Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2020 » Балаҕан ыйа » 13 » Туора муостаахтар иччилэрэ Ынахсыт Хотун
Туора муостаахтар иччилэрэ Ынахсыт Хотун
18:40
Туора муостаахтар иччилэрэ Ынахсыт Хотун

Сахабыт сиригэр улахан тунах ыһыахтар кэлээри турар кэмнэригэр, от ыйыгар, окко киириэх иннинэ, ынах сүөһүгэ анаан сиэр-туом бөҕө оҥоһуллар эбит өбүгэ саҕана. Туора муостаах иччитин – Ынахсыты ыҥыран, ынаҕы киэргэтэн, дьолу тосхойон суоратынан ыһыллар буолар эбит.
Билиҥҥи туругунан ылан көрөр буоллахха, Ынахсыкка аннаан оҥоһуллар туомнары сөргүтүүнэн “Кут-Сүр” уопсустуба дьаныардаахтык дьарыктана сылдьар.
Кинилэр үлэлэрин ырытан көрөр эбит буоллахха, элбэх архыып матырыйаалларыгар олоҕуран былыргы үгэһи тилиннэрэ сатыыллара көстөр. Ол курдук, А.Е. Кулаковскай икки Э.К. Пекарскай суруйууларыгар олоҕуран Ынахсыт эрэ буолбакка, кини эдьиийэ – Иһэгэй Иэйэхсит эмиэ ынахха-сүөһүгэ үтүө сабыдыаллааҕын ыйбыттар. Иэйэхсиппит буоллаҕына быйылгы дьыл иччитин – Аан Ийэ-дойду иччитин, Аан Дархан, Аан Алахчын, Ала Мылахсын Хотуну кытта ыкса сибээстээҕэ биллэр.

Архыып матырыйааллара көрдөрөллөрүнэн, Ынахсыппыт бэйэтэ баһаам элбэх салайар иччилэрдээх эбит. Холобура титиик иччитэ Ньаадьы Ньаҥха; сүөһүгэ аһа иҥэрин эппиэттиир Маҥхал Тойон; сүөһү бииргэ сылдьарын хааччыйар Күрүө Тойон; ынах-сүөһү куттара мэччийэр дойдуларыгар, киирэр ааны арыйааччы Боһол Тойон; ити дойдуга олорор бастакы ыал хотуна Аан Мылахсын; ити дойду иччилэрэ Ала Саалыыр, Аан Эскэлин, Аан Малахсын Хотун уонна Аан Налахсын Тойон, Нуоралдьын Хотун уонна  Нуоралдьын Айыы Тойон; Сирэм Баҕарах Хотун уонна Сирэм Багхарах Тойон, Иһэгэй Баай Хотун, Айамньы Баай Хотун, Нуораччын Баай Хотун, Үрүҥ Үөдүйээн Хотун, Араанай Баай Хотун, Дьаргыл Баай Хотун, Кугас Кулаадай Хотун, Кубаадай Хотун, Хабаадай Эмээхсин, Өрүөһүйэ Сүүрүк, Эмтиирэй, Анды Кунай, Эбириэччин Баай, Саймарыын Баай, Моҕол Тойон уонна Маҥхалыын Хотун, Мылаадай Хотун, Нарыай Хотун, Кюскэл Буурай, Нохсол Тойон, Судьу Кучай, Точоннохой уо.д.а.

