Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2020 » Балаҕан ыйа » 30 » Тэрис. Ураһа.
Тэрис. Ураһа.
21:41
Тэрис.    Ураһа.

Кубучаҕар Куланнаах—ураһа ураҕаһын иччитин аата.
Ураһалар ааттара.

Ураһа ааттара:
-Моҕол ураһа.
-Далла ураһа.
-Ходьол ураһа.
-Өссө санда ураһа диэн баара.

Ураһа төһө улахана.

Моҥол ураһа диаметра 10-11 миэтэрэ, үрдүгэ 11-12 миэтэрэ, баҕаналарын уһуна 2-2, 1 миэтэрэ буолар.

Байаҕантай нэһилиэгэр Кэрэх Тириитэ диэн сиргэ баар Мочоо ураһатын туһунан:
-Аана илин.
-Ураһа киэҥэ 32 хаамыы.
-Ортотугар холумтаннаах.
-10 баҕаналаах.
-Тулааһыннаах.

Ураһа туоһа.

Харайыы
-Дьаарыстаан омуһахха уураллар.
-Таспа үскүгэр түөрт туостан турар.
-Балаһа уһуна 4-6 миэтэрэ, кэтитэ 103 миэтэрэ.
-Сороҕор икки хос буолар (эркин туоһа).
-Тиит хатырыгын эбэтэр ыт муннун буһаран кырааскаланыллар.
-Сүөһү хааныгар тутуллар.

-Таспа туос—таһынан бүрүллэр.
-Испэ көбүөр—орон үрдүнэн ыйанар ойуулаах туос.

Моҥол ураһаҕа 16000 диэри туос хастанар.

Ураһа тутуута.

Ураһа түөрт дулҕата ураҕаһы туруоруллар. Ол ураҕастарга үөһээ уонна орто курдуулары ситим быаннан ыгыта тардыалыыллар.

Ураһа иккилии маһын утарыта кириэстии тутан баайаллар.

Ураһа маһа 300 титирик буолар.

Уһун кирилиэс оҥороллор. Аллараа өттүлэрин олохтоох буоллун диэн баайталыыллар. Ураһа ойоҕс маһын туруорарга тутталлар.

Ойоҕос титириктэри ортоку уонна үөһээ курдууларга баайаллар.

Ураһа баҕанатын үрдүгэр баар ойуу:
-Сүрэхтиҥи көҕүөр ойуулаах.
-Эбэтэр төгүрүк ойуулаах ньээлби баар. Ону харах ойуу дииллэр.

Үстүү, алталыы, сэттэлии, тоҕустуу, ардыгар уон иккилии сэргэлэри туруорар түбэлтэрэ баар.

Ойоҕос ураҕастары туруоран баран, орон үрдүгэ холобурдааҕынан, көнтөһүнэн баайаллар. Ол быаны иирчигэн быа ииллэр.

Ороннор ааттанара.

Ороннор:
-Аан орон.
-Атах орон.
-Ортоку орон.
-Бастыҥ орон.
-Биллэрик орон.
-Хаппахчы орон.
-Кэтэҕириин орон.
-Хаҥас орон.
-Иһит орон.
-Көҥүл орон.
-Күөдэл орон.

Ураһа хаппахчытын аана дьиэл диэн аатанар:
-Долгуннуу таҥалай ойуулаах.
-Хас да чуорааннаах.

Ураһалар турбут сирдэрэ.

