Сүрэҕи-быары ортотунан киирэн иэйии кэрэтин тилиннэрэр, санаа сырдыгын саҕар, матыыптыын нарын, тыллыын астык саха ырыатыттан ордук сахаҕа туох баар буолуо буоллаҕай?! Үөрэр, эрчимирэр түгэҥҥэ, арыт санааргыыр, санньыйар да кэмнэргэ доҕор буолан уоскутуо, атас буолан арыаллыа. Ырыа киэҥ сыһыытынан дьаарбатар, иэйии кэрэ сирдэринэн тэлэһитэр элбэх ырыа айааччылардаахпытынан сахалар киэн туттуох эрэ тустаахпыт. Айылҕа талаанынан хадаҕалаабыт бастыҥнара түмсүбүт Ырыа айааччылар Саха сиринээҕи сойуустара тэриллибитэ быйыл 20 сыла буолла. Сойууһу 2004 сылтан салайар СӨ норуодунай артыыһа Алексей Егоровтыын, биир тылынан эттэххэ, ырыа туһунан кэпсэттибит.
Ботуруйуоттуу иитииттэн саҕалаан
– Алексей Васильевич, бэлиэ даатаҕытынан эҕэрдэ! Сойуус тэриллиитэ, үлэтин саҕалааһына хайдах этэй?
– Өрөспүүбүлүкэҕэ ырыа айааччылары аан бастакынан түмпүт, архыып матырыйаалларын, биография дааннайдарын хомуйан, нуотаҕа түһэрэн үлэни ыыппыт киһинэн Анатолий Николаевич Семёнов буолар. Кини оччолорго Норуот айымньытын дьиэтин киинигэр ырыа айааччылары кытта үлэлэһэр исписэлиис этэ. Хомойуох иһин, билигин оннук үлэһит миэстэтэ суох. 1992 с. СӨ Мэлэдьиистэрин ассоциацията тэриллибитэ. Бу түмсүүнү Виталий Андросов, Алексей Калининскай курдук саха биллэр мэлэдьиистэрэ сүүрэн-көтөн, докумуоҥҥа киллэртэрбиттэрэ. Онтон 2000 с. СӨ норуодунай артыыһа Анастасия Варламова оччолорго айа-тута сылдьар мэлэдьиистэри түмэн, бастакы бэрэсидьиэн Михаил Николаев өйөбүлүнэн “СӨ Ырыа айааччыларын сойууһа” тэриллибитэ. Бэрэссэдээтэлинэн Анастасия Варламова бэйэтэ анаммыта. Дьэ, ити кэмтэн Сойуус айар үлэтэ саҕаламмыта. 2004 сыллаахха Анастасия Николаевна доруобуйата мөлтөөн, бырабылыанньа талыытынан, бэрэссэдээтэлинэн миигин анаабыттара. Сойуус ырыа айааччылар олохторун, айар үлэлэрин үйэтитэр, саха ырыатын ис туругун, уус-уран таһымын үрдэтэр, сырдатар үлэни ыытар, ырыалары нуотаҕа түһэрэр, эдэр ырыа айааччылары, хоһоонньуттары кытта үлэлэһэр, кэнсиэрдэри, куонкурустары, аһымал санаа тэрээһиннэрин тэрийэр, кыттар аналлаах. Билиҥҥи туругунан Сойууска 5 норуодунай артыыс, 1 Арассыыйа, 20-тэн тахса СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, 40-ча СӨ култууратын туйгуна бааллар. Уопсайа 100-чэкэ буоллубут.
– Олус киэҥ хабааннаах үлэҕититтэн сүрүн суолталаахтарын ааҕааччыларбытыгар билиһиннэриэх эрэ.
