Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2020 » Балаҕан ыйа » 2 » Бу дьиэттэн көһөр буоллаххына, уот иччитэ эйигин кытта барсар. Ону саҥа дьиэҕэ илдьэ барарга маннык гыныллар (ордук кыбартыыраны уларытыыга)
Бу дьиэттэн көһөр буоллаххына, уот иччитэ эйигин кытта барсар. Ону саҥа дьиэҕэ илдьэ барарга маннык гыныллар (ордук кыбартыыраны уларытыыга)
20:37
 Таҥ Бүө: Быһаарыы:
Бу дьиэттэн көһөр буоллаххына, уот иччитэ эйигин кытта барсар.
Ону саҥа дьиэҕэ илдьэ барарга маннык гыныллар (ордук кыбартыыраны уларытыыга):

Бастаан айыыларга хайыһыллар.

Илин диэки таҥаралар олороллор. Ол иһин илин диэки хайыһыллар. Атын өрүт диэки хайыстахха да илин диэки хайыспыт курдук сананыллар. Бу өрүттэн биһиги таҥаралар күүстэрин – сүрү, ылабыт. Илин диэки хайыстахха, бэргэһэни уһуллар. Илиини сирэй таһынан туттуллар. Ытыстар бэйэ диэки хайыспыт буолаллар. Сорохтор ытыһы сирэй таһынан туттуну исламтан ылыллыбыт дии саныыллар. Оннук буолбатах. Былыр сахалар битийэн үөһэ тахсалларыгар ытыстарын сирэйдэрин таһынан туттар уонна сапсынар этилэр. Бу хамсаныыга илин диэки хайыһан туруу эрэ баар, сапсыныы, битийии суох.
                                
Биһиги Хаҥаайы Хайатын туһунан өйдөбүл сахаларга иҥэ хаалбытын туһунан билэбит. Бу дойду Чээл Быраан диэн аатынан биһиэхэ баар. Олоҥхолорго барытыгар аан маҥнай айыы дойдута баарын туһунан кэпсэнэр. Халлааннааҕы айыы дойдута да, сирдээҕи айыы дойдута да силлиһэн хаалбыттар быһыылаах. Ону таайыахпытын эрэ сөп. Дьэ, ол иһин күөх чээл дойдуну көрүү биһиэхэ култуура быһыытынан хаалбыт. Ити кылаабынай сир. Чуолаан итинтэн биһиги духуобунай күүһү ылабыт. Ол күүһүнэн тыыннаах буолабыт.
                                 
Биһиги күп-күөх дойдуну көрөн баран, онно өссө бэйэбитигэр чугас дьону көрөбүт. Ити күп-күөх дойдуну  күүһүрдэргэ аналлаах. Бэйэ чугас урууларын көрөргө сүбэлэнэр. Дьэ ол кэннитэн алгыс этиллэр:

    Аҕыс айыым аргыстас,
    Сэттэ иэйэхситим эҥэрдэс.

Маныаха аҕыс айыыларым диэн аҕыс ойбону таарыйабыт, онтон сэттэ иэйэхситим диэн эбии биир ойбону – Иэйэхсит ойбонун таарыйабыт. Онон киһи тоҕус ойбонун барытын ааттыыбыт. Ити улахан суолталаах. Киһи тоҕус ойбоннооҕун өйдөөн сылдьыахтаах. Сүр ити тоҕус ойбонунан киирэр.
                                          
Айыыларга алгыс этэн баран үс төгүл тыынабыт. Ити тыынан айыылартан сүр ылабыт. Кини үчүгэй санаа буолан киириэн сөп, чэбдийии буолан киириэн сөп. Олоҥхолорго айыы бухатыыра күүһү-уоҕу төрөөбүт сириттэн уонна айыылартан ылар. Ол аата Чээл Быраан сиртэн ылар. Ити курдук биһиги эмиэ Чээл Бырааны көрөн күүс-уох ылабыт. Онтон күүс чахчы киирэр дуу, киирбэт дуу? Ону кэтээн көр. Киһи итэҕэллээх харамай, кини итэҕэйэр буолан бэйэтин итэҕэйэн сыдьар. Оттон бэйэтин итэҕэйэр киһиттэн күүстээх киһи суох.
                                  
Айыыларга хайыһыы атын туомнарга аан арыйыы суолталаах. Маны оҥотторон эрэ баран атын туомнарга киириллэр.

Киһи бастаан айыыларга хайыһыыны оҥоруохтаах. Итинник киһи атын туомнары оҥорторор кыахтаах. Онон айыылары хайыннарыы киһи итэҕэлгэ төһө киирбитин билэргэ туһаныллар.

•              Илин диэки хайыһан ытыстары сирэй туһунан тутуллар. Хараҕы симиллэр.
•              Сып-сырдык суолу көрүллэр. Үрүҥ былыкка олорон сырдык суол устун көтүллэр.
•              Күп-күөх хонууга тахсыллар – Айыы дойдутугар. Сибэкки бөҕө үүммүт. Күөрэгэй ыллыыр, ыраах кэҕэ этэр. Киһи-сүөһү элбэх. Ыһыах кэмэ. Дьон бары үөрэ-көтө сылдьаллар.
•              Бу кэрэ дойдуну көрөн үс төгүл алгыс этиллэр:

Аҕыс айыым аргыстас,
Сэттэ иэйэхситим эҥэрдэс,
Дом!