Тааттаҕа Игидэйгэ былыр Дуускун Тараҕай диэн киһи олорбут 9 ойохтоох, 9 ураһалаах эбит.
Чөркөөххө үһүс Дьохсоҕон сиригэр 9 ойохтоох, 9 ураһалаах Күннэй диэн икиһи олорбут. Ону барыларын Өрүүкээн диэн киһи сэриитэ кыргар.
Дьүлэй сиригэр Чааҕаан Өттүк диэн 8 ойохтоох, 8 ураһалаах киһи олорбт.
Тыараһа сиригэр Аҕаан диэн ү ойохтоох, 8 ураһалаах киһи олообут.
Ытык Күөлгэ оҕо Болбаах диэн киһи улахан ураһаны туттан олорбут. Кини Үрүҥ Күөлүгэр үүт куттарар эбит. Билигин Ытык Күөл диэн аатанар.
Ытык Күөлгэ Харлаампый Слепцов диэн киһи моҕол ураһаны туттарбыта. 1934 сыллаахха алдьаталлар.
Ытык күөл арҕаа өттүгэр Улахан Сыһыыга быыпсай Уйбаан  ураһата турбута. Ону Дойомпо ойуун оҕуһа кэлэн түөрэ олуйбут үһү.
Ытык Күөл соҕуруу өттүгэр Талах Бүтэйигэр Ньомнньоон Ньукулай кэргэн сүктэрэн кэлбитигэр моҕол ураһа туттарар. 20-с үйэҕэ диэри турар.
Холо Сайылык диэн сиргэ Николай Васльевич далла ураһа туттар. 1860 сылга диэри турбут.
Григорий Василбевич Оруоһун далла ураһа туттарбыта 20-ч үйэ саҕаланытыгар эргэрэн сүтэр. Кини «Ньургун Боотур» олоҥхону суруйбут киһи.
Кулаада бөһүөлэгэ турар сиригэр Егор Васильевич Оросин далла ураһа туттарар. Олоҥхоһуттары ыллатара үһү.
Дьүлэй нэһилиэгэр Константин Николавич Большаков моҕол ураһа дьардьаматын туруорар. 1978 сыллаахха ону Чөркөөххө көһөрөн киллэрэллэр.
Игидэй сиригэр Таһыырдаах Дьөгүөр Силипсиэп диэн киһи олорбут, моҕол ураһалаах эбит. Онтуката 19-с үйэ саҕана суох буобут.
Тыараһаҕа Аччыгый Эбэҕэ Дьөгүөр Боппуок улахан ураһаны туттарбыт.
Тыараһа сиригэр Өлөҥнөөх сайылыкка Быычык Өлөксөөндүр дала ураһаны туттарбыт.
Чөркөөххө Күөх Өндрөй диэн киһи моҕол ураһаны туттарар. Сэбиэскэй былаас сылларыгар диэри турар.
Сиэллэх нэһилиэгэр Быргый Уйбаан диэн киһи моҕол ураһа тыттарбыт. Ити 19-с үйэ 80-с сылларыгар быһыылаах. Бу ураһа туос сабыыта 1948 сыллаахха баара.
Ытык Күөл арҕаа өттүгэр Хаахынай уола Сэмэниир моҕол ураһаны туттарбыта.
Ытык Күөлтэн арҕаа мас ураһа 20-с үйэҕэ диэри турбута.
Дьиэрэҥнээх Николай Васильевич Оросин балачча үрдүк ураһа туттар. Бу ураһа баҕаналара соторутааҥҥа диэри турбута.
Сиэллээххэ Кэстэй Кэтириинэ ураһалааҕа үһү.
Уолбаҕа ходьол ураһа турбута. Неустроевтар киэннэрэ.
Уолбаҕа Боппоо Силипсиэп моҕол ураһата турбута. 1920-с сылларга диэри баара.
Уолбаҕа Уолба алааһыгар Аммос Степанович Слепцов моҕол ураһата турбута. Ойуун тыала сөрөөн алдьатар.
Чөркөөххө Собуо Миитэрэй ходьол ураһа туттарбыт.
Былыр Иккис Дьохсоҕон сиригэр Суоннуура диэн эмээхсин буор ураһалааҕа үһү.
Тыараһаҕа Нэммэ алааска Сиидэр Кынаачайап диэн киһи далла ураһалааҕа.
Сиэллээх нэһилиэгэр Куруйа алааска мас ураһа турбута.
Тыараһа Улуу Сыһыыга Мааһаптар икки туос ураһалара турбута. Кинилэр Кыра уонна улахан Маҕаачайдар диэн сүүрүк аттаахтара. Гражданскай сэрии саҕана Строд миинэ сылдьыбыт.
