Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2020 » Балаҕан ыйа » 28 » Саха ынаҕын арыыта сүрэхтэннэ
Саха ынаҕын арыыта сүрэхтэннэ
19:45
Саха ынаҕын арыыта сүрэхтэннэ


    Уопсастыба28.09.2020 17:22

Быйыл күһүн, пандемия буолан, номнуо үтүө үгэскэ кубулуйбут “Ас-Үөл-2020” өрөспүүбүлүкэтээҕи дьаарбаҥка кыайан тэриллибэтэ. Ол гынан баран, Саха сирин аграрийдара Дьокуускай олохтоохторун сибиэһэй бородууксуйаттан матарбатылар. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин өйөбүлүнэн, күһүҥҥү өрөбүллэр дьаарбаҥкалара тэрилиннилэр.

Биир оннук дьаарбаҥкаҕа (балаҕан ыйын 26-27 күннэригэр) “Саха ынаҕа” хааһына генопуонда тэрилтэтэ саха ынаҕын үүтүттэн оҥоһуллубут арыыны сүрэхтээтэ. Бу үтүө аһы өбүгэ технологиятынан, дьиҥнээх хойуу сүөгэйтэн оҥорбуттар. Саҥа бородууксуйа дьон-сэргэ биһирэбилин ылла. Иһитэ да киһи болҕомтотун тардар ураты быһыылаах. Саха төрүт иһитин – туос ыаҕайаны санатар.  
Өбүгэ арыыта

 WhatsApp Image 2020 09 28 at 12.04.52

Арыы чахчы минньигэс. Амтана киһи тылын төбөтүгэр сөҥөн хаалар. Ол эбэтэр туох да ордук хос эбилигэ суох дьиҥнээх хойуу сүөгэйтэн оҥоһуллубута биллэр. Арыы сытынан да, амтанынан да тыа сириттэн төрүттээх киһиэхэ төрөөбүт алааһын, эбэтин-эһэтин сылаас дьиэтин, дьоллоох оҕо сааһын санатар курдук. Онон саха сүрэҕэр-быарыгар, өйүгэр-санаатыгар олус чугас бородууксуйа оҥоһуллубут.

Александра Жиркова, технолог:

– Биһиги тэрилтэбит бастакытын арыы оҥордо. “Саха төрүт үрүҥ аһа – арыы” диэн ааттаах. Бу арыы лабаратыарыйаҕа үгүс чинчийиини уонна анаалыһы ааста. Ол түмүгүнэн, хаачыстыбалаах бородууксуйа диэн анал декларация ылла.

Бары билэрбит курдук, саха ынаҕа кыра үүттээх. Ол гынан баран, киһи доруобуйатыгар туһалаахтык дьайар иҥэмтэлээх эттиктэринэн, битэмииннэринэн баай уонна хойуу састааптаах. Аны туран, саха боруода сүөһүлэрэ экология өттүнэн чэбдик алаастарга көрүллэ тураллар. Онон, биллэн турар, онтон оҥоһуллубут бородууксуйа эмиэ ыраас уонна чэбдик буолан тахсар.

Билигин боруобаҕа аҕыйах ахсааннаах арыы оҥоһуллан таҕыста. Онон киэҥ атыыга, маҕаһыыннарга тахса илик. Инникитин брендовай бородууксуйа буолан киэҥник атыыланыа диэн эрэнэбит.

Арыыны төрүттэрбит туттар ньымаларынан оҥордубут. Холобур, арыы собуотугар сүөгэйи маслобойкаҕа кутуохтарын иннинэ хайаан да убаталлар. Оттон биһиги убаппакка эрэ, бэйэтинэн хойуулуу ытыйан оҥордубут. Ол иһин кини айылҕаттан бэриллибит хаачыстыбатын сүтэрбэтэ. Көрүҥүнэн уонна амтанынан олус ураты буолан таҕыста. Этэргэ дылы, өбүгэлэрбит маннык аһынан аһаан, Саха сирин курдук тыйыс айылҕалаах дойдуга доруобай уонна чөл туруктаах сырыттахтара.

