Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2020 » Алтынньы » 23 » БИҺИГИ - “ТАҤНАРЫ ХАЙЫЫЛААХТАР”
БИҺИГИ - “ТАҤНАРЫ ХАЙЫЫЛААХТАР”
17:10

БИҺИГИ - “ТАҤНАРЫ ХАЙЫЫЛААХТАР”

Бокуой булбакка хаһыаттарбын аахпакка сылдьыбыппын, сорохторун көтүтэн кэбиспиппин. Сайылыктан көһүү уонна саҥа кинигэбин таһааттарыы түбүктэрэ. Кинигэ таһааттарыы, бу - оҕо төрөөһүнэ. Оҕо көтөҕөөччү – “Бичик” кинигэ кыһата.

Хаһыаттарбын дьэ сыымайдаатым, сонун да бөҕөтө тахсыбыт. Суруйуулартан көрдөххө, төһө да сүөһүгэ курдук “томторук” (мааска)кэтэрдэ сатааталлар дьон син кэлэ-бара, наадатын быһаарса, олох олоро сатыыр эбит. Мин олорор олоххо төһө да күчүмэҕэй кэмнэр турдаллар санаа түһүүтэ суох, юмордаах, кэмигэр дьээбэлэрдээх суруйуулары сөбүлээн ааҕабын.

Сонун арааһа тахсыбыт. Быраатым Ермолай Скрябин “норуот киһитэ” эбит уонна 70 сааһын томточчу туолбут. Эҕэрдэ буоллун! Кини туһунан Улар Моисеев суруйуута тахсыбыт (“Туймаада”, 06.08.2020 с.). Ермолай аҕата ааспыт кырыктаах сэрииттэн тыыннаах ордон кэлбит дьоллоох киһи. Онон Ермолай аҕалаах улааппыт эмиэ дьоллоох киһи.

Оттон мин аҕам икки төгүл бааһыран эмтэнээт өсөһөн үсүһүн киирэн охтубут. Төттөрү сүргүөх буоллаҕа буолуо. Ермолайдыын “төттөрү сүргүөхтэр, таҥнары хайыылаахтар” дэнэбит. Ити өттүнэн уруулуубут, онтубут оччотооҕу оскуола саҕаттан быһыыбытыгар -майгыбытыгар олохсуйбут быһыылаах. 60-ча сыллааҕыта кыра Ермолай уруокка олорон учууталыгар “күрүчүөктээх” ыйытыылара биэрэ олорорун көрөр курдукпун. Онтукпут бэйэбититтэн арахсыбакка кытта кырыйдаҕа. Оок, алтынньы бастакы күнүгэр Оруоһунум суруга тахсыбыт эбит. Ол иһин тугум эрэ итэҕэс курдуга.

Бэрт элбэх киһини хаарыйбыт. “Кинилэр тустарынан эмиэ “сырдата” түстэхпитинэ сатаныыһы” - диэбит. Тус бэйэтин аатыттан сырдата “түстэхпинэ” диэбэтэх, “түстэхпитинэ” диир эбит, кыттыгас дьонун умнубатах, ааттарын эрэ ааттаабат. Миэхэ эмиэ хас да строканы анаабыт. М.Сибиряковтыы эттэххэ, киниэхэ махталым муҥура суох. Тус бэйэм быһаарыы биэрэбин, атыттар бэйэлэрин дьыалалара.

