Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2020 » Алтынньы » 5 » Тэрис. Кэс тыллар Оҕо. Отуор—киһи сөптөөх туруга. Турук айыылара
Тэрис. Кэс тыллар Оҕо. Отуор—киһи сөптөөх туруга. Турук айыылара
12:26
Тэрис.     Кэс тыллар
Оҕо улаатан истэҕин аайы үөрэтэргэ кэс тыллар бааллар:

Оҕону үөрэтии:
                  
1. Эмэрин кэмигэр бырахтар. 2. Кэмигэр хаамтар (эрчийэн ону ситиһиллэр). 3. Таҥна үөрэт. 4. Чэнчис гына үөрэт. 5. Салгыны тулуйарга үөрэт (наһаа үллүйүмэ).

Оҕо харысхала:

1. Көтөҕөргөр  көхсүнэн ылыма. 2. Бэйэҕиттэн үөһэ көтөҕүмэ. 3. Атахха сытыарыма. 4. Уһуктаах маллартан сэрэнэргэ үөрэт. 5. Бытархай малы айаҕар укпат буоларга үөрэт.

Оҕо майгытын харыстааһын:

1. Наһаа күллэримэ. 2. Киэһэ уйгуурдума. 3. Оҕону оонньуу оҥостума. 4. Оҕону кыынньаама. 5. Мээнэ буойума-хаайыма.

Оҕону сиэргэ үөрэтии:

1.Киһини сирэйгэ оҕустарыма. 2. Тарааччы гыннарыма. 3. Киһиэхэ силлэтимэ. 4. Киһини бадьыыстатыма. 5. Сыччыыйынан оонньотума (болҕомтоҕун уурума, кыратык буой).

Торулла үөрэтии:

1. Баламат буолума (оҕону харыстаан сыһыаннаһыллыахтаах). 2. Көмүскүү үөрэтимэ. 3. Торулла үөрэт (дьон сыһыанын билэ үөрэниэхтээх). 4. Этин аһыта үөрэт. 5. Кыыс оҕону дьарыйарыгар самыыга охсума.

 Оҥорорго үөрэтии:

1. Бэйэтигэр оҥортор. 2. Малын оннугар уурарга үөрэт. 3. Оонньото үөрэт. 4. Хатылата үөрэт (оҕо тугу баҕарар хатылаан оҥоро сатыыр). 5. Көрдөтө үөрэт (тугу эмэ соруйан кистээн баран).

Кэпсэтэргэ үөрэтии:

1. Сэргииргэ үөрэт. 2. Болҕойорго үөрэт. 3. Өйүгэр тутарга үөрэт. 4. Сөпкө саҥарарга үөрэт. 5. Кэпсииргэ үөрэт.

Майгытын харыстаа:

1. Наар тилэҕиттэн сыллаама. 2. Наар кэтэҕиттэн сыллаама. 3. Ас бэриһиннэрэ үөрэт (аһы бэристэҕинэ, кыратык эмти тутан ылан баран: “Баччыы-баччы буол”—диэ). 4. Үөрдэ үөрэт. 5. Дьолун харыстыырга үөрэт (туох эмэ кыраны биэрэр буоллахха, тарбаҕынан умса харбаан буолбакка, ытыһын тоһуйан ыларга үөрэт).

Оҕоҕо кэп олордуу

Кэп диэн уобарас. Оҕо кими эмэ батыһан, уобарас оҥостон улаатар. Кини хайдах киһи буолара итинтэн улахан тутаахтаах.  Уобараһы оҕоҕо биэриини кэп олордуу диэн ааттыыбыт. Оҕоҕо олордуллар үс кэп баар: 1) төрөөбүт ый айыыта, 2) ааты ылыы, 3) батыһыыны булуу. Бу кэп олордуулар туомнарын суруйабыт.

Төрөөбүт ыйын айыыта
     
Саха итэҕэлин быһыытынан, ый аайы ханнык эмэ айыы чугаһыыр. Киһиэхэ төрөөбүт ыйа суолталаах. Ол быһыытынан киһи төрөөбүт ыйын Айыытын майгытын батыһан улаатар. Оҕо төрүөҕүттэн ыла  төрөөбүт ыйын Айыытын ааттыы үөрэниэхтээх. Инньэ гынан оҕоҕо төрөөбүт ыйын айыытын өйдөөн хааларын ситиһэр.
 
