Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2021 » Тохсунньу » 28 » Саха Сирэ хайдах сайдыан сөбүй?
Саха Сирэ хайдах сайдыан сөбүй?
10:30

Саха Сирэ хайдах сайдыан сөбүй?

Билигин бары хайдах сайдыахха сөбүй диэн толкуйдуубут.

Ити боппуруоска улахан фундаментальнай үлэлэр бааллар.

Биир чаҕылхай үлэннэн буолар Гавриил Иосифович Чиряев кандидатскай үлэтигэр диссертцията. Ол онно Саха Сирэ хайдах промышленнай хайысханнан сайдыахтааҕын туһунан сурулла сылдьар.

_____

Примечание: Приоритетным направлением развития республики считал повышение эффективности геологоразведки. Благодаря этому были выявлены и подготовлены к промышленному освоению, помимо алмазных и золотоносных месторождений, запасы угля, нефти, природного газа, олова, сурьмы, железной руды, апатитов, вольфрама, редкоземельных металлов, драгоценных и полудрагоценных камней.

Геологическое управление Якутии в тот период было самым крупным в ССР.

В сжатые сроки был построен современный город Нерюнгри.

Введена в действие железнодорожная линия Тында — Беркакит — Угольная.

В городе Мирном была сдана в эксплуатацию самая крупная обогатительная фабрика № 3, возведены посёлки Айхал и Удачный.

С пуском в эксплуатацию 1-й и 2-й очередей Вилюйской ГЭС была решена задача устойчивого энергоснабжения предприятий алмазодобывающей промышленности и группы вилюйских районов.

Был проложен газопровод Таас — Тумус — Мастах и тем самым было осуществлено устойчивое обеспечение газом столицы республики — города Якутска и центральных районов, началась газификация сельской местности.

___________________

 

Экономическай наука доктора Егоров Егор Григорьевич үлэлэригэр Саха Сирэ Россия регионын быһыытынан промышленнай хайысхаттан ураты, тыа хаһаайыстыбатыгар хайдах сайдыахтааҕын туһунан быһаарбыта.

___________________

Примечание: Область научных интересов: разработка методологии региональных экономических исследований, изучение проблем размещения производительных сил и экономики переходного периода, экономики промышленности, формирования экономической самостоятельности и безопасности в условиях региона Севера.

_______________

 

Аан дойду үрдүнэн икки хайысханнан улахан уларыйыылар буола тураллар.

Бастакыта, урут кэпсэппиппит курдук, Айылҕа сокуонунан итийии-тымныйыы циклыгар киһи мэһэйдэһэн климат балысханнык (интенсивно) уларыйар.

Ол туһунан сиһилии “Чубайс. Грета. Байден” диэн ыстатыйа суруйбутум интэриниэт ситиминэн тарҕанна.

Иккиһинэн – короновирус.

 

Ити икки глобальнай турар кыһалҕалары туоратаары араас биллэр фондалар триллион долларынан бырахсар буоллулар.

Нефть, газ үксүн таҥас, тутуу матырыйаалларыгар туттуллуохтаахтарын биһиги оһоххо оттон кэбиһэбит.

Онон, нефтэн, газтан оттуктаах техникалары, массыыналары тохтотобут диэтилэр.

Нефть газ хостооһуна төһө эмит аҕыйыаҕа. Кэмчилээһин буолуоҕа.

Чох туттуллуутун суох кынабыт диэтилэр.

Билигин Саха Сирэ сылга чоҕу хостооһуна 12 мөлүйүөн тоннаҕа тиийдэ.

Өссө улаатыннараары турар.

 

Урут Россияттан Индиялар биир мөлүйүөн туоннаны ылар эбит буоллахтарына, билигин 40 мөлүйүөнү атыылаһаары былаанныыллар.

Онон, Россиялар Нерюнгри сайдыытыгар харчы бөҕөтүн уга олороллор.

Нерюнгри олохтоохторо үлэлээх буолабыт диэн үөрүү –көтүү.

Түөрт сыл иһигэр ити чох хостооһуна эҥин барыта тохтуоҕа.

Сытыы боппуруос туруо – Нерюнгри дьонун хайдах гынан үлэннэн хааччыйабыт диэн.

 

ВСТО да, Кытайга барар газопровод да туттуута төһө эмит аҕыйыаҕа.

Урукку дуогабардарынааҕар, билигин Кытай гааһы элбэҕи ыла сатыыр.

 

Түөрт сыл иһигэр ити барыта, хайдах пандемия аҕыйах хонук иһигэр түргэнник кэлбитин курдук, тохтоон, суох буолан хаалыаҕа.

Онно бэлэм буолуохтаахпыт.

