Саха НКИХ, «Якутия 24» уонна «Тэтим» араадьыйа нөҥүө судаарыстыбыннай толорор былаас тустаах үлэһиттэрин 2020 сыллааҕы үлэлэрин түмүгүн сырдатар кэмигэр, быһа эфиргэ көрөөччү эрийэн кэлэн, саха ынаҕын боруодатын хотугу уонна арктика улуустарыгар киэҥник тарҕатарга этии киллэрдэ. Саха ынаҕа тыйыс, тымныы усулуобуйаҕа эт-хаан өртүнэн удьуор тулуйумтуотун, үөрүйэҕин ыйан туран.
Өрөспүүбүлүкэ аҕа баһылыга Айсен Николаев «Саха сирин тыа хаһаайыстыбатын стратегическай сайдыытын хайысхалара» - уурааҕар, саха ынаҕын боруодатын сөргүтүүнү дойду тыа сирин сайдыытын сүрүн хайысхатынан киллэрбитэ.
Саха өрөспүүбүлүкэтин Бырабыытылыстыбатын бэрэдсэдээтэлин солбуйааччы Михаил Никифоров бэлиэтииринэн, түмүк тахсар 2020 сылыгар, Саха сиригэр «Саха ынаҕа» - диэн ааттаах, олохтоох төрүт ынаҕы хаалларар, сөргүтэр, ахсаанын элбэтэр генофоднай, хааһына тэрилтэтэ бэйэтин үлэтин саҕалаата. Тэрилтэ улуустарга бэйэтин тус филиалларын арыйда.
«Бүгүҥҥү күн туругуна саха ынаҕа төбөлөөҕүнэн – 2200 ахсааннах», - диэн биллэрэр вице-премьер уонна бу үлэҕэ чуолаан Эбээн-Бытантай улууһа күүстээх кылаатын бэлиэтээтэ. Билигин, саха ынаҕын үөскэтиинэн Мииринэй, Сунтаар, Ньурба, Нам, Үөһээ Бүлүү, Горнай, Амма, Өймөкөөн о.д.а. улуустарга дьарыктаналлар.
Өрөспүүбүлүкэ элбэх улууһуттан төрүт олохтоох ынаҕы үөскэтэргэ, тохтоло суох сайаапка киирэ турар – диэн тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов эбэн эттэ. Холобур, Өймөкөөннөөҕү «Полюс Холода» тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кооперативыттан күн бүгүн 30 төбө саха ынаҕын иитиигэ былаанарын туһунан сайаапка киирэн сытар.
“2020 сыллаахха саха ынаҕын анаан иитэргэ туһаайыллыбыт комплекстар кэккэ улуустарга анаан тутулуннулар. Ол курдук, Мииринэй Сүлдьүкээр, Нам Таастаах, итиэннэ Ньурба Акана нэһилиэктэригэр” – диэн бэлиэтээтэ миниистир.
2024 сылга диэри Саха сирин аҕа баһылыга «Тыа сирин хаһаайыстыбатын стратегическай хайысхаларын сайыннарыыга» уурааҕын бигэтик олоххо киллэрэр санааттан, саха ынаҕын сүтэн эрэр көрүҥүн таһымыттан, ахсаанын 660-тан 1000 төбөҕө тиийэ улаатыннарар улахан сыал-сорук турда.