Бөх-сыыс мунньуллара, тулалыыр эйгэни буортулуура, киһи доруобуйатыгар охсоро – аныгы киһи аймах биир сытыы кыһалҕата. Дьэ, ону бары да көрө-билэ сылдьабыт. Арассыыйа хас да эригийиэнигэр ол туһуттан улахан айдаан тахсыбыта да ону көрдөрөр. Биһигини эмиэ ити кыһалҕа тумнубата.
Национальнай бырайыак чэрчитинэн
Кэнники кэмҥэ федеральнай былаас экологияҕа, дуона суох да буоллар, болҕомто ууран, “Экология” национальнай бырайыакка үп көрүлүннэ. Онно бөҕү-сыыһы ыраастааһыҥҥа анаан үп тыырыллыбыта. Ол иһигэр Саха сирэ киирсэн, Дьокуускайга, Бүлүүгэ, Ньурбаҕа, Мииринэйгэ кытаанах бөҕү-сыыһы мунньар, дьаарыстыыр уонна ону уматар полигон тутуллар буолан, үөрүүбүт үгүс этэ.
Тоҕо диэтэххэ, тыаҕа сылдьан, бөх ханна да тиэллибэккэ, сорох нэһилиэнньэлээх пууннар аттыларыгар сыбаалка буолан, сытыйа-ымыйа, тулалыыр эйгэни киртитэ сытара көрүөххэ сүөргү буолааччы. Эбиитин, холобур, Бүлүү өрүс киртийиитигэр бырамыысыланньыктар уопсастыбанньыктары, өрүс кытылынан олорор нэһилиэнньэни: “Эһиги бэйэҕит бөххүтүн хомуйбакка, онтугут өрүһү киртитэрин билиммэккит!” – диэн сирэй-харах анньыбыттара истиэххэ куһаҕана сүр этэ.
Дьэ, онон, кэмниэ кэнэҕэс биһиги да сирбитигэр бөҕү-сыыһы дьапсынар, аныгылыы дьаһанар кэммит кэллэ, мантан салгыы атын да улуустарга тутуллан, олоххо киирэн иһиэхтэрэ диэн үөрэбит. Ол эрээри... дииргэ тиийэбит. “Биир мүөттээх буочуканы кыра ньуоска дьүөкэт буортулуур” диэн өс хоһоонугар курдук буолла. Ол – Бүлүүгэ тутуллуохтаах полигон туһуттан айдаан.
Бөх полигона
Бүлүүтээҕи полигон туһунан ыйыталаспыкка, ДьУоХХ министиэристибэтин пресс-сулууспата: “Ол – муниципальнай тэриллии бырайыага. Кинилэртэн ыйыталаһыҥ”, – диэтэ. Онон Бүлүү МТ дьаһалтатын баһылыгын бырамыысыланнаска солбуйааччыта Никифор Саввиновка тахсан ыйыталастыбыт.
– Никифор Валерьевич, дорообо! Бу бырайыагы оҥоруу хайдах саҕаламмытай, ааҕааччыларга билиһиннэр эрэ.
– Дорообо. Бу кытаанах бөҕү-сыыһы хомуйар эбийиэги тутуу улуус сайдыытын бырагырааматыгар баар этэ. Ону олоххо киллэрэн, улуус Сэбиэтин дьокутааттара ити полигону тутар бырайыакка үбү көрөргө быһаарыы ылыммыттара. Бырайыагын тиэндэригэр “Ростройпроект” диэн тэрилтэ кыайан, оҥорбута. Аата – “Полигон с комплексной обработкой твердых коммунальных отходов (ТКО)” диэн. Бырайыак быһыытынан, манна кытаанах бөх-сыыс наарданан, хос переработкаланан, сороҕо, инсинератор диэн тэрилгэ уматыллыахтаах. Полигоҥҥа Бүлүү куорат, Сосновка, Чернышевскай, Өкүндү нэһилиэнньэтин бөҕө-сыыһа хараллыахтаах. “Экология” Национальнай бырайыакка бу тутууну киллэрэн, федеральнай бырагыраамаҕа хапсан, 2023 сылга үбүлээһинэ көрүллүөхтээх.
– Бу полигоҥҥа туттуллуохтаах технологияны “хаалыылаах, быраҕыллыбыт” диэн сорохтор этэллэр эбит, ол хайдаҕый?
