Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2020 » Балаҕан ыйа » 30 » Сахалар тулуурдаах дьоммут
Сахалар тулуурдаах дьоммут
21:36
Родион Данилов
Сахалар тулуурдаах дьоммут

Сахалар дьэ тулуурдаах дьоммут. Этэргэ дылы араас " пытканы " барытын аастыбыт. " Уокка умайбат ууга тимирбэт " диэн биһигини этэн эрдэхтэрэ. Уубутун сүһүрдэ, тыабытын уоттуу турдахтарына маҥкы маһын курдук сүтэ, сүтэ күөрэйэ туруохпут дуо? Былаҕыйга былдьаппакка быста ,быста салҕана туруохпут дуо?

Дьокуускай куоракка биир эдэр уол ,киһи тыыммат буруота диэн видео устан ыыппыт. Санаатын эппит.

Куорат сиргэ дьон " фуу страшнай буруо дии !! " диир эбит буоллахтарына ,тыа сирин олохтоохторун харахтарынан анааран көрүө этилэр. Дьон хара көлөһүннэрин аҕаан сайыны быһа оттоон эрэйдэммиттэрин күдэҥҥэ көтүттүлэр, ытыстарын сотуннулар. Сорох нэһилиэктэр оттооҕор буолуох ,тыыннаах хаалар баҕаттан тыыннарын мананаллар. Видео да баара, уот төлөн быыһыттан тыраахтырдаах дьон нэһиилэ тахсыбыттара. Куоттарбыт абатыттан уот төлөн кыһыл тылынан салбаммахтыы хаалбыта.

Суох биһиги сахалар тулуурдаах дьоммут, шоулуубут ,хаартыскаҕа түһэбит ,селфилыыбыт.Кимнээх эрэ мотуорунан эвакуациаланналлар. Уоттан нэһиилэ куоталлар. Суох биһиги сахалар тулуурдаах дьоммут, үҥсэргээбэппит, ытаммаппыт. Оннук буолуохтааҕын курдук саныыбыт. Күннээҕинэн олорор буолан оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр туох хаалыахтааҕын санаан да көрбөппүт. Ким эмит дьону түмэн кыһалҕабытын этээри гыннаҕына " бу киһи пиарданна " диэн хам баттыыбыт.
Омуктар ыарыы аҕалаллар, тыабыт умайа турар. Суох биһиги тулуурдаах дьоммут. Буруо быыһыгар хаартыскаҕа түһэбит.

Сөтөллөн баран хап - харанан силлиибит. Курунньуктаах уунан суунабыт. Дьиэҕэ буруо сыта. Таҥас сууйбутуҥ буруо сыта. Суох биһиги тииспит килэйэн мичээрдиибит эрэ. Оннооҕор кутуйаҕы үктээтэххэ чыбыгырыыр. Суох биһиги иҥиэттэн эрэ кэбиһэбит. Ким эрэ кыһалҕатын этээри гыннаҕына , иэдэс биэрэн, кынчарыйан кэбиһиэхпит.
Биир Ойууммун дэнэр киһи чыыбырҕаары гыммытын, өлүөр киһини өлөрө сыстылар. Өйдөөх киһини ааргы - аҥала оҥордулар.

Сахалар былыргыттан быйылга диэри тулуур күүһүнэн олороохтуубут.

Ити отторо умайбыт дьону төһөлөөх кыһалҕа кыпчыйбыта буолуой. "Биир күн дьылы аһатар" дии,дии умайар уот куйааска төһөлөөх сүүстэрин көлөһүнүн тилэхтэригэр аҕаан, умса - төннө түһэн оттообуттара буолуой. Сааһы быһа хоруонадьаҥ харантыыныгар хааттаран, кубарыйа дьүдьэйбит дьон мааска кэтэн эрэйинэн оттообуттара ,ким эрэ байарын туһугар умайан хаалан ытыс сотуннахтара. Сураҕа соруйан уоттууллар дииллэр, санааҕар сымыйа ини диэн бэйэҕин алы гынаҕын да ,сымыйа сурах кырдьык буолан иһэр.

Аар тайҕа умайан күүдэпчилэнэр, кыыллар айманан төттөрү - таары сырсаллар. Биһиги эмиэ кыыллар курдук бэйэбит  умайбатарбыт ханнык ,диэн сырсыакалаһабыт. Оппутун өрүһүйэ сатыыбыт. Куттал ааста да ураһа оҥостон ,кэчигирэччи туран хаартыскаҕа түһэбит. Уонна эмиэ буруоттан чачайан хахсайан кэбиһэн ,хап харанан силлээн - хаахтаан ,салгыы олорор буоллахпыт.

Сахалар барахсаттар ханнык да " пытканы " аастарбыт. Тулуурбут эрэ күүһүнэн олороохтуубут. Ол тулуурбут хаһан эмит төлө мөҥөн тахсан, олохпут көнөрүн туһугар туруулаһыахпыт дуо?

Ородьумаан
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 827 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Балаҕан ыйа 2020  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 46
Ыалдьыттар (гостей): 46
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024