News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[93]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[239]
Тюрки
[76]
Саха
[153]
литература
[42]
здоровье
[465]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[123]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2021 » Олунньу » 12 » КЫРДЬЫК - СЫМЫЙА ИККИ АРДЫГАР ОЛОХ
КЫРДЬЫК - СЫМЫЙА ИККИ АРДЫГАР ОЛОХ
12:09
КЫРДЬЫК - СЫМЫЙА ИККИ АРДЫГАР ОЛОХ
Интернети, батсаабы үгүс өттүн итэҕэйбэт буоламмын олор миэхэ суохтар. Ол да буоллар Итернет сорох сытыы суруйууларыттан көрөн, талан “Туймаада” таһаартыырын кэрэхсээн ааҕабын. Санаабар бу рубрика миэхэ аналлаах курдук. “Криминальная Якутия”, “Жизнь Якутска” уонна “Якутск вечерний” суруйууларын көтүппэппин. Итилэр эмиэ үгүстүк Интернет матырыйаалларын туһаналлар, онон Интернет сонунун сороҕун да буоллар ааҕар курдук эбиппин. Хайа, оттон телевизорым. “РБК”, “Известия” ханааллар сырдата сатыылларын көрөбүн. Былаас сөбүлээбэккэ саппыт “Московскай комсомолец” хаһыаты урут кэрэхсээн ааҕарым, ол аны суох.
Онон олохтон наһаа хаалбат эбиппин диэн бэйэбин уоскутунабын. Бу дьаҥ турбатаҕа, доруобуйа барсара буоллар уулуссаҕа тахсан урукку курдук эдэрдэри кытта хаамсарым чуолкай. Ону кистээбэппин.
Урут да уулуссаҕа тахсар төрүөтүм биллэр: Сахам сириттэн саҕалаан дойдуну халааһын, хоруупсуйа сүрдэммитэ; тыа сирин олоҕо айгырааһына; айылҕаны кэрээнэ суох алдьатыы, кэлэр көлүөнэҕэ кураанах сири хаалларар куттала; киһи быраабын кэһии, суут-сокуон тутуһуллубат буолуута. Бардаак сороҕун эрэ да аҕыннахха итинник.
Бэчээти аахтахха, А.Навальнайы суох гына сатааһын схемата маннык ойууланан тахсар. Омскайга сырыттаҕына аһыгар дьаат куталлар, Москваҕа тиийбэккэ өлүө диэн. Самолекка дьааттара дьайан ыалдьыбытыгар летчиктар Омскайга төттөрү түһэн балыыһаҕа атаараллар. Киһилэрэ өлбөт да, туруга туох аанньа буолуой, мөлтүүр, Москваҕа тиийэн Германияҕа баран салгыы эмтэнэригэр көҥүллэтэллэр. Арассыыйаҕа хааллаҕына аҕыс араллаан тахсара биллэр, толкуйу тобула охсоллор: бииринэн, көҥүллээтэхпитинэ ууттан кураанах тахсабыт, сүһүрдүбүппүт буоллар тоҕо Германия курдук дойдуга эмтэтэ ыытыахпытый, биһиги манна сыһыаммыт суох диэхтээхтэр; иккиһинэн, онно өр сырыттын, ол кэмҥэ уруккутут хаһыахпыт, булуохпут. Холобур, усулуобунай болдьохтоох, сокуон этэринэн, график быһыытынан суукка хайаан да кэлэн бэлиэтэниэхтээх, өр эмтэнэн итини кэһиэн наада, оччоҕо хаайабыт. Оттон силиэстийэни, прокуратураны, сууту,телевидиейэни, СМИ-ри талбыппытынан дьаһайыахпыт, ол илиибит иһигэр баар. Бэчээти көрдөххө, былаас, олигархия былаана итинник курдук.
Барыта ити сценарийынан оҥоһулунна, ону көрө олоробут. Суут хайдах дьаабыламмытын билэбит, эмтэммитин туһунан справканы билиммэтилэр. Өр эмтэммитэ кырдьык, күүстээх дьаат дьайыыта олус буоллаҕа, уол эдэрэ, санаата модьута быыһаатаҕа, ордук ол кыйахаатаҕа. “Путин дыбарыаһа” эрдэ-кэлин син биир арыллыахтааҕа буолуо, оннооҕор буолуох арыллар да былаас онно кыһаллыбат буолбута ыраатта, көмүскэлэ – икки сирэйдээх суута, аан дойдуга суох, элбэх ахсааннаах полицията, росгвардията, омона сыттаҕа эбээт. Муҥар итини барытын норуот бэйэтэ иитэн-аһатан, таҥыннаран олорор уонна бэйэтэ үлтү сынньыллар. Маннык балаһыанньаҕа норуот уулуссаҕа тахсыа суоҕа дуо, ама?