– Итиннэ туттуллуохтаах тэрил “ЭКОМАШ” диэн тэрилтэ киэнэ. Кырдьык, Саха сиригэр урут туттулла илик технология гынан баран, кинилэр Арктика атын эрэгийиэннэригэр итини апробациялаан, туһана сылдьаллар. Онон “хаалыылаах да, эргэрбит да” технология буолбатах. Биһиги ол иһин итини талбыппыт, бэйэлэригэр тахсан, барытын билсэ, көрө-билэ сылдьабыт.
– Оттон сирин хайдах талбыккытый?
– Сирин таларга анал биэдэмистибэтээҕи хамыыһыйа тэриллэн үлэлээбитэ, хас да барыйааны көрбүппүт, холобур, Бүлүү сыбаалкатын. Ол эрээри итиннэ анал ирдэбиллэр тураллар. Холобур, Бүлүү сыбаалката авиапортан 9 км. сиргэ сытар, оттон ирдэбил быһыытынан 15 км радиустаах сиргэ буолуохтаах диэн ирдэбил турар. Онон Росавиация итиннэ полигону тутары көҥүллээбэтэҕэ. Онтон Өкүндү диэки уу эбийиэктэрэ баалларынан, экология өттүнэн хааччахтаах буолбута, федеральнай суолунан Үөһээ Бүлүү диэки сири эмиэ “сөп түбэспэт” диэн экологтар бопсубуттара. Уотту таһыгар – оттуур сир, аны “Тымтайдаах” диэн ураты харыстанар сир (заповедник) бааллар. Инньэ гынан федеральнай тыраассанан 556 км. баар учаастагы талбыппыт.
– Дьон ону Сэттэмииннээх сирэ диэн сөбүлээбэт, утарар дии.
– Ол Сэттэмииннээх сирэ буолбатах. Чинэкэттэн – 7 км, Өкүндүттэн 6 км. тэйиччи сытар сир, ортото диэххэ сөп. Сэттэмииннээх тыраасса уҥа өттүгэр сытар, оттон полигон тутуллуохтаах сирэ – хаҥас өттүгэр. Дьон итиннэ полигон тутулуннаҕына, тулалыыр айылҕаны киртитиэ, буортулуо диэн куттаналлар. Оттон полигон аһаҕас халлаан анныгар тутуллар эбийиэк буолбатах ээ. Бу – саньытаарынай-эпидемиологическай ирдэбил тутуһуллар производственнай эбийиэгэ. Буруота, быыла бурҕаҥныа суоҕа, бырайыак кытаанах госэспэртиисэни ааһыахтаах.
Сэттэмииннээх диэн туох сирий?
Бу Сэттэмииннээх сайылыгар сыл аайы 100-тэн тахса ынах сүөһү сайылыыр эбит. Сэттэмииннээҕи кытта силбэһэ сытар Орообуна күөлгэ 25 ыал оттуур. Кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ бары кыттыһан, сайын аайы 50-тан тахса оту туруораллар. Сэттэмииннээх күөлгэ сайын илимнээн, кыһынын муҥхалаан көмүс хатырыктааҕыттан куруук бэриһиннэрэ тураллар эбит. Манна сайын олохтоохтор оҕолорун, сиэннэрин кытта астына-дуоһуйа сайылыыллар. Олус ытыктыыр сирдэрэ-уоттара эбит. Сэттэмииннээх Чернышевскай нэһилиэгиттэн Бүлүү федеральнай суолунан 8 км ыраах сытар. Полигон тутуллуохтаах сирин аттыгар баар маардарга сугун, тыатыгар отон, алаастарыгар моонньоҕон, хаптаҕас, дьэдьэн, биэ эмийэ өлгөмнүк үүнэр, айылҕа маанылаабыт бэрт кэрэ сирэ-уота.
Манна полигону туппакка!
Салгыы, олохтоохтор санааларыгар сигэнэбит.
Артур Протопопов, Чинэкэ нэһилиэгин баһылыга:
– Бу сиргэ полигон тутуллуохтааҕа 2018 сылтан биллэр. Ити сылтан нэһилиэнньэ сөбүлээбэтин тута биллэрбитэ. Пикиэт кытта тэриллэ сылдьыбыта да, туох да миэрэ ылыллыбата, норуот санаатын истибэтилэр. Билигин сирэ оҥоһуллан, бырайыагы билиһиннэрии саҕаланан эрэр. Былыргыттан, сопхуос саҕаттан, ити Сэттэмииннээххэ сайынын сүөһү сайылыыр аҕай сирэ-уота. Ити бэс тыатыгар дьон тахсан сир астыыр. Дьиҥэр, атын сири ыйа сылдьыбыппыт.