– Ботуруйуоттуу иитиигэ ураты болҕомтону уурабыт. Ити Ийэ дойдуну эрэ кытта буолбакка, дьиэ кэргэни, ийэни, аҕаны кытта ситимнээх өйдөбүл. Хомсомуолу туойбут Федор Лобанов, Денис Данилов айар кэнсиэрдэринэн саҕалаабыппыт. Анастасия Варламова этии киллэрэн, өссө кини тыыннааҕар “Биһик ырыата” диэн куонкуруһу тэрийбиппит. Ити тыл арай оҕо биһигин эрэ кытта ситимнээх курдук эрээри, ис-иһигэр киирдэххэ, эмиэ олус дириҥ өйдөбүллээх. Бүтүн сири-дойдуну хабар. Ыалы туругурдар ырыаларга куонкурус тэриллибитэ. Улуу Кыайыыга аналлаах кэнсиэр сыллата ыытыллар. Быйыл Кыайыы 75 сылынан “Кыайыы ырыалара” диэн куонкуруһу онлайн-эрэсииминэн ыытан, ырыалары бэчээккэ таһаараары бэлэмнии сылдьабыт. Үйэтитии чааһыгар “Ырыа кырдала” диэн саайт арыллыбыта. Онно өрөспүүбүлүкэҕэ баар ырыа айааччылар ааттарын, ырыаларын тылларын киллэрбиппит. Дьон сүрдээҕин туһанар. 2000 сылтан сахалыы караоке тахсар буолбута. Ити – мин ааптар быһыытынан бырайыагым. Барыта сэттэ диискэҕэ 140 ырыа киирдэ. Байаанынан ыллыыр дьону, байаанынан ылланар ырыалары дьоҥҥо-сэргэҕэ таһаарарга ураты интэриэстээхпит. “Истиий дуу, байааным ырыатын” кэнсиэр бырайыага ыытыллар. “Ымыылаах ырыаһыттар” бырайыагынан 14 киһиэхэ киинэ оҥоһуллан, “Саха” НКИХ пуондатыгар хараллан сыталлар.
Сүрүн баайбыт – антология
– Биирдиилээн ырыа айааччылары үйэтитиигэ туох үлэ барарый?
– Быһа түһэн эттэххэ, биһиги сойууспут бас билэр үбэ-аһа суох. Онуоха ырыа айааччыларбыт биир дойдулаахтара көмөлөһөн абырыыллар. Бэлиэ дааталаах дьоммут дойдуларын дьонугар эттэххэ, үөрүүнэн ылсаллар. Ырыаны нуотаҕа түһэриини, идэтийиини бэйэбитигэр ылабыт. Саха муусукатын төрүттээбит композитор Марк Жирковка аналлаах тэрээһин үрдүк таһымнаах барбыта. Ырыалара аранжировкаламмыттара, бары эйгэҕэ сырдатыллыбыта. Саха ырыатын аан бастаан Москубаҕа илдьэн нуотаҕа түһэртэрбит Адам Скрябин кэриэһигэр эмиэ элбэх тэрээһин ыытыллыбыта. Валерий Ноев үбүлүөйдээх даататынан сибээстээн, Култуура министиэристибэтин иһинээҕи ресурснай-бырайыактыыр киини кытта сылы быһа элбэх тэрээһини ыыппыппыт. Аркадий Алексеевка 80 сааһынан саха ырыа айааччыларыттан аан бастакынан “СӨ бочуотунай олохтооҕо” аат иҥэриллэрин ситиспиппит. Павел Акимов, Серафим Павлов, Егор Поликарпов ырыалара эмиэ биһиги Сойууспут үлэтинэн нуотаҕа үйэтитиллибиттэрэ. Алампа Софронов “Ыллыым ээ, ыллыым” диэн айымньыларынан нуоталаах кинигэ бэлэмнэммитэ. Быйыл Денис Данилов төрөөбүтэ 85 сылын туолар. Биир дойдулаахтара, Таатта дьоно-сэргэтэ, тэрээһин үлэҕэ сүүрэ-көтө сылдьаллар. Хамсык туран, ыһыллыы-тоҕуллуу да буоллар, атын да ханаалынан кэмигэр хайаан даҕаны бэлиэтиэхпит. “СӨ Ырыа айааччыларын сойууһа” диэн туһунан нуоталаах хомуурунньук тахсыбыта. Биир сүрүн үлэбит – саха композитордара, ырыа айааччылара үйэтитиллибит икки туомнаах “Саха ырыатын антологията”. Ити идиэйэни бастакынан Виталий Андросов көтөхпүтэ. Анатолий Семёнов балта Тамара Николаевна Семёнова сүрдээҕин көмөлөспүтэ. Нуотаҕа түһэриигэ, сүрүннээн, Степан Васильевтыын икки сыл үлэлээбиппит. “Бичик” Кинигэ кыһатын үлэһитэ Надежда Андросова ис сүрэҕиттэн ылсан, үлэлэспитэ. Антология билигин да атыыга баар.