Ити иччилэр барылара туохха эмит эппиэттиилэр. Холобура Хаһалаах Хабылык Сүүрүк – сүөһү аһыыр сирин  көрөр-харайар Даллаах Далла Буурай диэн иччи баара дал иһинээҕитин кэтиир, Кыбыылаах Кыбдалыкы Буурай кыбыыны көрөр, Күрүөлээх Күрдьүгэс Сүүрүк – күрүөнү, Үрүҥ Күөкэс – куттаҕас сүөһүнү харыйар, Толоон Баай диэн иччи дьоҥҥо ыанар ынаҕы бэлэхтиир, Сиҥэликээн, Дудардаан уонна Хонгсорукаан Айыыһыттар, иринньэх да буоллар, атаҕар туруох ньиирэй кутун биэрэллэр.
Көрөбүт курдук, өбүгэлэр өйдүүллэринэн, ынах-сүөһүнү бэрийэр иччилэр элбэхтэр эбит. Бу, биллэн турар, сахаларга, ынахтара хайдах курдук улахан суолталааҕын көрдөрөр чахчы буолар.
Ынахсыт өссө сороҕор Симэх Күрүө Аан Бичик Хотун диэн Сир иччитэ буолан кубулунан кэлэрэ биллэр эбит.

Ол да буоллар, саамай сүрүннүүр Ынахсыкка сыһыаннаах иччинэн, кини балтыта, хотон иччитэ Ньаадьы Хотун буолар. Аата элбэх. Ньадаһы да дииллэр, Ньаадьы Даҥа да дииллэр. Үргүтүөхтэрин баҕарбатахтарына, Хаҥас Диэки диэн ааттыыллар. Ойууттар кистэлэҥ аатын туһаналлар - Ытык Сүүдүйэ диэн. Аан намыһын алгысчыттар Муокаан-Аакаан эбэтэр Лоочуй диэн ыҥыраллар. Эмиэ да ардыгар, Югхэх иччитэ, Хан Ньаадьы, Бэһирик, Ытык Сүүдүргүүр, Ырба Дьоҕустаан, Муҥур Баһах, Будьур Баттах, Буучай Буксай, Үрүҥ Улаанай, эбэтэр, көннөрү – Богучай диэн ааттыыллар. Ити барыта ханнык туом оҥоһулларыттан тутулуктаах буолар.

Ньаадьыны, Улуу Суорун кыыһын, Үрдүкү Үрүҥ Айыы аал уот иччитин Быыра Бырдьаны, дьиэ иччитин Дьиэрдэ Бахсыыланы кытта бииргэ ылан тµґэрбит, итиэннэ Орто Дойдуга дьон олоҕун көннөрөр үтүө иччилэр буолалларыгар анаабыт, диэн ааттыыллар.
Ньаадьы наһаа асчыт уонна иистэнньэҥ иччинэн аатырар, ол иһин, норуот маастардарын иччитэ эмиэ буолуон сөп курдук.

Ньаадьы олохсуйар сирэ – хотон ортотугар эбэтэр илин диэки турар баҕана, эбэтэр хотон икки дьиэ ыккардыгар хаһыллыбыт үүт аһы уурар оҥкучах буолар. Ньаадьы дьиэлэр илиҥҥи эрэ өттүлэринэн суолланар буолар эбит. Хотон эрэ иһигэр сүөһүнү харыстыыр эбит. Хотон таһыгар сүөһүнү Ынахсыт харыстыыр буолар эбит. Төрөппүттэр оҕолоро ыал буоллахтарына – Ньаадьыны көһөрөр туому оҥороллоро.

Айыылары эбэтэр Ньаадьыны бэйэтин хоргуппут ыалтан баран хаалар үгэстээх эбит. Ону сахалар «Бурууһааһын» диэн ааттыыллара. Түөкүн дьон Ньаадьыны бэйэлэригэр көһөрөн кэбиһиэхтэрин сөбө диэн эмиэ суруллубут докумуоннарга.
Ньаадьы абааһылартан абырыыр. Холобура, Намтаһын, Чөрөөкүйэ диэн үйэлэрин тухары хотоҥҥо үлэлээбит уонна үөр буолбут дьон куттарыттан, эбэтэр,  киһи кыдьыгыттан үөскүүр Буор Курунг оҕус оҕолоруттан –  ньиирэйдэргэ дурда-хаахха буолар.

