News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2020 » Балаҕан ыйа » 30 » Сунтаар тыатын эспэдииссийэлэргэ, ньиэп-гаас хостооччуларга былдьаттылар
Сунтаар тыатын эспэдииссийэлэргэ, ньиэп-гаас хостооччуларга былдьаттылар | 21:33 |
Сунтаар тыатын эспэдииссийэлэргэ, ньиэп-гаас хостооччуларга былдьаттылар
Бүлүү өрүс уҥа эҥээригэр Өлүөхүмэ уонна Ленскэй оройуоннарын диэки, Сунтаар улууһун быысаһар сирдэрэ ньиэп уонна гаас көрдүүр эспэдииссийэлэр күөнтүүр сирдэрэ буолбута ыраатта. Бу - олохтоохторго "муунта" да туһата суох.
Маннык чинчийии Сэбиэскэй кэмтэн ыла саҕаламмытын-сэдиптэммитин булчуттар, аҕыйах киһи билэр.
Сунтаар улууһун олохтоохторуттан үгүстэрэ, бэл, Кэмпэндээйитээҕи геофизическэй баартыйа (Устье бөһүөлэгэр турбута) Саха сирин арҕаа өттүгэр тугунан дьарыктаммытын билбэттэр, наадыйбаттар. Орто-Ленскай геологоразведочнай экспедиция (СЛЕНГРЭ.Ленскэй куоракка киин базалаах) самалыга. Кини Бүлүү өрүс уҥуор, арҕаа, Илин Дьэлилэртэн, Өргөдьөйгө тиийэ сирдэри, биир да үрүйэни-харыйаны, маары-алыыны хаалларбакка чинчийбитэ.
СЛЕНГРЭ Ленскэй улууһугар Нүүйэ үрэх хаҥас салаатыгар - Чайыҥдаҕа ньиэп уонна гаас булан, онно "Сила Сибири" тиһик үөскээтэ. Билигин мантан Кытайга сыллата отучча миллиард кууп гаас уматык "ИСТА" турбатынан суккуллар. Бу гаастан Сунтаар да Ньурба улуустарын биир да нэһилиэктэрэ туһанар, гаас киллэринэр кэскиллэрэ суох. Букатын сааранымаҥ даҕаны!
Мииринэйгэ гаас хостонор Киинигэр - сүүсчэкэ эрэ олбуордаах Таас-Үрэҕи, сүүрбэ сыл устата гаастаабакка олороллорун санатабын.
Ленскэйгэ ньиэп-гаас сирдэрэ, алдьатыылаахтык чинчийиллэн, промышленнай хостооһун саҕаланан, Аан Айылҕа алдьанан, кыыл-сүөл эстэн, балык кэхтэн, аны уочаракка Сунтаар улууһун сирэ турар. Дьэ бу - олохтоох былаастар, бүтэйэн олорбуттарын содула.
Бүгүн алдьархайдаах балаһыанньа үөскээбитэ кистэниллэр курдук. Хомолтолоох быһыы -Сунтаар саамай киэҥ-куоҥ, сүүнэ мастаах, ыраас уулаах үрэхтэрдээх тыаларын, сейсмика уонна геофизика үлэлэринэн дьарыктанар улахан эспэдьииссийэлэргэ "туура харбатта".
Хадан сэлиэнньэтин дьоно былыр-былыргыттан бултуур, балыктыыр Илин Дьэли, Арҕаа Дьэли, Кэнэликээн, Бочооной, Сэргэлээх, Элиэ Сиэбит үрэхтэрин бастара, ньиэп уонна гаас көрдөөччүлэр эрэ сыбыытыыр сирдэринэн буоллулар. Аны ол диэки бултуу барар уурайда.
Ыаллыы сытар Өлүөхүмэ улууһун Бүүрүк, Наммара үрэхтэрэ эмиэ ньиэп-гаас геологическай учаастактара буолбуттара ыраатта.
Бүүрүк үрэҕин үлтү кэһэн, ньиэп холохойун ууга тоҕон, хаарыаннаахай дойдуну иэдэппиттэрин, экологическай араллаан тахсыбытын бэрт ахсааннаах киһи билэр.