– Улуустарга ырыа айааччылар түмсүүлэрэ бааллар дуо?
– Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан, Нам, Таатта, Горнай, Бүлүү улуустарын ырыа айааччыларын түмсүүлэрэ таһымнаах үлэни ыыталлар. Нам, Уус Алдан, Хаҥалас улуустара былырыын 40 сылларын бэлиэтээбиттэрэ. Бэйэлэрин истэригэр ырыалар хомуурунньуктарын таһаараллар, ырыа айааччыларын бэлиэтииллэр. Биһиги миэстэтигэр тахсан, сүбэ-ама биэрэбит, өйүүбүт, тэрээһиннэри ыытыһабыт. Оннук хас биирдии улуус суолталанар.
Элбэхтэн бастыҥ сиидэлэниэ диэн эрэнэбит
– Сойууска киирэргэ туох ирдэбил баарый?
– Ырыа айааччы, бастатан туран, дьоҥҥо-сэргэҕэ биллибит, суолталаммыт, духуобунай, уус-уран да өттүнэн таһымнаах, иитиигэ суолталаах ырыалардаах буолуохтаах. Уопсастыбаннай тэрилтэ буоларбыт быһыытынан, ааптар уопсастыбаҕа аныыр үлэтин эмиэ сыаналыыбыт. Биһиги Сойууспут чилиэннэриттэн хас биирдиилэрэ – биллэр лиичинэстэр. Холобур, Ольга Иванова, Анастасия Варламова, Аркадий Алексеев, Виталий Андросов, Владимир Заболоцкай, Владимир Татаринов, Галина Шахурдина курдук саха эрэ барыта билэр уһулуччулаах ырыа айааччыларыттан саҕалаан, бүгүҥҥү эдэр мэлэдьиистэр норуокка дьайар күүстэрэ улахан. Тоҕо диэтэххэ, ханна даҕаны мэлэдьиис тула дьон түмсэр, нэһилиэк, ансаамбыл кута-сүрэ түстэнэр. “Незаменимых людей не бывает” диэн этии биһиги эйгэбитигэр сөп түбэспэт. Биһиэхэ, төттөрүтүн, “киһини киһи солбуйбат” диэн өйдөбүл барсар. Онон ырыа айааччы ханна даҕаны сыаналаныахтаах.
– «Сойуус эдэр чилиэннэрэ» диэн кимнээхтэрий? Ити чааһыгар хайдах үлэлэһэҕитий?