Ый аайы чугаһыыр айыылар майгылара маннык:

1.Бэс ыйа—бу ыйга төрөөбүт оҕо алгыс суоллаах (Үрүҥ Айыы Тойон). 2. От ыйа—бу ыйга төрөөбүт оҕо тулуур суоллаах (Аан Алахчын Хотун). 3. Атырдьах ыйа—кырдьык суоллаах (Аан Дьааһын). 4. Балаҕан ыйа—идэ суоллаах (Улуу Суорун Тойон). 5. Алтынньы—тэрээһин суоллаах (Хотой Айыы). 6. Cэтинньи—сатабыл суоллаах (Баай Байанай). 7.  Ахсынньы—билии суоллаах  (Билгэһит Билгэ Хаан). 8. Тохсунньу—туску суоллаах (Таҥха Хаан). 9. Олунньу—тыл суоллаах—эппит тылын батыһар (Одун Хаан). 10.   Кулун тутар—хаһаастыба суоллаах (Дьөһөгөй Тойон). 11. Муус устар—уран суоллаах, айар үлэҕэ дьоҕурдаах (Айыыһыт Хотун). 12. Ыам ыйа—быйаҥ суоллаах (Иэйэхсит Хотун).              
     
Билиҥҥи кэмҥэ гороскоп киэҥник тарҕанна. Дьон бэйэлэрин ракпыт, водолейбыт, козерокпыт, скорпиоммыт эҥин дииллэр. Биһиги маннык ааттаныыны утарбаппыт буолан баран, саха киһитэ төрөөбүт ыйын айыытын билэрэ булгуччу дии саныыбыт. Төрөөбүт ыйын айыытын билэр киһи бэйэтин норуотун үтүө санаатын илдьэ сылдьыаҕа. Саха этэринэн, киһи төрүөҕүттэн  үтүө айылгылаах. Ити үтүө төрдө төрөөбүт ыйын айыытыгар көстөр. Киһи ханнык эмэ айыыттан төрүөттээх буолар үгэһэ олоҥхоттон кэлэр. Холобур, Кулун Куллустуур төрдө—Дьөһөгөй, Дьиэрбэх Бэргэн төрдө—сир иччитэ, Ньургун Боотур төрдө—Үрүҥ Айыы Тойон. Оҕоҕо төрөөбүт күнэ кэллэҕин аайы кини төрөөбүт ыйын айыытын саната сылдьыллыахтаах...

Отуор—киһи сөптөөх туруга.

Бу турукка сылдьар киһи үлэтэ-хамнаһа сайдан иһэр, ыалдьыбат, олоҕо үчүгэй буолар. Айыы Суолун тутуһар киһи отуордаах. Оттон отуор хамсаатаҕына, киһи туруга мөлтүүр.

[: Туруу Айыы—ахсыс халлаан үһүс ыала: бу ыалга сылдьыбыт  киһи туруу буолар дьоҕурданар.     
Туруу буолуу—айыы 52-с өйдөбүлэ: куһаҕаҥҥа, ыарахаҥҥа бэриммэт турук. Айыы суолун тутуһар, күрүөтэ бөҕө киһи туруу буолар.

