Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2020 » Балаҕан ыйа » 9 » Айыы итэҕэлэ түстэммит төрдө
Айыы итэҕэлэ түстэммит төрдө
15:29
Айыы итэҕэлэ түстэммит төрдө

Айыы итэҕэлин бүгүҥҥүтүн өйдүүр туһугар отучча сыл кэриҥэ барбыт үлэ ис сүнньүн билэ уонна таба сыаналыы сатыыр сорук турар. Ити элбэх киһи дьулуура, кинилэр тэрээһиннэрэ, түмсүүлэрэ буоларын билиэх-көрүөх тустаахпыт. Ону бэрт кылгастык билиһиннэрдэххэ маннык:

1989 сыллаахха ахсынньыга саха култууратын, үгэһин, итэҕэлин үөрэтэр Кут-Сүр кыһа тэриллибитэ. Бу төрдүгэр Л.А. Афанасьев-Тэрис, И.Н. Николаев–Уххан турбуттара. Кинилэр «Эдэр коммунист», «Сахаада» хаһыат иһинэн күүстээх үлэни саҕалаабыттара.

1990 сыллаахха алтынньы 12-13 күннэригэр Култуура научнай-методическай киинигэр фольклор күннэрэ ыытыллар. Тэрис итиннэ Күт-Сүр өттүттэн итэҕэл сиэрин-туомун толорор. Ахсынньыга сахалыы үгэс эргииринэн 1991 сыллааҕы бастакы халандаары Дабыл уонна Тэрис бэчээккэ бэлэмнииллэр.

1991 сыллаахха кулун тутарга Кут-Сүр кыһа тэрээһин тайылҕана буолар. Бу сыл ахсынньытыгар «Күн-дьыл уонна үгэс эргиирэ» диэн 1992 сыллааҕы халандаары Дабыл уонна Тэрис хос кэҥэтэн оҥороллор.

1992 сыллаахха Айыы үөрэҕин утары күүстээх хампаанньа барар. Бу иһин Багдарыын Сүлбэ «Сомоҕотто сыыһар», А.Тарасов «Айыы үөрэҕин үөрэтиини атахтаамыаҕыҥ», П.Одорусов “Көмүскэһиэххэ наада” диэн суруктара “Сахаада” хаһыакка бэчээттэнэр. Кут-Сүр кыһаны өйүүрүн биллэрэн, хас эмэ тыһыынча киһи Ыҥырыы сурукка илии баттыыр.

Түөрт сыллаах хамсааһын түмүгэр Кут-Сүр кыһа тула элбэх киһи холбоһор.

Онон 1993 сыллаахха кулун тутар 20 күнүгэр кыһа бастакы тайылҕана (сийиэһэ) Дьокуускайга буолар. Итиннэ барыта 34 киһи кыттыбыта. Кут-Сүр религиознай холбоһук устаабын бигэргэтии, холбоһук Тойон Сүбэтин талыы соруктара турбута. Тайылҕан быһаарыытынан устаабы бигэргэтэн, 10 киһилээх Тойон Сүбэ талыллыбыта:

1. Тойон - Павлов Анатолий Николаевич-Дабыл

2. Сэһэн - Афанасьев Лазарь Андреевич-Тэрис

Чилиэннэр :

1. Федоров Афанасий Семенович

2. Николаев Иван Николаевич-Уххан

3. Романов Алексей Семенович

4. Илларионов Василий Васильевич

5. Уткин Ксенофонт Дмитриевич

Ревизионнай комиссия:

1. Федорова Галина Гаврильевна

2. Павлов Клим Васильевич

3. Босиков Василий Иванович

Бу сыл балаҕан ыйын 14 күнүгэр Саха Республикатын Юстицияҕа министерствота 241 №-ээх сибидиэтэлистибэнэн религиознай холбоһук устаабын бигэргэтэр.

Саха култууратын, үгэһин, итэҕэлин тула 12 сыллаах үлэ түмүгэр Айыы религиятын уонна саха философиятын тилиннэрии соруга үөскээн тахсыбыта. Бу иһин 2001 сыллаахха кулун тутар 30 күнүгэр Кут-Сүр кыһаны общественнай Академияҕа кубулутар тайылҕан буолар.