Билигин коронавирус сыстыганнаах ыарыыта күүскэ тарҕанан, киһи доруобуйата элбэх туһалаах эттиктэргэ наадыйар. Оттон А, Е, С курдук иммунитеты бөҕөргөтөр күүстээх битэмииннэр саха арыытыгар, саха ынаҕын этигэр бааллар. Онон өбүгэбит аһа дьоҥҥо-сэргэҕэ олус туһалаах буолуо диэн эрэнэбит.
Ыаҕайаны санатар

WhatsApp Image 2020 09 28 at 13.55.00

Арыы иһитэ да, хаҕа да ураты көстүүлээхтэр. Иһитин кээмэйэ – 300 гр. Онто крафтовай матырыйаалтан оҥоһуллубут. Маннык матырыйаалы хаттаан туһаныахха сөп. Аны туран, ити иһит былаастык курдук хас эмэ үйэлэр тухары айылҕаны, сири-дойдуну киртитэн сыппат. Бэйэтэ кэм-кэрдии аастаҕына, сүтэн-симэлийэн, уостан хаалар.

Хаҕын уонна иһитин дизайнын Уһук Илиҥҥи федеральнай университет магистраҥката Екатерина Артемьева оҥорбут. Онно саха сүөһүнү иитэр култууратын үтүө үгэстэрэ дьүһүйүллүбүттэр. Бастатан туран, арыы иһитэ бэйэтэ ыаҕайа быһыылаах. Суругун-бичигин ынах кута хомурдуос киэргэтэр. Хаппаҕар былыргы өбүгэ оонньуура – талах ынах ойууламмыт. Маннык “ынах” ойуулаах биэс хаппаҕы хомуйбут атыыһалааччыга анал бэлэҕи – дьиҥнээх талах ынах оонньууру бэлэхтииллэр. Ити аахсыйа “Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин” остуоруйаны кытта ситимнээх. Онон дьоҥҥо-сэргэҕэ төрүт култуураҕа сыһыаннаах дириҥ өйдөбүллэри тиэрдэр.
Сыал-сорук улахан

 WhatsApp Image 2020 09 28 at 11.21.47

Санатан эттэххэ, “Саха ынаҕа” хааһына генопуонда тэрилтэтэ 2019 сыллаахха Ил Дархан Айсен Николаев 232 (д)№-дээх ыйааҕар олоҕуран тэриллибитэ. Сүрүн сыалынан – саха боруода сүөһү ахсаанын элбэтии буолар. Ыраас хааннаах саха сүөһүтэ – норуот селекциятын түмүгэ. Бу боруода Саха сирин тыйыс усулуобуйатын тулуйумтуотунан уонна ураты хаачыстыбалаах эттээҕинэн-үүттээҕинэн биллэр.

Тэрилтэ бүгүҥҥү ситиһиилэрин уонна инники былааннарын туһунан дириэктэр Александр Еремеевич Артемьев кэпсээтэ:

– “Саха ынаҕа” хааһына генопуонда тэрилтэтэ былырыын тэриллибитэ. Саха боруода сүөһүтүн ахсаанын элбэтэр, племенной үлэтин уонна бородууксуйатын оҥоһуутун сайыннарар сыаллаах. Бу сыл устата өрөспүүбүлүкэҕэ саха боруода сүөһүнү көрөр хаһаайыстыбалары барыларын биир ситимҥэ түмэ тардан, биир улахан генопуонда холбоһуга буоллубут. Быйыл Эбээн Бытантай улууһун “Бытантай” ГБУ икки салаата холбоһуохтаах. Оччоҕо саха боруодатын ахсаана 922 сүөһүгэ тиийиэхтээх. Онтон кыстыкка 800-тэн тахса сүөһүнү киллэрэр былааннаахпыт.

Быйылгы кыстык боппуруоһа уустук. Ордук Эбээн Бытантайга от боппуруоһа сытыытык турар. Онон үлэни-хамнаһы көдьүүстээхтик торумнуур сыал-сорук турар.

WhatsApp Image 2020 09 28 at 11.19.29

Күн бүгүн саха боруода сүөһүтэ сүтэр кутталлаах боруодалар ахсааннарыгар сылдьар. Арассыыйа классификациятынан, тыһыынчаҕа тиийбэт ахсааннаах көрүҥ ситинник статустанар. Онон сүөһү ахсаанын элбэтии – биһиги сүрүн сорукпут. Ол курдук, 2022 сылга ыанар ынахпытын тыһыынчаҕа тиэрдиэхтээхпит. Өскөтүн сүөһүбүт ахсаана 3000-3500 тиийэ элбээтэҕинэ, сүтэр куттала ааста диэхпитин сөп.