 

Сахалар хантан даҕаны кэлбэтэх, юкагирдар, эбэҥкилэр курдук олохтоох омуктар. Билиҥҥи Саха Сирин территорятыттан (урут Саха Сирэ диэн суох) аан дойдуга дьон-аймах тэнийбитэ диэн теорияны археологтар, историческай наука доктордара Ю.А.Мочанов, С.А. Федосеева дакаастаабыттара.

 

Биһиги саха ынаҕын иитэн, үөрэтэн көрбүппүт кинилэр эмиэ хантан даҕаны кэлбэтэхтэр.

Генетиктар дакаастаабыттарынан аан дойду үрдүнэн баар сүөһүлэр тууртан төрүттээхтэр.

Туур уҥуохтара, төбөтө, муостара Верхоянскай, Чокурдаах, Дьокуускай музейдарыгар элбэхтэр.

Бүрээттэр, калмыктар сүөһүлэринээҕэр, туурга саамай чугас саха эрэ ынаҕа.

Холмогор боруодалар эҥин искусственнай ынахтар.

 

Былыр былыргыттан, сахалар сүөһүлээх дьон быһыытынан, кыһын биир сиргэ балааккаҕа эбэтэр холомо туттан, сылыйдаҕына сайылыкка олорбуттар.

Улахан кураан биитэр халаан буолан тирээтэҕинэ эрэ атын сиргэ кыстыктанан көһөллөрө.

 

Билиҥҥи олоххо, тыйыс тымныы дойду олохтоохторо, инники экономическай сайдыыбыт хайысхатын олорор территорияларбытыттан сиэттэрэн эрдэттэн оҥостуохтаахпыт.

 

Бүгүн хорҕолдьун баар. Сарсын хорҕолдьун наадата суох эбит диэнинэн салайтаран, уонунан тыһыынча киһи олорбут, бэйэтин кэмигэр “Всесоюзная комсомольская стройка” диэн ааттаах – Депутатскай курдуктар сабыллыбыттара хомолтолоох холобурдар.

 

Саҥа технологиялары туһанан, нэһилиэнньэлэрбит олохтоохторугар хайдах кынан олорор усулуобуйаларын чэпчэтэн тэрийэбит диэн боппуруоһу быһаарарга анаммыт, биһиги хас да сыллаах үлэбит түмүгүнэн буолар – кыра кыамталаах атомнай станциябыт.

 

Холобура, ити станциябытын Черскэйгэ илдьэн туруордубут даҕаны, олохтоохтор байан-тайан барыахтара.

Тоҕо?

Балык сайынын ордук эмиһиирин билэбит.

Атомнай станциябыт олоххо киирдэҕинэ, олохтоохторго уот чэпчэки буолан, балыктарын 24 кыраадыстан намыһах (эбэтэр 32) промышленнай холодильниктарга мунньан тоҥоруохтара.

Күһүн рефрежатордаах борохуотка тиэйиэхтэрэ.

Эбэтэр кыһыҥҥы суолунан атыылата ыытыахтара.

Маннык балыктааһынынан дьарыктаныахтарын сөп Хотугу Муустаах муора, Халыма, Индигиркэ, Дьааҥы, Элиэнэ эбэлэр биэрэктэригэр олорооччулар бары.

 

Бу станциябыт босхо итиини биэрэринэн туһанан теплица бөҕөтүн туттуохтарын сөп.

Верхоянскай тымныы оройо диибит.

Саха Сиригэр Граф губернатордаан олордоҕуна Дьааҥыга хортуоска, оннооҕор арбуз олордоллоро.

Дьааҥы барыта таас хайалар.

Ити таастарыгар, биэрэккэ сытар кумахтарын састаабыгар битэмиин арааһа, ол аата бэйэтигэр уоҕурдуулаах (удобрения) буолан тугу баҕарар үүннэриэххэ сөп эбит.

 

Холобур, Чечняҕа дьиэни барытын таастан туталлар.

Ол курдук, биһиги хотугу улуустарбытыгар дьиэ-уот туттарга матырыйаалларын миэстэтигэр оҥоһуллуохтаах.

Куортаттан цемент даҕаны тиэйэн илдьэр наадата суох дии саныыбын.

 

Интэриниэт бары ситимин баһылыахтаахпыт.

 

Космическай дьиэбит (модуль) 440 км ыраахха турар.

Суол кээмэйинэн ыллахха – Дьокуускайтан Бүлүү Лөкөчөөнүгэр дылы 399,5 км.

Ол аата, спутникпыт олох чугас турар.

_______________________

 

Примечание: - Международная космическая станция (МКС) летает на высоте всего около 400 км. При этом станция "Мир" летала ещё ниже, на высоте 350 км.

Там же располагается и китайская станция "Тянгун-1"

- Телескоп Хаббл расположен чуть выше, на высоте 550 км.

На похожей высоте летают многие исследовательские спутники.

Студенческий "Ломоносов" расположен на высоте 510 км.