Кут-Сүр общественнай Академия Тойон Сүбэтэ талыллар:

1. Сэһэн - Афанасьев Лазарь Андреевич-Тэрис

2. Тойон - Павлов Анатолий Николаевич-Дабыл

3. Саввинов Андрей Саввич

4. Уткин Ксенофонт Дмитриевич

5. Лукина Ирина Егоровна

6. Попова Матрена Алексеевна

7. Портнягин Иосиф Семенович

Ревизионнай комиссия:

1. Афанасьева Розалия Тимофеевна

2. Андросова Маргарита Никифоровна

3. Курилкина Валентина Николаевна

2004 сыллаахха Айыы дьиэтэ Дьокуускай куоракка Сайсарыга тутуллан үлэҕэ киирбитэ.

2015 сыллаахха Саха Республикатын Юстицияҕа министерствота Айыы религиятын Дьокуускайдааҕы тэрилтэтин регистрациялыыр.

Кут-Сүр кыһа төрүттэниитин уонна тэнийиитин, бөдөҥсүйүүтүн түмүгэр Айыы итэҕэлин бүгүҥҥү ис хоһооно баар буолбута.

Айыы дьиэтин, Айыы итэҕэлин бу ааспыт сыллар тухары Кут-Сүр кыһа, Кут-Сүр религиознай холбоһук, Кут-Сүр общественнай Академия сүрүннээн кэллэ.

Бу кыһа кыттыгастаах саха радиотыгар «Салгын кут» (П.А.Перуашова), “Айыы илдьитэ”, “Аламай күҥҥэ айхал” (П.А.Перуашова, Дабыл), «Саха үөрэҕэ» (А.Н.Шадринова-Суоһааны), “Айыы санаа” (Дабыл) телевиденияҕа “Айыы оҕото” (И.Е.Лукина-Уйусхаана) диэн биэриилэр баар буолбуттара.

Маны таһынан Нам улууһунааҕы Олоҥхо дьиэтигэр Тэрис бырайыагынан Айыы түһүлгэтэ арыллан хаһыс да сылын үлэлии турар. Салайааччыта С.Н. Лукина буолар.

АЙЫЫ ҮӨРЭҔИН СИМВОЛА

Айыы үөрэҕэ итэҕэл 12 сүрүн символын түмэр. Бу барыта Айыы религиятын төрүт сүнньэ буолар:Үрүҥ Айыы, Кут, Айыы суола, Сэргэ, Иччи, Аал уот, Кымыс, Сүр, Олоҥхо, Эллэй Боотур, Ыһыах, Айыы киһитэ.

1. Үрүҥ Айыы

Үрүҥ Айыы – суос-соҕотох Айыы-Айааччы. Кинини ким да үөскэппэтэх, төрөппөтөх.

Үрүҥ Айыы бэйэтэ Айыы тохсус халлааныгар олорор уонна аан дойдуну сиэркилэҕэ көстөр күлүк курдук көрөр. Алгыһынан кини Айыы тыынын, Мэҥэ тыыны, куту-сүрү, үөһээ, орто, анараа дойдулары баар гыммыт .

Үрүҥ Айыы тоҕус дьүһүннээх:

Тохсус дьүһүн – Кини бэйэтэ. Атын дьүһүннэр кини оҕолоро эбэтэр көмөлөһөөччүлэрэ дэнэллэр;

Ахсыс дьүһүн – Одун уонна Чыҥыс (оҥоһууну, ыйааҕы төрүттээччилэр);

Сэттис дьүһүн – Билгэ, Таҥха, Дьылҕа (билиини оҥорооччулар);

Алтыс дьүһүн – Аан Дьааһын (дьиҥи араҥаччылааччы);

Бэһис дьүһүн – Улуу Суорун ( олоххо идэтийиини араҥаччылааччы);

Төрдүс дьүһүн – Хотой Айыы (или-эйэни араҥаччылааччы);

Үһүс дьүһүн – Дьөһөгөй ( олоҕу-дьаһаҕы араҥаччылааччы);

Иккис дьүһүн – Иэйэхсит (куту-сүрү араҥаччылааччы);

Бастакы дьүһүн – Айыыһыт (төрүүрү-ууһууру төрүттээччи).

Кинилэр айыы дэнэллэр, айыы халлааныгар олороллор, төрүт удьуор куттаахтар.

