Кэрээкин Бүөтүр Уйбаанабыс СӨ Национальнай архыыбын докумуоннары туһаныыга салаатын салайааччыта
Күннүк Урастыырап Амма Аччыгыйын туһунан
Быйыл, саха норуодунай суруйааччыта Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 115 сылын туолла. Бу бэлиэ кэмҥэ анаан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай архыыбын “ГУ РС (Я) «Национальная вещательная компания «Саха»» пуондатыттан (Ф.Р-898. Оп.10. Д.1056. Л.15-17.) саха норуодунай бэйиэтэ Новиков В.М.-Күннүк Уурастыырап Амма Аччыгыйын туһунан «Убайым, доҕорум Ньукулай оҕонньор» диэн ахтыы суругун бэчээккэ таһаарабыт.
Бу сурук Амма Аччыгыйа 70 сааһын туолар үбүлүөйдээх сылыгар 1975 сыл тохсунньу 5 күнүгэр эфирга тахсыбыт «Сарыал» телеальманахха кэпсэммит эбит. Суруктан биһи билэбит, Күннүк Уурастыырап Амма Аччыгыйын кытта ыкса доҕордуу буолалларын, биир тэрилтэҕэ үлэлииллэрин, биир дьиэҕэ олороллорун, бииргэ бултуулларын уо.д.а. дьон болҕомтотун тардар сонун чахчылары.
Сурук бэчээтинэй машинканан суруллубут, ааптар бэйэтин илии баттааһыннаах.
Убайым, доҕорум Ньукулай оҕонньор.
Николай Егорович миигин Болуодьа оҕонньор диэн ааттааччы, мин кинини буоллаҕына Ньукулай оҕонньор диибин. Дьэ, онон, Ньукулай оҕонньор биһикки өр кэм устата, били этэргэ дылы, кытыйанан-хамыйаҕынан кырбаһан, ыкса чугастык сыһыаннаспыппыт, саамай истиҥ доҕордуу дьоммут. Аан бастаан 1928 сыллаахха Иркутскай куоракка быстахтык көрсөн ааспыппыт.
Итинтэн түөрт сыл буолан баран, 1932 сыллаахха Саха сиринээҕи кинигэ издательствотыгар аны бииргэ үлэлиир дьон буолбуппут. Дьэ итинтэн ылата Ньукулай оҕонньордуун мин мэлдьи бииргэ кэриэтэ булкуһан-бодоруһан үлэлээбиппит, сырыттыбыт, олордубут. Бэл, кыһыҥҥы, сайыҥҥы дьиэлэрбит биир кырыыса анныгар түбэһэннэр, үгүс сылга ыаллыы буолан, бур-бур буруо таһааран бургучуттубут. Ол усталаах-туоратыгар ааҕааччылардыын көрсүһээри, ол-бу мунньахтарга кыттаары төрөөбүт кыраайбыт элбэх оройуоннарыгар, Москваҕа, Советскай Союз атын да куораттарыгар, республикаларыгар, быһатын эттэххэ, хотунан-соҕуруунан аргыстаһан айан айаннаабыппыт, сырыы-сылдьыбыппыт диэн бэйэкээннээх кэмнээх буолуо дуо!
Оттон бииргэ сааланыы – кус-куобах, булт-алт чааһын ахта да барыллыбат. Ордук, эдэр-сэнэх эрдэххэ, эрэсиинэ моччуук үөскүү-үөдүйэ илигинэ, куул муҥунан мас моччуугу хаалаан – төбөбүт үрдүнэн лөглөйөн
көстөр сүүнэ үлүгэр сүгэһэрдэнэн, Элиэнэ эбэбит араас арыыларын, арҕаа мыраан аннынааҕы уулары-күөллэри арҕарбыт аххан дьоммут.
Ньукулай оҕонньор күнүс, сырдыкка, соччо күөрэтигэһэ суох эрээри, киэһээҥҥи барыкка эбэтэр түүн соҕотоҕун көтөн сууһугураан иһэр сүрдээх үрдүктэн сууһаран соһутааччы. Онтуката киниэнэ орулуос одьунааһа, кунньалгы чулуута, көҕөн үтүөтэ буолааччы.
Хаарга-самыырга, тыалга-кууска силбигирэн, тоҥон-хатан баран, саҕаһа кыһан, кулуһун уотун отто охсорунан, өйүө-талаа бүтэн, ардыгар, быстарыы буоллаҕына, сылбархай чэйи, күө-дьаа, үөрэ-көтө, сыпсырыйан сырылата олорорунан Ньукулай оҕонньор барахсан ылбычча киһи куотуо дии санаабаккын.
Суруйааччылар Союзтарыгар автомассыына суох эрдэҕинэ, Ньукулай оҕонньор биһиги, үксүгэр, суоч-сатыы, ибис-иккиэйэх сааланарабыт. Ол да буоллар көрбүт-көрүдьүөспүт, – сэһэммит-тэптэрбит хаһан да бараммытын, бүппүтүн, биитэр бэйэ-бэйэбититтэн улуһан-салгыһан, ууну омурдубуппутун мин ончу өйдөөбөппүн.
«Амма Аччыгыйын эн биир тылынан туох диэн сыаналыыгын?» диэтэллэр, мин этиэм этэ: «Николай Егорович, киһи да, суруйааччы даҕаны быһыытынан, бэйэтин олоҕор уонна айар үлэтигэр чэпчэки суолу тутуспатах: сыыры сырыынньатынан дабайбатах, ууну чычааһынан оломнооботох, тыал хоту сүүрбэтэх, кутулла сытар бэлэм дьолу сомсубатах киһи» - диэн.
Ньукулай оҕонньор саха норуотун саамай тапталлаах, бөдөҥ суруйааччыта. Кини төрөөбүт литературатыгар укпут кылаата, оҥорбут үтүөтэ-өҥөтө олус улахан.
Саха үлэһит дьонун үтүө майгыларын-суобастарын көрдөрүүгэ, эйэҕэс сүрэхтэрин, амарах дууһаларын аһыыга Амма Аччыгыйа саха прозатыгар саҥа тылы эппитэ, саҥа арыйыылары оҥорбута. Биирдии киһи, дьиэ кэргэнэ, бар дьон бэйэ-бэйэлэригэр истиҥник-иһирэхтик сыһыаннаһыыларын, дириҥ ытыктаһыы-убаастаһыы, дириҥник үчүгэйдик санаһыы, эрэнсии-итэҕэйсии, ил-эйэ, ыраас таптал, күүстээх доҕордоһуу диэн туохтарын Амма Аччыгыйа наһаа ымпыктаан-чымпыктаан ырыппыт, иҥэн-тоҥон чинчийбит суруйааччы.
Саха сирин айылҕатын ойуулааһына, литературнай тииптэри айыыга, дьон характердарын арыйыыга, геройдарын сатаан кэпсэтиннэриигэ айымньы тылын-өһүн уустаан-ураннаан, оҥорууга-чочуйууга Николай Егорович Мординов, туох да мөккүөрэ суох, бастыҥ маастар, уһулуччулаах улахан суруйааччы-ходуоһунньук.
Күндүтүк саныыр, истиҥник таптыыр убайбар, доҕорбор Ньукулай оҕонньорго, сэттэ уон сааһын туолар күнүгэр, айымньытыгар саҥа ситиһиилэри, олоҕор толору дьолу, чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, уһунтан-уһун үйэни баҕарабыт.
В.М. Новиков-Кюннюк Уурастыров, народный писатель Якутии.
|