Турук айыылара—ахсыс халлааҥҥа олорор айыылар: Одун Хаан уонна Чыҥыс Хаан. Кинилэр икки курдук буолан баран сэттэ дьүһүннээхтэр, сэттэ ыал буолан олороллор: 1) Аан Турук Айыы, 2) Ортоку Айыы, 3) Туруу Айыы, 4) Бөҕө айыы, 5) Бигэ Айыы, 6) Ситэри Айыы, 7) Толору Айыы. Турук айыылара аан дойдуну туруктаах оҥороллор, итини таһынан киһи туругун эмиэ араҥаччылыыллар.
     Турук айыыларын халлаана—Турук айыылара сэттэ ыал буолан олорор сирдэрэ. Бу халлааҥҥа мустубут сүр киһи бигэтик олорорун хааччыйар.
     Турук айыыларын киэлитэ—8-с тыын эт:  киһи сүүһүн туһунан баар. Бу киэлигэ мэйии баар. Киһи мэйиитинэн бэйэтин билэн сылдьар. Манна киирбит сүр мэйии үлэтин тупсарар. Онон киһи бэйэтин билиитэ күүһүрэр. Турук айыыларын киэлитэ 7 түмүктээх. Түмүктэр төһө сөллөллөр да киһи туруга бөҕөргүүр.
    Турук айыыларын суола—8-с халлааҥҥа олорор 7  Турук айыытын холбуур суол. Бу суолу барытын ааспыт киһи толору туруктанар.
    Туруу Айыы—ахсыс халлаан үһүс ыала: бу ыалга сылдьыбыт  киһи туруу буолар дьоҕурданар.     
    Туруу буолуу—айыы 52-с өйдөбүлэ: куһаҕаҥҥа, ыарахаҥҥа бэриммэт турук. Айыы суолун тутуһар, күрүөтэ бөҕө киһи туруу буолар.
    Туску—Таҥха Хааны хайыһыннарар тыл. Киһи Таҥха Хааны кытта ситимнэһэр.
    Туску—санааны салайар тыл. Кимҥэ, туохха эмэ үтүөнү баҕаран этиллэр. Оччоҕо ол эппит киһиттэн этиллибит киһиэхэ эбэтэр туохха эмэ сүр тиийэр. Онно эппит киһи сүрэ аҕыйаабат. Айыылар киниэхэ эбии сүрү биэрэ тураллар. Тоҕо диэтэххэ тускуну этии үтүө дьыала быһыытынан ааҕыллар.
    Тустуу—хапсаҕай тустуута, хапсаҕай тиһигэр киирэр. Тустар дьонтон ким эмэ тирэнэн сылдьар тилэхтэриттэн ураты этинэн сири таарыйда да хотторбутунан ааҕыллар. Ньымса, албастаах, хамсастаах  буоларга иитэр. Маны таһынан билиҥҥи кэмҥэ бу тыл илиинэн киирсэр, охсуһуута суох,  күрэстэһиилэри барытын холбуу көрдөрөр.
    Туттарыы—киһи ийэ кута ханнык эмэ айыы халлааныгар тиийэн онно тохтооһуна. Айыы халлааннара үөһэ тахсан иһэллэр. Кут төһө үөһэ туттарыылаах да киһи кыаҕа оччо улаатар. Киһи ийэ кута үһүс халлаантан туттарыылаах буоллаҕына—кыаҕа кыра, бэһис халааҥҥа буоллаҕына—кыаҕа син, сэттис халлааҥҥа буоллаҕына—кыаҕа улахан, тохсус халлааҥҥа буоллаҕына—кыаҕа толору. Ол гынан баран тохсус халлааҥҥа диэри туттарыылаах киһи суох кэриэтэ буолар. Киһи төһөнөн Айыы Суолун тутуһар да туттарыыта үрдээн иһэр.
     Түмсүү—айыы 25-с өйдөбүлэ: айыы дьоно бииргэ көмөлөсүһэн олоруулара.
     Түмүк—Айыы Суолун ситим курдук өйдөөтөххө, Айыы Суолугар олорор ыаллар. Онон барыта 63 түмүк баар. Киһи бу түмүктэри төһө сүөрэр (арыйар) да айыы ситимин устун сүрү ылара элбиир.
     Түөргү—итэҕэл көмөтүнэн киһиэхэ иҥэн хаалар тылы этии. Айыы Үөрэҕин биир салаата. Түөргү икки көрүҥнээх: үрүҥ түөргү уонна хара түөргү.
     Түөрэх—дьылҕа тосхойорун быраҕан быһаарарга аналлаах хамыйах. Арыт түөрэх быһыытанан үтүлүгү, ньуосканы, бытархай харчыны эҥин туһаналлара.
     Түөрэх быраҕыыта—түөрэҕи быраҕан дьылҕа тосхойорун быһаарыы. Сүрүннээн, таҥха кэмигэр таҥха оонньуутун быһыытынан түөрэҕи быраҕыллар. Киһи сүрүн санаата туоларын-туолбатын быһаарар. Анал быраабылалаах. Ыһыах туомугар эмиэ түөрэх быраҕыахха сөп.