Быһаарыыта да судургу, иккигэ иккини эбэр курдук. “Иван Бурцев диэн киһи: ”Айсен Николаев Ухханы утары донуос суруйбут” – диэн айахтаппыт. Ол Бурцев А.Николаев үҥсүү суругун аахпыт, көрбүт дуо? Эбэтэр “кимтэн эрэ” истибитим диир дуо?”, - диэбит. Оруоһун маннык суруга 1936 сылга тахсыбыта эбитэ буоллар ытыллыбатахпына, Эһэ Хайаҕа, эбэтэр Өймөкөөммөр буор хаһа ыытыллыам этэ. Бу, бастакыта. ИккиҺигэр: “Өссө Иван Бурцев киһиргии – киһиргии эппитэ: ”Оруоһун дьиэтэ-уота суох, хаамаайы”, - диэн “дьыбардаах” этэн турар”. Балары мин бу эрэ булан аахтым. Эрдэ аахпыттар телефонунан киһиҥ кыраабыт эҥин диэбиттэрэ да ханнык да кырыыс тыллар баалларын

аахпатым. Урут ойууннарынан куттаабыт этэ да олоруҥ айыы ойууттара буоллахтарына Оруоһуну - уолларын бэйэтин сэмэлиэхтэрин, чанчыгыттан тардыахтарын сөп, били Сталин Хрущевка: “Уймись, дурак”, - диэбитин курдук. Айсен Николаев Уххаҥҥа донуоһун туһунан хаһыаттар суруйбуттарын ааҕаммын Багдарыын Сүлбэ 80 сааһын бэлиэтээһиҥҥэ “айахтатан” турабын. Ол эрэ буолбатах, өссө иккитэ - хаста суруйбут буолуохтаахпын,

А.Николаев хаһан Уххантан бырастыы гынарыгар көрдөһөр диэн ис хоһоонноох. Донуос туһалаах баайбытын босхо апчарыйар кэлии омуктары Уххан утарар, националист, дьыалатын көрүөххэ, холуобунай дьыалата тэрийиэххэ диэн ис хоһоонноох республика прокурорун А.Подласенко аатыгар суруллубут этэ. Ухханы итинтэн саҕалаан хас эмэ сыл сорун-сордоон, дьиэтин-уотун, компьютерын чүүччэйэн баран тугу да булбатахтара. Түмүгэр А.Подласенко Уххантан бырастыы гын диэн официальнайдык көрдөһөргө күһэллибитэ.

Арай А.Николаевтан аныаха диэри туох да суох. Этэллэринии, сиэгэн курдук тиҥсирийэ сылдьан сапка тиһээччи Оруоһун итини билбэт эбит дуу? Киһи итэҕэйбэт. Оруоһун, кырдьык билбэт буоллаххына Уххан “Аллах над Якутией” диэн дьоһуннаах кинигэтин 234 уонна 641 сирэйдэрин арыйан аах. Маннык кинигэ хаһан да сурулла илигэ уонна суруллуо да биллибэт. Уххан күннүү-күөнэхтии, республиканы аҥардастыы атыылыы сылдьар дьону утары турбута, куттамматаҕа, эн курдук бокуонньуктары сүгүн сытыарбакка хоруоптарын арыйа сатаабатаҕа. Иккиһинэн, мин “Оруоһун хаамаайы” диэн эппэтэҕим, оччолорго Дьааҥыга сылдьыбатаҕым, дьиэтэ-уота суох арыгылыы сылдьарын хантан көрүөхпүнүй?

Урут итини өйдүүр киһи өйдүүрүн курдук сөпкө быһааран суруйбутум да төбөтүгэр киирбэт эбит. Хатылыыбын. Общественность мунньаҕар биир дойдулааҕа В.Стручков баара. Киниттэн мунньахха олорооччулар биир дойдулааҕа Оруоһун туох киһитин ыйыппыттара. Виктор Павлович наһаа баҕарбат, кыбыстыылаах да буоллар хоруйдуурга тиийбитэ быһыылааҕа. Оруоһун университеты кыайан бүтэрбэтэҕин, дойдутугар ускул-тэскил, арыгылыы сылдьыбытын, быраҕыллыбыт, иччитэх дьиэлэргэ хонорун туһунан олорор дьон бары истэллэрин курдук кэпсээбитэ. Ыйыппыттарыгар хоруйдуо суоҕа дуо?