Өссө сэтэрэн тахсыахтара, ону атын дойдулар өйүөхтэрэ, өйөөн да эрэллэр, бэйэбит да испитигэр харса суохтар көстүөх курдуктар. Арай “Сиэрдээхтэр”, ЛДПР, хомуньуустар (Миронов, Жириновскай, Зюганов) иккис, саппаас сирэйдэрин арыйан көрдөрдүлэр, А.Навальнайы дьаһайыахха, Арҕаалар агеннара үһү, уулуссаҕа тахсары тохтотуохха, барытын тулуйуохха дэстилэр. А.Навальнай былааска эрэ буолбакка, бу үс партия салалтатыгар кытта уйаларыгар ууну киллэрдэ быһыылаах. Бу үс партия салалтата сыаҕа-арыыга устарын, былаастан үпкэ-харчыга өлүүлэһэ олорорун туһунан бэчээт эмиэ быктартыыр ээ. А.Навальнай маны билэр, дойду баһылыгынан талан кэбистэхтэринэ барыларын да дьаһайталыыр, оннуларын буллартыыр киһи үөскээбит быһыылаах. Ол иһин тустаахтар кини үрдүгэр түстэхтэрэ, эрдэттэн оҥоһуннахтара, ойоҕосторугар хатырык угуннахтара буолуо дуо?
Соторутааҕыта А.Караулов биэриитигэр судаарыстыба кистэлэҥин тута сылдьар биир тойоммут США улахан тойонун аймаҕа буоларын эттэ. Итини истээт кырдьаҕас хомуньуус таһаарбыт “Чужие в Кремле” диэн кинигэтин саныы түстүм. Онно Кириэмилгэ олорооччулар таҥнарыахсыттар, Арассыыйаны атыылаатылар, Арҕаалар анаан олорпут дьонноро диэн ис хоһооннооҕо. Ону суруйбут билигин өлбүтүн, тыыннааҕын билбэтим да кини тыллара кэнэн киһи өйүгэр син биир хатаммыт эбит. Онон Навальнай дуу, бункерга олорор Путин дуу, хайалара омуктарга ордук чугас сыһыаннааҕын быһаарар уустук буолла. Күн-дьыл көрдөрүө турдаҕа. Оттон бэчээт билигитэ манныгы кытта суруйар эбит:
”...Никогда они не наворуются. Наоборот – будут красть все больше и больше. До тех пор, пока не разорят всю страну. Россия по прежнему продает нефть, газ, металлы, удобрения, лес в огромных количествах, а доходы населения все падают и падают. Потому что у Путина есть дворец. И Кабаева, и Кривогоногих. И у каждого чиновника поменьше свой дворец и своя Кабаева”. Оттон А.Навальнайы самолеттан түһээтин тутан илдьэн сууттуулларыгар маннык тыллары эппит: ”...Мы знаем почему это случилось – ненависть и страх одного человека, живущего в бункере. Потому что я нанес ему смертельную обиду, выжив”.
Оттон биһиги килбик, куттас, сэрэнэн көрөн үктүүр, ээҕи кытта сылдьар уонна сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри ыллыыр-үҥкүүлүүр (түүннэри даҕаны) Сахабыт сирэ муҥнаах хайдаҕый? Дьон уулуссаҕа тахсан санаатын биллэрэ сатаата. Эйэ дэмнээхтик хаамсан көрдүлэр, тымныытын кэрэйбэккэ. Биһиги былааспыт Москваны үтүктэр буоллаҕа, омоннарын, росгвардиятын таһааран хаамса сылдьар дьон үрдүлэригэр түһэрдэ. Таах хаамса сылдьар дьону тутуу-хабыы били ытыктыахтаах, сүгүрүйүөхтээх төрүт сокуоммутун – Конституциябытын сиргэ тэпсии буолар. Бу иһин омоннарга, полицияҕа сорудах биэрбит салалта сокуон иннигэр эппиэти сүгүөхтээх, биллэн турар, киһилии дойдуга эбиппит буоллар. Ол суох. Дьону массыынаҕа симмиттэр, эдэр оҕолору куттаабыттар, ыстарааптаабыттар.
“Эдэр оҕобут” сокуон быһыытынан 16 сааһыгар пааспар ылар, эр-ойох буолара көҥүллэнэр, бэйэтин-бэйэтэ билинэр общество чилиэнэ буолар. Ону баара оппозиция лиидэрдэрин оҕолору кытыннараҕыт диэн куоһурданан буруйдуу сатыыллар. Сулустаана Мырааны тохсунньу томороон тымныытыгар эрэһиинэ бэрчээккэ кэппэккэ эрэ пикеттии турбуккун диэн ыстарааптыыллар. Ити кэмҥэ миэхэ, дьиэттэн тахсыбат оҕонньорго, полицияттан телефоннаах дьэбин сиэбит саам нүөмэрин чуолкайдаатылар, 80 сааһын ааспыт оҕонньортон куттаммыттар быһыылаах. Бу барыта былаас өттүттэн ыча кыратын, өй-санаа буомуруутун туоһута буолбатах дуо?