Быйыл сайын бэс ыйыгар Арассыыйа Федерациятын Тыатын хаһаайыстыбатын реестрыгар племенной хаһаайыстыба быһыытынан киирдибит. Ити племенной үлэни-хамнаһы салгыы сайыннарарга улахан ситиһии буолар.

– “Саха ынаҕын арыыта” диэн саҥа бородууксуйа сүрэхтэннэ. Арыы дьон-сэргэ биһирэбилин ылла. Ити элбэх үлэттэн тахсыбыт дьыала буолуохтаах?

 – Балаҕан ыйын 26-27 күннэригэр, күһүҥҥү өрөбүл дьаарбаҥкатыгар, Трофим Окороков биригэдьиирдээх Амма улууһун Болугуругар үлэлии турар “Күллэги” диэн саха ынаҕын иитэр салаабыт арыыта аан маҥнай дьон-сэргэ киэҥ дьүүлүгэр таҕыста. Арыы бородууксуйа буолан тахсарыгар, технолог Александра Жиркова үтүөтэ улахан. Кини сайыны быһа сүүрэн-көтөн, техничэскэй усулуобуйа оҥорторон, үрдүк хаачыстыба туһунан декларацияны ылан, бородууксуйабыт атыыга таҕыста. Бэйэм санаабар, арыыбыт олус табылынна. Билиҥҥитэ, биллэн турар, аҕыйах ахсаанынан оҥоһулунна. Ол гынан баран, сүөһүбүт ахсаана эбиллэн бардаҕына, саха сүөһүтүн этиттэн-үүтүттэн оҥоһуллар бородууксуйа кээмэйин улаатыннарар былааннаахпыт.

Арыыбыт сүрэхтэниитин кэмигэр бастакы уонна элбэҕи атыыласпыт атыылаһааччыларбытыгар “Саха сүөһүтэ” диэн нууччалыы уонна аангылыйа тылларынан суруллубут альбомнары бэлэхтээтибит. Ону таһынан, бүтэһик атыылаһааччыбытыгар саха атыыр оҕуһун өйдөбүнньүк бэлэҕин соһуччу туттаран үөртүбүт.

– Тэрилтэ инники сайдыытыгар туох былааннар торумнаннылар?

– Селекция, племенной үлэ, билим хайысхатынан киэҥ хабааннаах үлэлэр былааннаннылар. Билигин Тыа хаһаайыстыбатын чинчийэр институтун, Арктическай судаарыстыбаннай агротехнологическай университеты кытта сөбүлэҥнэри түһэрсэн, билим чинчийэр үлэлэрэ саҕаланнылар.

Аны туран, Нам улууһун Таастааҕар САССР 100 сыллаах уонна М.К. Аммосов 125 сыллаах үбүлүөйдэрин көрсө, саха сүөһүтүн сайдыытын киинэ тутуллуохтаах. Онно “Туймаада” агрохолдинг өйөбүлүнэн 150 сүөһүгэ саҥа хотон тутуллан силигин ситэн эрэр. Таастаах бөһүөлэгэр ыраас хааннаах саха сүөһүтүн көрөн-харайан олороллор.

WhatsApp Image 2020 09 28 at 11.20.12

Бу саас Мииринэй улууһун Сүлдьүкээр нэһилиэгэр 147 саха сүөһүтүн илдьибиппит. Онно 200 сүөһүгэ аныгы технологиялаах хотон тутулла турар. Сэтинньи 1 күнүгэр үлэҕэ киириэхтээх.

СӨ Бырабыытылыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Никифоров, тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов уонна Ньурба улууһун баһылыга Алексей Иннокентьев буолан бииргэ үлэлэһэн, Аканаҕа 50 саха сүөһүтүн илдьэр буоллубут. Онно Ньурба улууһун көмөтүнэн 100 сүөһүгэ саҥа хотон тутуллуоҕа.