     Түрбүү Кынат—төрдүс халлаан иккис ыала: бу ыалга сылдьыбыт киһи дьулуурдаах буолар дьоҕура уһуктар.
     Түс—“Кут-сүр” кыһатыгар кыһаны сүрүннүүр киһи.
     Түс олорор сааһа—саҥ тардыытын туома: 40 сааска ананар, түс-бас буолууну олохтуур. Күргүөмнээн бэлиэтээһин тохсунньу ортотун эргин оҥоһуллар, төрөөбүт күнү бэлиэтээһин—хаһан баҕарар.
     Түһэр Суорун—бэһис халлаан үһүс ыала: бу ыалга сылдьыбыт киһиэхэ идэ төрдө түһэр.
     Түүл—киһи утуйан баран бэйэтин салгын кутун сырыытын көрүүтэ.
     Түүлү тойоннооһун—утуйбут кэннэ салгын кут сылдьыбыт суолун күннээҕи олоҕу кытта сыһыаран быһаарыы. Айыы Үөрэҕин быһыытынан, киһи түүлэ элбэҕи этэр кыахтаах. Түүлү тойоннооһун Айыы Үөрэҕин биир салаата.
     Тыл—саха олоҕун биир эйгэтэ: Одун Хаан сылыгар, ыйыгар (олунньуга) сөп түбэһэр. Төрөөбүт тылга болҕомто ууруллар.
     Тылбааччыт—киһи тылын айыыларга, иччилэргэ тиэрдээччи; айыылар, иччилэр тылларын киһиэхэ тиэрдээччи. Уот иччитэ тылбааччыт буолар дьоҕурдаах. Ол иһин туомнар үксүгэр уоту уматыынан саҕаланаллар.
     Тыл иччилэниитэ—айыылартан эбэтэр иччилэртэн этиттэрэн этиллибит тыл. Маннык тыл киһиэхэ үтүө өттүнэн сабыдыаллыыр. Кырыыс абааһылартан этиттэриилээх буолар.
     Тылы киллэрии—саҥ тардыытын туома: 5 саастаах оҕоҕо ананар, оҕо үчүгэйдик тыла олорорун ситиһэр сыаллаах. Күргүөмнээн бэлиэтээһин олунньу ортотун эргин оҥоһуллар, төрөөбүт күнү бэлиэтээһин—хаһан баҕарар.
     Тыл күнэ—олунньу 13 күнүгэр буолар. Саха тылыгар ананар.
     Тыҥа—айыы 29-с өйдөбүлэ: 5-с тыын эт, киһи тыынарын хааччыйар уорган, Улуу Суорун киэлитэ. Манна мустубут сүр идэлэнэр дьоҕуру биэрэр.
     Тыын—айыы 38-с өйдөбүлэ: айыылар биэрэр күүстэрэ, син биир сүр курдук. Киһи тыыны ылар буолан тыыннаах. Айыылар биэрэр тыыннара икки сиринэн кэлэр. Бастакы тыын айыы ситимин устун кэлэр, иккис тыын айылҕа нөҥүө кэлэр. Киһи тыына төһө уһун да олоҕо уһун.
     Тыын Хаан—алтыс халлаан үһүс ыала: бу ыалга сылдьыбыт  киһи тыына уһуур дьоҕурданар.
     Тыын эт—киһи тыыннаах буолар сүрүн этэ. Тоҕус сүрүн тыын эт баар: 1) орой, 2) сүүс (мэйии), 3) кулгаах-харах, 4) сүрэх, 5) тыҥа, 6) өрөһө, 7) быар, 8) киин (ис-үөс), 9) төрүүр-ууһуур эт. Киэлилэр тыын эккэ сөп түбэһэллэр
      Тэрээһин—айыы 26-с өйдөбүлэ: айыы дьоно бииргэ түмсэн олорор бэрээдэктэрэ.
      Тэрчи—уот сырдыга. Киһи эмиэ тэрчилээх буолар. Тэрчинэн ыраастаныллар, куһаҕан сабыдыалы суох оҥоруллар.
      Тэс биэрии—уруу-аймах киһини эҕэрдэлээһин: хаҥас ытыска уҥа илии көхсүн тыастаахтык охсуу. Бу эҕэрдэ айыылары, иччилэри эбэтэр туомҥа кыттар дьону эҕэрдэлээһиҥҥэ эмиэ туттуллар. Кыра оҕолорго эмиэ тэс биэрии баар. Улахан киһи икки ытыһын өрө тутан турар, кыра оҕо кэлэн икки ытыһынан кини ытыһын охсор.
 
Category: Айыы үөрэҕэ | Views: 1005 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Алтынньы 2020  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 103
Ыалдьыттар (гостей): 103
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024