Дьүлэйгэ Наадалаах Сайылыкка Сөдүөр Силипсиэп диэн киһи үс ураһалаах этэ. Ынаҕын үүтүн күөлгэ куттарара үһү.
Чөркөөхтөн соҕуруу Үһүс Дьохсоҕон сиригэр Никииппэр Бөтүрүөп далла ураһалааҕа.
Тааттыынскай нэһилиэк сиргэр Кылачыыс уус үс ураһалааҕа үһү. Кинини 9 сыл устата дэриэтинньик дьахтар булаабыт. 1850 сыл диэки.
Дэбиргэ сиригэр кураанах Араҥас диэн сайылыкка Бэлэбиэй уус моҕол ураһаны туттарбыт.
Дьүлэйгэ 7 ойохтоох, 7 ураһалаах Туһааны диэн киһи олорбут. Уоспа ыарыыттан сылтаан эстибиттэр.
Тыараһаҕа Нэммэ алаас арҕаа өттүгэр Топпунуок Сүөкүлэ диэн дьахтар туос ураһалааҕа үһү.
Баайаҕаҕа былыр 9 ойохтоох, 9 ураһалаах Мөҥүрүөн Уйбаан олорбут.
Мөҥүҥҥэ Бөлөнүүскэй баай моҕол ураһа туттарар.
Баайаҕаҕа Кынаачай Ондуруоһап моҕол ураһа туоһун уолун уруутугар бэрдэрэр. Ураһаны кыайа туттубакка хаалаллар.
Баайаҕаҕа Кутаама үрэх баһыгар Дьаарыҥка оҕонньор далла ураһа туттарбыт.
Баайаҕаҕа Үҥкүр диэн сиргэ Судьай ойуун моҕол ураһа туттарбыт.
Баайаҕаҕа Бэлэнньик диэн от үрэххэ Лөкүөрүйэ Түмэпий диэн киһи далла ураһалааҕа. Киниттэн биир уол Лөҥкөрүк Түмэпий улуу охсооччу.
Кутаамаҕа Кыыл Ытыалаабыт диэн сиргэ ураһа турбут.
Кутаамаҕа Аана диэн кыыс сүктэригэр моҕол ураһаны энньэлээн ыыпыттар. Ол турбакка сытыйан бүппүт.
Баайаҕаҕа Бэлэнньи үрэххэ Күүркэнньик Хабырылла уолугар туос ураһаны туруортарар.
Баайҕаҕа Кутаама үрэҕэр Таҥхай  диэн киһи туос ураһа туттарбыт.
Баайаҕаҕа Улахан Истээх диэн сиргэ Борокуоппай Ондуруоһап уолугар туос ураһа туттабыт. 20-с үйэҕэ дылы баара.
Баайаҕаҕа Кутаама үрэх баһыгар Хачыылай Былатыан диэн киһи далла ураһалааҕа.
Баайаҕаҕа Мата үрэхххэ Дохсун Ньукулай туос ураһалааҕа.
Кутаама үрэххэ Ураһалаах диэн сиргэ Баһылай Бохтооноп туос ураһаны туттарбыта.
Баайаҕа Томторуттан чугас Тыллаах Баһылай далла ураһалааҕа.
Баайаҕаҕа Ньиидьигийэ диэн сигэ Силээхтэ Бүөтүр аҕыс кырыылаах мас ураһалааҕа.
Баайаҕааҕа Сумтаҕай диэн сиргэ Флиментий Петрович Андросов уолугар алта кырыылаах мас ураһаны тутарар.
Баайаҕаҕа Холлоҕостоох диэн сиргэ Молодьуос маастар мас ураһалааҕа.
Баайаҕаҕа Кураанах Алаас диэн сиргэ Ыачаанап баай бабаарына ураһаны туттарар.
Баайаҕаҕа Муттугу Күөлгэр алта кырыылаах мас уруһа турбута. 1935 сыл эргин көтүрэллэр.
Баайаҕаҕа Күөрэлээх диэн сиргэ мас баабарына ураһа турбута.
Тыарапаҕа Улахан Эбэҕэ (Битигиттэ) Арамаан диэн киһи мас бабаарына ураһалааҕа.
Уус-Таатаҕа Чорду Хабырылла диэн киһи аҕатын дуу, эһэтин дуу туос ураһата баар үһү.
Тааттыыныскай сиригэр Күдээринньиик диэн сиргэ Быһыйа баай туос ураһалааҕа үһү. Уолбаҕа Баһылаайап Сайылыга диэн сиргэ аҕыс кырыылаах мас бабаарына ураһа 1960-с сылларга диэри турбута.

Таатта сиригэр 90-ча уруһа турбут.
Category: Айыы үөрэҕэ | Views: 1052 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Балаҕан ыйа 2020  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 95
Ыалдьыттар (гостей): 95
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024