News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2020 » Ахсынньы » 3 » Татьяна Оһоҕостоох: “Дьэһиэйгэ тымныы наада”
Татьяна Оһоҕостоох: “Дьэһиэйгэ тымныы наада” | 19:27 |
Уопсастыба Кыым http://kyym.ru/sonunnar/obshchestvo/5979-tatyana-o-o-ostookh-de-iejge-tymnyy-naada
03.12.2020 16:30
“Биһигини, дьэһиэйдэри, өрүү сөҕөллөр — Саха сириттэн туспа олорон, хайдах Красноярскай кыраайга, ону ааһан Эбэҥки национальнай оройуонугар баар буолан баран, сахабытын ыһыктыбакка сылдьарбытын!”, – диэн кэпсээнин Дьэһиэй бөһүөлэгин баһылыга Татьяна Ануфриевна Осогосток саҕалыыр. “Мин олох аҕыйах саҥалаах киһибин, өр сэлэһэрбин сөбүлээбэппин, онон ыйытыыларгын биэрэн ис” диэн сэһэргэһээччим тута туруорсар. Тас сахалары – дьэһиэйдэри, кытары кэпсэтиим, төһө да аныгы тиэхиньикэ муҥутаан сайдыбыт үйэтэ буоллар, быста-быста, бэрт эрэйинэн саҕаланна. Сибээс, кырдьык, мөлтөх дойдута эбит. Кый ыраах баар Дьэһиэй бөһүөлэгэр тиийэн олохсуйбут бэйэбит дьоммут туох-хайдах дьаһанан олороллоруй? Кинилэри билигин туох долгутарый? Бу туһунан Татьяна Оһоҕостооҕу кытары уу сахалыы төлөпүөнүнэн кэпсэтиибиттэн ааҕыҥ.
glava
– Татьяна Ануфриевна, сибээспит олох быста-быста кэлэн сордоору гынна дии...
– Бу аата тупсан турар быһыыта ээ. Соторутааҕыта МТС сибээһэ биһиэхэ дьэ кэллэ, онон үөрэн олоробут. Биирдиилээн дьоҥҥо сыаналаах вай-фай туочукалара бааллар. Онтон атын сибээспит суох. Билигин улахан сири кытта сибээспит олох суох олоробут, суолбут турбакка уйабытыгар уу киирэн эрэр.
– Кыһыҥҥы суол дуо?
– Зимник. Бүгүн олус ичигэс турар, баара-суоҕа биэс эрэ кыраадыс. Былырыын баччаларга суолбут номнуо арыллааччы ээ. Быйыл тохсунньуга биирдэ дииллэр.
– Биһиэхэ эмиэ билигин да ичигэс кыһын турар, томороон тымныыларбыт түһэ иликтэр. Хоруона хамсыга эһиэхэ хайдаҕый?
– Бөһүөлэккэ ыалдьыбыт киһи диэн суох. Таҥара көмөтүнэн ити абааһы ыарыыта биһигини буулуу илик (үстэ силлиир). Оройуон киинигэр ыалдьыбыт дьон баар. Бэйэбит балыыһабытыгар икки биэлсэрдээхпит, балыыһабыт син саҥа соҕус, эминэн-томунан хааччыйдылар, икки сытар балааталаах. Ол эрээри ханнык да ИВЛ аппараата, КТ эҥин диэн суох. Оннооҕор оройуон киинигэр соччо быыһаммаккын. Онон барытын нууччалыы “на авось” эрэ диэн олоробут. Аны туран, анаалыс диэни олох ылбаттар. Дьон ыарыы сибикитэ суох аһарыналлар дииллэр.
– Бөһүөлэккэ хас киһи олороруй?
– Бу сыл саҥатыгар быстах бэрэпиискэлээҕи эҥин ааҕан официальнайдык 810 киһи диэн аахпыппыт. Биһиэхэ кэнники сылларга оҕо төрөөһүнэ биллэ улаатта. Сыл ахсын 20-чэ оҕо эбиллэ турар. Путин ыҥырыытын толоро олоробут. Ыччат баар, ханна да соччо барбат.
7c6683ca 8b6c 4355 80a2 e6d4d761d7a6
– Кэлии дьон бааллар дуу?
– Учууталлар кэлээччилэр. Дуогабардара бүттэ да бараллар. Биирдиилээн эрэ дьон хаалар. Быйыл Хакасияттан учууталлыы кэлбит хакаас кыыһа олохтоох саха уолугар ойох таҕыста, манна олохсуйдулар.
– Үлэ баар дуо?
– Хантан кэлиэҕэй? Үлэлиир киһи ахсааннаах. Бары булду, балыгы манаан олороллор. Ыччат киэҥ сиргэ соччо таласпат, онно тэһийбэттэр. Аны туран, кэнникинэн кыылбыт аччаан, бултаан да аһыырбыт ыарахан буолла. Өлөөҥҥө тиийэ бураанынан сырсан бултууллар. Ол, биллэн турар, улахан ороскуот.
– Таба иитиитинэн дьарыктанаҕыт дуо?