Туймаадабыт хочотугар Ньаадьы эдьиийэ Ынахсыт Хотун илэ-чахчы түґэн ынах сүөһүнэн алҕаабыт сирэ баара биллэр. Ити Хотугу Ытык Хайа буолар.

Ынахсыкка сыһыаннаах куһаҕан бит эмиэ баар эбит. Ол курдук, хотоҥҥо эбэтэр оҥкучахха Ынахсыт көтөр уйатыгар майгынныыр чөмөҕү оҥордоҕуна бу ыал эстэр турукка туруммутунан ааҕаллара. Ити уйаны Ньаадьы Ньаҥха уйатын кытта бутуйар сатаммат. Ньаадьы Ньаҥха уйата диэн киһи бэйэтэ оҥорбут кыра туос тууйаһа. Иһигэр түү угуллар.

Ынахсыкка анаан элбэх туом баар. Ойуун киһи үйэтэ сарбыллыбыт эрэ ньиирэйи ылар, онтун даҕаны Ынахсыттан буолбакка кини иччилэриттэн, ону даҕаны кытыытынан олорон көрдөһөр кирдээҕин быһыытынан. Алгысчыт туҥуй ынах алгыһын саас ынаҕа төрүөбүт дьоҥҥо оҥорор. Кыһыҥҥы  алгыһы хотонноох дьоҥҥо оҥоһуллар. Сүөһүлэр кыґын устатыгар үчүгэйдик туралларыгар аналлаах.

Куһаҕан ньиирэй диэн туспа бэлиэлээх ньиирэй төрөөтөҕүнэ, эбэтэр ньиирэйгэ дьаҥ-дьааһах турдаҕына “кэйээриҥ” оҥоһуллар, кыһыл талаҕынан таһыйаллар. Онтон биир харахтаах ньиирэй төрөөтөҕүнэ Ынахсыт эдьиийигэр Иһэгэй Иэйэхсит таҥараҕа үҥэллэр-сүктэллэр, тоҕо диэтэххэ, уйгу-быйаҥ олохсуйарыгар анаан, Ынахсыт бэйэтин оҕуһун – Соххор Быйаҥ ньиирэйин ыыппыт эбит дииллэр. Бу ньиирэйи тыыннаахтыы көмөн кээһэллэр. Кини орто дойдуга хаалар төлкөлөөх диэн өйдүүллэр эбит. Онтон «дьоллоох ньиирэй» диэн төрөөтөҕүнэ ытык сүөһү оҥостон өлөрбөттөр эбит. Өссө, үөнтэн-күрдьэхтэн, ооҕуй оҕуһу оҕус кута, оттон, отон буһарааччыны, ол аата, божай коровканы – ынах кута олохсуйар харамайдара диэн өлөрбөттөр эбит.
Ынахсыкка анаммыт саамай улахан туом – Ынахсыт тардыыта.

Ынахсыт суола кулун тутарга арыллан киирэн барар эрээри, тардыытын туомун, бэс ыйын 21-ттэн, от ыйын 12-гэр диэри оҥороллор. От ыйын үсүһүгэр ыытыллара ордук дэниллэр. Биири этиэм этэ – бу туом бараах ньиирэйи барҕардыыга, тоһоҕо торбуйаҕын торолутууга, өрүөллээх торбоһу үөрдүһүннэриигэ, томторуктаах торбуйаҕы тупсарыыга, ачаах туйахтааҕы арыаллатыыга уонна ураа муостааҕы ууһатыыыга аналлаах. Манна, Ынахсыт суолунан тахсыытыгар, алгысчыт, элбэх моһоллору-мэһэйдэри көрсөн, икки төгүл тоҕус олоҕу ааһар, онон төрүт уустук туомунан ааҕыллар.


Тэрис уо.д.а. матырыйаалларыттан таҥыллан оҥоһулунна.
 
Category: Айыы үөрэҕэ | Views: 913 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Балаҕан ыйа 2020  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 75
Ыалдьыттар (гостей): 75
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024