•              Күп-күөх дойду салгынын холкутук үстэ тыынан ылыллар.
•              Ытыстары түөскэ тутабыт уонна үөһэттэн аллара имэринэн кэбиһэбит.
Быһаарыы
•              Илин диэки көрүү. Илин диэки хайыһыы – Айыылары кытта ситимнэһии.
•              Күп-күөх дойду. Киһи айыылары илэ көрөр кыаҕа суох. Кинилэри кэрэ дойду эбэтэр таптыыр киһибит нөҥүө көрөбүт. Ыһыах саҕанааҕы айылҕа Айыы дойдутун көстүүтэ буолар. Күп-күөх дойдуну көрөн холкубутугар түһэбит, аан дойдуну кытта дьүөрэлэһэбит. Ис күүспүтүн туһанар кыахтанабыт.
•              Алгыс этии. «Аҕыс айыым» диэн, Иэйэхситтэн ураты аҕыс айыылары ааттыыбыт.
«Сэттэ иэйэхситим» диэн Иэйэхситтэри ыҥырабыт. Киһини күн устата 44 оһол күүтэр. Иэйэхситтэр киһини күн устата оһолтон араҥаччылыыллар.
Алгыс этэн бэйэбит ис күүспүтүн уһугуннарабыт. Ис күүспүтүн туһанар кыахтанабыт.
•              Тыыныы. Күп-күөх дойду салгынын тыынан ылыы – сүрү ылыы. Сүр – айыылар биэрэр күүстэрэ, тыыннах буолар күүс.
Айыылар диэн биһиги ис күүспүт.
•              Иитинии. Ытыстары түөскэ туттан ылбыт сүрү иҥэринэбит, бэйэбитин иитинэбит. Иитинии ис күүспүт эрэ уһуктарыгар көмөлөһөр
Айыыларгы хайыһыы Айыы итэҕэлин олоххо дьиҥнээҕин туһаныы төдүнэн буолар.
Күн аайы сарсыарда, киэһэ толоруллар туом. Күнүс эмиэ оҥоруохха сөп.
Тускуну ыытыы (этитии)
Биһиги бэйэбитигэр уһуктубут күүһү дьоҥҥо ыытарбыт тускуну ыытыы буолар.
Туску диэн кимиэхэ эрэ үтүөнү баҕарыы. Ыыппыт тускубут туһааннаах киһибитигэр тиийэн көмө буолар.
Тускуну ыытар киһи бэйэтин күүһэ аҕыйаабат. Төттөрүтүн, кини күүһэ соччонон элбиир.
Киһиэхэ тускуну ыытыы
•              Айыыларгы хайыһан бүтэн сүрү иҥэринэн баран, икки ытыспытын бэйэттэн антах туһаайабыт.
•              Итинник туран туску ыытар киһибитин өйгө көрүллэр. Кини эн диэки эйэҕэстик көрбүтүн көрөҕүн. Эн эмиэ кини диэки эйэҕэстик көрөн баран үтүө санааны ыытаҕын.
Үтүө баҕа санаа туолбутун курдук көрүллэр: ыалдьыбыт киһи үтүөрбүтүн; үөрэнэр, үлэлиир киһи ситиһиилэммитин; ыал буола илик киһи ыал буолбутун; кыыһырсыбыт буоллахха, эйэлэһиэххэ сөп.
•              Санааны ситэрэн баран «Туску» дэниллэр.

Дьэ, ол кэннэ, киһибит балконнаах буоллаҕына, онно тахсан, түннүктэрин арынан баран, эрдэттэн сирин ыраастаан, умайбат, тимирдээх уйуттаҕас сиргэ ууран уот оттунуохтаах, графиҥҥа ууну бэлэмниэхтээх, уот бардаҕына умуруорар курдук. Туойтан көмөлүөк оҥорон, биитэр ылынан онно мас оттон баран холбонуохтаах, алаадьы, сиэл (маҥан буолара ордук), саламаат кып-кыра гына бэрсиэхтээх уотугар. Барыта кыып-кыра буолуохтаах, чыпчылыйыах ыккардыгар умайан бүтэрин курдук. Уоту аһатарын бэйэтэ оҥоруохтаах. Төһө да чыыппааннара умайан бүппүтэрин иһин, чоҕор-күлүгэр даҕаны кутуон син. Биир кыракый быстал бэйэтэ, биитэр дьиэлээхтэрэ оҥорбут алаадьыларын, саламааты тарбаҕыгар ылан тыгар, отой кыраны, аатыгар эрэ диэн, сиэлин биир оннук кыра кыырпаҕы бастаан кээһэр сыт таһаарар.