Биһиги билэрбитинэн, ханна да итинник хабааннаах полигон тутулла илик. Бастаан улахан куораттарга тутуллан хайдаҕын-тугун көрдөрдүн ээ. Баҕар, олох да сатаныа суоҕа. Оччоҕуна эмиэ боростуой сыбаалкаҕа кубулуйарыгар тиийэр дуо? Дьиҥинэн, нэһилиэнньэ полигон тутулларын утарбат. Сэттэмииннээххэ тутулларын утарар. Нэһилиэк дьокутааттара улуус Мунньаҕын сэбиэтигэр полигону тутууну көһөрөргө диэн суругу ыыттылар.
Ирина Нифонова, улуус дьокутаата, Чинэкэ нэһ.
– Бу 556 км. сир дииллэрэ син биир Сэттэмииннээх сайылык сирэ. Нэһилиэги аһатан олорор хаарыаннаахай сирбитин бэйэбититтэн ыйыппакка эрэ талбыттар. Онон биһиги, нэһилиэк олохтоохторо, иһэр уубутун харыстыахха, айылҕабытын көмүскүөххэ диэн санаалаах күүскэ утаран олоробут. Дьиҥинэн, дьон-сэргэ полигон туталларын олох утарбат – сирин уларыттарыҥ эрэ диир, ону туруорсар. Ол эрээри биһигини истибэттэр. Бу ый саҕаланыыта, сэтинньи 4 күнүгэр, зуумунан, публичнай истиилэр ыытыллыбыттара. Ол сокуону кэһиилээх ыытыллыбыта диэн туоһулуубун. Сокуон быһыытынан, публичнай истиилэри ыытар туһунан биллэрии баар буолуохтаах, ол сэттэ хонук инниттэн бэриллибит буолуохтаах. Оттон ол биллэриини биһиги былааспыт уоргана мунньах буолуо икки хонук иһигэр эрэ биллэрбитэ. Ол да үрдүнэн мунньахха кыттан, санаабын эппитим. Боротокуолга этии киллэртэрбиппит. Ол эрээри мунньаҕы тэрийэн ыытааччылар ол боротокуолу көрдөрө иликтэр. Онон этиилэрбит онно киирбиттэрин-суоҕун билбэппит.
Светлана Иванова, уопсастыбанньык, Чинэкэ олохтооҕо:
– Бу боппуруос турбута инньэ икки сыл буолла. 2018 сылтан быһаарыллыбакка, тардылла сылдьар. Дьиҥинэн, биһиги полигон тутуутун утарбат этибит ээ, сирин уларыттарары эрэ туруорса сатыыбыт. Биир сүбэнэн, атын сири талан ылар хайдах кыаллыа суоҕай? Суох, ону салалтабыт нэһилиэнньэ санаатын олох истибэт, бэйэтэ эппитин оҥорторо сатыыр. Билигин мин, бу курдук үлэни-хамнаһы көрө сылдьан, полигону утарыах санаам кэлэр. Холобур, уонча сыллааҕыта этэ дуу, улууска “скотомогильник” тутабыт диэн ааттаан, саҕалаабыттара уонна ону ситэрбэккэ хаалларан кэбиспиттэрэ. Билигин ол быраҕыллан таах сытар, ким да ону дьаһайбат, көрбөт-истибэт. Ким эппиэттиирин билбэппит. Тоҕо тохтообутун эмиэ билбэппит. Полигон эмиэ оннук быраҕыллан хаалыа суоҕа дуо? Өскөтүн оннук буоллаҕына – иэдээн. Сорох атын улууска курдук кыра бөҕү сыымайдаан уматар мини-собуот туруорар тоҕо кыаллыбатый? Холобур, Чурапчыга оннук баар дииллэр. Мин ыйытыым элбэх да, биһиги былааспыт онно хардарар санаата суох.