– Суох. Табабытын сүтэрбиппит ыраатта. Кыыл табаны эрэ эккирэтэбит. Бэйэбит табаларбыт кыылы кытары барсыбыттара. Саамай чугаһаабыта 60-90 км тэйиччи сиртэн бултууллар. Ити биһиги холбутугар өссө чугас. Дьэкэҥдэ диэн сир чугаһыгар тоһуйаллар. Бөрө мэнээктээбит дииллэр. Бөһүөлэккэ киирэрин киирбэт, ол эрээри элбээбит дииллэр. Бөрөнөн анаан дьарыктамматтар. Биирдиилээн дьон түүлээххэ саарбаны сырсаллар. Биһиэхэ куобах эҥин диэҥҥэ наадыйбаттар. Саас муҥхалыыбыт, сайын илимниибит. Быйыл балык баҕас баар. Эбэ кытыытыгар олорор буоламмыт абыранабыт. Аны туран, иллэрээ сыл эбэбит уута биллэ түспүтэ, быйыл баҕас уутаата (уу киирбит), уутаан баран тута бууһурбута (мууһурбута). Эбэ уутуурун тумуска баар улахан тааһынан кэмнээччибит. Быйыл ол таас уу анныгар сытта. Билигин биһиэхэ тымныы наада. Зимникпит тура охсуон наада. Зимнигинэн туох баар бородууктабыт, уматыкпыт кэлэр. Уматык биир лиитирэтэ 67,50 солк. Буочуканан ылар буоллаххына – 13,5 тыһ. солк. Уматык суох буолан, дьоммут бултуу барбакка олороллор. Сотору кыыл таба ааһыахтаах, оттон биһиэхэ уматыкпыт баччааҥҥа диэри суох.
cee917e8 4163 4c6e 82fc 2d622a5fc6d8
– Оччоҕуна бородууктаҕытын тугунан тиэйэҕит?
– Билигин айанньыттары аҕалар бөртөлүөтүнэн 600 кг тиэйэллэр. Бөһүөлэккэ официальнай биир лааппылаахпыт, ону таһынан биирдиилээн дьон дьиэтиттэн атыылыыр. Нэдиэлэҕэ биирдэ Турууттан (оройуон киинэ) бэнидиэнньиккэ бөртөлүөт кэлэр. Бэнидиэнньиккэ фрукта кэлбитэ. Мин үлэбиттэн нэһиилэ ордон аҕыйах фруктаҕа тиистим. Холобур, биир киилэ дьаабылыка, мандарин – 600 солк., банан, груша, виноград – 400 солк. Сымыыт кэлбит этэ. Хаска атыылаабыттарын билбэппин. Мин үйэҕэ тииспэппин. Дьон кэлин биирдиилээн кууруссаны тутар буолла. Ат, ынах диэни туппаппыт. Хортуоппуй үүммэт. Тэпилииссэлээхтэр оҕурсуну, помудуору, күөх туманы эҥин үүннэрэр буоллулар.
– Оттон килиэп?
– Килиэби дьон үксэ бэйэтэ астанар. Бөһүөлэккэ бэкээринэ баар. Биир бухааҥка килиэп – 66 солк.
– Кыыл табаҕытын киилэтин хаска туттараҕыт?
– Былырыын 90 солкуобайга туппуттара. Красноярскайтан нуучча урбаанньыттара кэлэн туталлар.
– Оттон тыһы?
– Тыһы туттарбаттар. Бэйэлэрэ туһаналлар. Этэрбэс оннугар боолдьоҕунан тиктэр буоллулар. Сыаната да удамыр уонна ичигэһэ сүрдээх.
– Оһоххутун тугунан оттоҕут?
– Маһынан эрэ. Тэрилтэлэрбитин киинтэн ититиигэ холбообуппут, онтубут эмиэ маһынан оттуллар. һугас эргин мас бүттэ. Саамай һугас 7-10 км сиртэн тиэйэллэр. Тиэйии өҥөтө 22-25 тыһ. солк. халбаҥныыр.
– Иһэр ууга муус хаһаанаҕыт дуо?
– Суох, буус диэни ылбаппыт. Эбэ үрдүгэр олорон тоҕо ылыахпытый? Бэйэбит баһан киллэрэбит.
efaa8862 e8a1 4e45 8bdd c02f0908fe1f
– Оскуолаҕа хас оҕо үөрэнэрий?
– 150 оҕо үөрэнэр. Уһуйааҥҥа – 75 кырачаан сылдьар. Уһуйааммытыгар миэстэ тиийбэт. Билигин 50 бырыһыан курдук оҕо уһуйаанынан хааччылыбакка олорор. Эһиил 22 оҕо бастакы кылааска киириэхтээх. Билигин аангылыйа тылын учуутала суох хаалан хааллыбыт. Булаллар ини.
– Саха тылын үөрэтэҕит дуо?