Эмиэ ити курдук, Бордоҥ, Тэҥкэ дьоно бултуур Дьэрбэ, Харыйа, Үчүгэй үрэхтэрин баһын геологтар тоҕу кэһэн, боруопул, тэпсилгэн оҥорбуттарын, булчуттар олус диэн хараастан кэпсээбиттэрэ. Дьон бултуу тахсан баран туга да суох, кураанах төннүбүттэрэ.
Дьэрбэ баһа "Верхне-Джербинскай" учаастак буолан турар. Инникитин Бүлүү өрүс уҥуор Сунтаар улууһун дьоно мас кэрдэ да тахсаллара бобуулаах буолуох курдук. Сылгыларын да уҥуоргу үрэхтэргэ туталлара уустугурда. Мөккүһэн туһа суох, ыстарааптыахтара. Оччоҕо сунтаардар хантан мас булан дьиэ тутталлар? Тугунан оһохторун оттуналлар? Эбэтэр бас быстар сыанатыгар Ленскэйтэн мас тиэнэллэр дуу?
Сунтаар Хочо диэки өттүгэр тыа чордонон турар. Дьыалабыай мас онно мэлийбитэ.
Сунтаар улууһа соҕурууҥҥу тыатын кыайан илиитигэр ылбакка олорбута соччото суох содулланан эрэр. Өрөспүүбүлүкэ саламтата бу дьыаланы бэйэтин дьаалатынан ыыппыта. Төрүт олохтоох дьоҥҥо көмүскэллээх буоларын туһугар тугу да оҥорботоҕо хомолтолоох. Экологтар Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ, Ойуур департамена норуоппутугар, кыахтаах өйөбүл, кынат, тирэх буолбатылар. Холобур, бу каартаҕа ыйыллыбытын курдук, Бордоҥ бөһүөлэгин уҥуора быыстала суох геологическай боруопул (профиль). Адьас "илим хараҕын" курдук сейсмика чинчийиитэ-тургутуута.
Лоҥкуртан уонна Истээхтэн саҕалаан Үлэгиринэн, Тааланан, Ымырдарынан, Бугдурунан, Ленскэй быыһыгар, Нэлэкэ күөлүгэр тиийэ - геологическай этэрээттэр хаһаайынныыр, кыахтаах вездеходтарынан үлтү сүүрдэр, көҥүллүк айбардыылларыгар "добуруо" бэриллибит. Холобур, бордоҥнортон урут гаас баара быһаарыллыбыт Букаайык сирин, тэҥкэлэртэн Ньүччүкү үрэхтэрин, хаһан баҕар туура тутан ылыахтарын сөп. Оннук мөкү дьылҕа Туойдааҕы, Хаданы, Бордоҥу, Тэҥкэни, Куокунуну "доргутуон" санаатахпына дууһам муунтуйар. Куокунулар Бүлүү өрүс уҥуор сытар урут бултаах-алтаах, оттонор, сылгы мэччийэр Буйаагы үрэхтэрэ, ньиэп уонна гаас көрдөөччүлэр сирдэрэ.
Оттон кириэстээхтэр уонна бүлүүчээннэр кэрэ айылҕалаах Бүлүүчээҥкэ үрэхтэрин баранар баһа улахан эспэдииссийэ үөс сирэ.
Онон урут бултуур, оттуур, балыктыыр сирдэр, аны эһиги тыа дьоно, бас билиигит буолбатах!
Ким да ону эһиги быраапкытын көмүскэспэтэ, бу кыһалҕалаах боппуруоска дьөрү кыттыспата. Сотору ньиэп-гаас промышленноһа, Бүлүү сүнньүн баһыттан атаҕар тиийэ тилийэ сабардаары олорор. Бу - төрүт олохтоохторго туох да туһата суох. Тулаҕыт барыта эспэдииссийэ, тургутар быыска, вездеход, богуончук, тимир-дьэбин, уҥунуох-арыы, холохой сирэ буолаары турар Бүлүү сүнньэ.
|
Category: Земля. Недра |
Views: 770 |
Added by: uhhan1
|
Total comments: 1 | |
0
: Ол иһин суол оҥоророллор, олохтоохторго буолбатах, сотору Мирнэйгэ ядернай, радиактивнай отходтары аҕалан көмүөхтэрэ дииллэр. Ити суол оҥоһуута бүттэҕинэ.
|
|
|
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 5 Ыалдьыттар (гостей): 5 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|