– Бу оптуорунньукка улуус дьаһалтатыгар ЗУУМ мунньах буолар үһү диэммин, таксыы тутан бара сырыттым. Онно сылдьан көрбүппүн-истибиппин кэпсиибин. ЗУУМунан мунньахха барыта 50-тан тахса киһи баара, ол барыта тэрилтэ салайааччылара, дьаһалта үлэһиттэрэ диэтилэр. Биһигиттэн, уопсастыбанньыктартан, кими да киллэрбэтэхтэрэ. Мунньахха полигон туһунан кэпсэтии буолбутугар биир даҕаны тэрилтэ салайааччыта биир тылы быктарбата. Дьэ, миигин ол улаханнык мунаахсытта. Баһылык Сергей Николаевич Винокуров “хайдаҕый, тугуй, ким туох санаалааҕый?” диэн хаста да ыйыта сатаата да, ким даҕаны тугу да ыйыппата, санаатын эппэтэ. Баһылык ону “чэ, миигин кытта сөбүлэһэллэр” диэн, бэйэтин санаатын эттэ уонна “уопсастыбаннас өттүттэн илии баттааһынын хомуйа сылдьаллар, биһиги өттүбүтүттэн эмиэ хомуйа сылдьабыт” диэн эттэ.
Мин өйдүүрбүнэн, кини “кимнээх миигин утары үлэлииллэрин билэбин” диэн этиитэ тактичнайа суохтук иһилиннэ. Элбэх киһи бииргэ үлэлииригэр хаһан баҕарар араас санаа иһиллэр, мөккүөр үөскүүр. Салайааччылар, мин санаабар, тугу да саҥарбакка, туттуналларын көрдөрдүлэр. “Сөбүлэстибит” да диэбэтилэр, “сөбүлэспэппит” да диэбэтилэр. Биир даҕаны киһи тыл эппэтэҕэ – бу эбэтэр куттаналларын эбэтэр кэлэйэллэрин көрдөрдө дии санаатым. Быһата, бу полигон боппуруоһугар кыттыспаппыт, ол эбэтэр иирсээҥҥэ киирбэппит диэн санаалаахтар. Аны бэҕэһээҥҥиттэн “полигону утарбаппыт!” диэн ким ханна суруйбута биллибэт сурук бассаапка күүлэйдии сылдьар. Ол туох да дьиҥнээх докумуон буолан туһаныллар кыаҕа суох. Аны бүддьүөт үлэһиттэрин “булгуччу илии баттыыгыт” диэбиттэр. Ол аата, эмиэ күһэйэн туран, норуот сөбүлээбэт быһаарыытын ыга үктээн ылларан эрдэхтэрэ.
Эспиэрдэр санаалара
Валентина Дмитриева, “Эйгэ” уопсастыбаннай киин салайааччыта:
– Дьиҥинэн, ким да утарбат ээ, бу полигону. Тутуллуохтаах сирин эрэ утараллар. Бүлүү улууһугар, ама, биир полигону тутар атын сир көстүбэтэх үһү дуо? Оттон бу дьоҥҥо санааларын этэр да кыаҕы биэрбэттэр эбит.
Наталья И:
– Дьиҥинэн, салалта уонна уопсастыбаннас, олохтоохтор, остуол нөҥүө-маҥаа олорон, утарыта турсууга киирбэккэ, бу ааспыт икки сыл устата киһилии кэпсэтэн, өйдөһөн, биир санаанан атын сир булбуттара ырааппыт буолуохтаах этэ.
***
Бу чэппиэргэ полигон боппуруоһугар Бүлүүгэ мунньахтыы СӨ Айылҕа харыстабылын миниистирэ Сахамин Афанасьев уонна ДьУОХХ миниистирэ Дмитрий Садовников тиийиэхтэрэ диэн буолла. Дьэ, онно быһаараллара буолуо. Мунньахха уопсастыбанньыктары эмиэ киллэрбэттэрэ дуу?
***
Экология боппуруоһа мантан инньэ өссө сытыырхайан иһэр чинчилээх. Онуоха салалта нэһилиэнньэни кытта тыл-тылга киирсэн, бииргэ үлэлэһэр ньымалары баһылыахтаах. Инньэ гына үөрэммэтэххэ, экология тиэмэтэ мэлдьи даҕаны дьону кыынньыа, оттон ону туруорсуу былааһы утарыыга кубулуйуо. Оттон ити элбэх үтүө дьыаланы атахтаабатын курдук, ханнык да бырайыак оҥоһуллуутугар, ханнык да хамыыһыйа үлэтигэр хайаан да дьиҥнээх уопсастыбаннаһы кытыннарар, санаатын истэр уонна учуоттуур наада.
Нина ГЕРАСИМОВА.