кэннэ аргыны иһии элбээн испитэ. Ол гынан баран кутталлаах таһымҥа тиийбэтэҕэ.

Аҕа дойду сэриитин кэмигэр сэриилэһэр дьон норкуомамускай диэни иһэллэрэ. Ити балачча биллибитэ. Сэрииттэн кэлбит дьон аргыны иһэллэринэн биллэллэрэ.

50-с сылларга буочукалаах арыгыны аҕалыы тэнийэ сылдьыбыта. Арыгы кэлбит күнүгэр маассабай иһии буолар. Бу арыгы тарҕаныытын бастакы бэлиэтэ буолар.

Аргыны иһии Хрущеб кэмигэр тосту улааппыта. Ол саҕана бастакы арыгы «Зубровка» этэ. Оччолого итирбит дьон оҕус түҥнэри кэйдэ дииллэрэ. Ити кэмтэн ыла арыгы маҕаһыыҥҥа мэлдьи атыыланар буолбута. Арыгы бүтэһиктээхтик киэҥник тарҕаммыта.

Аныгы кэм

1991 сылтан ыла арыгыны толуонунан биэрэр буолбуттара. Арыгы тугу багарар оҥорор бөлүүтэҕэ кубулуйбута. Урут арыгыны ылбат да дьон толуоҥҥа арыгыны ылар буолбуттара.

Бу кэнниттэн эмиэ арыгын көнүл атыылыыр буолбуттарара.

2011 сылга буокканы эбиэт кэнниттэн атыылыыр буоллулар. Ол аата кыра хааччах оҥоһулунна.

Арыгыны утары охсуһуу

Биһиги манай дьиэни-уоту арыгынан аһатыыны бопсубуппут. Ити 1994 сыллаахха буолбута. Мин бастаан Тува сиригэр лаамалар аргынан сири аһатыыны боппуттарын туһунан истибитим. Онно олоҕуран дьиэни иччитин аргынан аһатыы син биир кэлэр ыччакка арыгыны биэрбиккэ тэҥнэһэрин билбитим. Оли иһин ити сыллаахха бобуу тахсыбыта. Бобуу син тарҕаммыта.

Манна арыгыны туттуу икки көрүҥэ көҥүллэммитэ:
-Ойуурга сылдьан, урут сири-уоту арыгынан аһатыллар буоллаҕына, аргынан аһатыы.
-Кылаабыыһаҕа урут аргыны иһэр киһиэхэ уҥуоҕар арыгы туруоруу.

Онтон арыгы үөрэ баара биллибитин кэннэ, 2004 сыллаахтан арыгылыыр култуураны утары аргылаабат култууранан охсуһар былаан ылыллыбата. Ол түмүгэр үс ыҥырыы тахсыбыта:
-Арыгыны остуол ортотугар туруорумуу.
-Арыгыны охсуһуннарымыы.
-Арыгы иһэргэ тыл этимии.

Ити сыллаахтан арыгыны эмтээн барбыппыт. Маҥнай кытайдыы эмтиир ньыманы ылбыппыт. Онтон ойуунтан бохсуруйуу ньыматын ылбыппыт.

2010 сыл ыам ыйыгар диэри үс сыл устатыгар 200-тэн тахса эр киһи, 12 дьахтар арыгыттан эмтэннэ. Онтон көстөрүнэн бохсоруйуу ньымата аргыттан эмтииргэ саамай көдьүүстээх ньыма быһыытынан билиннэ.

2011 сыл бүтүүтүгэр 300-тэн тахса киһи арыгыттан эмтэннэ.

Тэрис -Л.А.Афанасьев
Category: Айыы үөрэҕэ | Views: 984 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Атырдьах ыйа 2020  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
31
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 118
Ыалдьыттар (гостей): 118
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024