Онно “дайды сахаларын” кытта киирсэбин диэбитин эмиэ бары истибиппит. Аанньа киһи буолбатах эбит диэн өйдөбүлгэ кэллэхпит дии. Итини хата “Туймаада” Оруоһун суруктарын таһаартаан бигэргэттэ, бу киһи кимэ-туга дьиҥнээхтик билиннэ. Көстөрүн курдук, Оруоһун мин туспунан суруйуута ууну сурутуу, ууну

хаар, хаары уу диэбиккэ тэҥ. Ыстатыйатыгар атын да дьону ахтыталаабыта оннук, сымыйа, олоҕо суох ини дии саныыбын, ити кэнниттэн. Хаһыаттарбын салгыы ааҕабын. “Туймаада” алтынньы 8 күнүнээҕи нүөмэригэр Саха конгреһын бырабылыанньатын суруга тахсыбыт. Туһаайыы саха сирин уопсастыбаннаһыгар анаммыт. Туһаайыыны атырдьах ыйын 15 күнүгэр ылыммыттар да хаһыакка тоҕо эрэ хойутаан биэрбиттэр. Ис хоһооно – Оруоһун суруктара оруна суоҕун, былыр үйэҕэ суох буолбут, саха киэн туттар, үтүөлэрэ-мөкүлэрэ быһаарыллыбыта ырааппыт “дайды сахаларын” сүгүн сытыарыахха диэн эбит.

Бу сурукка киһи “олуона” диирэ суохха дылы. Бу уустук кэмҥэ аҕыйах саха уонна хотугу норуоттар биир сомоҕо буолуохха, оччоҕо эрэ үйэбит уһуо диибит да ону сөбүлээбэттэр көстөн тахса тураллара баар суол. Саха конгреһын дьоно сөпкө суруйаллар. “Туймаадаҕа” уонна ”Кыымҥа” атаһым И.Пономарев ыстатыйалара сырыы аайы тахсыбыттар. Төһө да ис-испиттэн өйөөтөрбүн Иван Петрович суруйууларын ситэн ааҕыа суохпун быһыылаах. Ардыгар таах муҥнанар, тугу да өйдөөбөт чиновниктары хаһан сэҥээрдээри дии саныыбын. Компьютерга бэчээттээбэт киһи диэтэххэ сөҕүмэр үлэни илиинэн суруйар, харыстаныах этэ, наһаа улахан ноҕуруусканы ылынна. Илистиилээх үлэ! “Туймаада” алтынньы 15 күнүнээҕи саҥа нүөмэрин арыйабын.

Сонун бөҕөтө бэчээттэммит. Бэйэм Тумарча туһунан суруйуум тахсыбыт. Махтал! Бай, норуот киһитэ Ермолай Скрябин Оруоһуну көмүскээбит. Конгресс дьоно суруйуо суохтаахтар, хабахха тыыныахтаах эбиттэр, оттон Оруоһун суруйара син үһү. Дэлби үөрэтэлээбит. “Оруоһун историкпын дэммэт” - диир. “Эдэр историк” диэн сүрэхтээбиттэрэ баара дии, ону утарбатаҕа, “мин историк буолбатахпын” диэбитэ суох. Ермолай бу сырыыга таҥнары хайыытын кэппит курдук. Улар Моисеев “Ермолай Скрябин – норуот киһитэ” диэн суруйуутугар “...сыыһар да буоллаҕына киниэнэ барыта ис сүрэхтэн, нууччалыы эттэххэ эмоцияттан” диэбитэ баар.

Бырааттарын, конгресс дьонун наһаа мөҥүө суоҕа этэ. Республика күнүгэр биһигини таһааран хаамтарар, наһаа атаҕастаары гыннахтарына пикети, миитини тэрийэ сатыыр, мөҕүллэр, сиилэнэр, бэл сууттанар дьоммут кинилэр эрэ хааллылар. Бу күннэргэ Амма өрүс барахсаны көмүскээн өлө-тиллэ сылдьаллар. Кинилэр тэрээһиннэригэр биир эмэ суруйааччы, соҕотох Тумарчаттан ураты, кыттыһа тахсыбытын көрө иликпин, эгэ учуонайдарбыт тахсыахтара дуо. Ити көмүскүүр Оруоһуҥҥун онно көрүөҥ суоҕа. Ити тэрээһиннэргэ Намтан Ф.Колесов уонна А.Дунаев барахсаттар дьоннорун илдьэ кэлэллэрин күндүтүк саныыбын. Биир “төттөрү сүргүөх” санаам итинник.