Ити курдук, саха боруода сүөһүнү элбэтэргэ киэҥ хабааннаах үлэ-хамнас ыытыллар. Инникитин сүөһүбүт бородууксуйатын быыстапкаттан быыстапкаҕа эрэ көрдөрбөккө, туспа бренд оҥорон ырыынакка таһаарар соруктаахпыт. Онно тэрилтэбит дьоҕус кэлэктиибэ бүтүннүү биир киһи курдук турунан үлэлии-хамсыы сылдьар.

Быйылгы сайыҥҥы үлэбит түмүгүн – арыыбытын дьоммут-сэргэбит үрдүктүк сыаналаабыттарыттан олус үөрдүбүт. Билигин коронавирус курдук уустук ыарыы тарҕаммыт кэмигэр, киһи барыта сыалаах уонна иҥэмтэлээх аһылыгы аһыахтаах. Ол курдук, билим чинчийиилэрэ саха сүөһүтэ пандемияҕа бэриммэтин дакаастаабыттара. Кини этэ уонна үүтэ араас ыарыыларга утарсар кыахпытын күүһүрдэллэр. Этэргэ дылы, саха ынаҕа – бэйэтэ хаама сылдьар эмтиэкэ.

Онон сэниэлээх, чөл туруктаах буоларга, дьаҥҥа-дьаһахха ыллартарбат туһуттан элбэхтик төрүт аһы-үөлү аһыахха наада. Биир бэйэм санаабар, саха киһитигэр бэйэтин төрүт аһа-үөлэ тугунан да солбуллубат күүс-уох, уһун үйэлэнии төрдө. Онон дьоммут сандалыта мэлдьи төрүт аһынан баай буоллун!

 
Дьон-сэргэ биһирэбилин ылла

WhatsApp Image 2020 09 28 at 11.54.44

 

Любовь Афанасьевна Евсеева, Амматтан төрүттээх Дьокуускай куорат олохтооҕо:

 – Бу арыыны амсайан көрөн баран, хайдах эрэ оҕо сааспар төннөн ыллым. Ийэм сылаас илиитинэн ытыйбыт бэйэ минньигэс арыытын санатта. Сарсыарда ойон турдум да, килиэби эбэтэр лэппиэскэни ол арыыга умньаан сиэн баран, оонньуу ыстанарым. Үчүгэй да кэмнэр ааспыттар эбит! Ас барыта натуральнай, сибиэһэй этэ. Билигин бэйэм 8 оҕо ийэтинэбин, 15 сиэн эбэтинэбин. Онон төһө кыалларынан дьоммун эмиэ сибиэһэй аһылыгынан хааччыйа сатыыбын.

WhatsApp Image 2020 09 28 at 12.01.19

Любовь Ананьевна Авдеева, Дьокуускай куорат олохтооҕо:

– Бэйэм арыыны олох сиэбэппин. Кэргэним олус сөбүлүүр. Кини олохтоох киһи. Биһиги нуучча ыала мэлдьи улуустар бородууксуйаларын атыылаһабыт. Олохтоох ас-үөл мэлдьи сибиэһэй уонна чэгиэн буолар. Бүгүҥҥү дьаарбаҥкаҕа саха арыытын аһара сэҥээрэ көрөн атыыласпыт. Оҕонньорбор кэһии гынан илдьэ баран иһэбин. Үөрүөҕэ.

Сардаана Максимова, “Саха ынаҕа” хааһына генопуонда тэрилтэтин испэсэлииһэ:

       – Арыыны дегустация кэмигэр дьон сүрдээҕин сөбүлээтэ. Нуучча дьоно ордук хамаҕатык атыыластылар. “Натуральнай” диэтиҥ эрэ, тута “давай” диэн иһэллэр. Оттон саха дьоно амсайан, сыанатын ыйытан баран ылаллар. Аҕа саастаах өттө оҕо сааспыт арыытыгар майгынныыр диэн хайҕаатылар.
“Эбээ арыыта”

       Саха ынаҕын үүтүттэн оҥоһуллубут арыы чахчы “эбээ арыытыгар”, ол эбэтэр бэйэ дьиэҕэ охсуллубут, ытыллыбыт арыытыгар майгынныыр. Онон тоҥсукка ылан амсайаарын диэн сүбэлиибит.

Илья ОКОНЕШНИКОВ
 
Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка | Views: 854 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Балаҕан ыйа 2020  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 11
Ыалдьыттар (гостей): 11
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024