Үрүҥ Айыы оҕото быһыытынан иччи Орто дойдуга олорор. Айыы курдук төрүт удьуор куттаах эрээри өссө салгын, буор куттаах.

Киһи эмиэ Үрүҥ Айыыттан төрүттээх, иччи сирдээҕи күлүгэ. Үс куттаах : ийэ, буор, салгын. Үрүҥ Айыы күн харахтаах .Онон киһи кинини кыайан көрбөт.

Кинини хас биирдии киһи кэрэ айылҕанан сирэйдээн билэр. Чэчириир кэрэ айылҕаны Үрүҥ Айыы курдук көрөбүт. Үрүҥ Айыыны үтүө киһинэн сирэйдиэххэ эмиэ сөп. Үөрбүт-көппүт киһи сирэйэ Үрүҥ Айыы мөссүөнэ буолар. Оннук киһи тыла-өһө алгыстаах. Алгыс диэн айар, оҥорор тыл.

Үрүҥ Айыы эйиэхэ мичийдин.

Дом!

2. Кут – айыы айылгыта

Киһи куттаах – айыы айгылаах. Кут үһүөрэ, үс көстүүлээх:

Бастакы уонна сүрүн кут – удьуор. Бу куту Үрүҥ Айыы оҥорор, Үрүҥ Айыы сорҕото, ити иһин киһи айар күүһэ муҥура биллибэт улахан уонна аан маҥнайгыттан үтүө тосхоллоох. Удьуор кут Айыы дойдутугар олорор. Бото болдьох кэллэҕинэ, Айыы суолунан кинини Орто дойдуга киллэрэллэр, онно кини бэйэтин төрөппүттэрин булар уонна эбии үөскэтинэр : буор уонна салгын куту.

Буор куту төрөппүттэр эттэриттэн-сииннэриттэн оҥорор, ол иһин оҕо ийэтигэр-аҕатыгар майгынныыр.

Тыынньа (духовнай) кут – бу психическай уонна өй-санаа төрүтэ.

Удьуор кут айар күүстээх, итини тыыннааҕымсыйар кут арыйан буор кукка биэрдэҕинэ, киһи орто дойдуга бэйэтин ис кыаҕын туһанар.

Тыынньа кут киһи сайдыытыгар сүрүн буолар. Бу кут үүнэр тыыны киллэрэр аан : өскө киһи Айыы суолугар тэлэччи арылыннаҕына үтүө күүһүнэн туолар уонна бэйэтин ис айар кыаҕын туһанар уонна тус аналын толорор; киһи дьайга арыллар түгэнигэр тыынньа кут киниттэн салыйар. Оннук киһи тыынньа куту кыайан туһаммат уонна куһаҕан тыыҥҥа ылларар. Айыы айгытын илдьэ сылдьыбыт киһи Орто дойдуттан бардаҕына, удьуор кут Айыы суолунан Үрүҥ Айыыга көтөҕүллэр уонна кини алгыһар холбоһор.

Тыынньа кут Орто дойдуга хаалар уонна удьуор куттан сүрү ылар уонна айыы аймаҕын өйүүр-убуур. Буор кут Үрүҥ Айыы үтүө бэчээтэ буолан ийэ сиргэ иҥэн хаалар.

Тыынньа куту сүр куруук толоро турдун.

Дом!

3. Айыы суола

Үрүҥ Айыы халлаана Айыы халлаана дэнэр. Бу – тыынньа халлаан. Ити соҕотох буолбатах, тоҕус халлаантан эбэтэр хаттыктан турар. Хас биирдии халлааҥҥа Үрүҥ Айыы дьүһүнэ олорор. Айыы халлаана аллараттан үөһэ ааҕыллар:

Маҥнайгы халлааҥҥа Айыыһыт олорор – ыал араҥаччыта;

иккис халлааҥҥа – Иэйиэхсит – кут-сүр араҥаччыта;

үһүс халлааҥҥа – Дьөһөгөй – олох-дьаһах араҥаччыта;

төрдүс халлааҥҥа – Хотой Айыы – ил-эйэ айыыта;

бэһис халлааҥҥа – Улуу Суорун – идэ айыыта;

алтыс халлааҥҥа – Аан Дьааһын – дьиҥ айыыта;

сэттис халлааҥҥа – Билгэ, Таҥха, Дьылҕа – билии айыыта;

ахсыс халлааҥҥа – Одун и Чыҥыс – тыынньы туругун айыыта;

тохсус халлааҥҥа – Үрүҥ Айыы бэйэтэ.