Былаас Александр Габышевы дьиэтин бүтүн ротаны илдьэн төгүрүйтэрэн, аанын алдьатан, малын-сабын ыһан, үлтү тэпсэн, кырбаан илдьэн иирээки балыыһатыгар укпута эмиэ итини туоһулуур. 1,5 м үрдүктээх оҕонньорго бүтүн рота тиийэн сааны, электрошокеры, дубинканы туттуута былааспыт күүс-уох өттүнэн эрэ буолбакка, өйө-санаата да кырыымчыгын, мөлтөөбүтүн туоһулуур. Александр албакаата О.Тимофеева маҥнай Котенкоҕа тиийэн киһитин булбатах, ол кэмҥэ 2-с балыыһаҕа илдьэн эчэйиитин, төбөтүн хайа охсубуттарын тигэ сылдьыбыттар. Ольга Михайловна кэлин Котенкоҕа туоһулардаах тиийбитэ киһитэ холку үһү, ону быраастарбыт иирээки буолан итинник диэн быһаараллар, токуччу тутта сылдьыахтаах эбит. Навальнайы курдук, “кэмигэр кэлэн бэлиэтэммэтэххин” диэн буруйдууллар.
Албакаат да, туоһулар да: “...Габышев спокойный, миролюбимый человек, интересный собеседник”. Биир суруйууга: “...Имеется заключение двух врачей-психологов о том, что оснований для принудительной госпитализации Габышева не имеется. Но “просьба” сверху поместить в психушку удовлетворена и он сидит, и его дальнейшая судьба неопределенна, выйдет ли он оттуда нормальным, здоровым как раньше”, – дэнэр. Сахаларга “үтэһэ туолуута” диэн өйдөбүл баар. Хаһан эмэ кэм-кэрдии уларыйдаҕына итини оҥорбуттарга норуот санаатын этиэн сөп. Быраас Припузовы бэйэтин Котенкоҕа уктаҕына да көҥүлэ.
Түмүкпэр бэйэм саастыылаахтарбар, арыый эдэрдэргэ да санаабын этэбин. Ити уулуссаҕа тахсан хаамсыбыт оҕолор общество иннигэр туох да буруйдара суох, төттөрүтүн үтүөҕэ, көҥүлгэ тардыһыыларын көрдөрөллөр. Итиннэ буруйдаахтар атыттар, дойдуну куорҕаллаан сии олорооччулар. Ити оҕолорунан кэнэҕэс киэн туттуохпут. Оттон полицияҕа, росгвардияҕа, омоҥҥа, сылдьааччылар бэйэбит оҕолорбут, сиэннэрбит буолаллар. Үксүлэрэ киэҥ билиитэ суох, кыра үөрэхтээх, тыа сирэ мөлтөөн дойдуларын быраҕан, үлэ көрдүү киирбит, оту-маһы тардан көрө сылдьар эдэр дьон. Хамнас, таҥас биэрэн, саа туттаран олигархияны көмүскэттэрэр үнүстүрүмүөн оҥостубут ыччаттарынан бэйэлэрин дьоннорун туттараллар, кырбаттараллар. Кэнэҕэс ити сэттээх-сэлээннээх буолуон сөп, ону өйдүөхтэрин наада этэ. Төрөппүттэр кэлин уһугар саакка-суукка киирбэт инниттэн оҕолорбутугар итини өйдөтө сатыахха баара. Үлэлээн уурайыҥ диэбэккэ, ханнык баҕарар ыгым түгэҥҥэ муударай, сиэрдээх, харысхаллаах буоларга угуйа сатыахха.
Оттон былаас кыратык уолуйан баран оппозицияҕа, киһи быраабын көмүскээччилэргэ бас билэр СМИ-лэринэн, телевидение ханаалларынан бүтүн Арассыыйа үрдүнэн “сэриини” биллэрдэ. Араас дьону эфиргэ таһааран саҥардыа, телевизорга көрдөрүө, Интернеккэ, батсаапка суруйтарыа, дьону хамнастаан тарҕаттарыа, онуоха сөптөөх дьону булуо. Ити “сэрии” уотугар оппозиция дьоно эрэ буолбакка, Арассыыйаҕа балаһыанньаны кыдьыгынан сырдата сатыыр чулуу суруналыыстар, көмүскэс санаалаах албакааттар түбэһиэхтэрэ. Хомолтото диэн, ол тэрээһиҥҥэ олорсо сылдьааччы, хос моонньох буолааччы, итэҕэйээччи баар буолуо турдаҕа... Биһиги Сахабыт сиригэр да итинтэн атына суох буолуо.
Иван БУРЦЕВ 07. 02. 21 с.
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения |
Views: 761 |
Added by: uhhan1
Ааҕыылар
Баар бары (online): 33
Ыалдьыттар (гостей): 33
Кыттааччылар (пользователей): 0