Исидор Барахов аатын — үрдүк үөрэх кыһатыгар
“Кыым” ааспыт нүөмэригэр “Бичик” кинигэ кыһатын сүрүн эрэдээктэрэ, Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо, уопсастыбанньык Валерий Николаевич Луковцев “Улуу дьону үйэтитии – норуот бүттүүнүн ытык иэһэ” диэн матырыйаалыгар саха уһулуччулаах бэлитиичэскэй, судаарыстыбаннай диэйэтэ Исидор Никифорович Барахов аатын өрөспүүбүлүкэ үрдүкү үөрэҕин кыһатыгар иҥэрэргэ ыҥырыы таһаарбыта. И.Н. Барахов биир дойдулаахтара, үөһээ бүлүүлэр, ити боппуруоһу хайдах туруорса сылдьалларын, туох быһаарылла турарын, урукку-хойукку кэпсэтии ханнык таһымҥа тиийбитин сырдаппыта.
Бүгүн ити боппуруоска Үөһээ Бүлүү улууһун Балаҕаннаах нэһилиэгин баһылыга, Исидор Барахов аатын өрөспүүбүлүкэ үрдүк үөрэҕин кыһатыгар иҥэриигэ өр кэм устата утумнаахтык үлэлэһэ сылдьар Степан Иванович Дмитриев маннык кэпсээтэ.
— Степан Иванович, И.Н. Барахов аатын үйэтитиигэ үлэлэспитиҥ балачча буолла. Араас таһымнаах инстанцияларга үгүс сурук суруллуун көҕүлээбитиҥ, сүүрбүтүҥ-көппүтүҥ. Билигин дьыала ханна тиийэн турарый?
— Дьиҥэр, Исидор Барахов аатын үйэтитиигэ сыһыаннаах үлэ саҕаламмыта ырааттаҕа. Урут кини бэлиэ дааталарынан сибээстээн, аатын Дьокуускай уулуссаларыгар эбэтэр экэнэмиичэскэй институкка иҥэрэр туһунан этиилэр көтөҕүллэ сылдьыбыттара. Ону 26.02.1998 с. өссө бырабыыталыстыба бигэргэппитэ эрээри, улахан хамсааһын тахсыбатаҕа. Ол кэнниттэн бастакы официальнай суругу 2017 сыллаахха улуус дьокутааттара уонна баһылыга В.С. Поскачин илии баттаан, өрөспүүбүлүкэ оччотооҕу Ил Дархана Е.А. Борисов аатыгар ыыппыттара. Өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар Ил Түмэн дьокутааттара И.И. Шамаев, П.П. Пинигин, М.Д. Гуляев, билим дуоктара В.Р. Дарбасов аатыттан туруорсар суруктар эмиэ киирбиттэрэ.
— Сурук сүрүн ис хоһооно туох диэний? Туох быһаарыы ылыныллыбытай?
— Сүрүн ис хоһооно И.Н. Барахов ССРС Киин Кэмитиэтин тыа хаһаайыстыбатын сиэктэригэр үлэлээбитинэн, кини аатын Саха судаарыстыбаннай тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар (билиҥҥинэн – АСАУ) иҥэриэххэ диэн. Туруорсууну өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата өйөөбүтэ. Ол гынан баран, ССТХА РФ Тыа хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ салайар үөрэҕин кыһата буолан, туруорсуу салгыы федеральнай кииҥҥэ барбыта уонна онно тиийэн өйөммөтөҕө.
— Быйыл Д.Н. Патрушевка сурук барда диэн баара.
— Быйыл тохсунньуга Үөһээ Бүлүү Кэнтик нэһилиэгин олохтооҕо, юрист идэлээх Ф.А. Николаев улуус уопсастыбаннаһын, дьонун-сэргэтин аатыттан РФ Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Д.Н. Патрушевка боппуруоһу саҥаттан туруорсан, өйөбүл көрдөөн суруйбута. Миниистир суругу туппута уонна олунньуга АСАУ ректора И.И. Слепцовка “боппуруоһу кэлэктиип быһаарыытыгар ыытабын” диэн сурук ыыппыта.
Мин бэйэм бу сайын от ыйыгар ити ахтыллыбыт суруктарга олоҕуран, Ил Дархан Айсен Николаевка АСАУ-га И.Н. Барахов аатын иҥэрэр туһунан суруйбутум. Онно Айсен Сергеевич Иван Ивановичка “университекка Барахов аатын иҥэриэххэ сөп” диэн сүбэлиир суругу ыыппыта.
— Ректор И.И. Слепцову кытта көрсүбүккүт дуо, кини туох диирий?
— Бу күннэргэ Иван Ивановичка бэйэм киирэ сырыттым. Биллэн турар, кини утарбат. Ол гынан баран, боппуруоһу университет кэлэктиибэ быһаарарынан, мунньах буоларын күүтэр. “Хамсык ааһан элбэх киһи мустара-түмсэрэ көҥүллэннэр эрэ, дьүүллэһиэхпит, көрүөхпүт” диир.
— Ол аата боппуруос син быһаарыллыбыт, кыраттан эрэ иҥнэн турар эбит. Университет кэлэктиибэ өйүө, И.Н. Барахов аата иҥэриллиэ диэн эрэнэбин. Даҕатан эттэххэ, аны аҕыйах сылынан И.Н. Барахов 125 сыллаах үбүлүөйэ бэлиэтэнээри турар. Бэлэмнэнэн эрэҕит дуо?
— Кырдьык, 2023 сылга өрөспүүбүлүкэ И.Н. Барахов 125 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиэхтээх. Онон сибээстээн, бырабыыталыстыба хамыыһыйата номнуо тэрилибитэ. Салайааччыта – бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы К.Бычков, хос бэрэссэдээтэлэ – Ил Түмэн билимҥэ, үөрэхтээһиҥҥэ, култуураҕа, СМИ-гэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар кэмитиэтин салайааччыта Ф.Габышева. Хамыыһыйа элбэх чилиэннээх.
Таарыйа аҕыннахха. Мин бэйэм өрөспүүбүлүкэ гражданина, көннөрү киһи быһыытынан биир бүччүм баҕа санаалаахпын. Ол курдук, аҕыйах сыллааҕыта улууспут аҕа баһылыга В.С. Поскачин дьулуурунан уонна оччолорго киин куораты салайбыт, билигин Ил Дархан А.С. Николаев быһаччы өйөбүлүнэн, Дьокуускай килбэйэр киинигэр, Киров уонна Поярков уулуссаларын быһа охсуһуутугар, И.Н. Бараховка аналлаах олус үчүгэй пааматынньык турбута. Мин баҕа санаам диэн, Поярков уулуссатын Барахов аатынан уларытыахха сөп. С.М. Киров даҕаны, И.Н. Барахов даҕаны иккиэн сэбиэскэй былааһы атаҕар туруорсубут революционердар, иккиэн бөдөҥ судаарыстыбаннай-бэлэтиичэскэй диэйэтэллэр. Оттон Поярков аатын саха дьоно-сэргэтэ бэрт ыарыылаахтык, сөбүлээбэт да диэххэ сөп.
— Степан Иванович, кэпсээниҥ иҥин махтал.
Альберт Капрынов.