Бу халлаан барыта Айыы суолунан холбонор.

Хас биирдии Айыы бэйэтэ сүрдээх (Ытык тыыннаах), итилэртэн анал үөскүүр – киһиэхэ айыы тосхоло. Айыы суола диэн анал.

Удьуор кут Айыы суолун бата түстэҕинэ, бу ис суолун тутулун арыйар, онон киһи кыаҕа муҥура суох уонна айыы күүһэ күүстээх.

Тыынньа кут Айыы суолунан өрө таҕыстаҕына, Айыы сүрүн ылар уонна удьуор кукка киирэн киниттэн сүр ылар. Тыынньа кут ылбыт сүрэ дьиҥнээх күүскэ кубулуйар уонна буор кукка иҥэр.

Онон тыынньа кут киһи ис кыаҕын арыйыыга сүрүн суолталаах. Үрүҥ Айыыга киһи итэҕэйэрин тухары кини салгын кута (психическай уонна тыынньа күүһэ) Айыы суолугар баар уонна мэлдьи сүрү ылар. Үрүҥ Айыыга киһи итэҕэйбэт буоллаҕына, салгын кут киниттэн салыфйар.

Айыы суола мэлдьи аһаҕас буоллун !

Дом.

4. Сэргэ

Тыынньа өйдөбүлүгэр сэргэ диэн Айыы суолун бэлиэтэ. Үрүҥ Айыы орто дойдуга туруору аспыт тайах маһа буолар.Орто дойдуга бу устун сүр –ытык тыын түһэр.

Сэргэ үс көрүҥнээх: халлаан сэргэтэ – Айыы суола, Орто дойду сэргэтэ уонна хас биирдии киһи сэргэтэ – кини этэ-сиинэ.

Орто дойду сэргэтэ сир киинин бэлиэтиир. Киин – ол аата Айыы суола сирдиин силбэһиитэ. Итиннэ эрэ сайыҥҥы ыһыах тыынньа сэргэтэ (баҕах) турар уонна бу сэргэнэн айыы сүрэ кэлэр. Хас биирдии ыал сэргэлээх, ол аата хас биирдии дьиэ орто дойду киинигэр турар.

Сэргэ оҥоһуулаах уонна тыынньалаах буолар.

Киһи этэ-сиинэ эмиэ сэргэ.

Айыы тыынын утаҕа киһи тоноҕоһун устун киирэр уонна киһи олоҕун хааччыйар тыынньа киэлини үөскэтэр. Итиннэ айыы халлааныгар ханыылаһар тыын ойбонноро бааллар. Тыынньа халлааннар уонна киһи киэлитин дьүөрэлэһиилэрэ:

Бастакы халлаан – төрүүр-ууһуур эт киэлитэ – ыал эйгэтэ;

Иккис халлаан – киин киэлитэ – доруобуйа эйгэтэ;

Үһүс халлаан – быар киэлитэ – үлэ эйгэтэ;

төрлүс халлаан–өрөһө киэлитэ –тэрээһин эйгэтэ;

бэһис халлаан – тыҥа киэлитэ – идэ эйгэтэ;

алтыс халлаан – сүрэх киэлитэ – дьиҥ эйгэтэ;

сэттис халлаан –харах уонна кулгаах киэлитэ – билии эйгэтэ;

ахсыс халлаан – мэйии киэлитэ – тыынньа киэлитэ;

тохсус халлаан – орой киэлитэ – айар эйгэ.

Киэлигэ мэлдьи сүр киирдин!

Дом.

«Айыы суола» балаһаны Кут-сүр кыһа бэлэмнээтэ.

 

 

АЙЫЫ СУОЛА

Сиэрдьит дьүүлэ

Сиэрдьит диэн Айыы итэҕэлин сокуона. Сиэрдьит ирдэбилин быһа холоон үс чааска үллэриэххэ сөп :

1. Айыы үөрэҕэ.

2. Сүгүрүм.

3. Силик.