– Үөрэтэллэр, ол гынан баран чааһа олох кыра. Чуолкайа хас чаас көрүллэрин билбэппин. Оҕолорбут һахалыы һаҥараллар. Ол гынан баран аахпаттар, суруйбаттар. Эһиги учуобунньуккут биһиэхэ олох сөбө суох, ыарырҕатабыт. Мин биир бэйэм грамотаны билбэппин. Оҕолор “Хотугу сулус” диэн кыраайга киэҥник биллибит ансаамбыллаахтар, улахан дьоҥҥо “Дьүкэбил” (уһатыыта суох э) диэн түмсүү үчүгэйдик үлэлиир. Онно-манна кытта барыахтарын баҕараллар да, үп-харчы отой суох. Ырааттахтарына Турууга тиийэллэр.
– Красноярскайга диэри хайдах айаннаан тиийэҕитий?
– Дьэһиэйтэн Турууга диэри бөртөлүөтүнэн эбэтэр бураанынан. Бөртөлүөт сыаната 9 тыһ. тахса, онтон Турууттан Красноярскайга диэри 50 тыһ. солк. Кэлэ-бара 50 тыһ. солк. курдук буолар.
– Арыгы атыыта хайдаҕый?
– Арыгы диэн тугуй? Ээ, алкоголь дуо? Биһиги «иһит» диибит. Иһити маҕаһыыҥҥа атыылаабаттар, ол эрээри биирдиилээн дьон уоран син биир атыылыыллар. Бохсо сатыыбыт да, кыайа иликпит.
– Уонна туох уларыйыы баарый?
– Бу ахсынньыга оройуон баһылыгын быыбара буолаары турар. 4 киһи туруммут. Светлана Бети туруммута да, атын үлэҕэ көһөн устуммута. Мин үнүр дьокутааттарбын кытары кэпсэтэ сылдьыбытым. Дьонум билигин оройуон баһылыгын э.т., урукку баһылыкпыт бастакы солбуйааччытын Андрей Черкасовы өйүүллэр эбит.
– Оройуон, кыраай салалтата төһө өйүүллэрий?
– Туох диэхпин сөбүй... Соччо баалаабаттар. Кулууппутун тутуох буолан эрэннэрэллэр. Кулууппут отой сөбө суох, быыкаа дьиэҕэ симиллэн олоробут. Атын бөһүөлэктэргэ кулууптары тутуталыыллар, ол эрээри эмиэ быыкаа. “Биһиэхэ улаханы тутуҥ” диэн туруорсабыт.
– Бултуур учаастактаргыт бааллар дуо?
– Онтубут эмиэ айдаан. 2020 сылга аукцион биллэрбиттэрин мээнэ дьон кэлэллэр диэн, дьокутааттарбыныын туруорсан быстах кэмҥэ көтүртэрбиппит. Билигин саҥа баһылыктаннахпытына, туох-туох диэн туруо биллибэт. Иллэрээ сыл икки учаастакпытын мээнэ нууччаларга былдьатан турабыт...
– Саха сирин кытары сылдьыһаҕыт дуу?
– Биһигиттэн итиннэ оҕолор үөрэммиттэрэ. Билигин Александр Николаевич бураанынан сылдьыһааччы, ол эрээри уматык суох буолан барбата быһыылаах.
– Саха тэлэбиидэнньэтин эҥин көрөҕүт дуу, араадьыйаны истэҕит дуо?
– Биһиэхэ интэриниэт сибээһэ суох кэриэтэ буолан истибэппит, көрбөппүт. Үксүбүт “Триколор” спутник тэриэлкэтигэр холбонон олоробут, сорох дьон син эһиги биэриилэргитин холбонон көрөр, сахалыы ырыаны истэр быһыылаах. Дмитрий, мин эйигиттэн биир ыйытыылаахпын. Эһиэхэ бэйдиэ сылдьар ыттары хайдах дьаһайалларый? Биһиэхэ ол кыһалҕа кыайтарымаары гынна. Урут “Белка и Стрелка” диэннэр кэлэн ытыалыыллар этэ. Онон бэйдиэ сылдьар ыппытын бэрээдэктиир этибит. Оттон билигин ыттарбыт бэйэбитинээҕэр элбээтилэр, тыыннаахтыы сиэх курдуктар. Ордук оҕоҕо, саастаах дьоҥҥо кутталынан суоһууллар. Аны кинилэри өлөрөр сокуонунан көҥүллэммэт буолан турар. Мин биир бэйэм олох сөбө суох сокуон дии саныыбын. Эһиги тойотторгут онуоха туох санаалаахтара эбит буолла? Биһиэхэ манна ким кэлэн питомник туппут үһү? Ол ыттары стерилизациялыырга үп да суох. Биһиэхэ олох төһө да уустугун иһин, санаабытын түһэрбэппит, иннибит хоту баран иһэбит. Убайдарбытын (сахалары) кытары ыкса алтыһыахпытын баҕарабыт да, суол-иис мөлтөх, үп-харчы да суох...
– Татьяна Ануфриевна, кэпсээниҥ иһин махтал, этэҥҥэ эрэ буолуҥ!
Дмитрий ИВАНОВ.
|
Category: Саха |
Views: 1060 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 8 Ыалдьыттар (гостей): 8 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|