- Глобальные навигационные группировки (GPS и ГЛОНАСС) летают на высоте порядка 20 000 км. (ГЛОНАСС 19 100 км, GPS 20 200 км).

____________________

 

Россиялар ГЛОНАСС систиэмэтин баһылаары 21 спутнигы кыайан таһаарбакка олоробут.

Илон Маск биир ытыыннан 60 спутнигы таһаарар.

Кини барыта 12.000 тыһ спутнигы ыйаары олорор.

Ол иһин интэриниэт барыта босхо буолуохтаах.

 

Харчыта хантан кэлэрий оччоҕуна?

Глобальнай сайдыы диэҥҥэ харчы киирэр источниктара барыта урукку курдук буолбатах.

 

Холобура, эн биир киилэ хортуосканы атыылаан харчы киллэрэҕин.

Уон киилэни атыылаатаххына уон төгүл элбэх харчыланаҕын.

 

Билигин атыы-эргиэн диэнинэн буолар – технологияны атыылааһын.

Черскэйгэ олорон хайдах гынан балыктаан харчы оҥостуоҕун туһунан эппиппит.

Онтон, балыгын хайдах сыаналаах гынан оҥорор технологияны кини билбэт.

Америкаҕа олорор киһи миэхэ маннык технологияннан оҥоһуллубут балык наада диэн сакаастыыр.

Черскэйбит балыксыта ол саҥа технологияны американецтан ылбытын иһин төлөбүр биэрэр.

Итинник ньыманнан интэриниэтиҥ харчыланар.

 

Интэриниэти туһана олороргор төлүүр трафик диэниҥ суох буолар.

Ол оннугар хардары өҥө (взаиморасчет) диэн буолар.

 

Холобура, дьоппуон туристара Москваҕа самолетунан көтөн кэлэр билиэттэрин харчытын дойдуларыгар төлүүллэр.

Россиялар самолеттара Токиоҕа көтөрүн иһин харчыларын ылалларын туһунан туспа дуогабардаахтар.

Итинник банк технологията үлэлиир.

 

Аныгы технологияны – логистиканы туһанан, Черскэйгэ олорор киһибит улахан ороскуота суох балыгын ханна баҕарар ыытан атыылыыр буолуоҕа.

______________________

Примечание: Суть логистики заключается в поиске путей рационального продвижения продукта по цепочке: от производителя до конечного получателя. Причем передача должна осуществляться в оптимальные сроки на выгодных условиях.

____________________

 

Логистиктар үлэлэрэ тарҕаннаҕына складтар суох буолаллар.

Ити логистиканы өссө чэпчэтээри дирижабль оҥоро сылдьаллар.

 

Маннык улахан территориябытыгар киһи олорор усулуобуйата баар диэн билэн дэриэбинэ оҥостон олохсуйбуттара.

Ону олохтоох дьон генетически булан ылыахтара.

Саҥа технология сайыннаҕына, төрөөбүт дойдуларыгар тыаларга төннүөхтэрэ.

Хас биирдии дэриэбинэ атын-атын хайысханнан үлэлиэҕэ.

 

Холобура, ол сиргэ эрэ ханна даҕаны үүммэт сибэкки баара буолуо.

Ол сибэккигэ Индияттан уон, Польшаттан сүүрбэ киһи наадыйыа.

Оннук, ким тугу баҕарбытын сакаастаатаҕына, муҥутаатаҕына уон икки чаас иһинэн тириэрдэр логистика күүскэ сайдыаҕа.

 

Короновирус тохтуо суоҕа.

 

Мутациялаан атын көрүҥ вирус буолуо.

Тоҕо диэтэххэ бу вирус генетическай таһымнаах.

ДНК, РНК диэн атом таһыма. Протон. Электрон. Нейтрон.

Билиҥҥи эмп барыта химическай таһымҥа оҥоһуллаллар.

 

Мин үлэлэһэр Обнинскай институтум Л.П. Берия прикаһынан 1946 сыллаахха арыллыбыта.

А.Т.Качугин бу институтка 1948 с кэлэн атомынан дьарыктаммыта.

Кини 1949 сыллаахха рак ыарыыны үтүөрдэр эми оҥорбута.

Ол тас өттүнэн Анатолий Тимофеевич элбэх хайысханнан үлэлээн араас туһалаах арыйыылары оҥорбута.

Бэйэтин изобретатель идэлээхпин диирэ.

Бу буолар – өйдөөх киһи диэн.