Маннык алгыс этэр (уота умайан да бүппүтүн кэннэ этэр):

Дьээ, Уотум иччитэ, Күл тэллэх, Көбүөрүнньүк суорҕан,
Аһаах мас аһылыктаах, Үөл мас үктэллээх, Алтан баһырҕас,
Бырдьа бытык, Хатан Тэмиэрийэ Аан Уххан,
Үөһээ тэрчитинэн үөһээҥҥи үргүөрү үрэйдиҥ,
Орто тэрчитинэн ортоттон охсору туораттыҥ,
Аллараа тэрчитинэн Алларааттан киирэр Аргыары араардын,
Дьиэбит Итии киинэ буоллун, Уйайбыт Улай ортото буоллун!

Дьээ, Аал уоппут ситэри алгыстаннын,
Кыһыны быһа кырыаны кыайар кыахтаннын,
Эргэ дьыл устата эргэни эһэр сэниэлэннин,
Куобах суорҕанын тиэрэ кэттин, куобах ыстаанын тиэрэ кэттин,
Сылаас дьайыҥнаах, Итии эркинээх көнө холумтаннаах буоллун!
Дьээ, Иэримэ дьиэбит иччитэ бэттэх хайыс,
Тойон Тулаһабыт иччитэ дорообото тут,
Аан өттүҥ аргыстаннын, үлэһит өттүҥ өрөгөйдүн,
Идэни баһылыыр өттүҥ эҕэрдэлэннин, дьаһалта өттүҥ дьарылыктаннын,
Төрүт өттүҥ төрүттэннин, кэскил өттүҥ кэтирээтин,
Ас-үөл өттүҥ эҕэрдэлэннин, харчы тардар өттүҥ хаҥаатын,
Сэргэлээх өттүҥ илигэлээтин!
 
Ити курдук Иэримэ дьиэм тоҕус эйгэтэ толору алгыстаннын,
Аҕыс өттө айхаллааннын, күөх уоту көмүскээтин...
Уоппут иччитин күүһэ көһөр дьиэбитигэр этэҥҥэ тиийдин!
Дом!


Ол кэннэ, ол чоҕун-күлүн, сойтун кэннэ хомуйан анараа дьиэтигэр илдьэн, көмөлүөккэ кутар (оһохтон уот ылыыны олооһун диэн үгэскэ киллэрэллэр), үрдүнэн саҥа чыыппааннары уурар уонна биир ситинник туому оҥорор. Ол эрээри, кыах баарынан, көмөлүөгүн турбатын бэлэһинэн умата сатыахтаах саҥа уотун. Оһоҕу бастакы отторго уокка биэрэр аһы оттуох иннинэ оһоххо угуллар.

Таҥ Бүө

Айыы үөрэҕэ
Кыстыкка киирии – балаҕан ыйын бүтүүтэ оҥоһуллар туом, дьиэ-уот кыстыкка бэлэм буолбутун бэлиэтиир. Бу туомҥа дьиэ тускута диэн алгыс этиллэр.
Балаҕан ыйын 14 күнэ кыстыкка киирэр кэм быһыытынан биллэр. Бу кэмтэн дьиэни-уоту кыһыҥҥа бэлэмнээһин саҕаланар. Абааһы суолун нэтээги тириитинэн бүөлэнэр диэн тыл суолталанар. Сороҕор, балаҕан ыйын 9-һун диэки Наадьыны аһаталлар, хаас барар кэмигэр.
Кыстыкка тиийии туома маннык: титииги алҕааһын.
Хотоҥҥо киирии

(Балаҕан ыйын 20-тин диэки) Күн-дьыл кирбиитин ыһыаҕын ыыталлар:
-Битииһиттээхтэр.
-Кэрэх туруоруу.
-Сибиэ остуолу тардыы. 

Күһүн кыстыкка киирэллэригэр бастаан ынахтарын аҕалаллар. Ынаҕы кытта ынах ыыр дьахтар киирэр.
Онтон ыал түөрт хонон баран, көһөн кэлэр (баай ыал).


-Дьиэ таһыгар уот оттоллор.
-Күөскэ чоҕу куталлар, ол үрдүгэр сиэлгэ сууламмыт арыы уураллар.
-Ону киллэрэн хотон муннугар уураллар, хотон иччитин ыҥыраллар.

Кыстыкка киирэргэ Ньаадьыны аһатыы
-Кыстыкка киирии диэн ынах сүөһүнү титииктэн хотоҥҥо көһөрүү.
-Титииктэн баралларыгар титиик Ньаадьытын аһаталлар.
-Кыстыкка кэллэхтэринэ, хотон Ньаадьытын аһаталлар.
Хотон саҥа тутуллубут буоллаҕына салама тардыылаах буолуон сөп.
Эбэтэр салама эргэрбит буоллаҕына, саҥа салама тардыыта буолар.
Салама тардыыта суох буоллаҕына, аһатыы көннөрү ыыталлар.
-Аһатыы уустук да буолуон сөп, судургу да буолуон сөп.
 
Category: Айыы үөрэҕэ | Views: 902 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Балаҕан ыйа 2020  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 92
Ыалдьыттар (гостей): 92
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024