– Дьэ, ити – саамай ыарыылаах боппуруоспут. Үчүгэй матыыптаах ырыалар 70-80-с сылларга айыллыбыттар эбит. Киһи аралдьыйара аҕыйах, айылҕаҕа чугас кэмэ буолан, дьиҥ иэйии түмүгэр айыллыбыт ырыалар ураты тыыннаахтар. Билигин ырыа айааччы олус элбээтэ. Чэпчэки тыллаах, уустуга суох матыыптаах, кыра диапазоннаах, кэпсээн эрэр курдук ырыалар “ыһан” кэбистилэр. Ол эрээри тус бэйэм туһунан буочардаах, киһи “һык” гынар ырыатын истэ иликпин. Онуоха информация, тастан киирэр муусука сабыдыала улахан дии саныыбын. Ким баҕарар ырыаны айар, тарҕатар, истээччитин булунар кыахтанна. Харчыга охтуу быһаарар оруолланна. Айымньы толору, сиппит-хоппут эрэ буоллаҕына, айымньы дэнэр. Үчүгэй матыыптаах эрээри, дьиҥнээх лирика уобараһын тиэрдибэт тыллаах буоллаҕына, итэҕэс буолар. Уһуур, тэнийэр кыаҕа суох. Кэм-кэрдии ону симэлитэр, сүтэрэр. Эдэр ырыа айааччыларбыт испииһэгэ Уля Сергучева-Күннэй, Антон Иванов, Алексей Потапов, Өркөн, Лэгэнтэй, Далаана көлүөнэлэринэн тохтоон турар. Саамай эдэрдэрбит 30-ча саастаахтар. Эдэрдэри билиҥҥитэ Сойууска ылартан туттунабыт. Эдэр ырыаһыттар ырыаларын тупсарыыга “Саха” НКИХ эрэдээктэрэ Иван Тарасов архыыпка хасыһан, тыл, муусука үөрэхтээхтэрин кытта ырыалар сыанабылларыгар сүрдээҕин үлэлэһэр, бэчээккэ хам-түм ырытыы тахсар. Ону истэн, ааҕан, ким эрэ тардынар. Оттон ылыммат киһи ылыммат. Ыччаттары кытта үлэлэһиигэ “Этигэн хомус” бириэмийэ куонкуруһа улахан оруоллааҕа. Ол тохтообута охсуулаах. Элбэхтэн бастыҥ сиидэлэнэн тахсыа диэн улахан эрэллээхпит. Билиҥҥи ыччат эйгэтигэр олус сэҥээриллэр Китджа диэн ырыаһыт айар үлэтигэр болҕомтобутун уурабыт. Сонун тыллаах уонна матыыптаах ырыатынан атын хайысхаҕа үлэни саҕалаата. Тугу саҥарарыгар 100 бырыһыан эрэллээҕэ көстөр. Аскалон Семёнов диэн тыыппалаах, үчүгэй тыллаах-өстөөх ыччат тахсан эрэр. Ырыа айааччылар хоһоонньуттары кытта бииргэ үлэлэһэллэрэ олус наада. Ырыа норуот тыллаах буолуутугар улахан оруоллаах.
Үүнэр көлүөнэҕэ аныахпыт
– Үлэҕит салгыытын туохха көрөҕүн?
– Төһө даҕаны билиҥҥи турук санааны көтөхпөтөҕүн иһин, саҥа көлүөнэ ырыа айааччылар үүнэллэригэр, сайдалларыгар эрэнэбит. Билиҥҥи кэм тэтимэ, дьүрүскэнэ эмиэ этэр этиилэниэ. Ону ааһан эрэр көлүөнэ туора түһэрбит сатаммат. Хайысхалаан, үчүгэйи дэлэтэллэригэр үлэлэһиэхпит. Үлэ үүнэр көлүөнэттэн саҕаланыахтаах. Биир улахан баҕабыт – Оҕо ырыатын антологиятын таһаарыы. Ырыаны нуотаҕа түһэриини салгыы да ыытыахпыт. Аудиоматырыйаал диэн – туһунан матырыйаал. Оттон кумааҕыга түспүт – сүппэт. Тыл баарын тухары норуот баар. Норуот баарын тухары судаарыстыбаннас баар. Саха ырыатын айааччылар өрөспүүбүлүкэ туруктаах буоларыгар эмиэ сэмэй кылааппытын киллэрсэбит. Саха ырыата-тойуга хомуурунньукка, устууга үйэтитиллэн, өр кэмҥэ ылланарын, салҕанарын, норуот уоһугар хааларын туһугар салгыы да үлэлэһиэхпит.
Оксана ЖИРКОВА.