______________________

Примечание: В 1948-54 годах Анатолий Трофимович Качугин получил первые данные о терапевтическом эффекте кадмия при раковых заболеваниях. Он экспериментально доказал, что 4-6 миллиграммов кадмия, которые блокируют сульфгидрильные группы белка, принимаемые в течение двадцати дней, полностью снимают болевые синдромы

при тяжелых раковых заболеваниях. Больным злокачественными опухолями Анатолий Трофимович Качугин рекомендовал раствор азотнокислого кадмия на спиртовом растворе чемерицы по одной капле в 100 г воды. Одновременно с кадмием в 1948 г. изобретатель предложил и солянокислый семикарбазид для лечения опухолей. После А.Т. Качугина ряд его предложений и изобретений успешно применялся во многих странах для лечения раковых больных (например, нитрозолметилмочевина, производное семикарбазида, на которое выдано авторское свидетельство).

____________________

 

Эт-сиин атомтан турар диэбиттэрэ хас да үйэ буолла.

Молекула, ионнай састааптаах уу эҥин буоллун – син биир бүтэһик уһугар атомтан тураллар.

Ол структураҕа оҥоһуллуохтаах эмп теоритятын 1961 с биирдэ арыйбыттара уонна Нобелевскай премия ылбыттара.

«Протонная терапия” диэн Анатолий Тимофеевич рак ыарыыны утары атом таһымыгар оҥорбутун, кэмигэр кинини ким да өйдөөбөтөх эрээри, теориятын тутта сылдьаллар.

Ол иһин, кырдьыгын эттэххэ, мин учуонай эҥин буола сатаабаппын.

Билигин ити А.Т. Качугиҥҥа тиийэр таһымнаах киһи суох.

 

Америка биохимик учуонайын кытары үлэлэһэ сырыттахпына А.Т. Качугин үлэтин “А”-тан саҕалаан “Б”-га тиийэ билэбит диирэ даҕаны, отойдуун ыраах сылдьаллар эбит.

Ол иһин кинилэртэн арыый тэйэн олоробун.

Россияҕа биллэр улахан медиктар бааллар даҕаны кырдьан хааллылар.

Атом таһымыгар эрэ эмп оҥоһулуннаҕына мутацияламмыт короновируһу кыайыахпыт.

 

Байбыт сэттэ улахан судаарыстыбалар (большая семерка G7) Россияны билиммэт буолбуттара хас да сыл буолла.

Кэнники кэмҥэ «Северный поток 2” сабабыт, маннык санкция биллэрэбит эҥин дииллэр.

__________________

Примечание: Строительство проекта «Северный поток-2» началось в мае 2018 года. Он предполагает прокладку по дну Балтийского моря двух ниток газопровода протяженностью более 1,2 тыс. км каждая общей мощностью 55 млрд куб. м в год. По ним будет поставляться газ в Германию через морские территории России, ФРГ, Финляндии, Швеции и Дании.

____________________

 

“Чубайс. Грета. Байден” диэн ыстатыйабар суруйбутум курдук, оннооҕор Россияны судаарыстыба быһыытынан аналитикаҕа киллэрбэтэхтэр.

Санкцияннан биһиги кинилэри кэһэтэбит диэн.

Биир өттүнэн оннук - санкцияннан саба баттыахтара.

Сарсын ити туттар картаҥ үлэлээбэтин курдук банковскай систиэмэ кнопкатын баттаатылар да бүтэҕин. Тугу да аахсар кыаҕыҥ суох.

Аны туран, климат уларыйан хайдах, туох олох буолуон ким даҕаны билбэт.

 

Россияҕа наука сыла биллэриллибитинэн сибээстээн, фундаментальнай үлэлэри туттан, прикладной, техническэй чинчийиилэри салҕаан, практикаҕа эксперимиэннээн, икки-үс сыл иһигэр оҥоһуллуон сөптөөх технологияннан буолар - кыра кыамталаах атомнай станция.

 

«СахаЭнерго” тэрилтэ генеральнай директора Гаврил Николаевич Алексеев кэлэ сырыттаҕына кэпсэттибит. Дизельнай станциялар төһө улахан кыамталаах буолуохтаахтарый эҥин диэн.

 

Саха сиригэр биир улахан кыһалҕаннан буолар - Арктическай улуустар олорор усулуобуйалара ыараханын иһин дойдуларыттан көһө сатыыллара.

Кинилэргэ сылгы-ынах тиэйэн илдьэ сатыыр наадата суох.

 

50 мегаваттаах 23 миллиард сыаналаах атомнай станциялар оннугар, Республика салалтата олохтоох дьонун өйөөн, кыра кыамталаах атомнай станциялары хотугу улуустарга туруордаҕына Саха Сирэ бүттүүн сайдан, сарсыҥҥы күммүтүгэр эрэллээх буолуохпут этэ...

 

Анатолий Чомчоевтуун кэпсэтиини сурукка тистим М.С.Платонова.

Тохсунньу 22 күнэ. 2021 сыл. Кэнкэмэ.

Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 728 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Тохсунньу 2021  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
25262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 16
Ыалдьыттар (гостей): 16
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024