Айыы үөрэҕэ.Сиэрдьит быһыытынан Айыы итэҕэллээх киһи Айыы үөрэҕин булгу тутуһуохтаах. Бу үөрэх сүрүн өйдөбүллэрин билэр уонна ону дьоҥҥо-сэргэҕэ быһаарар-өйдөтөр буолуохтаах. Үөрэх тутаах өйдөбүллэрин уларытар уонна ону кэһэр аньыы.

Сүгүрүм. Сиэрдьит быһыытынан Айыы итэҕэллээх киһи итэҕэл ытык бэлиэлэрин, ытык миэстэлэрин, ытык дьонун билиэхтээх. Баларга сүгүрүйүөх тустаах. Маны билиммэт, суолталаабат буолуу улахан аньыы.

Силик. Сиэрдьит быһыытынан Айыы итэҕэллээх киһи сиэрэ-майгыта, быһыыта-сигилитэ силигилиэх тустаах.Моральнай-этическай ирдэбиллэри уонна сиэр-майгы кээмэйдэрин кэһиэ суохтаах. Силиги сиргэ-буорга тэпсэр, аанньа ахтыбат аньыы.

Сиэрдьит дьүүлэ Айыы дьиэтин иһинэн үлэлиир.

Төрөөбүт тыл уонна итэҕэл

Нам улууһугар «Ийэ тыл кэскилэ» диэн бэрт улахан тэрээһин буолан ааста.Манна улуус обшественнай түмсүүлэрэ, нэһилиэк баһылыктара, учууталлар, иитээччилэр кытыннылар.

Бу тэрээһиҥҥэ Кут-Сүр кыһа эмиэ кытынна. Төрөөбүт тылы Айыы итэҕэлин, норуот үгэһин кытта дьүөрэлээһини Г.С.Попова-Санаайа, Дабыл быһаардылар. Мунньах бүтүүтүгэр аҕа саастаах көлүөнэ Айыы үөрэҕин ыччакка үөрэтиэн, өйдөтүөн сөбүгэр үгүс киһи санаатын этиннэ.

Айыы итэҕэлэ

Аан дойдуга Үрүҥ Айыы олохтообут бэрээдэгэ Айыы итэҕэлэ дэнэр. Бу итэҕэл тыын олоҕун үс төрүтүгэр тирэнэр: Үөһээ дойду , орто дойду , анараа дойду.

1. Үөһээ дойду - кэлэр кэмнээҕи олох. Кэлэр кэмнээҕи олох тыыныгар сыһыан , Үрүҥ Айыыны итэҕэйии, Айыы үөрэҕэ .

2. Орто дойду - бүгүҥҥү кэмнээҕи олох. Бүгүҥҥү олох тыыныгар сыһыан, иччини итэҕэйии, иччи үөрэҕэ .

3.Анараа дойду - урукку кэмнээҕи олох. Урукку олох тыыныгар сыһыан . Таҥараны итэҕэйии, Таҥара үөрэҕэ.

Тыын олоҕо уонна киһи олоҕо. Тыын баар буолан олох баар. Онон киһи олоҕо тыын олоҕуттан тутулуктаах. Тыын олоҕо үс төрүттээх : кэлэр кэм, билиҥҥи кэм уонна урукку кэм.

Киһи олоҕо тыын олоҕуттан бэриһирннэрии, тыын олоҕуттан төһөҕө эрэ тиксии буолар.

Ити иһин киһи бэйэтин тыынын олох бу үс төрүтүгэр баайар: Үөһээ дойдуга, орто дойдуга, анараа дойдуга.

Үөһээ дойдуга баайыллыбыт тыын олоҕо толору дэнэр. Тоҕо диэтэххэ, киһи тыына урукку, бүгүҥҥү уонна кэлэр кэмнээҕи олоҕу кытта бииргэ холбоһор. Оннук киһи үс дойду олоҕор ытыктабыллаахтык сыһыаннаһар.

Орто дойдуга баайыллыбыт тыын олоҕо ортоку олох дэнэр. Киһи тыына бүгүҥҥү иччилээх, урукку таҥаралаах олоҕу кытта холбоһор. Оннук киһи орто, анараа дойду олоҕор ытыктабыллаахтык сыһыаннаһар.