Хаһыат бу нүөмэригэр Мархаттан М.Афанасьев “Лааһар Рожины бобор сыыһа” диэн суруйуута баар. Кини Ласков, Скрипин сыыһаларын тустарынан архыып матырыйаалларыгар олоҕуран суруллубуттарын булан ааҕара буоллар. Суруллубуттара ээ, ону умна быһыытыйбыппыт, уоскуйбуппут, маннык күөттээн таһаарыахтара диэбэтэхпит буолуо. Оттон Оруоһун сыыһатын дакаастыыр суруйуу “Кыым” хаһыакка киирэн сукуна анныгар анньыллан сытара иһиллэр. Ону сууттаһан да бэчээттэппэккин, бары чааһынай хаһыаттар, кимиэхэ да бас бэриммэттэр .

М.Афанасьев РФ Конституциятын 29 ыстатыйатын ахтар эбит да, ити Төрүт сокуоммутун ким эмэ тутуһар дуо? Бэл Үрдүкү былаас былаһын тухары кэһэ олорорун туһунан бэчээт барыта сырдатар . Оттон бэйэбит сууппут хайдаҕын туһунан төһөлөөх суруйдулар, олоруҥ Оруоһуну суруйдун ээ диэхтэрэ турдаҕа. Уонна тугу булан ылаҕын? Мин Оруоһун суруйууларын утарабын, наһаа нүдьү-балайдар, биир оннук суругар ити хоруй биэрдим, биэриэм даҕаны.

“Мин саха литературатын да, историятын да үчүгэйдик билбэппин” диир эбиккин да , Михаил Афанасьев, ити итэҕэскин Оруоһун суруктарыттан ситэринэриҥ саарбах буолуо. Дьиҥнээх историктары ааҕа түһэриҥ наада. Ити баҕа санаа. Түмүкпэр архыып туһунан. Архыып матырыйааллара дэлэйдэр. Улахан политиктар итини хайа баҕарар эргитэ сылдьан туһаналлар. Сталины урусхаллыахтара, Хрущевы кэһэтиэхтэрэ, Брежневтан, Горбочевтан тугу да хаалларыахтара суоҕа, эгэ Ельцины киһилиэхтэрэ дуо? Соторутааҕыта Сталины көмүскээбиттэрэ, онтон Хрущевы өрө туппуттара,

Брежневы хайҕаабыттара. Улахан политиктар барытын сатаан туһаналлар, архыыпка барыта баар, хайаларын туһатыгар да, ночоотугар да . Биир өттүн туһаннахха кими баҕарар сууһарыахха сөп. Оруоһуҥҥа кыра хамнаска оннук суолу ыйан биэрбиттэр курдук да, киһилэрэ сатаабат, өнүйбэт курдук. Кини соҕотох буолбатаҕын санатара эмиэ баар, онон саха норуотун утары “Рожинецтар” диэн бөлөх тэрилиннэ дуо? Лиидэрдэрэ Оруоһун буоллаҕа дуу? Оччотугар олох да долгуйар наадата суох. Хата сомоҕолоһуу боппуруоһун күүһүрдүөххэ, норуот интэриэһин өссө күүскэ туруорсуохха, оруоһуннарга уонна кинилэр “попугайдарыгар” болҕомтону уурумуохха, аралдьыйымыахха. Кэммит наһаа уустук, былдьаһыктаах.

Иван БУРЦЕВ 16.10.2020 с.

Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 958 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Алтынньы 2020  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 32
Ыалдьыттар (гостей): 32
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024