Анараа дойдуга баайыллыбыт тыын олоҕо быстах олох дэнэр. Маннык түгэҥҥэ киһи бэйэтин тыынын урукку олох бэлэмигэр эрэ АЙЫЫ ИТЭҔЭЛЭ Үөһээ дойду Орто дойду Анараа дойду

сыһыарар. Бүгүҥҥү, кэлэр кэми кытта ситимнээбэт. Бэйэтин тыынын итиннэ баайыан баҕарбат. Айа-тута сатаабат, Онон тус бэйэтин тыынын харыстыы, уһата сатыыр. Ону хара тыын харыһыга диэн ааттанар.

Айыы итэҕэллээх киһи көннөрү киһиттэн уратыта диэн бэйэтин тыынын олох тыыныгар баайар. Олох тыыныттан кэлбитим, онон ити тыыны кытта мин олоҕум биир ситимнээх диэн бигэтик өйдүүр. Ити иһин Айыыга, иччигэ, таҥараҕа тэҥник үҥэр-сүктэр.

ҮӨҺЭЭ ДОЙДУ ОЛОҔО

Үөһээ дойду олоҕо диэн кэлэр кэм. Аан дойду баар буолбут төрдө. Бүгүн илэ көстүбэт эйгэ. Ким да сатаан көрбөт чаҕыл сырдыга.

Бу дойдуга киһи кута-сүрэ алгыһынан Айыы суолунан өрө көтөҕүллэн, Айыы тоҕус халлаанын дабайар. Ол көтөҕүллэн, ол дабайан Орто дойду сарсыҥҥытын аҕалар.

Орто дойдуга, ити иһин, иччилэр араҥаччылыыр куттарын Айыы сиэринэн, Айыы туомунан, Айыы сэһэнинэн туруу оҥорор Айыы үгэһэ олохсуйбут. Ол курдук, Үөһээ дойдуга хайыһар Үрүҥ ойуун, Айыы ойууна, алгыстаах ойуун баар буолбуттар. Балар айыы алгыһын, айыы туомун, айыы сэһэнин баһылаабыттар.

Айыы тоҕус халлаанын кинилэр кэлэр кэми анаарар, кэлэр кэм киэбин орто дойдуга бэлэмниир өй-санаа тоҕус кээмэйэ гыммыттар. Кэлэр кэмнээҕи олоҕу тоҕус таһымнаан өйдүүр кыахтаммыттар.

Ити түмүгэр киһи кэлэр кэми тойоннуур, анаарар, көрүүлэнэр ураты дьоҕурдаммыт.

Үөһээ дойду олоҕун тоҕус таһымыгар аан дойду сэттэ сүрүн сокуонун баайан, Айыы халлаанын 63 киэбэ баарын билбит. Бу 63 киэпкэ олоҕуран, айыы 63 домо, айыы 63 кэс тыла, айыы алгыһын 63 олуга тутуһуллар буолбут.

ИТЭҔЭЛ ТУРГУЛА

Үөһээ дойдуну итэҕэйии 9 сүрүн тургулаах: Айыы аата, Айыы тоҕус халлаана, Айыы 63 туома, Айыы 63 кэс тыла, Айыы алгыһын 63 олуга, ийэ кут, салгын кут, буор кут, кэп.

1. Айыы аата

Айыы диэн тыл ханнык да атын солбуга суох. Айыы диэн онон аан дойдуну айбыт үрдүк күүс тус сирэй аата буолар. Айыыны үс сирэйдээн ааттыыллар :

1.Үрүҥ Айыы – Айыы мэлдьи тыыннааҕын бэлиэтэ, Кини туохха да кыһаммат. Олоҕу бэйэтинэн тутан сылдьар. 2.Үрүҥ Айыы Тойон – Айыы улахан аата. Дьиҥнээхтик ытыктыыр бэлиэ. 3.Айыы Тойон – Айыы кэрэ аата . Киниттэн ураты кэрэхсэнэр суох .

Айыыны солбуйар атын суох !

Дом.

2. Айыы тоҕус халлаана

Айыы Үрүҥ Айыы Үрүҥ Айыы Тойон Айыы Тойон

Балаһаны Кут-Сүр кыһа бэлэмнээтэ.
http://uhhan.ru
Category: Айыы үөрэҕэ | Views: 804 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Балаҕан ыйа 2020  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 26
Ыалдьыттар (гостей): 26
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024